Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сүдү талаан суох буолбута 40 хонук ааста...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сүдү талаан суох буолбута 40 хонук ааста...
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
01.02.2019 14:03
Идэм сиэринэн суруксуттаан аҕай кэллэҕим. Ол гынан баран Эн тускунан ахтыы, кэриэстэбил суруйа олоруом диэн хаһан да санаабатаҕым...Икки тылы кыайан холбообокко эрэйи көрдүм. Кырдьыгынан эттэххэ, Эйигин бу күн сириттэн букатыннаахтык барбыт диэн итэҕэйбэппин, ылыммаппын...Дьылҕа Хаан оҥоһуута олус да тыйыс... Былырыын “Дима, аҕам туһунан ахтыы суруйуохтаахпын, биир да этии кыайан тахсыбат, көмөлөс эрэ” диэн көрдөспүтүҥ. Онуоха мин испэр “туох ыарахана баарый, тугу саныыргын суруйдаҕыҥ да бүттэҕэ дии” диэбитим. Олус улаханнык алҕаһаабыппын, Галя. Галя курдук сырдык, ыраас, боростуой, ис киирбэх, өйүүр, өйдүүр киһини кытары алтыһан ааспыппар Дьылҕабар махтанабын. Төһө да бэрт кыра кэмҥэ алтыстарбыт, Эн мин туспунан, мин Эн тускунан олус элбэҕи билэрбит. Ыарахан да, үөрүүлээх да түгэннэргэ бэйэ-бэйэбититтэн сүбэ-ама сураһан көрсө эрэ түспүппүт баар буолааччы. Эн оонньуур испиктээктэргэр, киинэлэргэр хайаан да ыҥырааччыҥ уонна ол киэһэни быһа санаабытын атастаһааччыбыт, ардыгар мөккүһэн да ылааччыбыт. Оннооҕор бэйэҕэр тиктибит таҥастаргын сыаналатаары “миэхэ бассар да?” диэн иннибэр тэлэкичэйэ сылдьарыҥ бу баар. Онуоха “айка чэ, сылатыма, үчүгэй-үчүгэй” эбэтэр “маҕаһыынтан атыылаһан баран сымыйаннан бэйэм тиктим диигин дуу” диэн хаадьылаһааччыбыт. Галялыын күннээҕи олохтон саҕалаан баран аан дойдуну тиийэ тилийэ көтөн анаарааччыбыт, уһун күнү быһа кэпсэтээччибит. Кини тас дойдуларга сылдьан сөҕө-махтайа көрбүтүн утаппыттыы кэпсээччи. Оччоҕо “биһиэхэ, Саха сиригэр тоҕо итинник сайдыы кэлбэтий?” диэн арааһы толкуйдааччыбыт. Галя Москубаҕа көһөн да барбытын кэннэ син биир төлөппүөнүнэн, бассаабынан күн-аайы кэпсэтэрбит. Билигин онтубун олус суохтуубун... Уолуҥ Максимка үөскээбитин туһунан олус да дьоллонон биир бастакынан миэхэ үлэбэр кэлэн эппитиҥ уонна “кимиэхэ да этээйэҕин, оҕобун харыстыыбын” диэбитиҥ. Эйигин онно уратытык дьолломуккун саҥа көрбүтүм. Биирдэ үлэҕиттэн “даа, миэхэ култуура туйгуна ааты иҥэрэллэрин туһунан бирикээс тахсыбыт үһү, сотору туттарыахтара үһү” диэн олус да дьоллонон эрийбитиҥ. Ол бэлиэни түгэн тосхойдоҕунан туттарыахтаахтара эбитэ үһү. Сэмээр кэтэспиппит аҕай. Онтубутун суох буолбутуҥ кэннэ биирдэ биэрдилэр дии. Мин онтон кыһыйабын. Күндү дьүөгэбин, саха норуота биир киэн туттар, тарбахха баттанар талааннаах кыыһын – Галина Тихонова сырдык аатын үйэтитэр ытык иэстээхпит. Кинини саныырбыт, өйдүүрбүт тухары аата өссө да ааттаныа турдаҕа. Галя олус элбэх билэр доҕоттордооҕо. Аан дойду араас муннугуттан. Кини чахчы “норуот киһитэ” этэ. Кини туһунан доҕотторун санааларын бэчээттиибит. Дмитрий Иванов, "Кыым" суруналыыһа *** Күндү киһибит өрүү сүрэхпитигэр 2018 сыл ахсынньы 23 күнүгэр ыарахан ыарыыттан тыйаатыр уонна киинэ артыыһа Тихонова Галина Ивановна биһиги ортобутуттан туораабыта. Тохсунньу 31 күнүгэр тапталлаах Галябыт күн сириттэн күрэммитэ 40 хонуга буолла. Тихонова Галина Ивановна 1987 сыллаахха бэс ыйын 21 күнүгэр Саха АССР Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Табаҕа сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. 2010 сыллаахха АГИКИ киинэ уонна драма тыйаатырын артыыһа идэтин туйгуннук бүтэрбитэ. Үөрэнэр сылларыгар устудьуоннар туруорбут испэктээктэригэр барытыгар кыттыбыта. Ол курдук «Утиная охота»
– Галина, А.В. Вампилов (2010, реж. А. Амбросьев); Джульетта – «Ромео и Джульетта», У. Шекспир (2010, реж. М.Михайлова); Настасья Тимофеевна – «Свадьба» А.П. Чехов; Софи – водевиль «Простушка и воспитанная». Саха тыйаатырын испэктээктэригэр массовкаҕа кыттыбыта. Кууруһун дипломнай испэктээгэр Акулина Ивановна оруолун оонньообута. («Мещане», М.Горькай (2008, реж. А.Амбросьев)). 2011 сыллаахха үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрээт, Олоҥхо тыйаатырын бөлөҕөр үлэлии киирбитэ. Олоҥхо тыйаатырыгар оонньообут оруоллара: «Олох долгуннара» (реж. Ст. Борисова); Кыыс – «Эрэйдээх-буруйдаах Эр Соҕотох Эллэй» Г.В. Баишев-Алтан-Сарын (2011, реж. А.Борисов); Симэхсин эмээхсин – «Эрбэхчэй Бэргэн» В.Г. Исаков (2012, реж. Д.Тутаев); Куорат кыыһа – поэтическай испэктээк «Ырыа-хоһоон» А.Кулаковскай (2013, реж. М.Корнилова); Айгыр удаҕан – «Удаҕаттар Айгыр Уолумар икки» Н.Абрамов (2013, реж. Ст. Борисова); Уол – «Таптал талыыта» М.Н. Андросова-Ионова, (реж. Ст. Борисова); Чуун-Сиэн – «Илэ-түүл» Тян Сяньцзу; Сорук Боллур – «Дьырыбына Дьырылыатта», Бэдьээлэ, (реж. М.Корнилова). Галина Тихонова тыйаатырга үлэлиир кэмигэр хаста да тас дойдуларга гастролларга сылдьыспыта. Холобур, Францияҕа «Кыыс Дэбилийэ» уонна «Эллэй Боотур» испэктээктэргэ, Японияҕа «Удаҕаттар Уолумар Айгыр икки» уонна «Кыыс Дэбилийэ» испэктээктэргэ оонньообута. Саха тыйаатырыгар оруоллара: Мотуруона «Дьадаҥы Дьаакып» А.И. Софронов-Алампа (2012, реж. С.Потапов); Маҥан таҥастаах кыыс – «Көһөрүү», Е.Гримм (2012, реж. Е.Гримм). «Удаҕаттар Уолумар Айгыр икки» испэктээгинэн Москубаҕа ыытыллыбыт “Кыһыл көмүс мааска” тыйаатыр бириэмийэтигэр номинацияламмыта. 2014 сыллаахха Токио куоракка “Но” уонна “Кабуки” тыйаатырдар ускуустубаларын, Япония култууратын сырдатар кууруска үөрэммитэ. 2016 сыллаахха бэс ыйыгар РФ Тыйаатырын диэйэтэллэрин Сойууһа Галина Тихонованы Москуба уобалаһыгар баар Звенигородка РФ ТДС X Норуоттар икки ардыларынааҕы сайыҥҥы тыйаатырын оскуолатыгар ыҥырбыта. Манна Арассыыйаттан, тас дойдулартан эдэр артыыстары ыҥыран үөрэппиттэрэ уонна үөрэх түмүгүнэн сэртипикээти, оскуола өйдөбүнньүк үрүҥ көмүс бэлиэтин уонна РФ ТДС Норуоттар икки ардыларынааҕы сайыҥҥы тыйаатырын оскуолатын бырагырааматынан эбии үөрэхтээһини туоһулуур дьупулуому үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарбыттара. Галина Тихонова тыйаатыр эрэ артыыһа буолбатах этэ, кини киинэҕэ эмиэ ситиһиилээхтик үлэлэспитэ Фильмографията: Ирина – “Арай биирдэ”, (реж. Р.Дорофеев); Кини – “Суол”, (реж. М.Лукачевскай); Саване – “Белый ягель”, (реж. В.Тумаев, “Мосфильм”). “Белый ягель” уус-уран киинэнэн Москубаҕа уонна Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт Норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээллэригэр кыттыбыта. Туйаара – “Муммуттар” (реж. А.Амбросьев); Дьахтар – “Хара дьай” (реж. С.Бурнашев, Е.Осипов); Кыыс – “Jol” (реж. В.Мункуев) киинэлэригэр ситиһиилээхтик оонньообута. Галина Тихонова “Сайсары күөлгэ” уус-уран киинэҕэ (реж. Костас Марсан) Люба уонна Вера диэн ааттардаах игирэ кыргыттар уобарастарын айбыта. 2016 сыллаахха Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт IV Норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр «Сайсары күөлгэ» уус-уран киинэ «Лучший фильм» номинацияны ылбыта. Маны сэргэ «Лучший иностранный фильм» номинацияҕа “Золотой глобус” диэн ааттаах-суоллаах бириэмийэҕэ тиксэргэ күрэстэһээччилэр испииһэктэригэр киирбитэ. 2018 сыллаахха Болгария, Германия, Франция хампаанньалара кыттыһан устубут “Ага” уус-уран киинэлэригэр (реж. Милко Лазаров) Ага оруолун оонньообута.
“Ага” уус-уран киинэни устубут айар бөлөҕү кытта Берлиҥҥэ ыытыллыбыт «Берлинале» бэстибээлгэ кыттыбыта. Наҕараадалара: 2016 сыллаахха “Золотой петух и сто цветов” диэн ааттаах XXIV КНР киинэ бэстибээлигэр «Белый ягель» уус-уран киинэҕэ оонньообут оруолунан ордук биллэр омук актрисатын быһыытынан бириэмийэлэммитэ. 2016 сыллаахха Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт Норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр “Сайсары күөлгэ” киинэҕэ (детектив) Люба уонна Вера диэн игирэ кыргыттары оонньоон, “Бастыҥ дьахтар оруола” номинацияҕа тиксибитэ. 2016 сыллаахха “СӨ култууратын туйгуна” бэлиэ иҥэриллибитэ. Тыйаатыр уонна киинэ эдэркээн артыыһа Тихонова Г.И. айбыт оруоллара киһи уйулҕатын хамсатар дириҥ иэйиилээх буоланнар, өйтөн-сүрэхтэн сүппэттэр. Кини артыыс быһыытынан айар оруолларын кутун-сүрүн нөҥүө аһардан, киһини умсугутар гына эттээн-сииннээн, имэҥнээхтик, иччилээхтик саҥардан таһаарарынан атын артыыстартан таһыччы ураты этэ... Доҕотторун ахтыылара Тапталлаах бииргэ үөрэммит дьүөгэбит олус диэн талааннаах уонна сэмэй кыыс этэ. Кини сүрдээх боростуой, барыга барытыгар дэгиттэр буолара, орто дойдуга Улуу артыыс буолар аналлаах айыллан кэлбит курдуга. Олоҕун суолун олус чаҕылхайдык саҕалаабыта. Галя биһигиттэн бастакынан бүтүн аан дойдутааҕы Берлинале кыһыл дорожкатынан хаампыта (биһиги онон хаамарбыт биллибэт). Бэҕэһээ эрэ устудьуон курдук этэ да, номнуо ситиһиилэрэ баһаам. Кини айылҕаттан ураты талааннааҕа үөрэнэр сылларбытыттан биллэрэ. Актерско-режиссерскай салаа алын куурустарыгар үөрэнэ сырыттахпытына, биһиги маастарбыт Андрей Борисов биирдэ сорудах биэрэн турардаах: кэбиниэттэн тахсан баран төттөрү киирэрбитигэр, төрөөбүт дойдутугар өр кэмҥэ сылдьыбатах киһи оруолун көрдөрүөхтээхпит. Бу оруолу саҥата суох, хамсаныынан эрэ дьоҥҥо тиэрдиэхтээхпит. Бары, биллэн турар, хомойуу, уруккуну-хойуккуну санааһын, ытамньыйыы сыаналарын көрдөрбүппүт. Дьэ, онтон, биһиги Галябыт уочарата кэллэ. Уу чуумпутук ааны арыйан, аргыый наллаан киирэн, саҥата суох тулатын көрбөхтөөтө. Сэмээр ааҥҥа тиийэн, оҕо сылдьан уһунун кээмэйдэммит бэлиэлэринэн тарбаҕын төбөтүнэн таарыйан сүүрдүбүтэ. Ол кэннэ, кэннинэн туран ытыһын оройугар ууран, төһө улааппытын бэлиэтэммитэ. Андрей Саввич, тута, «дьэ бу баар!» диэбитэ, доргуччу. Ону көрөн, олус сөҕөн, махтайан эппит тымныйан ылбыта. Онно мин аан бастаан биһиги ортобутугар улахан талааннаах киһи тахсан эрэрин субу өйдөөбүтүм. Галя туһунан кэпсэтии барар буоллаҕына, наар бу түгэни санаан кэлэбин. Тоҕо диэтэххэ, бу түгэн, чопчу, кинини олус талааннаах, хас биирдии оруолун турукка киирэн туран, дьоҥҥо итэҕэтиилээхтик тиэрдэр дьиҥнээх артыыс буоларын ойуулуур. Биһиги күндү киһибит, Галябыт эдэр сааһыгар бу олохтон соһуччу күрэммитэ олус хомолтолоох. Наһаа да ыарыылаах, кыһыылаах, абалаах. Дьиҥэр, хаһан да маннык буолуо суох курдук да, олоххо барыта биһиги баҕарарбыт курдук буолбат. Ол эрээри, тапталлаах Галябыт үчүгэй, сырдык сиргэ тиийэн, биһигини үөһэттэн көрөн араҥаччылыы, арчылыы сылдьара буолуо диэн итэҕэйэбин. Алексей Амбросьев. Галя мин бииргэ үөрэммит, бииргэ үлэлээбит киһим буоларын таһынан, эдьиийим этэ (ийэлэрбит бииргэ төрөөбүттэр, ону ааһан Галя мин ийэм аатын илдьэ сылдьара). Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, эдьиийин Соня уонна убайын Дима оҕолорун Валериялаах Дьулусханы, тылланан
туран көрсөрө. Оҕолорго наһаа сыстаҕас, наһаа оҕомсох киһи этэ. Кыра эрдэҕиттэн ийэтигэр көмөлөһөн үлэ бөҕөтүн үлэлиирэ. Кыһыҥҥы каникулларга хоно-өрүү тиийэн баран “Галя хотоҥҥо сылдьар” диэни истэрбин өйдүүбүн. Быраатым Ванялыын Галяны көрдөөн хотоҥҥо таҕыстахпытына, быыстала суох үүт курулас тыаһын таһааран ынаҕын ыы олорорун субу баардыы өйдүүбүн. 2005 с. Суолаҕа сайылыы тахса сырыттахпына, Галя миэхэ “артыыс үөрэҕэр туттарыстым” диэн кэпсээбитэ, ону наһаа дьиктиргии истибитим, “артыыс үөрэҕэр анаан-минээн үөрэнэллэр эбит дуу” диэн сөхпүтүм. Кэлин үөрэҕэ саҕаланан, балачча үөрэнэ түһэн баран, “экзамеммытын кэлэн көрөөр” диэн ыҥырбыта. Ол экзамеҥҥа тиийэммин, эдьиийим сыанаҕа оонньуурун көрөммүн, кини курдук артыыс үөрэҕэр үөрэнэ киириэхпин баҕарбытым. Хата, мин дьолбор, Галя “эһиил баҕар биһиги кууруспутугар уолаттары эбии нобуордуох курдуктар” диэн үөрдүбүтэ. Эһиилигэр эдьиийим туттарсарбар сүбэ-ама биэрэн, күүс-көмө буолан, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна ускуустуба институтун устудьуона буолан хаалбытым. Биһиги кууруска Галя саамай сэмэй киһи этэ, ол да буоллар идэни баһылааһыҥҥа барыбытын саа тэбиитинэн хаалларбыта диэтэхпинэ сымыйалаабатым буолуо. Биһиги кууруска аан маҥнайгынан идэни баһылаан барбыта. Оҕо оҕоттон үөрэнэригэр дылы, биһиги бииргэ үөрэнэр оҕобутун холобур оҥостон идэбитигэр эмиэ сэмээр үктэнэн барбыппыт. Киһи быһыытынан наһаа көнө киһи этэ, ол хаачыстыбатын дьон наһаа убаастыыра. Тугу эрэ сөбүлээтэҕинэ эбэтэр сөбүлээбэтэҕинэ онтун хаһан да кистээччитэ суох, баары баарынан этэрин астынара. Көнөтүн таһынан, кини наһаа аһыныгас сүрэхтээх этэ. Аһыныгас сүрэхтээх киһи буолан кыһалҕалаах киһини таба көрөн киниэхэ күүс-көмө буоларга дьулуһара. Туохха да, хаһан да, кимиэхэ да аккаастааччыта суох, өрүү күүс-көмө буола сатыыра. Галиҥка, Эн кылгас эрээри наһаа чаҕылхай олоҕу олорон аастыҥ. Эн бу сиргэ аанньал кэриэтэ кэлэн барбыт эбиккин. Киинэҕэ, тыйаатырга оонньообут чаҕылхай оруолларыҥ эн ааккын өрүү ааттата туруохтара. Дьон эйигин умнуо суоҕа. Валентин Макаров. Биһиги 2005 с. от ыйыгар билсибиппит. Артыыс үөрэҕэр туттарса кэлбит күммүт этэ. 200-чэкэ оҕо баара, ол быыhыгар Галька... Арай кэлэн былааттаах, наһаа дьиибэ былаачыйалаах кыыс бириэмэни ыйытта, ону мин хайдах эрэ тоҥ баҕайытык эппиэттээтим. Дьэ, ол кэннэ 10-ча кыыс буолан “прослушиваниеҕа” киирдибит. Онно кыыhым бастаан былааттаах эмээхсин монологун аахта, ол тылларын баччааҥҥа диэри өйдүүбүн. «Чэ сөп, тохтоо, олор», – диэтилэр. Ону кыыспыт бүтүн хамыыһыйа иннигэр «өссө үҥкүүлээхпин» диэн баран эмээхсинин таҥаhын устан кэбистэ, иhинэн үчүгэйкээн баҕайы сайыҥҥы чэпчэки былаачыйалаах эбит. Кыыспыт сахалыы үҥкүүлээтэ. Хамыыһыйа дьоно соhуйдулар уонна күлүстүлэр. Ол курдук, бастаан Галькабын онно көрбүтүм. Үөрэнэ сылдьан хара маҥнайгыттан олус үчүгэйдик өйдөhөн, дьүөгэлэhэн, эн-мин дэсиhэн устудьуоннуур кэммитигэр наар бииргэ сылдьарбыт. Үөрэх кэннэ биир тыйаатырга, биир сыанаҕа, биир туруорууларга бииргэ үлэлээн кэлбиппит. Тас дойдуларга бэстибээллэргэ элбэхтик сылдьыбыппыт. Степанида Борисова «Удаҕан кыргыттар» испиктээгэр Айгыр удаҕаны Галькам табыллан оонньообута. Пластиката, тойуга наһаа тупсубута, актёрскай өттүн этэ да барбаппын.
Оҕом барахсан күн аайы ытыыра. «Галя кыайбат, Галя тойуга симик» дииллэрэ. Ону Степанида Ильинична «Суох, Галя эрэ оонньуур» диирэ... Ол оруолунан Галя Москубаттан саҕалаан Японияҕа тиийэ сылдьыбыта. Степанида биhиэхэ барыбытыгар даҕаны ийэбит кэриэтэ киhибит, наhаа элбэххэ үөрэппитэ уонна үөрэтэр. Ол кэннэ биhиги Галькабыныын «Пионовай беседкаҕа» оонньообуппут. Билигин да кини курдук үчүгэй партнеру мин билбэппин. Олох биир киhи курдук үлэлиирбит... Ооо... оҕобун Галькабын наhаа да таптыыр, ытыктыыр эбиппин... Кинитэ суох тугум эрэ тиийбэт... Дууhам ыалдьар... Өссө да элбэҕи оҥоруохтаах, айыахтаах-тутуохтаах, үлэлиэхтээх киhибит... Саха норуотун киэн туттар артыыската... Кини курдук дьоҥҥо үтүө санаалаах, ис киирбэх, талааннаах, үлэhит, лыах курдук чэпчэки, муударай киhини өссө көрсө иликпин... Ежедневникпэр, арай, суруйбут эбиппин, «Галька биир да минуhа суох» диэн. Оҕом Галькам, ньирэйим, быдан дьылларга быраhаай... мин сүрэхпэр эн мэлдьи бааргын... Таптыыбын... Наташа Слепцова. Галя Тихонова, Галя сүрдээх боростуой, олус дириҥ дууһалаах, философ өйдөөх киһи этэ. Тугу саныыргын, тугу эппэккэ сылдьаргын өтө көрөр психолог буолуон сөп дии саныыбын. Ол иһин кини айбыт уобарастара олус итэҕэтиилээхтэр, дьиҥнээхтэр. Наһаа сүрэхтээх этэ, уобараһын бүтүннүү арыйар туһугар үлэлиир да үлэлиир этэ. Төбөтүн иһигэр барытын буһара, толкуйдуу сылдьар киһи. Иккиэн хаста да бииргэ оонньоон турардаахпыт. Партнеру өйдүүр, олуһун билэр, «суорҕаны бэйэтигэр хаһан да таппат», төттөрүтүн бэйэҕэр көмөлөһөр, өрө таһааран көрдөрөр, кини дьиҥнээх улахан профессионал артыыс этэ. Биһиги Галялыын оҕолонуохпутун олус баҕарар этибит. Ол туһунан элбэхтик кэпсэтэр, ырытыһар этибит. Ийэ буолбут дьолун биһиэхэ сэмээр кэпсиирэ, суруйсар этибит. Кырыйдым диирэ, “бириэмэ эчи түргэнин” диирэ. Ону мин этэрим, “оҕолоннубут дии, билигин бириэмэ хайдах да түргэнник бардын”, ону Галиккам барахсан «чахчы оннук ээ» диэхтиирэ. Киһи итэҕэйбэт, хаарыан киһибит... биһиги куурус бары биир ыал оҕолорун курдукпут. Ыар сүтүк, тапталлаах доҕорбут, дьүөгэбит соһумардык ыксаллык барбытыттан хараастабыт. Төһөлөөх үлэ, оруол, уобарас кинини күүтэр этэй... Кини наһаа үчүгэй ийэ, кэргэн этэ... Ирина Михайлова. Күндүтүк саныыр баар-суох дьүөгэм, кэллиэгэм, биир дойдулааҕым, эдьиийим кэриэтэ киһим эмискэ суох буолбута, мин олохпор сырдык-ыраас Аанньал курдук киһи сирдьит буолан кэлэн барбытын курдук саныыбын. Олох итэҕэйбэппин, суох буолбутун... Биһиги Галялыын аан бастаан 2008 с. АГИИКка иккис этээскэ түннүк анныгар билсибиппит, биир үтүө күн сынньалаҥ бириэмэтигэр көрүдүөргэ сырыттахпына, мин бастакы кууруска үөрэнэ киирбиппин истэн, миэхэ тиийэн кэлбитэ: «Эн Табаҕаттан сылдьаҕын дуо? Мин Суола Мооруктан», – диэн билсиһиибитин саҕалаабыта. Онтон ылата уруккуттан билсэр курдук арахсыспат чугас доҕордуулар буолбуппут. Биир тыйаатырга үлэлээн, бииргэ олоро да сылдьыбыт кэмнээх этибит. Олоҥхо тыйаатырыгар биир испэктээккэ иккиэн сүрүн оруоллаахпыт. Учууталбыт Степанида Борисова туруоруутугар, эдьиийдии балыс удаҕаттар оруолларын оонньообуппут. Галям олоҕо маннык кылгас, ол эрээри чаҕылхай буолуо дии саныам баара дуо? Кини миигин наар
аттыгар илдьэ сылдьара, элбэххэ үөрэтэ сатыыра. Тыйаатыр, киинэ, режиссердар, артыыстар тустарынан кэпсиирэ, олох сыһыанын, эргиирин барытын сэрэйэн да билэрэ, онтон сүбэлиирэ. Ол эрээри, иккиэн санаабытын сааһылаан, тылга көһөрөн тас өттүгэр сатаан таһаарбаппыт, биһиэнэ испитигэр иитиллэ, тууйулла сылдьар буолан ыарахаттары көрсөбүт, ол иһин да иккиэн өйдөһөн сылдьарбыт буолуо, бука. Саҥата да суох өйдөһөрбүт. Кини оруолларын кыһаллан оҥороро. Өйдөөн көрдөххө, олох синньигэс баҕайы сабынан тигиллибит курдук, сэрэнэн баҕайытык үктэммит курдук, бэйэтэ таҥаска уурбутун-туппутун курдук таҥан оҥорбут буолар. Ону хайа да артыыс сатаан түһэрбэт эбэтэр киниттэн үчүгэйдик ол оруолу оҥорбута билигин суох. Өйө-санаата барыта тыйаатыр, киинэ, оруоллар буолан, ону биһиэхэ кэпсээбэт, кистээн оҥорор, иитэр идэлээх этэ. Кини оруолга сылдьарын тута сэрэйэҕин, киһи чугаһаабат, тугу да сатаан ыйыппат да буолуор диэри киһини күүстээх көрүүлээх энергиятынан тэйитэн кэбиһэрэ. Олоҥхо тыйаатыра баар буолуон наһаа баҕарара. Бу Итэҕэл тыйаатыра баар буолуохтаах дии саныыбын. Дьоҥҥо сыһыана эйэҕэһэ, норуотун таптыыра, куһаҕан санаалаах киһини тута сэрэйэрэ уонна “тоҕо итинниктэрий?” диэн наар хомойоро. Оту-маһы барытын харыстыыра, барытын сөбүлүү көрөрө, олоххо туспа көрүүлээҕэ, кыраттан үөрэрэ-хомойоро, интэриэһинэйи оҥороро. Чаҕылхай, дьонтон ураты киһини, эйигин Галяны, аны көрсүбэппин, ол эрээри өрүү аттыбар баар буолуоҕуҥ. Доҕотторгутун, чугас дьоҥҥут сыһыанын харыстааҥ, наар бииргэ буолуҥ, кэпсэтиҥ, күлүҥ-үөрүҥ! Үчүгэйи эрэ санааҥ, ырыҥалааҥ! Ким да билбэт, бу дойдуга киһи хайдах олоҕу олоро кэлбитин... Ньургуйаана Маркова. Галиш... Галикка... Саха тыйаатырын аччыгый саалатыгар дьарыктанар этибит. Арай биирдэ Галя кэнниттэн дьарыктана кэлбиппин. Мөҕүллэр аҕай этэ, ол эрээри Галя өсөһөн туран син биир толорооччу, ситиһээччи. Ол курдук үөрэхпитин бутэрэн баран, кини Олоҥхо тыйаатырыгар мэҥэ таас хаалларбыт Айгыр удаҕан оруолун ситиһиилээхтик, умнуллубаттык оонньуур. Кини куолаһа, туойар тойуга отой ураты, туспа дорҕоонноох. Ис дууһалаах. Биэс сыл устата ытаан да ыла-ыла, мөҕүллэн да ыла-ыла, син биир онтон аккаастаммакка дьарыктанан, бу Айгырга диэри үүнэн тахсыбыта. Устудьуоннуу сылдьан сөҕөөччүбүн, “өһөс да кыыс” диэн, мин эбитим буоллар тулуйуом суоҕа этэ дии саныырым. Кини наһаа үлэһит, мэлдьи инники кэккэҕэ баар буолара. «Ромео уонна Джульетта» дипломнай испэктээхпитигэр кини отой балерина кэриэтэ сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри этин-хаанын, ону таһынан ис туругун эрчийэрин сөҕө-махтайа көрөөччүбүн. Онно кини биллибитэ хайдах, туох киһи буолуохтааҕа. Кини өйүнэн-санаатынан наһаа да күүстээҕэ. Итиччэ нарын-намчы тэтэркэй кыыспыт, кыра кэрдиис кэмҥэ, сүдү улаханы ситистэ. Бу ситиһиигэ 2010 с. улахан олук буолбута. Саха тыйаатырын сыанатыгар Андрей Саввич Борисов «Көмүөл» испэктээги туруорбута. Онно биһиги, саҥа үөрэхпитин бүтэрбит оҕолор, аан бастаан артыыс быһыытынан улахан туруорууга, улахан сыанаҕа тахсыбыппыт. Көрүөххүт этэ, хайдахтаах курдук долгуйбуппутун, аан бастаан ытыс тыаһын истибиппитин. Ол күн кэннэ биһиги иннибитигэр уһун айымньылаах суол күүтэрэ... Лена Оленова. “Биһиги Галишпыт – тыйаатыр биир көмүс
далбарай чыычааҕа... этэ” дииргэ киһи тыла тахсымыах курдук. Төһө да өйдөөтөрбүн, биллэрбин, син биир санаабар кини билигин да ханна эрэ күлэ-үөрэ сылдьара буолуо диэн санаа арахпат, өссө да кини чараас мичээрин, күлэн чаҕаарыйарын, ырааһынан чоҕулуччу көрбүт харахтарын ханна эрэ көрсө түһэн көрүөх курдукпун. Кини букатын суох буолбата, өйдүүрбүт-саныырбыт тухары, айан-чочуйан таһаарбыт ис киирбэх чаҕылхай үлэтэ баарын тухары, кини тыыннаах буолуо. Галишпыт эдэр сааһыгар тыйаатыр да, киинэ да эйгэтигэр биир киһи кыаҕар сүрдээх элбэх улаханы ситистэ уонна соччонон элбэҕи ситиһиэ эбитэ буолуо. Иннигэр туруоруммут сыалын хайаан да тиһэҕэр тиэрдэн тэйэр, хайдахтаах да ыарахантан чаҕыйбакка өсөһөн туран санаммытын силигин ситэрэн тэйэрэ. Санаан көрдөххө, сатаабатаҕа-кыайбатаҕа диэн суоҕа буолуо. Сөҕөбүн ээ, “итиччэ намчы киһи, хантан итинник күүс-күдэх ылара буолла?” диэн. Киһи да, үлэһит да быһыытынан, ис киирбэх оҕолуу үөрүнньэҥэ, боччумнаах дириҥ толкуйа, сахалыы майгыта... Киһи сүрэҕин ортотунан киирэр бэрт сэмэй эйэҕэс киһи – биһиги үөлээннээхпит, үйэҕэ доҕорбут, Галиш. Галиһы биир кылгас ахтыынан дэбигис кэпсээн кэбиһэр кыаллыбат суол... Байбал Колесов. Галя... Галиш... Галикка... Оҕо курдук ыраас, чараас, сэмэй, сырдык, уурбут-туппут, чочуйан оҥорбут курдук кэрэ кыыс мин олохпор эрдэттэн баар, уруккуттан билэр киһим курдук. Галиш таспар баар буоллаҕына наар үөрэ-көтө, дьээбэлии сылдьар. Сиртэн-буортан тэйбит курдук, барыбытыттан чыҥха атын, кини куруук тугу эрэ айа-тута, үөрэтэ-ааҕа сылдьар. Талааннаах киһи барытыгар талааннаах дииллэринии, тугу туппута-оҥорбута барыта кэрэ, киһи эрэ ымсыырыах курдук, наһаа үчүгэйдик иистэнэр. Оҕолорго олус истиҥ сыһыаннаах, оҕону наһаа таптыыр. Бэйэтэ да оҕо курдук буолан, оҕолор наһаа сысталлар. Мин киниттэн наһаа астынабын, хайдах буолуон баҕарар да оннук буолан хаалар. Холобур, наһаа кэрэ омук сириттэн кэлбит даама да курдук буолуон сөп, боп-боростуой, субу ойууртан кэлбит тыа кыыһа да курдук буолуон сөп. Ол курдук, кинини кытта кэпсэтэргэ, алтыһарга олус интэриэһинэй, ханнык баҕарар тиэмэҕэ уопсай тылы булуохха сөп. Аны оруолларын айара: олох ымпыктаан-чымпыктаан, олус минньигэс, киһи эрэ көрө олоруох курдук оҥорор. Аан бастаан ону «Эрбэхчэй Бэргэн» диэн В.Г. Исаков олоҥхотунан испиктээк туруора сылдьан бэлиэтээбитим, Галя Симэхсин Эмээхсин оруолун толорбута. Онно ис киирбэх, киһи эрэ таптыах курдук эмээхсин этэ. Оттон «Удаҕан кыргыттар» репетицията буола турдаҕына, сыана кэтэҕинэн киирэ сылдьыбытым, онно оруобуна Галя дүҥүрүн охсо-охсо «һых, һых» дии-дии ойуоккалыыр сыанатыгар түбэһэ түспүтүм, ону көрөн баран хайдах эрэ «дьик» кына түспүтүм, уйулҕам хамсаабыта. Хайдах эрэ киһи тугун эрэ уһугуннарардыы, олох ис иһиттэн оонньуу сылдьар этэ. Бу испэктээккэ «эдьиэй» диэн, «Таптал талыыта» диэн туруорууга «ийээ» диэн хаһыытаатаҕына, көрөөччү бары хараҕын уута кэлэр. Маннык үтүө санаалаах, айылҕаттан аламаҕай, чыҥха атын көрүүлээх Галикканы кытта билсибиппиттэн олус үөрэбин, кини син биир баар, ыраах оҕотун көрө олорор курдук саныыбын...
Василина Баланова. ГАЛЯ СУРУЙАН ХААЛЛАРБЫТ ТИһЭХ САНААТЫТТАН БЫһА ТАРДЫЫЛАР Бүгүҥҥү күҥҥэ, арай, мин көрдөхпүнэ, дьон-сэргэ, киһи-аймах бары харчы эрэ туһугар хамсанар. Тулабыт барыта «харчы, харчы, харчы». Харчы диэн тугуй? Бикипиэдьийэҕэ этиллэринэн «атыыга-эргиэҥҥэ сыананы быһар тимир уонна кумааҕы бэлиэлэр». Киһи, дьиҥэр, харчыны хайдах эргитэри бэйэтэ толкуйдаабыта, онтон бүгүҥҥү күҥҥэ – харчы биһигини эргитэр. Билигин бүтүн аан дойду барыта – сыыппара, ИДИЭЙЭ туһугар үлэлиир киһи олус аҕыйах. 10 сыл анараа өттүгэр, 2010 сылга биһиги Олоҥхо тыйаатырыгар үлэлии кэлбиппит. Оччолорго тыйаатыр аҥаардас аата эрэ баара, дьиэ да, сыана да, испэктээк да, труппа да суох этэ («Кыыс Дэбилийэ» эрэ баара)... Саха тыйаатырын дьиэтин кыра хос оҕотугар Олоҥхо тыйаатыра тыын быһаҕаһынан тыынара... Биһиги бары, Саха тыйаатырыгар киирбэтэхпититтэн, харахпыт уутунан сэмээр суунар этибит... Бары күлүү-элэк оҥостоллорун өйдүүбүн. «Олоҥхоло-о-ор» диэн эйэргээн этэллэрэ, биһиэхэ ким да эрэммэтэ. Хайдах үлэлиирбит диэн этэр буолахха: Култуура министиэристибэтигэр докумуон таһарбыт, оскуолаларга Саха тыйаатырын билиэттэрин атыылыырбыт, хайдах сатыырбытынан ыллыы сатыырбыт. Онтон Саха тыйаатырын маассабай сыаналарыгар кыттыыны ыларга көҥүл биэрбиттэрэ. Оо, ол онно үөрбүппүтүөн! Биһиэхэ наар эргэ, абырах үөһэ абырах буолбут халадаайдар түбэһэллэрэ, ону ол диэбэккэ, үөрэ-көтө бэлэмнэнэр, репетициялыыр, актердар хайдах курдук үлэлииллэрин көрөн үөрэнэр этибит. Муннубутун батаран хос уһуларга хамнас отой тиийбэт этэ. Сыл бүтүүтэ, уоппускам харчытын, 13.000 солкуобай ыламмын, ийэм шуба ылынарыгар эбиискэ буолуо диэн ууран биэрбитим. Бу сыл күһүнүгэр дьүөгэбин кытта Богатырев уул. 11-гэр 12-15 тыһыынчаҕа хос булбуппут. Хамнас туохха да тиийбэт этэ, ол иһин биллэриилэри көрдүүрү саҕалаабытым уонна, мин дьолбор, тыйаатыр аттыгар «Летуаль» маҕаһыыҥҥа муоста сууйааччынан киирбитим. Буһа-хата сууй да сууй, аал да аал. Билэр дьонум көрүөхтэрэ диэн наһаа кыбыстар этим, мэлдьи саһа сылдьарым. Бииргэ үлэлиир дьонум мэлдьи аттыбынан ааһаллара. Бөх тоҕо тахсарбар, «билэр дьонум көрбөтөллөр ханнык» диэн сирэйбин кистээн былаат баанан, капюшон кэтэн тахсарым. Бөх диэн – хоруопкалар. 50-тан тахса косметика хоруопкалара. Биир кыһыҥҥы күн бөхпүн тоҕо тахсан иһэн халтарыйан охтон түспүтүм уонна онно хараҥаҕа олорон ытаан барбытым... ыарыытыттан буолбатах. Онтон хараҕым уутун туора соттоот, салгыы үлэлии бардаҕым. Бу курдук биһиги ИДИЭЙЭ туһугар, тугу барытын умнан туран үлэлиир этибит. Инникибитин ыралаан көрөрбүт, төбөбүт иһигэр биһиги бэйэбит дьиэлэниэхпит – Олоҥхо тыйаатырдара бэйэбит испэктээктэрбитинэн Саха тыйаатырын, Москуба, Санкт-Петербург, Япония, Франция, Греция уонна да атын сирдэр улахан сыаналарыгар оонньуохпут диэн санаабат этибит. Билигин, ылан көрдөххө, бу барыта баар: труппа, репертуар, арай дьиэбит эрэ суох, ол эрээри бу да ыра санаабыт хайаан да туолуо диэн бигэ эрэллээхпит. Хамнас эмиэ үрдээтэ, онтон биһиги бэйэбит харахпыт олох туолан испэт. Ханна да тиийдэрбит, тугу да гыннарбыт элбэх харчыны өлөрөр сыаллаах-соруктаах сылдьан, оргууй, ис-испититтэн сытыйан эрэбит. Дьыалаҕа
истиҥ сыһыаммыт, инникигэ эрэлбит уоһуннар уостан, ИДИЭЙЭ туһугар буолбакка, ХАРЧЫ туһугар үлэлиир буоллубут. Холобур, «Белый ягель» диэн киинэҕэ биир уһуллар күнүм 15 тыһыынча этэ. Бу да сыыппара миигин сөп оҥорбокко, юрист наймылаһан, сыананы үрдэттэр үрдэтэн испитим. Хайдахтаах курдук халы-мааргы быһыыный?! Билигин саныыбын, бу киһилии быһыы-майгы алдьанар төрдө, биһиги төрүкү түктэри быһыыламмыппыт. Ненецтэр бэйэлэрэ да тыйыс, ыарахан усулуобуйаҕа олороллор, ону биһиги кэлэммит харчы оҥороору гыммыппыт. Бу түгэнтэн бүгүн кыбыстабын, онтон ол харчы билигин сыыска-буорга кубулуйдаҕа. Маннык хартыынаҕа уһуллар хайдахтаах курдук дьолуй?! Билигин буор босхо үлэлиэм этэ... Мин санаабар, Саха Сиригэр киинэ индустрията ИДИЭЙЭ туһугар үлэлиир дьон-сэргэ баар буолан балысханнык сайдар! Режиссердар бэйэлэрин хамнастарыгар усталлар... Онтон улахан харчы кэллэҕинэ, билбэппин... улахан харчыга, Арассыыйаҕа курдук үлэлээн, Арассыыйа курдук киинэлэри устан барыахпыт буолуо. Онон, күндү доҕоттор, саатар сороҕор, ИДИЭЙЭ туһугар үлэлээҥ-хамсааҥ, ол онно баар, дьиҥнээх... Күндү киһибит сырдык мөссүөнэ, үтүө майгыта, кэрэҕэ-үтүөҕэ таласпыт санаата сүрэхпитигэр өрүү баар буолуоҕа. Эн ситэ олорботох олоххун, ааккын оҕоҥ үрдүктүк тутан салгыаҕа диэн бигэтик эрэнэбит. Олус күүскэ таптыыбыт, ахтабыт, суохтуубут. Уһун уугар сымнаҕастык, сылаастык утуй. Олоҥхо тыйаатырын бар дьоно.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан