Кэпсээ
Войти
Регистрация
Алаадьы (олоххо буолбуттан кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Алаадьы (олоххо буолбуттан кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
03.11.2021 19:00
Сэрии… диэн илэ бэйэтэ тугун-хайдаҕын Бүөккэчээн билбэт… Билбэтиттэн сүрдээҕин кыбыстар курдук. Мэлдьи тиэтэлинэн сылдьар, атыттан түспэккэ эрээри ордоотоон саҥарар «бэрэссэдээтэл» диэн кутталлаах киһи баар. Дьэ кинини кытта сэрии амырыын алдьархайа, куйаханы күүрдэр дьулаан тыына барыта олорсо сылдьарга дылы, сэрии уот будулҕанын ортотуттан ыксаллаах ыгым сорудахтары итиилии-буһуулуу кини аҕалан иннигэр түбэспиккэ барытыгар суккуйан ааһарга дылы, мэктиэтигэр «ньиэмэс» диэн суоһар аат киниэхэ бэйэтигэр барсарга дылы. Бэрэссэдээтэл саҥатыттан Бүөккэчээн «байыаннай балаһыанньа» уонна «уоттаах сэрии» диэннэри төбөтүгэр хатаата. Бу байыаннай балаһыанньа буолан турдаҕына ким да сытар-олорор, аһыыр-таҥнар туһунан саныа суохтаах. Бары систэрин көннөрбөккө, хараҥаттан хараҥаҕа диэри үлэлээн тахсыахтаахтар. Оннук гымматахтарына сэрии уотунан уһуурар силлиэтэ күүһүрдэр күүһүрэн, сотору аан талҕа буолан таҥнары саккырыыр уонна сир үрдүгэр баар тыынар тыыннааҕы ордорбокко имири эһэр… Ол аата сэриигэ барбыт кини аҕата Сэмэни, таайа Дьөгүөрү, ырыаһыт Чоргулланы — барыларын сэрии уоттаах айаҕа ыйыстан кэбиһэр… Бүөккэ куобах суорҕанын анныгар түүрүллүөҕүнэн түүрүллэн сытан ол аан дойдуну саба халыйан иһэр сэрии уота таба тайаммат быыкаайык бытыгар кубулуйан хаалыан баҕаран ылар. Ол эрээри, сэрии бу кинилэр сир уһугар баар алаастарын хайдах булан кэлиэҕин уонна мыраан үөһэттэн көрдөххө, ыраахха диэри нэлэһийэр ойууру-тыаны барытын хайдах сатаан уоттуоҕун өйүгэр син-биир батарбат. Сэрии уота мыраантан көстөр буоллаҕына, кини ийэтин салааскаҕа олордон, тэйиччи баран биэрдэҕинэ сатанар. Ийэтин бу «байыаннай балаһыанньа» да кэмин ыгыыта-түүрүүтэ кыайан туруорар кыаҕа суох буолбутуттан уол хараҕа хараҥарыар диэри куттанар, мунчаарар, ыксыыр. Ийэтэ сыппыта ыраатта. Бастаан күрдүргэс сөтөлүн уонна тыастаахтык тыынарын быыһыгар син ыйар-кэрдэр этэ. Уола дьиэ аттыгар эрдэ хаһааммыт мастарыттан көтөҕөн киллэрэн көмүлүөк оһоҕун отторун, сибэкки ойуулаах таас чааскыга алтан чаанньыктан оргуйбут уу кутан аҕаларын таптыыр харахтарынан күөйэ көрө сытар буолара. Быыкаа бурдуктаахтара бүтүөр диэри убаҕыыс хааһы оҥоттороро. Хамыйахтан биллэ биллибэт сыпсырыйан ылаат сыттыгар налыс гынара уонна иһиллэр-иһиллибэттик «чыы… эн…» диэн соруйара. Ити кини «чыычаах» диэн тылы саҕаланыытын эрэ саҥарар, «чаах» диэн тыл аҥара уонна «сиэ» диэн тыл анараа, күөмэйин кэннигэр ситэ тахсыбакка сыыгынаан сүтэн хаалаллар… Биирдэ ийэтин дьүөгэтэ киирэ сылдьыбыта, тахсарыгар ытаан сыҥырҕыы-сыҥырҕыы Бүөккэни төбөтүттэн имэрийбитэ уонна уол кулгааҕар төҥкөйөн «сииргит олох бүттэҕинэ күөл уҥуор Миитэрэйдэххэ баран көрөөхтөөр, кинилэр ынахтаахтар…» диэн титирэс куолаһынан сибигинэйэ былаан эппитэ. Ийэтэ эрэйинэн саҥа таһааран соруйбутун хоту, Бүөккэчээн хаһан эрэ тирии имитэр хоргун таһаараары мунньубут уҥуохтарын ампаартан булан киллэрэн муус маҥан буолуохтарыгар диэри оргуппута. Ол уҥуох эт миинин ыраахтан санатар оргуйбут сылбархай сылаас уута хас да хонук туһалаабыта. Онтон аан тириитин кэриэрдэн ыстыы сатаабыттара. Билигин холумтаҥҥа таҕаан үрдүгэр иҥнэри ууруллубут күөс айахха угар аны туох да суох буолбутун туоһулаан, кураанаҕынан аҥайар. …Кутталлаах бэрэссэдээтэл бу сырыыга атыттан түһэн, дьиэ халҕанын эрчимнээхтик аһан киирбитэ. Бэрэссэдээтэл ийэбин үлэҕэ күүһүнэн үүрээри кэллэ диэн Бүөккэ ыксаабыта: ийэтин этэ ип-итиитин, илиитэ-атаҕа дыгдайа иһэн хамсыыр кыаҕа суоҕун кини билэрэ. — Байыаннай балаһыанньа кэмигэр бары ыалдьан тарайа сыттахпытына ким боруоҥҥа көмөлөһөр?! — бэрэссэдээтэл төттөрү-таары хааман сүгүллэҥнээбитэ — Сотору ыһыы буолуо… — кини сүүрэлэс харахтара Бүөккэҕэ иҥнэ биэрбиттэрэ. — Нохоо, сааһыҥ хас буолла? — Сэттэ… — уол өрө сыҥан ылбыта. — Аҕаҥ суруйар дуо? Хас ньиэмэһи өлөрбүт үһүнүй? — киһи куолаһа эҕэлэнэн, сымныы быһыытыйбыта. — С-суох… — Ыһыы буоллаҕына уолгун ылабын, — биригэдьиир хамсаабакка сытар дьахтар диэки туһаайан, идэтинэн ордоотоон ылбыта уонна бу дьиэҕэ өссө туох киһи туһанара баарый диэбиттии эрилис-турулус көрөн ылаат, эмиэ киирбитин курдук эрчимнээхтик ааны сабан, тахсан барбыта. Бүөккэ аҕата хас ньиэмэһи өлөрбүтэ буолуой? Кини «сурук кэлбэтэҕэ» диэри «суох» диэбитэ аҕата ньиэмэһи өлөрбөтөҕүн курдук иһиллибит эбит. Уолчаан ону өйдөөтө уонна бэйэтигэр дуу, үөрбүт курдук эгди буолан тахсан барбыт биригэдьииргэ дуу абаран сэниэтэ суохтук сымыһаҕын быһа ытыра сатаата. Хаһан эрэ биир кыһыҥҥы киэһэ кинилэр балаҕаннарыгар ырыаһыт Чоргулла хонон-өрөөн ааспыта. Киэһэ туохтан эрэ олус өрө көтөҕүллүбүт бэйэтэ ип итиинэн илгийэр көмүлүөк иннигэр сото кэбиһэн олорон бухатыырдар охсуһууларын туһунан ыллаан-туойан саҕалаабыта. Айыы бухатыыра абааһы ааттааҕын кытта охсуһарыгар күн көстүбэт күдэнэ оргуйбутун, дэриэспэ таас тибиилэр типпиттэрин, халлаан тордуйалаах уу курдук тоҕо ытыллыбытын чугастааҕы ыаллартан хомуллан киирбит хас да оҕо сирэй-харах чаҕылыһан олорон истибиттэрэ да истибиттэрэ! Сэрии, бука, эмиэ онтон итэҕэһэ суох иэдээн буолуохтаах! Өссө сөмөлүөттээх, саалаах, буускалаах, олох да улахан алдьархай буоллаҕа! Бүөккэ аҕата Сэмэн хайаан да ол Айыы бухатыырын курдук ньиэмэстэри кырга сылдьар. Кини ону хайдах суруйа олоруой? Уоттаах сэриигэ кумааҕы барыта утары умайа турара буолуо дии! Ол иһин саллааттарга кумааҕы биэрбэттэр… Бүөккэчээн итини барытын ийэтигэр кэпсии охсоору орон аттыгар баар буолла. Балаҕан иһин үдүк-бадык сырдыгар ийэтин сирэйэ дьэҥкэрэ туртайан сытар… Туох эрэ дьулааны кистээбит им-дьим чуумпу кини таһыгар олохсуйбут… Балаҕан муннуктарыттан хойдон, ийэтин оронун улам төгүрүйэн эрэр ол ыар тыыннаах ынырыгы уол сүрэҕэ эмискэ сэрэйэн, тиҥиргэччи тэбиэлээн кэллэ, «ийээ» дии-дии, саба түһээри гына-гына дугдуҥнуу турда. Арай… ийэтин тыына сыыгынаан иһиллэн кэллэ! Уолчаан баар-суох киһитин түөһүгэр умса түһэн иһэн, кини баарыаҥҥы дьэҥкэрэ туртайбыт сирэйэ хайдах эрэ өлүөр эрдэҕинээҕитин курдук тэтэрэ ылааран кэлбитин бэлиэтии көрөн, сүрэҕэ кэйиэр диэри аны үөрэ түстэ. Ийэтэ хаана суох уостарын хамсатан туох эрэ дии сатыыр… Бүөккэ тобуктуу түһэн ийэтин сирэйигэр кулгааҕын даҕайда. — Ынах… ынах төрөөбүт… Уол ойон туран ийэтин сирэйин сыныйан көрдө. Ийэтэ уолун халты, туох эрэ олус үөрүүлээҕи көрөн уоһа ыттайан ылар… Төһө да сэттэ эрэ саастаннар, оҕо да мэйиитэ ыксал тирээтэҕинэ улахан киһиттэн итэҕэһэ суох баар быһыыны-майгыны түргэнник уонна сөпкө анааран өйдүү охсор буоллаҕа. Күөл уҥуор тигинээн олорор Миитэрэйдээх ынахтаахтар диэн ийэтин дьүөгэтэ эппитэ. Өскөтүн кинилэр ынахтара төрөөбүт буоллаҕына, ок-сии, үөрүү да буоллаҕа! Ынах төрөөтөҕүнэ үүт-сүөгэй баар буолар, уоһах алаадьыта буһар… Кини ийэтэ… ол алаадьыны… сиирэ буоллар, үтүөрэн туран кэлиэ этэ! Эмиэ «чыычаах, Бүөккэчээн чыычаах», — дии-дии сүүрэн-көтөн элэстэнэн кэлэн ыксары да ыксары кууһан ылыа этэ… Бүөккэ ким эрэ чопчу салайыытын толорордуу этэрбэһин кичэйэн кэттэ, мас киллэрэригэр кэтэн кыстаабыт аҕатын хаҕыдаҕын анньынан баран сиринэн соһулларын өрө тардан ынах быатынан курданна. Улахан чомпой бэргэһэни иҥнэччи уурунна уонна дьиэтин халҕанын сэрэнэн арыйан, тахсан барда. Харалдьык быһыта сиэбит хаара киһи хараҕын саатырда умайар, муус устар саҥатынааҕы хойуу салгын туох баар дьаҥы-дьаһаҕы сайа охсон кыйдыахтыы чэбдик тыаллыын сырсыалаһар. Уол мэйиитэ эргийэн тэмтэрийэн ылла. Күөл уҥуоргу дьиэ үөлэһиттэн үрүҥ буруо унааран тахсара көстөр. Бүөккэ бу туран ол дьиэттэн дыргыйа тарҕыыр алаадьы сытын чараас таныытынан хабан ыларга дылы гынна. Өстүөкүлэ түннүктэр ымсыырда, маачыктыы сааскы күн сардаҥаларынан хабылык оонньуу күлүмүрдэһэллэр. Төгүрүк алаас, төгүрүк күөл, төгүрүк ойбон, халлааҥҥа төгүрүк күн бары уоһах алаадьыта буолан кини хараҕар саһара-мэндээрэ төгүрүһэн, төкүнүһэн бардылар. Сэттэ саастаах киһи күөлү кыйа барар сэниэтэ суоҕун биллэ. Күөл ортотунан аҕыйах аҕай киһи быһалыы сылдьыбыт синньигэс утах суола баарынан хаара хастанан харааран көстөр мууска халтарыйан ыла-ыла киирэн бара турда… Миитэрэйдээх икки ынахтара төрөөн, этэргэ дылы, «быр» гына түстүлэр. Чиэппэр күүстээх эрээри тыла суох уонна өйүнэн мөлтөх буолан сэриигэ хапсыбатах ырааҕынан аймахтара киһи кинилэргэ олорсор буолан, сүөһүлэрин эрэйэ суох кыстатан таһаардылар. Бу дьиэҕэ ол эрэн аһатыахха диэтэххэ айах ахсаана элбэҕэ бэрт. Таҥхаччы кырдьыбыт Миитэрэй ийэтиттэн саҕалаан саллаакка барбыт уолаттарын ойохторо ыы кырбас оҕолорун кытта бары бииргэ суулаһан олороллор. Ойоҕо Настаа хата олус бүгүрү буолан, барыларын син иилиир-саҕалыыр. Эдэр дьахталлар уонна эр дьон холкуос үлэтиттэн кэлиэхтэрэ ыраах да буоллар, Настаа бүгүн сарсыарда төрөөбүт ынаҕын уоһаҕыттан нуучча оһоҕор алаадьы буһара турар. Биллэрик ороҥҥо симсэн олорон кини хас хамсаныытын ааҕа кэтиир оҕолор харахтарыгар эбэлэрэ остуоруйаҕа кэпсэнэр араҕас арыы далбардаах Аан Алахчын Хотун буолан көстөр. Мас нэлэгэргэ алаадьы бугул үрдээтэр үрдээн истэҕин аайы туохха да холоммот дьоллоох дьоро сыт долгуйа тарҕанан, дьиэ иһин, онтон ааһа баран алаастарын, аан дойдуну бүтүннүүтүн толору киэптээн күөгэйэ устан эрэр курдук. Настаа алаадьылаах нэлэгэрин остуол ортотугар аҕалан уурда уонна: — Аанчык, мин хотонтон киириэхпэр диэри мантан биир да алаадьы көҕүрүө суохтаах. Киэһэ аһыырбытыгар оҕолорго биирдии, улахан дьоҥҥо иккилии тиксиэ, — диэн оҕолортон улаханнарыгар, Аанчык кыыска дьаһайда. Оҕолор бастаан утаа алаадьылаах иһити көрбүтүнэн аптаах киэһээҕэ тиийиэхтии олоро түстүлэр, онтон оҕо-оҕо курдук хамсаан, оронтон түһэн итиннэ-манна сырсан бардылар. Аанчык аан үрдүнэн көстүүлээх сиргэ кыбытыллыбыт чыпчаххай талаҕы илиитигэр ылан бэлэм тутан олордо. Биир бэдик алаадьы диэки сарбайбыт илиитэ аһыйыар диэри сырбатылынна, биир бэдик сүүрэн иһэн алаадьылаах остуол сыҕарыйыар диэри кэтиллэн, көхсүгэр чыпчаххай хаста да ыарыылаахтык ыалдьыттаабытын биллэ. Ити кэмҥэ аан аргыый аҕай кыыкынаан-кыыкынаан аһылынна… Бүөккэчээн ыарахан халҕан арыычча аппайан биэрбит кыараҕас хайаҕаһанынан кырыытынан буолан кыбылла сыһа-сыһа, аан модьоҕотун бэрт эрэйинэн атыллаан киирэн кэллэ. Киирээт да остуол ортотугар бугул курдук өрөһөлөммүт саһархай алаадьыга хараҕа хатанна уонна күөмэйигэр үтэн тахсыбыт силин быһа ыйыста-ыйыста хамсаабакка хам хараҕаланан турда. Оҕолор чуумпуран ыллылар, обургу өттө бу кинилэр ааспыт саас сыыртан сырылаан бииргэ оонньообут Бүөккэчээн уоллара күөл уҥуортан кэлбитин биллилэр. Кыралар, уол субу охтон түһүөх иэҕэйэн турарыттан, таҥаһа-саба сүөргүтүттэн күлэн кыччыгынаһан, сирэйдэрин онньоҥнотон соһуччу ыалдьыттарын күлүү-элэк оҥостор санааланан, мэниктээн бардылар. Уол аан чанчыгар өйөнөн турар. Оҕолор мунньаҥнаһалларын, оһох кэнниттэн кырдьаҕас эмээхсин «ким кэллээ» диэн ыйыта сатаан эҥээрийэрин аахайбат, истибэт-көрбөт курдук. Кини уоттанан кэлбит хара хараҕын уонна остуол ортотугар үрдээн көстөр саһархай алаадьы чөмөҕүн икки ардыларыгар туох эрэ сүрдээх күүстээх ситим үөскээбитэ мэктиэтигэр салгыҥҥа бэлиэ суол буолан ыйыллан турар курдук. — Бүөккэчээҥҥин дуо? — Аанчык уолу сиэҕиттэн тардан көрдө. Былырыын хаппыт тириигэ олоро-олоро сырылыылларыгар сүрдээх мэник-тэник, тэбэнэттээх уол кини сыыр анныгар хаалларан кэбиспит үтүлүгүн туппутунан өрө сүүрэн тахсыбытын санаата. Уол аатын да истибэтэ. Алаадьыны харабыллыы хаалбыт Аанчык оҕочоос сүрэҕин төһө да аһыныы аһыы төлөнө бүүрүтэ туттар, эбэтин лоп-бааччы саҥата кулгааҕар субу турар курдук: «Улахан дьоҥҥо иккилии, оҕолорго — биирдии». Ол аата… киэһэ кини бэйэтэ алаадьыта суох хаалар. Аанчык эбэтэ сатабыллаахтык төгүрүччү дьаарыстаан таһаарбыт алаадьытыттан ордук эттээхтэрэ диэбитин ороон ылла уонна хамсаабакка турар уол кырачаан ытыһыгар уурда. Уол бастаан өйдөөбөккө остуолу, кыыһы, ытыһы көрдө, онтон хоһооно суох саҥа таһаараат алаадьыны айаҕар илдьэн иһэн көнө биэрэн, хайдах эрэ олус эрчимнээхтик ааны аһан таһырдьа сус гынан хаалла. Кэннигэр: «Эбээҕэ этиэхпит! Эһээ кэһэтиэ! Аанчык-маанчык… Аанчык-Маҥаачык!» — дэһэн, сибилигин аҕай алаадьы уораары сарбаҥнаһа сылдьан баран аны алаадьы харыһыйааччыга кубулуйа охсубут оҕолор аймалаһа хааллылар. Бүөккэчээн хайдах дьиэттэн тахсыбытын, сыыры хайдах сүүрэн түспүтүн өйдөөбөт. Күөл ортотугар кэлэн эрэ баран, аҕылаан, таала анньан өйдөнөн кэллэ. Тула барыта дьэргэлгэн түспүтүнүү дьип-дьирибинэс. Уҥуор кинилэр балаҕаннарын үрдүнэн улахан баҕайы күн кытара кыыһан киирэн эрэр. Уолчаан ытыһын өрө көтөҕөн күн курдук төгүрүк, сылааһа өссө да ааспакка сылдьар, абыраллаах, аптаах, бүгүн кини ийэтин туһугар өлбөт мэҥэҕэ тэҥнэһэр алаадьыны күҥҥэ кыһайан көрдө. Аара түһэрэн кэбиспэтэхпин диэн өй-мэй буолуор диэри үөрдэ. Ийэтин туртайа дьэҥкэрбит сирэйэ хайдах мичилийэ сырдаан кэлиэҕин, бу саһархай алаадьы курдук иэдэстэр тэтэрэ кыыһыахтарын өйүгэр оҥорон көрө-көрө иннин диэки сыҕарыйа сатаата. Тоҕо эрэ атахтара атыллаабат, илиитэ дайбаммат буолан хаалбыттар. Сотору-сотору эриэн ситии утаһын курдук синньигэс суолтан туораан, хаар типпит сиригэр тахсан батыллан хаалар. Баарыан хайдах эрэ сатаан тирэнэн барбыт муус килэҥигэр киирдэ да, охтон накыс гынаахтыыр. Ол тухары алаадьылаах илиитин иннигэр уунан өрө тута сылдьар… Итинник муҥнанан-сордонон хараҥа буолбутун кэннэ бэйэтин сыырыгар дьэ тиийэн кэллэ. Оҕо туймаарыйан эрэр өйүгэр урут аҕатын кытта сүөһүлэрин уулата киирэллэрэ, кини Быччаҕар диэн баппат майгылаах оҕус борооскуну кутуругуттан тутан дьээбэлиибин диэн өлө сыспыта быыһы арыйар курдук чаҕылхай баҕайытык элэҥнээн, көстөн кэллэ. Ол Быччаҕар, эмиэ «уоттаах сэрии» нолуогугар тутуллан баран иһэн, Бүөккэчээн диэки хайыһан иһин түгэҕиттэн аһыннарыахтыы ыҥыраммыта кытта иһиллэргэ дылы гынна. Уол сыыр үрдээн тахсар кыра оллуруттан иҥнэн умса баран түстэ… Кини кылгас олоҕун устата төһөтө эмэ үөһэ-аллара сэмсээбит буор сыыра бу сырыыга суорба таас курдук туруору, сымара таас курдук дьэбир, ньыгыл таас курдук тыйыс буолан биэрдэ. Оо, сир ийэ барахсан! Эн оччугуй да оллургун кыайан туораабакка икки атах бүдүрүйэр эбээт… Тоҕо бу алаадьылаах илиитин иннин диэки уунан үнүөхтүү сытар уолчааҥҥа көппөх гынан көмөлөспөккүн, аһыныгас санаанан аллан, көмүскэс санаанан түллэн күүһүгэр күүс, сэниэтигэр сэниэ эппэккин? Ити ийэтигэр аныыр айыылартан аһылыгын бэйэтин айаҕар угар абырал санааны сахпаккын? Эбэтэр ханна эрэ ыраах төрүттэнэн, күүһүрэн-уоҕуран турбут «сэрии» диэн суоһар адьырҕаны кытта биир куомуҥҥа киирэн, бу курдук уот кураан тыыннанныҥ, улуу сут ойоҕостоннуҥ дуу? Салаа отунан салаллыбат, отон оҕотунан ороһулаабат, бурдук туорааҕынан торолуйбат дьилэй куҥнанныҥ, килэгир киэлилэнниҥ дуу? «Оччоҕо тоҕо орто туруу дойдуга олохтообуккутуй» диэн, айыы-хаан аймаҕа хаһан эрэ халлаан таҥаратын кытта аахсан амалыйар күнүгэр Ахтар Айыыһыт буолан тахсан, ханар-ханар хааман унаар күөх уйгуну түстүүрүҥ, көҕүөрүнэн эмиийдээх, көмүскэстээх санаалаах Сир Иччитэ буолан тахсан өлөн эрэри өлбөт мэҥэ илгэҕинэн өрүһүйэн туруорарыҥ эбээт… Сиирэ астахха сиикэй уу тахсыбат, хайа астахха хара уу тахсыбат буола хаппыт-куурбут Сир Ийэ, субу түгэҥҥэ балаҕан иһигэр, мас орон үрдүгэр тиһэх тыынын эҕирийээт быстыбыт күн Ийэҕэ дылы, күүһэ суох хапсыйан сыппыта. Икки атахтаах аньыыта бөҕө адаҕыйан, буруйа бөҕө улаатан Үөһэ Айыылар өҥөйүөхтэрин туттунар амырыын тыыннаах, алдьархай саҥнаах өссө биир уйаны-хатаны тургутар кэм тимир тиһилигинэн тигинээн кэлбитин кини бэйэлээх да буоллар, хайдах гыныа этэй?! Киһи аймах Сир Ийэтигэр сыһыана бу уолчаан Күн Ийэтигэр сыһыанын курдук бэйэмсэҕэ суох сырдык сыдьаайдаах эбитэ буоллар, кини да иччитэ икки атахтаах олоҕунан тэҥҥэ олорсуо, умнубут аарыма алгыстарын саныа, тохтоппут улуу туомнарын толоруо эбитэ буолуо… Бүөккэ кулгааҕар ырыаһыт Чоргулла хатан кылыһаҕа лыҥкынаан кэллэ. Күп-күөх сыһыыга сибэкки эгэлгэтэ тэлгэммит. Дьон-сэргэ бары мустубут эбит. Кини алаадьытын туппутунан ийэтин диэки сүүрэр. Ийэтэ бытырыыстаах былаатын бааммыт, аҕатын кытта сиэттиһэн кинини кэтэһэн тураллар. Бүөккэ сүүрэр да сүүрэр, кини сүүрэр суолун сэлэлии үрүҥ таҥастаах кыргыттар турбуттар, кыл дэйбииринэн арчылыы далбаатаабыттар. Кинилэртэн тэйиччи Аанчык кыыс турар эбит. Кини өрөһөлүү ууруллубут алаадьылаах мас нэлэгэри оҕо курдук көтөҕөн, биһиктээн биэрэҥнэтэ турар… Бүөккэчээни сарсыныгар сурук таһар кыыс булбут этэ. Байыас Егоров Семен Иванович ойоҕугар Егорова Татьянаҕа диэн аадырыстаах, бэчээттээх бороҥ кэмбиэр иһигэр туох да үчүгэй суруллубатаҕа биллэрэ. Кыыс бу оннугар үс муннуктаах саллаат суруктарын сир уһугар, үтүгэн түгэҕэр да үөрүүнэн, дьиэрэҥкэй тэбиинэн тиэрдиэ этэ. Оттон маннык бэчээттээх, бороҥ кэмбиэрдээх хара суруктар харах уута хадьааһыннаах буолалларын сүрэҕинэн-быарынан билбит буолан, бэйэтинэн тиэрдимээри хонтуора атын дьонугар соҥнуу сатыыра. Кыыс сыыр үрдүгэр ойдом турар балаҕаҥҥа чугаһаан истэҕин аайы атаҕа ыараан, сүрэҕэ саллан барбыта. Былыр «куһаҕан тэҥсик» диэн суоһар сонуну таһар киһини абааһы көрөллөрө, өссө өлөрөллөрө да үһү ээ. Билигин оннук кэм эбитэ буоллар, кинини хаста-хаста өлөрбүт буолуо этилэрий?.. Сыыры тахсыыга буор чөмөхтөммүтүн курдук туох эрэ көппөйө сытарын көрөн тохтуу биэрбитэ — уол оҕо этэ… Хайыы үйэ көһүйэн хаалбыт оҕо ис иһиттэн манньыйа мичээрдээбит сирэйэ хас биирдии ыал түннүгүн өҥөйбүт, үөлэһинэн үрбүт, аанын аспыт сэрии тыйыс кэмин кытта дьүөрэлэспэт этэ. Кини төгүрүк алаадьыны бобо туппут илиитин иннин диэки уунан сытара… САЙА. Хаартыска — dieta.porarctic.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан