Кэпсээ
Войти
Регистрация
Бэһиэччиктэри кытары бэһиэлэй айан!
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Бэһиэччиктэри кытары бэһиэлэй айан!
K
kyym.ru сайтан
Айымньы
24.11.2021 14:10
Биир саас, табаарыспынаан Антоннуун куоракка, Мархаҕа учаастакпар балбаах тиэйэн киллэрдибит. Муус устар саҥата. Киэһэ хараҥа. Таһаҕаспытын сүөкээн баран, Марха оптуобуһун бүтэһик тохтобулугар такси ыҥыра тиийдибит. Оччолорго "Индрайвер" суох. Маҕаһыыҥҥа такси биллэриилэринэн эрийэ сатаатыбыт да биир да сулууспа туруупкатын ылбата. Антон таһаҕас массыынатынан туох да иһин куоракка киириэн баҕарбат. Докумуона ситэтэ суох, гаилартан толлор. Арай ол турдахпытына, хараҥаттан били мультикка көстөр сур бөрөлөр, ороспуонньуктар курдук туох эрэ саарбах, уунньулуйбут күлүктэр хараҥаҕа барыаран, олбуорга сөрүөстэн кэллилэр. - Эй, мужики, куда путь держите? Далече? – кэһиэхтээх, кур холуочук бэһиэччик куолаһа бүтэҥитик хараҥаттан хааҕынаата. - Нет, мы на Даркылаах, в заречье, - диэн атаһым хардарар. - Ну и че, по пути же, подмогните мужики, мы на Каспере слезем... - А где этот Каспер? - Антон ыйытар. - Да не дрейфь земеля! Покажем! - нууччалар хаа-дьаа буоллулар. Антон толору сөбүлэҥин истибэккэ да бэһиэччиктэр туу мундутунуу кузов иһигэр толугуруһа түстүлэр. - Оо, пацаны, счас к Нинке поедем, там такие классные телки! Ухх, погуляем! - биир нууча айаҕа туох да хам буолбат. Ол быыһыгар тууһугуран туран сэттэ этээстээх маатыра түһэрэллэр: "....ять!" Оннук-маннык! "Вонь! Чем-то пахнет? Как так к телкам приедем то?", - диллэр. - Не паникуй, Серый, все путем, ну и че это же тачка с деревни, колхозники! И наши телки тоже с деревни, прорвемся братан! - бэһиэччик атастарын уоскуталыыр. Дьэ массыына хоҥунна! - Туох абааһы дьаабаллара сөрүөһүннэхтэрэй, Марха күлүгээттэрэ...- диэн Антон үөхсэ истэ. - Ханна түһээри гынар буоллахтарай? Ол Каспер диэннэрэ ханна баарый Жеҥка? - Ээ, көрдөрүөм. Ол баран иһэн туохха эрэ аралдьыйан һатайдыыр суолу быһа түһэн Даркылаах диэки куйаарда турдубут! Кууһаппыт тобус-олору бэһиэччик тиэйиилээҕин кэпсээн үлүскэнигэр олох да таһы-быһа умнан кэбистибит. Арай доҕоор, "объездной" суолга киирэн айаннатан истэхпитинэ үөһээ хабыына үрдэ туох да үөр сылгы туйаҕын тыаһыныы өрө тибилийэ түстэ! Сэттэ этээстээх маатыры үөһэттэн таҥнары курулаата: "Мать, перема-аать! Яку-тыыы! Куда нас везёте?! Остановитесь, н...й !" Оннук-маннык! - Антон, гаа-аас! Тохтоотуҥ да дьиикэйдэр сииллээ-эээр! Гаас-тааа ! Антон өссө күүскэ гаастаата. Үөһээ маат-муут өссө хойунна. Массыына тохтуур аата суох. Бэһиэччиктэр муҥ кыраайынан ааһан иһэр массыынаттан күөрэтиигэ таммалыыр үөр хаас курдук атахтара адаарыҥнаһан таҥнары таммалаатылар! Паром туоруур сиригэр тиийэн Антон тохтоото. - Ыл, Бааска көр эрэ, кууһапка биир эмит бөһүйбүт бэһиэччик һытар дуо? Антон таайын Баасканы көрдөстө. - Баар-баар биир бэһиэччик! - Бааска тахсан көрөн баран эттэ. Тахсан көрбүппүт, арай, биир чахчы бэрт уолуйбут нуучча төбөтө быгыалыыр. Маарыын тэбиэһирбитэ, киэбирбитэ ханан да суох. - Мужикии, ну мужикии, отпустите меня пожалуйста, нуу? Аа? - Ну иди, кто тебе мешает? Бэһиэччик куоска курдук сылбырҕатык ыстанан, хараҥаҕа сылыпыс гынан хаалла! Оо, биһиги онно олох быарбыт ыалдьыар диэри күлсүү! Сааскы тымныы түүн, холуочук баҕайылар, Туох дии санаабыттара буолуой? Даркылаах туох да үчүгэйи эрэннэрбэт хараҥатыгар "дьикээр сахалар" ынырык массыыналарыгар олорсон иһэн? Биһиги да эмиэ тыыммытын харыстаан тохтооботохпут бу санаатахха эмиэ да үчүгэй эбит! Чаҕыл
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан