Кэпсээ
Войти
Регистрация
Олох ыллыктара
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Олох ыллыктара
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
08.02.2019 16:53
Олох – түҥ тыа «Сиргэ түспүт сэрэбиэй, окко түспүт оҥоһуу» баар диэччилэр. Ол аата, биир курдук өйдөөтөххө, «тугу эмэ ситиһээри, төһө да кыһалла-мүһэллэ дьулустаргын, онтуҥ син биир сатаммат, олоҕуҥ суолун Дьылҕа хаан обургу хайыы-үйэ ыйан-кэрдэн, бэлэмнээн сытар» диэн өйдүөххэ сөп. Иэгэйэр икки атахтаах барахсан бэрт үчүгэйдик үлэлии-хамсыы сылдьан туох эмэ уустук балаһыанньаҕа түбэстэҕинэ биитэр очурга оҕустардаҕына, эмиэ «оннук буолуох быата тардан муҥнаннаҕа, туох барыта Үөһээ суруллан-ыйыллан тураахтыыр» диэн, утары тугу да эппэт гына ытаһалаан кэбиһэр үгэс баар. Омос көрүүгэ итинник быһаарыы добуочча олохтоох курдук эрээри, дьулууру-дьаныары өһүлэр, ыллыктаах өйү-санааны сүһүрдэн кэбиһэр буортулаах дойҕох. Итинник санааны тойон оҥостон бас бэриннэххэ, уйаара-кэйээрэ биллибэт байҕал ортотугар эрдиитэ суох тыыга олорбут кэриэтэ буоларыҥ чахчы. Тыал хайа диэкиттэн үрэн сирилэтиэ, байҕалыҥ онтон тэбиэһирэн, уоҕа-кылына кырылыы көөнньөн, хайдах буолан-хаалан туруо биллибэт. Нуучча омукка «каждый – кузнец своего счастья» диэн бэртээхэй уос номоҕо баар. Ол аата, олоххун-дьаһаххын, быһата, инники кэскилгин бэйэҕиттэн атын ким да оҥорон биэрбэт диэн. Дьэ, онон кэннигинэн харахтаммакка, дьулурҕа соҕустук инниҥ диэки ыллар хардыынан түһүнэн кэбиһиэх тустааххын. Көрдөөбүт – көмүһү, сылдьыбыт сыыһы булар баҕайыта. Онон олох олоруу диэн, күнү-ыйы хаххалыыр лиҥкир тииттэрдээх, аҥхараат-таҥхараат лааҥкылардаах, ыт мунна баппат ыркыйдардаах хара тыаҕа холоонноох. Ол эрээри барыта хайдах наар аанньа түҥ хара тыа буолуой. Дьэрэкээн сибэккитэ, ырыалаах чыычааҕа, көҕөрөр-наҕарар мутукчата, сэлибирэс сэбирдэҕэ уонна ... аата-ахсаана биллибэт үтүмэн элбэх ыллыга ханна барыай?! Ол ыллыктар бары ханна эрэ тириэрдэллэр, булгуччу туох эрэ түмүктээх буолаллар – үтүө биитэр мөкү. Чахчы оннук дуо? Ама да буолбутун иһин, барыта Дьылҕа хаан ыйааҕа үһүө. Тыалынан киирбит холоругунан тахсар Сэргэйдээх Чааманы көрбүт эрэ барыта «барахсаттарыы, дьэ, кимиэхэ баҕарар бастыҥ холобур буолар пааралар – кинилэр!» диирэ. Кырдьыга да, киһи туох диэн утарыай – бу иллэрин-эйэлэрин, дьоҥҥо-сэргэҕэ сайаҕастарын, эчикийэ, туттардыын-хаптардыын даҕаны атылыылара сыттаҕа. Баҕар, уолу үрдүттэн сыаналаан бүрэ диэхтэрэ эбитэ дуу? Ол эрээри судургутунан, дьоһуннааҕынан, кырдьаҕаһыттан оҕотугар диэри бэркэ тапсан кэпсэтэринэн кини курдук эр бэрдин күнүстэри тымтыктанан да көрдөөҥҥүн буларыҥ саарбах. Оттон Чаама котоку, уулуссаҕа тэс курдук тутуурдаах тыын быһаҕаһынан сыкырыҥнаан истэххинэ, хантан эрэ эмискэччи баар буола охсон, хап-харанан чоҕул-игил көрө-көрө, субу иилиҥкэйдэспитинэн көмө-имэ буолара үчүгэйин эриэхсит! Кыыһыҥ ол быыһыгар туох эрэ көрүдьүөстээҕи булан таһааран тэбэнэттээх баҕайытык лыһыгыраччы күлэрэ, ама, туохха тэҥнэһиэй?! Барахсаттар, эдэр испэсэлиис аатыран, бачча кый ыраах дойдуга икки эмдэй-сэмдэй оҕолорун илдьэ кэлбиттэрэ баара... Саҥа сир, саҥа дьон – барыта сонун! Ыалдьартан – илии, таптыыртан харах арахпат диэн баар. Ол барыта кимиэхэ эрэ туох эрэ дьикти, кичэм санаа кыымын саҕара чахчы. Онуоха мэлдьи бэлэм буолуохха баар эбит... Үгэс курдук ханна даҕаны саҥа кэлбит испэсэлииһи
тургутан көрөөччүлэр: уопсастыбаннай үлэҕэ туох эмэ эбээһинэһи сүктэрэн биитэр нэһилиэк уус-уран самодеятельноһыгар булгуччу сылдьарын курдук модьуйан да туран. Эдэр испэсэлиис итинтэн хайдах да аккаастанар кыаҕа суох. Боруобалаан батынан көр эрэ – сол күн дьон-сэргэ ысталыгар киириэҥ, сүрэҕэ суох, хамнас эрэ туһугар сүөдэҥниир ортоһуор үлэһит аатырыаҥ. Этиллибитин курдук, эн нэһилиэккэ саҥа испэсэлиискин. Оттон манна, киинтэн кый ыраах уһук сиргэ, киһи барыта даҕаны ырааҕынан-чугаһынан уруулуу-аймахтыы кэриэтэ, онон ыччат төһө да элбэҕин иһин, эрдии-ойохтуу буолара, дьиэ-уот тэринэрэ олус уустук. Бу дьонуҥ син тэбэр сүрэхтээх, тардар хааннаах ыччат буоллахтара, баҕарбаталлар даҕаны, саҥаҕа, сонуҥҥа тардыһаллара, тугу барытын умнан да туран тууһугураллара ханна барыай?! Этэн баран эҕирийиэх иннинэ да буолбатар, эр дьон, элик бэртэрэ нарын-намчы таһаалаах Чаамаҕа харахтарын хатаабыттара. Бу кырасыабай дьахтар бороохтуйан эрэр оҕочооннордоох, киниттэн эрэ күнэ-ыйа тахсар Сэргэй диэн сэмэй эрдээҕин хоҥорууларыгар да хоннорботохторо: өрүскэлэспит курдук, төһө сатыылларынан ураты сыһыан үөскээбитин биллэрбитинэн, сыҥалаабытынан барбыттара. Онтулара өссө сириэдийэн, кытыастан тугу да тулуппат имэҥнээх таптал кутаата буолар сэдиптэммитэ. Чаама өйүгэр: «Талыыкан да ыччаттар түөлбэлээбит сирдэрэ эбит! Бу кыайыгастарын, бу хоһууннарын ньии! Онуоха холоотоххо, Сэргэйэ диэхтээн, туга кэлээхтиэй», – диэн санаа ыам бырдаҕын саҥатын курдук арахпакка сордуура. Били, бэйэтин батан чоҕулуччу көрбүт эмдэй-сэмдэй уолаттара кытары умнуллуох, эбиитин мэһэй-таһай да буолуох курдук буолбуттара... Таптал диэн таас иһит кэриэтэ, онон харах харатын курдук харыстыах тустааххын. Оттон ол иһиппит сааһырда-суолурда – ол хайдыбыт сурааһынынан бүтэһиктээхтик алдьанар. Ону хайдах да самыы тута сатаабыт иһин – кыаллыбат. Уһаабатахтара, арахсыбыттара. Чоҕул-игил көрбүт оҕолор харахтарын уота өспүтэ, өлбөөркөй дьүһүннэммиттэрэ, хотунан-соҕуруунан быдаммыттара. Ол кэмтэн ыла элбэх уу уһунна. Баҕар, ким эрэ «оҕолор барахсаттар кэлин булустахтара, төрөппүттэрэ да түспэтийэн, эдэр саастарыгар сыыспыттарын туоратан, быр бааччы олохтоннохторо» дии саныа. Оннук эбитэ буоллар – син да этэ. Төрөппүт ийэ, аҕа тапталыгар иитиллибэтэх оҕо уйан сүрэхтэниэн, кими эмэ дьиҥнээхтик таптыан табыллыбат. Тыалынан киирбит холоругунан тахсыбыта: оҕолоро улаатан, эмиэ төрөппүттэрин суолун баппыттара, хас эмэ оҕо оҥой-соҥой көрө хаалбыта... Биир тэрилтэ дьоно Балай эмэ улахан тэрилтэҕэ бэркэ билэр дьонум үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Бэриниилэрэ диэн сүрдээх: күннэрэ-ыйдара ол айымньылаах диэн ааттыыр үлэлэриттэн күөрэйэр, атыҥҥа аралдьыйар бокуой да суох курдук. Ол эрээри инчэҕэй эттээх, тардар тымырдаах киһи аҥаардас үлэнэн ханна сир өтүөй. Үһүөн даҕаны олоххо араас көрүүлээх, сыаллаах-соруктаах дьон. Туох эмэ суолу-ииһи, ыыры-ыллыгы хайан көрдөхтөрүнэ эрэ сатанар курдук: өрүү туохтара эрэ тиийбэт, астыммат чинчилээхтэр. Начаалынньыктара Килимиэн Килимиэнэбис – барыларыттан лаппа саастаахтара. Билиитинэн-көрүүтүнэн, холкутунан, сахалыы өйүнэн киһи киэнэ кэрэмэһэ. «Сэрэнэн-сэрбэнэн сыҕарыйдахха, быдан ыраах тиийиэҥ» диэн санааны сирдьит оҥостор. Ол да иһин буолуо – сыыспыта диэн суох, төһө да нэс курдугун иһин, киниэнэ барыта кэмигэр
бүтэн-оһон хаалбыта эрэ баар. Омос көрдөххө, кубархай сирэйдээх, сүрдээх хачаайы көрүҥнээх. Ол эрээри итиччэ сааһыгар баттаҕын кырыа-хаһыҥ саараама хаарыйбатах! Оттон сыгынньахтаннаҕына, быыппастыгас быччыҥнаах – кини! Дьахталлар эдэрдиин-эмэнниин кини аастаҕына, батыһа көрөн хаалаллар, сэмээр үөһэ тыыналлар. Кэпсииллэринэн, «туора» хас эмэ оҕолоох үһү. Дьиктитэ диэн, ким даҕаны кинини содур майгылаах киһи диэбэт, кырдьыга баара, кэрэ аҥаардарга сыстаҥнаан эрэрэ да көстүбэт, туох эмэ диэн кэмпилимиэн эппитэ да иһиллибэт. Дьахталлар курдаттыы ылларар киһилэрэ – кини. Солбуйааччыта Доруйуон Дьорҕоотоп начаалынньыгыттан аҕыйах сыл балыс эрээри, лаппа кырдьаҕас көрүҥнээх. Тугу барытын (сөп буоллун-сыыһа буоллун) сонно быһааран кэбиһэринэн ордук биллэр. Омуна-төлөнө биир оччо. Сороҕор түбэтиэйкэтэ хаҥнары баран хаалыар диэри көөнньөн-тымтан кэлэр. Оннук түгэҥҥэ чугаһаабатаҕыҥ көнө: хараҕын үүтэ көстүбэт, көхсүн иһэ кыынньан олорор – онтун тугунан таһаарыа биллибэт. Эдэригэр хотуурдьут хоһууна, үҥкүүһүт үтүөтэ. Сааһырдар даҕаны, хам-түм иэйэрэ киирдэҕинэ, дьахтар аймахха манньаҕаһа атамаан. Оҕолордоох, сиэннэрдээх диэбэккин. Начаалынньык эдэр солбуйааччыта Агнесса Альбертовна күөгэйэр күнүгэр сылдьар. Мантан инньэ олоҕун күнэ киэһэрэн барыа турдаҕа. Үрдүк үөрэх кыһатын Москубаҕа бүтэрбитэ. Быраактыкатын хара бастааҥҥыттан бу тэрилтэҕэ баран, оччолортон эр дьон хараҕын далыттан тахсыбатаҕа. Эдэригэр кубулҕат муода тугу этэринэн таҥнара. Дьэ, ону көрүү-истии, сибигинэһии-хобугунаһыы, өрөкөчүҥнээһин сүрдээх буолара. Карьераҕа дьулурҕатык тахсыбыта. Ол эрээри итини билсии-көрсүү быһаарбыта диэтэххэ, олус баһан этии буолуо. Аныгы технологияны бэркэ баһылаабыта, тобуллаҕас өйө, онуоха эбии салайар истиилигэр хотумсук соҕуһа улахан оруолламмыта диэххэ сөбө дуу. Оҕо-уруу суох хотуна үлэҕэ умса түһэн тыынын таһаарара. Маладьыаһыҥ былырыын бэйэтиттэн арыый саастаах, урут кэргэннэнэ сылдьыбыт хоодуокка эргэ тахсыбыта. Билигин Агнесса Альбертовна даачалаах, икки кыбартыыралаах, эригэр, бэйэтигэр тус-туспа массыыналаах, туһугар кыахтаах хотун. Эргэ тахсан, арыый уҕарыйан, уруккутун курдук «ыһыытыы сылдьар» таҥаһы кэппэт, оннук аһара оҥостубат, симэммэт. Онон эбитэ дуу, эр дьон обургулар интэриэстэрэ намыраан, харахтарын далыттан таһааран кэбиспиттэрэ. Ол эрээри (дьахтар аймах уларыйа охсоро ыраахтан буолбат) сорох ардыгар иннигэр кэлэн субу кэпсэтэ турдаҕына, имэҥи-дьалыҥы көөнньөрөн таһаарар бу киниэхэ эрэ барсар муодунай таҥаһын биир-биир төлөрүтэн-сүөрэн, устан киирэн барыах санааҥ үтэн-анньан кэлэр. Агнесса Альбертовна, төһө да кыахтаахтык олордор, мунчаарара ханна барбыт үһүө. Киһи төбөтүгэр кырылас кумах кыырпаҕын курдук хара баһаам араас санаа хаатыйаланан сырыттаҕа эбээт! Эдэр-сэнэх эрдэххэ, кыах тиийэринэн олох үтүөтүн билбэхтэһэн хаалыахха – дьыл-күн күүппэт. Дьиэ-уот, баай-дуол, үлэ-хамнас – барыта кылгас кэмҥэ уларсыкка кэлэн ааһар көстүү. Киһи олоҕор туох эмэ силистээҕи, кэскиллээҕи оҥорон хаалларыахтаах эбит. Холобур – оҕону-урууну дэлэтии. Ону баара, сэбиэскэй саҕана наар «үлэттэн дьолу булаҕын», «үөрэппит оҕолоруҥ – дьолуҥ», «тугу эмэ тутан таһаарбытыҥ – эн тускунан үтүө өйдөбүнньүк» эҥин диэн араас санаа соҥноноро. Киһи барахсан тус олоҕун умнан «дьоллоох, сайдыылаах уопсастыбаны» тутар туһугар умса-төннө түһэрэ. Дьиҥэр, өлүөр-сөлүөр, кимиэхэ
эрэ туһалыыр кыахтаах эрдэххинэ эрэ, эйигин өйдөөн-санаан ааһыахтарын, сыаналыахтарын сөп. Кырыйдыҥ, буорайдыҥ, инники кэккэттэн туораатыҥ – умнуллаҕын. Дьэ ити курдук, олоххо араас ыллык тахсан иһэр. Ол иирбэтигэр-таарбатыгар иилистэн-сөрөнөн, бутуллан хаалбакка, этэҥҥэ сыҕарыйан иһиэххэ. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан