Кэпсээ
Войти
Регистрация
Иитийэх оҕону иитии – икки бүк эппиэтинэс!
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Иитийэх оҕону иитии – икки бүк эппиэтинэс!
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
18.01.2019 17:55
Бүгүн кэпсэтэр дьоруойум орто саастаах, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр саха мааны далбар хотуна, ыал эйэҕэс ийэтэ. Мин кинини билбитим 10-ча сыл буолла. Биирдэ кини миэхэ: “Олоҕум очурун-чочурун кумааҕыга түһэриэҥ дуо, баҕар мин курдук оонньооботох оҕо саастаах дьон син баара буолуо. Бэйэм иитиллибит олохпун кэпсээн, оҕону иитэ ылыахтарын иннинэ сүүс төгүл толкуйдаан, улахан эппиэтинэһи сүгэллэрин өйдөтөн сүбэлиэм этэ”, – диэн көрдөстө. Чэ, ону саас-сааһынан суруйуум... Оонньоммотох оҕо саас Үөһээ Айыылартан айдарыллан Орто туруу бараан дойдуга кыыс оҕо буолан айыллан күн сирин көрбүтүм. Кылгас кэмҥэ да буоллар, тыа сирин үлэһит дьиэ кэргэнигэр иитиллибитим. Ийэм мин аҕабар кэргэн тахсарыгар биир кыыс оҕолоох эбит. Онтон ийэлээх аҕабыттан убайбын кытта мин төрөөбүппүт. Ол эрээри, биһиги туспутугар дьоллоох дьиэ кэргэн олоҕо уһаабатаҕа, барыта түҥ-таҥ барбыта. Аҕабыт “аһыы” астан аккаастаммат киһи этэ. Ийэбит эмиэ, киниттэн сылтаан, тэҥҥэ исиһэрэ. Онон да буолуо, мин 3 аҥаар, убайым 6, эдьиийим 9 саастаахпытыгар барыбытын Дьокуускайга киллэрэн, оҕо приемнигар туттарбыттара. Ол кэнниттэн үһүөммүтүн үс аҥыы оҕо дьиэлэринэн ыыталаабыттара. Мин оҕо дьиэтигэр икки сыл кэриҥэ иитиллибитим. Биир үтүө күн, оччолорго 5 аҥаар саастаахпын, миигин “ийэ буолабын” диэн биир дьахтар ыла кэллэ. Мин төһө да кыра саастаахпар ийэбиттэн араҕыстарбын, дьүһүнүн син өйдүүр этим. Көрөөт да атыҥыраатым, испэр киллэрбэтим уонна “Ты не моя мама” диэн ытаан муҥнанным. Ол эрээри, ким миигиттэн ыйыта сылдьыай, ол дьахтарга биэрэн ыыттылар. Иитиллэ кэлбит ыалым – нэһилиэк сис ыала, кыахтаахтык олороллор. Иитийэх ийэм үйэтигэр кэргэннэммэтэх, оскуолаҕа учууталлыыр, саабыстыыр этэ. Ийэлээх аҕатын кытта бииргэ олорор эбит. Мин кинилэргэ атырдьах ыйыгар “оҕо буола” кэлэбин. Ол сыл күһүнүгэр алтабын да туола илик, сахалыы сатаан саҥарбат, өйдөөбөт оҕону дэриэбинэ оскуолатыгар бастакы кылааска үөрэтэ киллэрдилэр. Бастаан үөрэнэ киирэн баран сахалыы өйдөөбөккө эрэй бөҕөтүн көрбүтүм. Аны бэйэбиттэн биир сыл аҕа оҕолору кытта үөрэнэбин. “Ийэм” миэхэ хара маҥнайгыттан бэрт кырыктаахтык сыһыаннаспыта. Хата, кырдьаҕастары сөбүлээбитим. Миэхэ олус сымнаҕастара. Эһэм миигин “бу оҕоттон дьоһун киһи тахсыыһы” диэн баран сылаас, сымнаҕас баҕайытык төбөбүттэн имэрийбитин билиҥҥэ диэри саныыбын. Хомойуох иһин, кини мин кэлбитим кэннэ аҕыйах ый буолан баран өлбүтэ. Аҕата өлүөҕүттэн ийэм миэхэ сыһыана өссө ордук уларыйбыта. Эбэм эрэйдээх көмүскэһэн муҥнанааччы. Кыыһа миэхэ итинник сыһыаннаһарын, була сатаан атаҕастыырын көрө-көрө, миэхэ “тулуй, тоойуом, хаһан да хайыаххыный, кини оҕото өлбүтэ, ол иһин итинник” диэн мэлдьи уоскутар буолара. Кини аҕыйах сыллааҕыта, 90 сааһыгар сылдьан, күн сириттэн күрэммитэ, эбэбин олус истиҥник саныыбын. Төһө да кыра саастаах, кыччыгый уҥуохтаах буолларбын, сарсыардаттан хотоҥҥо сылдьарым. Хотоҥҥо тахсан ньирэйдэри эмсэҕинэн аһатарым, кинилэри кытта тардыалаһан баран кыайбакка ытаан муҥнанарым. Көмүскүүр, харыһыйтарар киһим эбэм сайын аайы ыйы-ыйдаан окко баран хаалааччы. Дьэ ол кэмҥэ
саҕаланара, киһи өстөөҕөр да баҕарбат, олоҕум ыар түгэннэрэ... Иһити сатаан сууйбаккын, дьиэни-уоту дьаһайбаккын диэн мөҕүү-этии, таһыллыы, ытабыл, түүнү быһа хардаҕас маска, ириискэ, гречкаҕа тобугунан туруу... Мин эрэйдээх икки хараҕым уутунан сууна-сууна түүнү быһа тобуктаан турааччыбын. Хардаҕас мас эккэр быһа киирэрэ аанньа буолуо дуо, тобугум сүүлэ иһэн, бааһыран хаалааччы. Онтон да буолуо, билигин төһө да 40-мун туола илик буолларбын, тобугум ыалдьан эрэйи көрөбүн. Онтон хаалбыт баас суоллара – оччотооҕу олоҕум кэрэһиттэрэ. Суорҕан иһигэр сытан, хараҕым уутунан суунан, ытаан-соҥоон сыттыкпын төһөлөөх илиппиппин, айбыт таҥарам эрэ билэн эрдэҕэ... Ама да ааспытын иһин, мин туспар эрэйдээх, ыарахан оҕо саас этэ. Ыаллар оҕолоро ийэлэрин кытта ыбылы сиэттиһэн сылдьалларын көрдөхпүнэ наһаа ымсыырарым. Миигин ким да оннук сиэппэтэҕэ, таптаан ымманыйбатаҕа, сыллыы-кууһа сылдьыбатаҕа. Эн да өйдүүрүҥ буолуо, оччолорго тимир сирэйдээх халыҥ саллаат кура баар буолара. Оннук кур мэлдьи миигин “күүтэн” ыйанан турара, ону көрө-көрө куттанар да этим. Ол кур мин эппэр-сииммэр элбэхтик ыалдьыттаабыта, хаан-сиин оҥорбута. Аны санаатахха, дьахтар аһара дьиикэйдик быһыыланар эбит. Билигин ону санаатахпына олус хоргутабын, хомойобун, хараҕым уута сүүрэн барбытын өйдөөбөккө да хаалабын. Ийэбиттэн билигин “тоҕо итинник сидьиҥник быһыыланар этигиний? диэн ыйыталастахпына, тугу да саҥарбат. Аатым кытта былдьаммыта Билиҥҥэ диэри саамай кыһыйарым уонна хомойорум – Орто дойдуга айыллан, төрөппүттэрбиттэн иҥэриллибит аатым, араспаанньам уларыйбыта. Иитиллэ барыам иннинэ, киһи киһи курдук, төрүөхпүттэн илдьэ сылдьар анал ааттаах-араспаанньалаах этим. Онтон бу ыалга иитиллэ кэлээт аатым, аҕам аата, араспаанньам, оннооҕор төрөөбүт күнүм кытта барыта уларыйбыта. Ол курдук, ийэм аҕыйах ыйдааҕыта эрэ өлбүт иитийэх кыыһын толору аатын-суолун барытын миэхэ төттөрү иҥэрбитэ. Саҥа ааппар хойукка диэри сатаан үөрэммэтэҕим “ити мин аатым буолбатах” диэн ытаан муҥнанарым да, ким ону истиэй, суох буоллаҕа. Улаатыахпар диэри ааппынан хаһан да ыҥырбат, дьүһүммүттэн иҥнэн, сынтаҕар муруннааҕым иһин “сынтаайы”, хараҕым улаханын иһин “баҕаллай” (“баҕа” диэнтэн) диэн хос аатынан ыҥырылларым. Ииппит ийэм мин иннибинэ иитэ сылдьыбыт кыыһа кыратыгар өлбүт. Онтон 4-5 ый буолан баран миигин ииттэ ылбыт. Барыта наар аанньа диэбиккэ дылы, оруобуна мин төрөөбүт күммэр кини суох буолбут. Ол да иһин буолуо, төрөөбүт күммүн 10 оннугар 11 чыыһыланан уларытан биэрбит. Онон бу Орто дойду олоҕор оҕо сааспар муммут-тэммит мин этим. Билигин төһө да атын киһи аатынан олоҕум улахан аҥаарын олорон эрэрбиттэн абардарбын, аны кэлэн тугу да уларытар кыаҕым суоҕун өйдүүбүн. Өссө улаханнык хомойорум-хоргутарым атын киһи аатын сүгэн орто дойдуттан барарбыттан. Ардыгар саныыбын ээ, саатар ааппын-суолбун уларыппатаҕар буоллар ньии, оччоҕуна олоҕум суола атыннык салаллыа эбитэ буолуо дуу... Хаан тардыытын күүһэ 12 саастаахпар ийэм хаан-уруу балтытыттан саҥа төрөөбүтүнэн кыыс оҕону иитэ ылбыта. Аны бу оҕону көрүү-истии мин дьарамай санныбар сүктэриллибитэ. Бу
оҕо кэлэн, мин мөҕүллэрим-этиллэрим, таһылларым арыый намыраабыта. Сүрүн төрүөтэ – оҕо соһуйуо, ытыа диэн. Кыратыттан көрбүт буолан балтыбын ис дууһабыттан таптаабытым. Ол эрээри, төһө да балтыбар истиҥник сыһыаннастарбын, кыыһым улаатарын саҕана миэхэ сыһыана тоҥмута, тэйбитэ. Дьэ онно биирдэ өйдөөбүтүм, хаан тардыыта күүстээҕин... Ииппит ийэбин, төһө да мин кырабар куһаҕаннык сыһыаннаспытын иһин, кэлин хойукка диэри көрөр-истэр этим. Төһө да хардарыта иэйии-куойуу, истиҥ-уйаҕас сыһыан суоҕун иһин, төһө кыалларынан киниэхэ сылаастык-сымнаҕастык сыһыаннаһан, доруобуйатын көрдөрөн, сиэннэригэр чугаһатан, илин-кэлин түһэбин, санаатын таба сатыыбын. Кини билигин сааһыран быһыыта-майгыта өссө кытааппыт. Билигин ииппит хаан-уруу кыыһыгар олорор. Онтон мин таһыттан иитиллэ киирбит “атын хаан” ийэм сүрэҕэр таптал кыымын кыайан сахпатым. Кини аймахтара да миэхэ сыстыбатахтара. Онон тосту-туора ыалга иитиллэн, бэйэм дьиҥнээх хаан-уруу аймахтарбын билбэт буолан, бу Орто дойдуга үөрүттэн быстыбыт соҕотох туруйа курдук сананабын. Санааргыырым – бэйэм өттүбүттэн, оҕолорбор өйөбүл-тирэх, күүс-көмө буолар, өй-санаа угар хаан-уруу аймаҕым суох. Билигин оҕолорум кыралар, онон уруу-аймах сыһыанын улаханнык өйдүү иликтэр. Ол да буоллар, сааһыран истэҕиҥ аайы курус санаа сүрэххэ ыар баттык буолан сөҥөн хаалар эбит. Хайаан да киһи буолуохтаахпын Оскуолаҕа туйгуннук үөрэнэрим. Үөрэнэр сылларбар “тоҕо мин маннык ыарахан олоххо олоробунуй?” диэн кыһалҕалаах ыйытыкпар хоруй көрдөөн, омук, нуучча классиктарын бөлүһүөктүү ис хоһоонноох айымньыларын элбэҕи ааҕарым. Арахпакка кэнийииттэн, мөҕүүттэн-үөҕүүттэн оскуолаҕа үөрэнэ бардахпына эрэ быыһанарым. Мин уустук олохпун ким да билбэт, сэрэйбэт да быһыылааҕа. Биллэн турар, ама ким өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх учуутала оҕотун куһаҕаннык иитэрэ буолуо дии саныаҕай. Үөрэнэр оскуолам 8 кылаастаах буолан, салгыы 9-ска үөрэнэ атын бөһүөлэккэ барбытым. Онно иитиллибиппинэн аймаҕым дьахтарга олорон, икки сыл үөрэммитим. Оо, онно дьэ билбитим, хайдахтаах курдук үтүөкэн дьиэ кэргэн баарын, истиҥ-иһирэх сыһыаны, минньигэс ас амтанын. Манна даҕатан эттэххэ, иитиллибит ийэбэр олорон үчүгэйдик аһаабаппыттан-сиэбэппиттэн уонна мэлдьи санаа баттыгар сылдьар буоламмын, олус дьүдьэх дьүһүннээх киһи кинилэргэ тиийбитим. Мэктиэтигэр, ойоҕоһум уҥуохтара таҥас сууйар дуоска курдук атыгыраан көстөллөрө. Олоро кэлбит ыалым онтон наһаа соһуйбуттарын өйдүүбүн. Дьэ бу ыалга кэлэммин дьүһүннүүн, быһыылыын-таһаалыын, майгылыын-сигилилиин лаппа тупсубутум, уҥуохтуун кытта улааппытым. Манна кэлэн эрэ баран өйдөөбүтүм, үчүгэй олох киһини уларытарын. Онон бу дьоммор үйэлэргэ кыайан этиллибэт сүҥкэн улахан махталлаахпын. Орто оскуоланы үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим. Аны, ийэм үөрэххэ ыытымаары биир айдаан. Дьэ онно туох баар мунньуллубут кыһыым-абам биирдэ тоҕо тэбэн тахсыбыта. Икки хараҕым үүтэ көстүбэт буолуор диэри ыга кыыһыран, дьиэ иһигэр ыйанан турар таайым саатын ыламмын “ийэбин” кыҥыы-кыҥыы, ытабыл-хаһыы бөҕө буоллум, кини туһунан түмүллүбүт өйдөбүлбүн, санаабын-онообун барытын сирэйигэр тоҕо тэбээтим. Ол эрэ кэннэ кини кута-сүрэ самнан, өргөһө тостон, аһара дьаабыланара тохтообута. Маны саныы-саныы билигин да сүрэҕим хаанынан оҕуолуур. Киһи буолуу Билигин ыал ийэтэбин. Этэҥҥэ икки оҕолонон, таптыыр
кэргэннэнэн, дьиэ кэргэн дьоллоох олоҕунан олоробун. Оҕо сылдьан билбэтэх ийэ-аҕа тапталын – күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычаахтарбар биэрэргэ кыһаллабын. Төрөппүт истиҥ тапталын билбэккэ улааппыт киһи быһыытынан эттэхпинэ, ийэ-аҕа истиҥ тапталын ханнык да баай-дуол олох, халыҥ харчы, аат-суол, дуоһунас, былаас син биир солбуйбат эбит. Биир бэйэм билигин тэлэбиисэргэ оҕону иитэ ылыыга ананар биэриилэри кыайан тулуйан көрбөппүн, арааран кэбиһэбин. Хор, сүрэхпэр оннук оспот баас хаалбыт. Онон хас биирдии оҕо эмиэ тыыннаах, өйдөөх-санаалаах, туспа киһи буоларын умнумуохха наада. Билигин олоххо суолбун бигэтик булуммут, тэриммит буоламмын, ииппит ийэбэр хом санаам суох. Ол эрээри, ким да буолбутун иһин, киһи туораттан оҕону иитэ ылыан иннинэ бу оҕо олоҕун алдьаппат, бу мин курдук үйэтин тухары хом санаалаах хаалларбат туһугар, олус дириҥник, олохтоохтук уонна боччумнаахтык толкуйданыахтаах дии саныыбын. Саргылаана БАГЫНАНОВА.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан