Кэпсээ
Войти
Регистрация
БАЛЫК ОЙУУНА
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ БАЛЫК ОЙУУНА
K
kyym.ru сайтан
Айымньы
16.11.2021 12:43
Доҕорум бу түбэлтэни кэпсээн турардаах... Бу дьикти түбэлтэ мин сэттис кылааска үөрэнэ сырыттахпына буолбута, билигин да ону санаатахпына этим тымныйталаан ылар. Оскуолаҕа хампаанньалаах этибит, бары бииргэ оонньуурбут, үлэлиирбит, кырдьаҕастарга муустарын ылан, мастарын саһааннаан биэрэрбит.Саамай сөбүлүүр дьарыкпытынан балыктааһын буолара, кыһынын куйуур, күһүн-саас муҥха, сайынын илим, күөгү. Хамандыырбыт Байбааскы, ыал улахан оҕото, кылааспытыгар биир киэн туттар спортсмеммыт, эчи бөдөҥө-садаҥа, хайдах эрэ бары убаастыы көрөр этибит. Балыктыыры биэс тарбах курдук билэрэ, дэлэ буолуо дуо, аҕата нэһилиэк, улуус муҥхатын дьаһайар ааттаах балыксыт киһи этэ. Миэхэ туох тэрилэ баар буолаахтыай, инньэ гынан аралдьытааччынан, ылан-аҕалан бирээччинэн сылдьааччыбын. Уолаттар куйуурга хас балыгы эргитиэхтэрин таайар үгэстээх этим, ойууннаабыта буолан түөрэҕи илиибинэн таарыйарым уонна күн диэки көрөн үрдүк айыылартан көрдөстөҕө буоларым, халҕаһалаабыт халыҥ муус аннын дьөлө көрүөхпүн айыы таҥарам көмөлөс дуу, харахтарбын арыйыый диэн, санаабар эбитэ дуу, эмискэ тыал иһиирэн кулгаахпар “4”, ”5” диэн сыыппаралары сипсийэрэ, иһиттим-истибэтим, дьэ мин аптамаат курдук түөрт, биэс, алта... диэн субуруталыырым. Дьиктиргиэх иһин “ойууннаабытым” уот харахха буолан тахсара, онтукайбыттан бэйэм дьиксинэн барбытым, ойууннуурбун бырахпытым эрээри, «балык ойууна» – диэн хос ааттанан хаалбытым. Үгэс курдук биир сааскы ылааҥы күн, Байбааскыбыт салалтатынан сэттиэ буолан үс матасыыкылынан Таппалаах диэн күөлгэ балыктыы бардыбыт. Бэлиэтээн эттэххэ, биэс сылынан бу күөл биһиги улууспутугар дэлэгэй «көмүс хатырыктааҕынан» аатырбыта онтон үс сыл буолан баран балыгын амтана сымсаан, мөлтөөн барбыта. Уолаттар өр гыныахпыт дуо, күөлбүтүгэр тигинэтэн кэллибит. Байбааскыбыт муҥхатын тэрилин таһаараатын кытта биһиги бэлэмнээбитинэн бардыбыт. Бу дьыл кэмигэр балык күн сытыытык тыктар эрэ, күөл дьаратыгар (кытыытын диэки) сылааска ыы тахсар.Онно биһиги муҥха быраҕабыт. Кэлин санаатахха көҥүллэммэт буоллаҕа,ону ол диэбэппит, орой-мэник уолаттар курданарбытыгар диэри ууга киирэн муҥхабытын бэрийэн, нырылаан да биэрэрбит. Ол сылдьан мин эмискэ иһим буккуллан турда, күөлтэн ойон тахсан ойуур диэки сүүрээри гынан иһэн, ээ чэ онно үөнэ-көйүүрэ диэммин, алааска киириигэ өтөх турарын көрөн онно барарга сананным. Аара баран иһэн хаппыт ынах саахтарын кытта талах хомуйан илдьэ бардым. Эргэ ампаар барыаран турарыгар тиийэн, соччо баҕарбат да буолларбын, кыһалҕам кыһайан киирээхтээтэҕим дии. Ампаар аана: “Киир-аас, сөрүүкээ” – диирдии кыыкынаата, муннубар сиик, никсик сыта саба биэрдэ. Дьон кэпсииринэн, былыр манна, сэрии иннинэ, баай атыыһыта Ленскэй эргиэмсиктэрин кытта саахарынан, чэйинэн мэнэйдэһэн олорбута үһү. Кыахтаах атыыһыт бадахтаах, ампаарын тутуута тупсаҕайа, кэҥэһэ сүрдээх этэ. Буор муосталааҕын көрөммүн хап-сабар ампаарым ортотугар түптэ уматтым, муннук диэки чыычаах уйатын курдук, от мунньуллубутугар чохчойон олорунан кэбистим. Эмискэ көхсүбэр тыбыс-тымныы сүүрээн билиннэ, эт-этим дьырылыы түстэ, түптэм буруотуттан туймаарыахча буоллум... Киирбит ааным диэки, кыра күлүк «элэс» гынна, арай буруо быыһыттан кибис-кирдээх сирэйдээх, илбиркэй былыргы былааччыйалаах, атах сыгынньах, арбаллыбыт кыысчаан илэ тахсан кэллэ. Биэстээх, алталаах буолуон сөп курдук. Олуттаҕас тылынан: «Миигин кытта оонньуон дуо, оонньуохха» – диир, мин ойон туран иһэммин, сүһүөхтэрим уйбакка, аҕыйах хардыыны оҥороот тобуктуу түстүм. Кыыһым миигиттэн икки-үс миэтэрэ тэйиччи уун-утары көрөн турар, “ээ мин кыра кыргыттары кытта оонньооччум суох” – диэн этэ сатыыбын да тылым букатын бөлүөхсэн хаалбыт этэ. Харахтарыттан куттаммыппыан эриэхсит, ураты бэтиэхэлээхтик, уоттааҕынан супту көрөн турара билигин даҕаны бу баарга дылылар... “Кыратык тохтуу түстэргин оонньуур сирбин көрдөрүөх этим, чэ оччоҕо мантан бар!” – диэтин кытта мин туох баар күүспүн мунньунан, тахсар ааны былдьастым... Өйдөнөн кэлбитим, Байбааскы сирэйбэр бэртэлиир: “Бу да киһи, тугун түптэтэй,буруоҕар тумнаста сыыспыккын дии, ампаары уоттаары, сыта түс!» – диэтэ… Бу туһунан уолаттарбар быктарбатаҕым. Күөлбүт барахсан көмүс хатырыктааҕыттан өлгөмнүк күндүлээбитэ, биирдии бэйэбит куул улахан быһаҕастыыта балыктаах дьиэлээбиппит... Ити кэнниттэн нэдиэлэ буолан баран, улаханнык ойоҕостотон, оройуон киинигэр балыыһаҕа киирбитим. Биир дьиктитэ диэн – оройум куурусса сымыытын саҕа чоройон тахсыбыта, оскуоланы бүтэрэрим чугаһыгар биирдэ оспута.Ону мин ити түбэлтэни кытта ситимниибин. Билигин дойдубар бултуу таҕыстахпына, наадабар ойуурга сүүрэбин, өтөхтөрү ырааҕынан тумнабын... Татьяна Кириллина-Татыйык, от ыйын 23 күнэ, 2018сыл, Уус Алдан, Сунтаар
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан