Кэпсээ
Войти
Регистрация
Бырастыы гын...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Бырастыы гын...
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
10.02.2023 14:40
Барыыс дьиэтин кирилиэһигэр тахсан табахтыы олорбута. Сотору таһырдьа киһи маннык холкутук олоруо суох. Дьагдьайа быһыытыйда. Дьиэ иһигэр кэргэнэ, оҕото кэпсэтэллэрэ иһиллэр. Олбуор түгэҕиттэн кырдьан түөс буолан эрэр Баһырҕас сүүрэн бойборуйан кэлэн аттыгар олордо. Кыыһырыан кыыһырар. Барыыс Зоялыын былырыын холбоспута. Кини -- иккис кэргэнэ. Бастакытын кытта арахсардыы күрээн, бу Бүлүү түгэҕэр ыал буолан олорор. Ити субуоннааччы Ира -- бастакы кэргэнэ. Кинилиин ыал ыал курдук эйэ дэмнээхтик олорбуттара. Дьиэ да, үлэ да, харчы да баара. Онтон биир көрсүһүү, быстах билсиһии барытын тосту уларыппыта. Биирдэ куорат пааркатыгар оҕолорунуун сынньана сылдьан кэргэнин саастыыта эдэр дьахтары бэлиэтии көрбүтэ. Кими эрэ күүтэн биир аттракцион таһыгар күнтэн тэтэрбит сырдык дьүһүннээх, сиккиэр тыалга ыһылла тохтор суһуохтаах Зоя кэрэ да буолан көстүбүтэ. Ира онно маҕаһыыҥҥа симиэнэтэ түбэһэн кэлсибэтэҕэ. Барыыс оҕолорун кытта паровозтаах эргийэр-урбайар, түһэр-тахсар оонньууртан тахсан, чугастааҕы ыскаамыйаҕа олорбуттара. Оҕолорго мороженай ылан биэрбитэ. Зоя эмиэ аттыларыгар кэлэн олорбута. — Хайа, оттон маамаҕыт? Бэйэҕит эрэ сылдьаҕыт дуу? Үчүгэй да паапаҕын быһыылаах, ээ? — дьахтар өр саҥата суох көрөн олорон баран саҥарбытыттан оҕолуун, аҕалыын хайыһа түспүттэрэ. — Ээ, оттон ийэбит солото суох. Ол иһин бу бэйэбит сылдьабыт, — диэбитэ Барыыс. — Бу котокулары, — диэн дьахтар ымманыйбыта. — Оттон эн тоҕо соҕотох сылдьаҕын? — Дьүөгэм оҕотун кытта кэлиэхтээх этэ да, тоҕо эрэ тардыллан хаалла. Бу кэмҥэ аҕатыгар көтөхтөрөн олорбут балтараалаах Сардаана мөҕүс да мөҕүс буолла. Устунан ытыахча буолан ыҥырҕаан барда. — Кыыһыҥ ииктээри гыммыт быһыылаах. Ыл, аҕал эрэ, ол диэки илдьэн кэлиэм, — диэн, Зоя илиитин ууммутугар Барыыс өс киирбэх оҕотун биэрдэ. Сардаана атыҥыраан мэрбэҥнээн иһэн дьахтар сымнаҕас илиитигэр сэлээннэнэн кэбистэ. — Эн ким диэҥҥиний? — Зоябын. — Мин Барыыспын. — Сип-сибилигин кэлиэхпит буолбат дуо, Сардаана? – Зоя кыыһы уоскутардыы саҥара-саҥара бэстэр диэки бара турда. Зоя кэлбитин кэннэ аны үс аҥаардаах Мичил аҕатын улахан көлүөһэҕэ ыттыахха диэн ынньаҕалатта. — Зоя, хата, таах туруохтааҕар биһигини кытта хатааһылас ээ, — Барыыс тыл көтөхтө. — Сөп бөҕө буоллаҕа дии! – Зоя үөрүүнэн сөбүлэһэн, хайдах эрэ биир ыал курдук суулаһа охсон “абааһы көлүөһэтин“ диэки хаампыттара. Зоя Зоя устудьуоннуу кэлэн баран, үрдүк үөрэҕин кыайбакка, атыыһыт аҕыйах ыйдаах кууруһугар үөрэммитэ. Күн бүгүҥҥэ диэри ол кууруһа аһатан-таҥыннаран сырыттаҕа. Биэс сыл биир киһилиин холбоһон, таптаһан олорбуттара. Арай оҕолоро суоҕа. Киһитэ кэлин-кэлиҥҥинэн сүтэн барбытыттан быһа таайан, аһынан, “миигин манаан олорума, бар“ диэн “алҕаан“ ыытан кэбиспитэ. Онтон ыла хас да сыл ааста. Оттон Барыыстыын икки ый курдук сылдьан баран, Зоя дойдутугар, Бүтэй Бүлүү түгэҕэр бүгэн сытар кыракый дэриэбинэҕэ, күрээн кэриэтэ барбыттара. Зоя үрдүк хамнастаах үлэтин бырахпыта, Барыыс – кэргэнин. Ол эрээри Барыыс соҕотох барбатаҕа. Мичилин кытта илдьэ барбыта. Ира Ира Барыыстыын холбоспутун биир да түгэҥҥэ кэмсиммитэ суоҕа. Бастакы сылларын бэрт дьоллоохтук олорбуттара. Доҕотторо да, чугас аймахтара да кинилэр арахсыахтара эрэ диэн санаабат этилэр. Онтон ити дьахтар хантан эрэ күөрэс гыммыта уонна барытын түөрэ тэппитэ. Кылгас кэм иһигэр Барыыс мэйиитин иирдэн, дойдутугар уккуйан илдьэ барбыта. Ол иһин да, Барыыһы хайдах эрэ уларытан кэбиспит курдук этилэр. Баҕар, Ира бэйэтэ да буруйдааҕа буолуо... Ира улахан уола Барыыс оҕото буолбатах этэ. Хаһан эрэ эдэр сааһыгар бастакы тапталыттан үөскээбит оҕо этэ. Устудьуоннуу сылдьан туох-туох буолан ааспатаҕай, эдэр саас олоҕо биир кэм кулахачыйара. Уола оскуолаҕа киирэригэр дьылҕа кинини Барыыстыын билиһиннэрбитэ. Мичил төрөөбүтэ. Ира үлэтигэр суукканан үлэлиир буолан Мичил үксүн аҕатын көрүүтүгэр сылдьара. Улахан уол ыраах улууска Ира дьонугар олорон оскуолаҕа үөрэнэрэ. Ира Барыыс биир улахан кистэлэҥин билэрэ: Барыыс оҕо оҥорор кыаҕа суоҕа. Этэн-этэн быраастарга сылдьан көрдөрбүттэригэр сүүстэн биир эрэ түбэлтэтигэр оҕо үөскүөн сөп диэн быһаарбыттара. Оттон Мичил таҥара бэлэҕэ этэ. “Ол аата – дьоллоох эбиккит“ диэн быраастар сөхпүттэрэ. Онон Мичил күн сирин көрүөҕүттэн паапа оҕото этэ. Сотору буолан баран Сардаана төрөөбүтэ. Барыыс “бу мин кыыһым буолбатах“ диэн тута эппитэ. Соннук, туох да элбэх быһаарсыыта, сирэй-харах анньыһыыта суох олорбуттара. Арахсан барарыгар Ираттан Барыыс оҕобун ирдэһиэм суоҕа диэн араспыыскаҕа маарынныыр кумааҕыга илии баттаппыта. Ира билиҥҥэ диэри тоҕо оннук гыммытын өйдөөбөт. — Арыгыһыт, оҕотун көрбөт дьахтар ийэ буолар кыаҕа суох! Бэйэҕин көрүнүүй – туоххунуй? Маннык ыал ийэтэ баар үһү дуо? – Барыыс сирэй-харах анньыбыта. Кырдьык, Ира үлэтиттэн “кыһыллаан“ кэлэрэ баар этэ. Санаатыгар, “ама, кыратык сылаабын таһаара түһэрим сатаммат дуо? Суукканы быһа атаххытыгар туран көрүҥ эрэ!“ диэн, бэйэтин буруйун аччата сатыыра. Ира ардыгар дьүөгэлэрин кытта түүҥҥү кулуупка да ойон хааларын кэбис диэбэт этэ. Эдэр, сэнэх эрдэхпинэ кыратык онно-манна сылдьарым туох буолуой? “Биһиги кыргыттар эрэ буолан сылдьабыт, онно эн баарыҥ хайдах эрэ табыгаһа суох буолуо“, — диэн Барыыс, саатар миигин ыҥырыаххын дуу диэн суолтатыгар эттэҕинэ хардарара. Барыыс арыгыны адьас испэт, бэл, табахтаабат да этэ. Биирин үксүн онтон да киҥир-хаҥыр саҥарсыы элбээн барбыта. Эн уоллааххын, кыыстааххын, дьонуҥ төһө баҕарар кинилэри ытыс үрдүгэр сырытыннаран атахтарыгар туруоруохтарын сөп. Оттон мин уолум — миэхэ соҕотох. Онон уһуну-киэҥи толкуйдуохха наада, — диэн тыл ыһыктар буолбута. Дьэ, ол биир үтүө күн Барыыс уолун илдьэ Бүлүү түгэҕэр барбыт сураҕын эрэ истэн хаалбыта. Сонно тута төлөпүөн үрдүгэр түһэн ханна тиийбиттэрин билбитэ – Зоя дойдутугар. Эрдэттэн оҥостон сылдьыбыттар эбит. Хайдах икки хараҕа бүөлэнэн сылдьыбытай? Арахсар да буоллаҕына, куораттан барыа суоҕа диэн оҕотук санаалааҕа. Үлэтин быраҕан хайдах да онно тиийэ охсор кыаҕа суоҕа. Били, Барыыстыын куортамнаан олорбуттара аны суох. Биир дойдулааҕа кыыһы кытта кыттыһан мас дьиэҕэ көспүтэ. Дьэ, уонна төлөпүөнтэн, кэпсэтэр пуунтан арахпат буолбута. Бастаан Барыыс син кэпсэтэр этэ. Мичили да кытта кэпсэтиннэрэрэ. Онтон, саҥа кэргэнэ этэн-тыынан, төлөпүөҥҥэ чугаһаабат буолбута. Арай биирдэ уола алҕаһатан, ким да суоҕар “маама“ диэн истэҕинэ төлөпүөнүн былдьаан ылбыттара. Түөрдүгэр сылдьар оҕо ийэтин өйдүүрэ дуу? Умуннардахтара. Бастаан чобуотук кэпсэтэн ону-маны кэпсии сатыыр этэ, кэлин тыла-өһө кэмчитийэн, улам “тоҥон“ барбыта биллибитэ. Анараа аралдьыйара да элбээтэҕэ. Куоракка биир хоско хааллан олорбут оҕо тыа сирин оҕо саадыгар сылдьан уларыйдаҕа. Барыыс Зоялыын сыл аҥаарыттан ордук олордулар да, оҕо үөскүөх чинчитэ биллибэтэ. Бу санаан көрдөҕүнэ, Ираттан куотан кэлбитэ өйдөммөт курдук. Киһи оннук айылаах куотан да кэлэр курдук быһыы-майгы буолбатаҕа эбээт. Куоракка да олоруохха сөп этэ. Мичил бастаан утаа ийэтин суохтаан, муҥхааллаан тахсара. Онтон маннааҕы оҕолорго, Зоя аймахтарын оҕолоругар эриллэн, ийэтин туһунан ыйыталаһара аҕыйаабыта. Ити кэмҥэ халыйан кэлбит былыттан хаар кыыдамнаан ааста. Салгыы маннык олорор табыллыбат. Ира күн аайы кэриэтэ төлөпүөннүүр. Оҕотун ирдэһэр. Үнүрүүн нэһилиэк баһылыга кэлэ сылдьыбыта. “Оҕону уоран кэлэн олорор үһүгүн дии. Ол кырдьык дуо?“ – диэн ыйыппытыгар: “Бэйэлээх бэйэм уолум! Ким да былдьыыр бырааба суох!“ – диэн хардарбыта. “Оччоҕо тоҕо биир дьахтар оҕобун саһыаран олороргутун билэбин, туох да миэрэни ылбатаххытына, сууттаһабын диэн, күн аайы куораттан эрийэрий?“ Баһылык Зояны ырааҕынан уруута этэ, ол иһин дьыаланы дириҥэппэккэ тугу эрэ тобулалларыгар сүбэлээбитэ. Барыыс уйатыгар уу киирбитэ. Аны дьаһалтанан быһаарсаллара хаалбыт дии. Иралыын ЗАГСата суох этилэр. Тоҕо эрэ ол туһунан саҥа бииргэ олороллорун саҕана улаханнык толкуйдаабатахтара. Кэлин олох да наадыйбат буолбуттара. Ираҕа суотабайыгар эрийбитэ: “Эн түптээх үлэҥ суох, бас билэр дьиэҥ суох, хамнаһыҥ кып-кыра. Ол кэннэ оҕону хайдах иитээри былдьаһаҕыный? Манна аска-үөлгэ, оҕо саадыгар сылдьарын тоҕо сөбүлээбэккин? Мин да киниэхэ туора киһи буолбатахпын! Син атаҕар туруоруо этибит. Эн оҕолордооххун, өссө да оҕолонуоҥ турдаҕа, оттон мин...“ Ира “оҕобун аҕал“ диэн кэлиилии кэбэ турбута. Тугу эрэ гыннахха сатаныыһы... Ира Суукка үҥсүөҕүн – “гражданскайынан“ олорбуттара, баран былдьаһан ылыаҕын – туора улууска хаһан да сылдьыбытаҕа, саллымара да бэрт. Хайдах-туох көрсүөхтэрэ биллибэт. Туох да диэбит иһин, Зоя дойдута, халыҥ аймахтаах. Аат-суол барарын сөбүлүөхтэрэ суоҕа... Барыыс Балаҕан ыйын тиһэх күннэрэ. Барыыс уолунуун таксинан куоракка айаннаан иһэллэр. Араас наадаҕа ыксаан иһээччилэр ыга симиллэн, саҥата суох ким утуйан, ким муусука истэ олороллор. Мичил уһун айаны тулуйбакка, сылайан утуйбута ыраатта. Хата, тоҥорон, уу-хаар суох. Күһүҥҥү добдурҕа диэни маны этэн эрдэхтэрэ. Былыр атынан айаннаан добдугураталлара, билигин көлүөһэ үрдүгэр өрө тэйэ-тэйэ түҥкүнэтии. Сотору куорат эргэ мас дьиэлэрэ маҥан таас дьиэлэри кытта киһи иилэ хабан ылбат оһуора буолан көһүннүлэр. Ира куорат уһугар, мас кыбартаалга олорор буолуохтаах. — Алло, Ира, мин кэллим. Мичили аҕаллым. — ? — Мичили, уолгун, аҕаллым диибин. — Кырдьык дуо? Оҕобун... Ханна бааргытый? Сип-сибилигин тиийиэм. — Дьиэҕэр илдьиэҕим... Такси куораты биир гына дьону тарҕатан кыбартаалга тиийэригэр Ира икки этээстээх мас дьиэ аанын айаҕар кэтэһэн турар этэ. — Мичил, тур эрэ, маамаҕар кэллибит! — Маама, маама! – Мичил ийэтин көрөн массыынаттан ойон таҕыста. — Оҕом сыыһа... – Ира сүһүөҕэ уйбата, уолун бобо кууһан ылан сиргэ тобуктаан олордо. — Ира, бука диэн, бырастыы гын. Оҕоҕо син биир ийэтэ чугас дии санаан Мичили аҕаллым. Чэ, мин барыым дуу. Өр буоллахпына аны кыайан арахсыам суоҕа. Билсиэхпит буоллаҕа дии, ама, сэриигэ дуу, сир уһугар дуу барар буоллахпыный. Кэлэ-бара син биир билсиэҕим, харайсыаҕым, — Барыыс, Ира хардарыан икки ардыгар, массыынаҕа төттөрү киирэн хаалла. Быыл буолбут “УАЗ“ иэҕэс-куоҕас гынаат, улахан суолга тахсан айанныы турда. Дьолуолаах.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан