Кэпсээ
Войти
Регистрация
Син күн тыгар эбит
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Син күн тыгар эбит
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
01.02.2019 14:28
“Кыыс оҕо айылҕа сиэдэрэй сибэккитэ буолан бу Орто дойдуга түстэҕэ” диэн туран кэпсээммин саҕалыым... Эдэркээн олоҕум хайдах курдук уустуктук ааспытын ким да билбэт. Көрдөхтөрүнэ, куруук үөрэ сылдьар курдукпун да... ол үөрүү сороҕо сымыйатын ким билиэй?! Үөрэххэ киирдим да диэхтээн... миэнэ миэнин курдук, уопсайга ылбатахтара. Тоҕо эрэ үөрэхпин кэтэххэ көһөртөрбүтүм. Эдьиийим майгытынан батарбатаҕа: кыһын дьиэтиттэн үүрэн таһаарбыта. Бастаан утаа дьүөгэбэр олорбутум. Биир киэһэ үҥкүүгэ бардыбыт. Бэркэ сырыттыбыт эрээри, кыыһым улаханнык холуочуйда, онон табаарыстарын дьиэбитигэр илдьэ бардыбыт. Ол киэһэ Кешалыын билсибитим. Хап-хара харахтаах уһун уолу көрөөт сөбүлээбитим. Хайыы-үйэ үөрэхтээх үлэһит эбит этэ. Ол түүн күлүү-үөрүү бөҕөтө. Кыыһым табаарыс уолун кытары хоско киирэн хааллылар. Наһаа соһуйдум, сырсан киириэхпин баҕарталаатым... Кирдээх секс курдук санаатым, сиргэнним! Хаһан оннукка түбэспитим баарай, сарсыарда уолаттар өссө көрсүөх буолан бардылар... Онтон ыла саҕаламмыта – Киэсиктиин сыһыаммыт... Сотору кыыспыттан көспүтүм, атын кыргыттардыын дьиэ куортамнаабыппыт. Онтуларым эмиэ “абааһы кыргыттара” буолан биэрбиттэрэ. Биир тылынан, күүлэй олохтоохторо, уолаттарын уларыта сылдьаллара. Ол быыһыгар миигин харыстаатах буолан: "Баар-суох кырыллыбытынан кыыспыт, мээнэ сылдьыма”, – дэһэллэрэ. Киэсиктиин мэлдьи күүлэйдиирбит. Тыытылла илик эппин-сииммин, дууһабын-сүрэхпин – барытын киниэхэ анаабытым. Таптаабытым. Оннук сылдьыбыппыт. Билигин санаатахха, аҥаардастыы таптаан муҥнаммыт эбиппин. Кини кыыспын ылбыт, дьахтар оҥорбут буолан эрэ үчүгэй сыһыаннааҕын билбэтэхпин быһыылаах... Арай биир сайын өҥүрүк куйааска дьиэбэр олорон хотуолаатым. Ол кэмҥэ убайбар олоробун, барытын кэпсээтим. Киэсик төһө эрэ үөрэр дии санаатым, өйбөр арааһы бары оҥорон көрөбүн! Сарсыныгар төлөпүөннээбэккэ эрэ дьиэтигэр тиийдим... Арай икки кыыс баар. Киирбит-тахсыбыт соҕустар, саҥа-иҥэ бөҕөтө. Мэһэйдэтэн, оҕом туһунан Киэсиккэ эппэтим. Бары хампаанньанан сөтүөлүү бардыбыт... Киэсик тииһим ыалдьар диэн барсыбата. Тоҕо эрэ биһиги дамба өттүнэн буолбакка, кэтэҕинэн киирдибит. Ас-үөл тардан, оонньоон сөтүөлээн бардыбыт. Барыта үчүгэй, арай Киэсик суоҕа хобдох. Валералаах Ира ууга киирдилэр, хайа эрэ кэмҥэ өйдөөн көрбүтүм – Валера көстүбэт! Мин ууга сүүрэн киирэн хаһыытыыбын. Суох! Кэннибин хайыһан дьоммун ыҥыраары гыммытым, баран эрэллэр. “Хайдах буоллугут, көрдүөххэйиҥ, кэлиҥ" диэн хаһыырдым. Онуоха дьонум: “Акаары, кэл, ким да суоҕуна барыаххайыҥ, бэйэҥ хаал!” – диэтилэр. Мин кыйаханан, үҥсүтэлиэх буолан саанным... Дьэ, онуоха били уоллара миигин сырсан киирэн барда. Талах быыһыгар киирэн састым. Хата, итирик буолан, көрбөтө, тэйиччинэн ааста. Кэнниттэн кыыһа кэлэн илдьэ барда. Төһө өр олорбуппун өйдөөбөппүн. Валеригы булуом дуу диэн ыҥыран көрө-көрө бара турдум... Атах сыгынньахпын, суортуктаахпын, купальнигым үөһэ өттө эрэ баар. Бэйэм иирэн хаалбыт курдукпун. Арай иннибэр массыына турар. Сүүрэн тиийдим да, ытыы-ытыы туох буолбутун кэпсээтим. Саха эбит, син өйдөөбүт баҕайытык көрөр-истэр... Сотору син хоҥуннубут. Сааһыра барбыт киһи сирэйэ-хараҕа туран хаалбыт. Күүскэ тыастаахтык тыынан барда. Уоттаах хараҕынан иҥсэлээхтик бууппун, түөспүн субу быһыта убахтыах көрөр... Аны олох да бакыр тарбахтара
дьиҥнээхтик быһыта тутан бардылар. “Тохтоо, уоскуй", – дии сатыыбын, истибэт. Синим биир диэн баран, аанын арыйдым да ыстанан кэбистим. Эмискэ иннибэр массыына хорус гына түстэ... Дьахтар ойон таҕыста да: "Тебе что, жить надоело?!" – диэн хаһыытаата... Ол түгэҥҥэ били киһини көрөн дьахтар аны киниэхэ умайыктанна... ”Иэдээҥҥэ түбэстим, көмөлөс, абыраа!” – дии-дии ытаатым... "Сибилигин оччоҕо милииссийэҕэ барабыт!” – диэтэ дьахтарым. Айаннаан иһэн кэпсээбиппэр, сөхтө эрээри итэҕэйбэтэ. Милииссийэҕэ кэлэн кэпсээтим, түрүлүөн буолла. Киэсик, табаарыстара бары кэллилэр. Аймалҕан-айдаан бөҕө. Күрүөйэхтэри туттулар, төрдүөммүтүн эргитэ сылдьан доппуруостаатылар. Валерик сордооҕу төрдүс хонугар булбуттара. Эспэртиисэ этэринэн, иҥиирэ тарпыт үһү... Айдаан арыый аматыйдаҕына, Киэсикпэр этиэм дии санаатым да... Киһим табаарыһын аһыйан, сотору-сотору иһэр буолан хаалла. Холуочук кэмигэр тоҕо эбитэ буолла, миигин үөҕэр идэлэннэ.... Биир күн: "Арыгылаан бүт, оҕо күүтэбит", – диэтим. Кини туох диэбитэ буолуой?! “Сымыйалаама, мин бесплоднайбын, атын киһи киэнин балыйаары гынаҕын?! Киниэхэ баран эт, миэхэ буолбатах!" – диэн сарылаата. Мин көһүппэтэхпин истэн, ытаатым уонна тахсан куотан хааллым. Оҕом сыыһын билиммэтэхтэриттэн кэлэйдим. “Аҕа буолар толкуйа суох эбит, бэйэм да хайдах эмэ гынан күн сирин көрдөрөн иитэр инибин”, – дии санаатым. Киэсик уоппускатын быһа арыгылаата. Арай биир күн эмискэ субуоннаан ыҥырда. “Алҕаһын билинээри гыннаҕа”, – дии санаан, үөрүү бөҕө буолан бардым. Оо, арай барбатах буолуум, ол ынырык түүл курдук түүн буолуо суохтаах этэ... Тиийбитим, кыра холуочук, өссө кэргэнниилэр бааллар... Киэсиктиин кэпсэттибит, бырастыы гыннарда, мин эрэйдээх үөрүү бөҕө... Киэһэлик “билигин кэлиэхпит” диэн баран, ханна эрэ бардылар. Кыыс аата Маша диэн эбит, түүн үөһүгэр диэри кэпсэтэ олордубут. Дьоммут суохтар. “Киһим майгыта куһаҕан баҕайы, арахсарым буолуо”, – диэн кэпсиир. Утуктаан “утуйуох” диэн буолла, кини – саалаҕа, мин хоско утуйан хааллыбыт. Арай түүн ааны тоҥсуйдулар. Маша баран аста быһыылаах. Мин Киэсиги кэтэһэн сытабын. Арай аттыбар ким эрэ ыарахан баҕайытык тыынар, эргийиэм ыккардыгар ойон кэллэ да, таҥаспын тардыалаһан барда... Маша киһитэ эбит! Хаһыы-ыһыы, айдаан-куйдаан бөҕө буоллум. Маша хаһыытыы-хаһыытыы киһитин охсуолуур быһыылаах. Киэсик ол тухары суох. Биирдэ көрбүтүм, Маша эрэйдээх сиргэ сытар... Быыһыахтаах-абырыахтаах Киэсигим сүүрэн кэллэ да, ыстааммын уһулан биэрдэ. Мин олоро биэрээт, кыһыыбыттан сирэйгэ силлээтим, онуоха быарга саайда... Ол охсон баран, хайдах эрэ буолла, киһитин тохтото сатаата... Көҕүйэн, баҕаран хаалбыт "абааһы уола” бэйэтин сирэйгэ тэптэ быһыылаах. Хаһыытыы-хаһыытыы, аны куотан хаалла. Маша эрэйдээх туран эрдэҕинэ, баттаҕыттан соһон илдьэн, батарыайаҕа курунан баайан кэбистэ. Ол тухары миигин баттахпыттан соһо сылдьар, утарылаһар кыаҕым олох суох... “Анараа дьиэҕэ илдьиэххэ", – диэт, көтөҕөн ылан таһырдьа таһаарда... Сирэйим иһэн хаалбыт, аҥаар хараҕым тугу да көрбөт... Саатар, хааным да барбат ээ дии санаатым... Таһырдьа тахсыы бүтэһик эрэлим буоларын сэрэйдим. Күүспүн мунньан,
баҕар, биир эмэ киһи көрөн көмөлөһөөрөй диэн, айаҕым хайдарынан хаһыытаатым... Таһырдьа арай икки уол турар, хата, көмөлөһүөхтээҕэр күллүлэр. "Абыраммыт киһигин", – диэн, өссө ымсыыра турдулар. Подъезка киирэн иһэн ол уолаттарга: “Мин кэннибиттэн уочаракка туруҥ!" – диэн баран күллэ. Дьэ, бүттүм-өллүм дии санаа охсулунна. Бүтэһигин көмө көрдөөтүм да, туһа суох... Ол кэмҥэ ыаллыы аантан: "Че, мужики, отпустите девку", – диэбитинэн хаачык тахсан кэллэ. Кымаардаан да көрбөтүлэр: “Пошел!” – диэтилэр уонна өссө күллүлэр. Мин эрэйдээҕи ороҥҥо тиэрэ бырахтылар. Иһим түгэҕэ аһыс гыныар диэри били баҕайытын таһааран, балай эмэ өр ньаҕайдаһан укта, ньиэрбинэйдээн эмиэ быарга оҕуста. Наһаа ыалдьар, сымыһахпын быһа ытыран сытабын. Ол бириэмэҕэ ааны тоҥсуйдулар. Били батыһан киирбит уолга: "Киһиҥ кэллэ, арыйа оҕус!” – диэн бааҕынаата. Тулам хайдах эрэ хараҥара-хараҥара сырдаата... Өйбүн сүтэрдим, тулам хабыс-хараҥа буолла... Арай өйдөммүтүм, охсуһуу бөҕө... Ким эрэ чараас суорҕанынан саппыт. Биир кэм кими эрэ кырбыыллар... Өйдөөн көрбүтүм, били хаачык икки нуучча уолун кытары кырбыыллар эбит... Биирэ арай сахалыы саҥарар: "Бэйэҥ эппиэттиэҥ, оннооҕор мин бүгүн таҕыстым эрээри, эн курдук дьаабыламмаппын!" – дии-дии тэбиэлиир... Саҥаларын ис хоһоонун өйдөөн баран: “Аны хаайыылаахтарга түбэһэрим итэҕэс эбит”, – диэт, суорҕаммын бүрүммүтүнэн аан диэки түһүннүм. Куоттарбатылар, күүстээх илии көтөҕөн ылла да, ыаллыы кыбартыыраҕа киллэрэн, кириэһилэҕэ олордон кэбистэ. "Ыыт, баһаалыста", – диэн көрдөстүм. ”Бастаан уоскуй, таҥаһыҥ ханна баарый?” – диир. Барытын кэпсээтим. Сөхтө быһыылаах, аһынна, таҥас ылан биэрдэ. "Билигин дьиэҕэр тиийэн баран "бөхтөрү" ыҥыраар, ол гынан баран биһигини, бу дьиэни этээйэҕин, бүгүн саҥа босхолоннум. Дьыалаҕа эриллиэхпин баҕарбаппын, оҥорбут дьыалатыгар эппиэттээтин, хаайыыга даҕаны..." – диэн элбэҕи эттэ. Мин ыыттар эрэ ханнык диэн олордум. “Эн эбэһээт милииссийэлэн, биһигини эрэ этимэ," – хаста да тоһоҕолоон эттэ. Ыҥырбыт таксилара кэлэн, тахсарым саҕана били уол мичээрдээтэ: “Барыта үчүгэй буолуо, кытаат”, – диэн баран, кыра оҕолуу оройбуттан сыллаата... Дьиэбэр кубус-кураанаҕы куустум. Сиргэ олоро түстүм да ытаан тоҕо бардым, өөр да өр, испин имэринэн көрөбүн... хайдах эрэ оҕобун аһынным, бачча тухары хатанан сылдьыбытын... Бу санаатахха, чугас кимим да суох эбит, сүбэлиир-амалыыр санаабын тэҥҥэ үллэстэр... Бэйэм-бэйэбэр, собус-соҕотохпун... Сарсыныгар туран хорсуммун киллэрэн, учаскыабайга тиийэн сайабылыанньа суруйдум! Били Киэсэ дьиэтигэр эҥин бара сырыттыбыт, ким да суох. Арай дьиэ таһыгар били уол олорор, барытын кэтээн көрөр... Киниттэн тиийэн ыйыппыттарыгар “билбэччэй” буолла. Мин тылбын биэрэн баран тоҕо этиэхпиний?! Киэһэ ийэбэр субуоннаан оҕолоноору сылдьарбын эттим. “Кыра эрдэҕинэ түһэртэр!” – диэн хаһыытаата. Дьиҥэ, мин хайа да балаһыанньаҕа төрүөхпүн баҕарбытым... Бачча эрэйи тулуйбута да баара... Суох, син биир төрүүр эбиппин! Арай киэһэ аҕам субуоннаата... Бу кэпсэтии олохпор сүдү күүс буолбута... "Чыычаах, ийэҥ акаары тылын истимэ, оҕоҕун хааллар, баар-суох сиэммитин
бэйэбит да көрүөхпүт... Аньыыны оҥостума..." – диэтэ. Аҕабыттан хаһан да манныгы кэтэспэтэх киһи наһаа долгуйбутум, кыратык ытаабытым... Ол күнтэн ыла аҕабын кытары элбэҕи, сырдыгы, кэрэни кэпсэтэр буолбуппут. Ийэм да кыттыһар буолбута, барыта наһаа үчүгэй этэ... Сарсыныгар милииссийэҕэ тиийэн сайабылыанньабын төттөрү ылбытым, наадата суох! Бу күннэргэ дойдулуом, сынньаныам, оҕобун кэтэһиэм... Бу күҥҥэ диэри олорбут олохпун барытын умнарга, кэрэни, сырдыгы эрэ ыралыырга дьулуспутум... Кырачаан киһи кэлэн эрэрэ, үчүгэй биккэ дылыта. Дойдубар тиийэн сынньаммытым, айылҕаҕа сылдьарым, уоскутунарым... Дьоммун кытары сыһыаным көммүтэ, кырачааным тэҥҥэ үөрсэр курдуга. Күнүм-дьылым аастар ааспыта... Дьонум күһэйиилэринэн үөрэхпин үһүс куурустан кэтэхтэн салгыыр буоллум. Оҕом туһугар диэммин сиэссийэбин этэҥҥэ бүтэртээн испитим. Биирдэ тоҕо эрэ дьонум: "Иркутскайга эдьиийгэр уолгун кытары баран кэлбэккит дуо?" – диэн үөртүлэр... Тастыҥ эдьиийбин көрбөтөҕүм ыраатан, үөрүүбүттэн сөбүлэһэн, билиэт ыла охсон айанныыр буоллубут. Пуорка олоробут, уолум үөрүү-көтүү бөҕө. Арай эмискэ мин көрдөөбүт харахтарым уун-утары көрөн тураллар! Ол хап-хара харахтар эмиэ миигин эрэ кэтэспиттии чоҕулуһа үөрбүттэр. Хайдах эрэ бу кэтит түөскэ сыста түһүөхпүн, сэрэнэн бигэнэ кууһуохпун баҕардым! ”Хаһан, ханна көрүөхпүн сөбүй, хантан билэбиний?!” – дии санаатым. Сүрэҕим күүскэ тэптэ, ол эрэн сүрэҕим баҕатын бобоммун, быстах баҕа санаабын ыраах кистээтим... Өйбүн сааһылыы турдум. Ханна көрдүм этэй? Ол икки ардыгар ьили киһим “футболкабын хаһан биэрэҕин?!" диэт, үөннээхтик мичээрдээтэ. Ол ынырык түүн эмиэ ыраас лиискэ сурук сурулларыныы харахпар ырылыччы көстөн кэллэ... "Иркутскайга көтүөхтээхпин" диэтэ. Уолум түргэнник Колялыын уопсай тыл булбуттара. Үс чаас биллибэккэ ааспыта... Иркутскайга эдьиийим көрүстэ, үөрүү-көтүү... Син өйдөөн, төлөппүөммүтүн бэрсэн араҕыстыбыт. Куораппытыгар кэлэн сибээспит дириҥээбитэ. Кини киһи быһыытынан олус үчүгэйэ, элэккэйэ, сайаҕаһа, дьоһуннааҕа. Бэйэтэ кыра маҕаһыыннаах, онтун кэҥэтээри сүүрэрэ. Көрсүбүт күммүтүттэн ыла биир даҕаны күн арахсыбакка бииргэлэспиппит, оҕом биһикки дурдабыт-хаххабыт, эрэнэр эрэлбит буолбута. Ама, хайаан наар хараҥа буолуой?! Биһиги да уулуссабытыгар күн тыктаҕа дии. Кыыс Куо.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан