Кэпсээ
Войти
Регистрация
Учуутал алыптаах кэпсээнэ (Дьиҥнээх олохтон)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Учуутал алыптаах кэпсээнэ (Дьиҥнээх олохтон)
K
edersaas.ru
Категорията суох
09.11.2021 18:00
Бүгүн Максим Ксенофонтов кэпсээнин ааҕыҥ. 1977 сыл, олунньу ортото. Ленинскэй оройуон (билигин Ньурба улууһа) Маалыкай орто оскуолатын онус кылааһыгар история уруога бара турар. Онус «б» кылааска үѳрэнэр 28 оҕо паарталарыгар боччумуран олорон Николай Григорьевич кэпсээнин сүрдээхтик болҕойон истэллэр. Кырыарбыт түннүк курдат уулусса кѳстѳр. Түннүк холуодатыгар бороҥ барабыай олоро түhээт, «чырып-ирип» саҥарар, ѳгдѳңѳлүүр уонна кѳтѳн «тирк» гынан хаалар. Уу баhар массыына халлаан күѳх цистерната күлтэйэн, күѳх буруону кэннигэр хаалларан бирилээн ааста. Стоговозка улахан кээһиилээх оту соспутунан, ДТ-75 тыраактар тиһиликтэрэ лачыгыраан, Ураһалаах диэки барда. Кылаас дуоскатын үрдүттэн Ленин мэтириэтэ үѳрэнээччилэри тонолуппакка одуулуур. Оҕолор учуутал кэпсиирин кэниспиэктэнэн, сѳп буола-буола сурунан иhэллэр. Кылааска уу-чуумпу, арай ким эрэ тэтэрээтин илииhин арыйара, батарея устун сылаас уу сүүрэн халдьыгырыыра уонна учуутал холку, эриэ-дэхси куолаhа иhиллэр. Тѳhѳ да бэhис уруок буоллар, үөрэнээччилэр сылайбыт, сүрэҕэлдьээбит сибикилэрэ биллибэт. Паартаҕа умса түhэн сытар, тиэрэ хайыhан кэпсэтэ олорор биир да үѳрэнээччи кѳстүбэт. Тыый, оннук аралдьыйыаҥ дуо, саабыс уруогар олорон?! Хайа, уонна Николай Григорьевич кэпсиирэ да сэргэҕэ, кэрэхсэбиллээҕэ сыттаҕа дии! Yѳрэнэр кинигэ эрэ тиэксинэн муңурдаммакка, атын кинигэлэртэн, хаhыаттартан холобурдаан, олоҕу кытта ыкса ситимнээн, ааспыт үйэ чахчыларын билиҥҥи кэми кытары алтыhыннаран, салгыппакка үѳрэтэр. Уруок бүтэрэ 5-6 мүнүүтэ хаалла. Дьиэтээҕи үлэни учуутал эрдэ быhааран, дуоскаҕа суруйан кэбиспитэ, онон бу хаалбыт бириэмэҕэ аан дойду сонунун кэпсэтии, бэсиэдэ буолуохтаах. Хаҥас эрээккэ олорор Толя Ксенофонтов илиитин кѳтѳхтѳ. Учуутал ачыкытын үрдүнэн кѳрѳн баран, кэҕис гынна. Толя, бэрт сылбырҕатык ойон тураат, ыйытта: «Сотору Улуу Өктѳѳп 60 сылын бэлиэтиибит. Сайдыылаах социализм формациятыгар олоробут. Аны уон сылынан туох уларыйыылар буолуохтарай?» Николай Григорьевич хара кылдьыылаах ачыкытын устан, остуолга уурда. Туран, түннүк аттыгар кэлэн, кылааhы кэриччи кѳрдѳ уонна аргыый кэпсээн барда: – Кырдьык, интэриэhинэй ыйытыы буолла. «Инникини тымтыктанан кѳрбүт суох» диэн ѳбүгэлэрбит этэллэрэ да, Былатыан Ойуунускай ѳссѳ 1927 сыллаахха бадахтаах, «тымтыктанан» турар. – «Сүүс сыллаах улуу былаан» кэпсээнигэр дуо? – илиитин да ууммакка Шура Иванова ыйыта охсор. – Ол айымньытыгар. Онно 2017 сылга диэри хайдах сайдыы барыахтааҕын бэрт ылыннарыылаахтык суруйбута. Онно 1937 сылга чааһынай атыыһыт суох буолуо, дьон кэппэрээсийэҕэ холбоһуо диэбитэ. 1967 сылга кырааскалаах муосталаах, таас түннүктээх дьиэлэргэ олорор буолуохпут, бэс үөрэ, үтэһэлээх лэппиэскэ сүтүөхтэрэ диэн суруйбута. Аахпат, суруйбат дьон ити кэмҥэ суох буолуохтара, дьахтары сынньар умнуллуоҕа диэн өтө көрбүтэ. — Оо!.. – онустар күйгүөрэн ылаллар. — Толя боппуруоhугар… аны аҕыйах сылынан, Хрущев былаанынан, коммунизмҥа олорор буолуохпутун сѳп. Ол эрэн, олох хаамыыта ханнык да сүдү былааҥҥа уларыйыылары киллэриэҕин сѳп. Ол курдук, коммунизм оннугар сайдыылаах социализм эпохата уhуоҕун да сѳп. Дьэ, ол эрээри, эhиги кѳлүѳнэ олус интэриэhинэй кэмңэ олоруоххут. 2000 сылга түөрт уон саастаах улахан дьон буолуоххут, – учуутал хаҥас чанчыгын үрдүнэн хара баттаҕын кэтит ытыhынан имэринэн ылла. –Оо! – оҕолор тэҥинэн саңа аллайа түhэллэр. Кинилэр санааларыгар 2000 сыл диэн киhи санаата кыайан тиийбэт ыраах кэмэ. Оттон түөрт уон саастаах диэн оҕонньору, эмээхсини этиэххэ сѳп курдук. – Билигин бастыҥ үлэлээх сопхуос үлэhиттэрин киин куораттарга, быыстапкаларга, социализм дойдуларыгар күүлэйдэтэ ыыталлар. Эhиги улаатан баран бары кэриэтэ тас дойдуларга сылдьыаххыт. Социализм лааҕырын эрэ дойдуларыгар буолбакка, капитализм дойдуларын эмиэ кѳрүѳххүт. Космоска кѳтѳр улахан сонун буолбат кэмэ кэлиэҕэ. Космонавтика сайдыыта билигин да сѳҕүмэр. Холобур, ГДР учуонайдара оңорбут телеобъективтарынан, билигин биhиги специалистарбыт спутниктан сиргэ сытар испиискэ хаатын этикеткатын сүрдээх чуолкайдык хаартыскаҕа түhэрэр кыахтаахтар. Кэнэҕэс Ыйы уонна чугастаа5ы планеталары баhылыыр, туhаҕа таhаарар сорук туруоҕа. Ол эрэн, атын планеталарга барар экспедициялар, бастатан туран, кѳмүhү, алмааhы кѳрдүү буолбакка, киhи олохсуйар эйгэтин тэрийэр, эбэтэр аhыыр ас оңорон таhаарыытыгар туhалаах хайысхаҕа үлэлиэхтэрэ. Кѳмүhү, алмааhы сиэниллибэт. Оттон хойут, киhи-аймах ахсаана лаппа элбээтэҕинэ, бородуукта боппуруоhа сытыырхайара чуолкай. Холобур, Марстан хас эмэ туоннанан алмааhы тиэйэн кэллиннэр. Ол алмаас сиэниллибэт, арай, алмаас сыаната эрэ түhүѳҕэ. Оттон бурдук үүнүүтүн үс тѳгүл түргэтэтэр свойстволаах эттиги булан аҕаллахтарына – ол киhи-аймахха бэртээхэй бэлэх буолуох этэ. Дьон-аймах эт-хаан ѳттүнэн сайдыыта тэтимириэҕэ. Успуорт рекордара тупсарыллан, сѳҕүмэр кѳрдѳрүүлэр ситиhиллиэхтэрэ. Холобур 100 миэтэрэни 10 сѳкүүндэттэн ордугунан сүүрэр спринтер аан дойду таhымнаах күрэхтэhиигэ кыттыбат кэмэ кэлиэ. Доруобуйа харыстабылыгар элбэх уларыйыы тахсара күүтүллэр. Билигин эмтэммэт, холобура, искэннээх ыарыылары, 2000 сылга диэри кыайан эмтиир буолуохтара. Сир шарын нэhилиэнньэтэ олус элбээн, былааннаах демография политиката ыытыллар буолуоҕа. Индия, Кытай аан дойдуга оруоллара биллэрдик улаатыаҕа. Ити сүрдээх сайдар кыахтаах дойдулар, – учуутал тохтуу түhэн, эмиэ кылааhы эргиччи кѳрдѳ. – Эhиги ортоҕутуттан араас идэлээх дьон тахсыахтара. Учуутал, быраас эрэ буолбакка, норуот хаhаайыстыбатын араас салааларыгар үлэhиттэр тахсыаххыт. Онно, 2000 сылга тиийдэххэ, эhиги миигин кытта, алта уон биэстээх, кырдьан хаалбыт учууталгытыныын дорооболоhон ааhаарыҥ эрэ. Yѳрэнээччилэр мичээрдээн, сирэйдэрэ сырдыыр: хайа, учууталларын кытары дорооболоспокколор. Салгыы педагог наука уонна техника сайдыытын тэтимэ түргэтиирин, киhи сѳҕѳр саңа арыйыылара күүтүллэллэрин кэпсээтэ. – Дьэ, холобур, эhиги эбэлэргит эhэлэргит урут тракторы, массыынаны, холодильнигы, бэл, велосипеды туох эрэ дьикти тэрил курдук бастаан кѳрбүттэрэ. Оттон эhиги улахан дьон буоларгыт саҕана ааҕар-суоттуур массыыналар сайдан, толкуйдуур даҕаны кыахтаныахтарын сѳп. Телевидение биир – икки эрэ буолбакка, хас эмэ уонунан канаалланыа. Салгын араадьыйатынан араас станциялар биэриилэрин хабарбыт кэриэтэ, телевизорынан биэриини тала сылдьан кѳрѳр буолуохпут. Телефона суох ыал суох буолуоҕа. Коммуникация балысханнык сайдыаҕа. Сарсыарда Якутскайга тахсыбыт хаhыат күнүс дьиэбитигэр кэлэр буолуоҕа. Онустар, дьиктиргээн, ылы-чып бардылар. Хайдах оннук буолуохтааҕын ѳйдѳрүгэр оңорон кѳрѳ сатаатыылар. Кѳнѳ, дьылыгырЛиза Николаева аттыгар олорор элэккэй Варя Иннокентьевалыын элбэх программалаах телевизоры ѳйдѳрүгэр оңорон кѳрѳ олордулар. Варя, мэктиэтигэр, хаңас илиитин сѳмүйэтинэн уонна тойон эрбэҕинэн, бэйэтэ да билбэтинэн, телевизор канаалын «уларытан» көстүбэт тумблеры хамсатан кѳрдѳ. Чуораан тырылаабытаҕа буоллар, Николай Григорьевич ѳссѳ да кэпсии олоруох эбит. О5олор даҕаны, кэрэхсэбиллээх сэhэргэhииттэн олус дуоhуйан та5ыстылар. …Ити уруоктан ыла түөрт уонтан тахса сыл ааста. Учуутал Фёдоров Н.Г. барҕалаабыта, «инникини тымтыктанан кѳрбүтэ» үксэ кэриэтэ олоххо киирдэ. Максим Ксенофонтов
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан