Кэпсээ
Войти Регистрация

Кутталлаах кэпсээн

Главная / Кэпсээн арааһа / Кутталлаах кэпсээн

K
edersaas.ru Категорията суох
26.11.2021 20:40
Елена Прокопьева кэпсээнин ааҕыҥ.  Биирдэ ыраах айан суоппара/дальнобойщик/ Амма трассатынан айаннаан испит. Уус — Маайаҕа тиийиэхтээх эбит. Арай, утуктуу быһыытыйбыт. Туман быыһынан көрдөҕүнэ, икки кыыс турар үһү. Улахыын да улахан бауллаахтар эбит. «Оо, бачча тымныыга бу үлүгэр улахан таһаҕастаах хантан кэлбит кыргыттарый?» — дии саныы-саныы уол массыынатын тохтоппут. Ойон түһэн суумкаларын тиэйбит, кыргыттар кэбиинэҕэ киирэн олорбуттар. Таҥастара чап-чараас куурка, джинсы, атахтарыгар кроссовка үһү. — Тохтообуккар, баһыыба! Мааҕыттан быһа массыына бөҕөтө ааста да , биир да тохтообото, — диэбит уол аттыгар олорор кыыс. — Хайаан бачча кырасаабысса кыргыттарга тохтооботтор! Ханна баран иһэҕитий? — Мантан 10 килэмиэтири барбыт кэннэ кыракый дэриэбинэ баар, онно түһүөхпүт, — диэбит иккис кыыс. Эн баһаалыста трассаттан түспэккэ, сыыр үрдүгэр тохтоор. Биһиги дьиэбит сыыр анныгар киирдиҥ да бу турар. — Сөп, хата, дэлби сылайдым, хонноруоххут дуо? — Биһиэхэ гараас суох ээ, арай массыынаҥ собуоттанан турар буоллаҕына. — Сэлээркэ эрэ дэлэй, туруоҕа. Уонча килэмиэтири өр гыныахтара дуо, сотору дэриэбинэ уоттара көстүбүттэр. «Хайдах-хайдаҕый? Урут манна дэриэбинэ баарын билбэт этим, — диэн санаа уол төбөтүгэр «күлүм» гыммыт! — Чэ, тохтоо, кэллибит! — диэбит аттыгар олорооччу. Түспүттэр. Уол икки баулу туппут уонна сыыр анныгар турар, халлаан күөх соппулуот олбуордаах дьиэ диэки барбыттар. Уол сыыры түспүт, кыргыттар баһыыбалаабыттарын истибит, кыргыттарын батыһан дьиэ иһигэр киириэх курдук атаҕын атыллаабыт… Арай биирдэ өйдөммүтэ, хабыс-хараҥаҕа тоҥуу хаарга батыллан турар үһү. Ханнык да да дэриэбинэ, уот — күөс, кыргыттар суохтар үһү. Уол наһаа куттаммыт уонна үөһэ трассаҕа турар массыынатыгар нэһиилэ тиийбит. Кэбиинэтигэр киирээт, арыый уоскуйан баран гаазтаан кэбиспит! Барахсан, хата, сүрэҕэ доруобай буолан эҥин дьүһүн буолбатах. Хаартыска: pikabu.ru ылылынна
edersaas.ru сайтан