Кэпсээ
Войти
Регистрация
Түөкүттэргэ түбэһии
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Түөкүттэргэ түбэһии
K
kyym.ru сайтан
Айымньы
24.11.2021 13:51
Биир өрөбүл сарсыарда таксилыы таҕыстым. Биир аадырыска тиийдим. Тахсыахча тахсыбаттар. Эрийдим, эдэр дьахтар ылла: "Ээ билигин тахсыахтара" - диэтэ. Сотору кэминэн үс хара бараан, лэһигирэспит бөтөстөр кутуллан тахсан, массыынабар киирдилэр. Түөрт уончалаах бадахтаах саастаахтар. - Хайа убаай бырааһынньыгынан дыа. - Ээ, милииссийэлэргит дуо? - ыйыттым. Хайдах эрэ бу күннэргэ милииссийэ күнэ этэ быһыылаах диэн итинник ыйыттым. Дьонум алларастыы-алларастыы күлэн тоҕо бардылар. - Тугуй ол, маарынныыбыт дуо? Иннибэр олорооччу Алаа Моҕустуҥу эт лахса, харахтара сибиинньэ курдук ыга симиллибит урдуус ыйытта. - Ээ оттон бэйэм хаһан эрэ Охранаҕа үлэлээбитим, хоту вахтаҕа. Урут үлэлээбит "бс" уолаттар бааллара. Баччаларга ылааччылар бырааһынньыктарын - "Кытараалан" баран сылдьаҕын диэ...- биирдэстэрэ эҕэлээх баҕайытык ыйытта. Саҥарбатым. Сөбүлээбэтим. Тыллара-өстөрө дьиибэ дьон. Сороҕор милииссийэлэр маннык эмиэ саҥарааччылар быһыылаах, оттон үлэлэрин эйгэтэ буо, аннараа дьонтон үөрэнэн, бэйэлэрин икки ардыгар холуочуйан баран кэпсэтиэхтэрин сөп буолуо диэн санаатым. Салгыы айаннаатыбыт. Сайсарга кэллибит. - Убаай, биһигиттэн сиргэммэт инигин? Холуочуктар диэн? Алаа Моҕус үтэн-анньан көрөн ыйытар. - Өйдүүбүн, биирдэ бырааһынньыктаатаххыт дии оттон, - диибин. Соччо кэпсэтиэхпин баҕарбат эбиппин бу дьону кытта. Хайдахтар эрэ. Оннук ампаалыктанан тахсан бардылар. Бырайыастарын хайаларын эрэ кэргэнэ төлөппүөн нөҥүө нүөмэрбин ыйытан төлөөтө. Үлэбэр айаннаатым. Арай ол иһэн докумуоннардаах үрүксээкпин сүтэрдим. Маарыын үлэбэр эрдэ тиийэн ким да суоҕар хаайтаран дьон кэлиэр диэри таксилыы барбытым. Баҕар онно үлэбэр көрүдүөргэ хаалбыта буолаарай? Тиийэн көрдүм - суох. Баҕар, алҕас массыынам үрдүгэр уурбутум түспүтэ буолаарай? Эс, ама булбут дьон тута интернеккэ таһаарыа этилэр, бассаабынан эҥин. Оттон маарыҥҥы дьикти-дьиибэ пассажирдары санаатым. Милииссийэлэр....Эс, ама? Төһө да эдэр "бс" бэнсийэниэрдэр да буолбуттарын иһин, итинник гыналлара сатаммат. Ама да арыгы иһэн, баҕар оннук-маннык буолуохтарын да сөбүн иһин...Маарыннаабат. Табаарыспар полиция биэнсийэлээҕэр Владка эрийдим. - Влад милииссийэ күнэ хаһан этэй? - Сэтинньи 10- гар. Оттон бүгүн баара суоҕа сэтинньи 5 күнэ. Ол иһин да сэрэйбит сэрэх! Атын соҕус "милииссийэлэр" эбит. Хаайыылаахтар. Эбэтэр кинилэр шестеркалара. Шестеркалар эбит! Уоруйахтар. Өссө чахчы олорон тахсыбыт буолуохтаахтар. Сааппат сирэйдэр, бытыктарын быһа үктүөхтэригэр диэри маннык кыра оҕо курдук дьаабылана сылдьаллар! Өссө ыал аҕалара, кэргэннээхтэр, оҕолоохтор! Хата маарыын били аадырыска тиийэн эрийэрбэр нүөмэрдэрэ хаалбыт. Эрийдим. Араарбыттар. Кинилэр эбит, чахчы! Бассаапка булан суруйдум: "Үрүксээхпин үчүгэйинэн булгуччу төннөрүҥ! Киирбит аадырыскытыттан видеосъемка ыллым, тутан иһэргит көстөр. Биэрбэтэххитинэ делу ход биэрэбин! По рецидиву эмиэ наара сылыта барыаххыт!" - диэн мас-таас курдук эттим. Сотору буолаат, бэрт ыксаабыт куоластаах били сибиинньэ харах, Алаа Моҕус эрийэ сырытта. - Убаай, баһаалыста уолаттары бырастыы гын, акаарылар аһара аһаан кэбиспиттэр. Бырастыы гын. - Туох баар малбын, докумуоннарбын, карталарбын в целости и сохранности тиксэриҥ. Туох эмит сүппүт буоллаҕына, пеняйте на себя! Дьаабы дьон эбиккит, ыал аҕалара ааттааххыт! Түөрт уончалаах дьон. Бытыккытын быһа үктүөххүтүгэр диэри итинник дьаабылана сылдьаҕыт! Мин билэбин эһиги эйгэҕитигэр бэйэтин дьиҥнээхтик убаастанар киһи, аптарытыат хаһан да инник гыммат. "Чмо"-лар эбиккит! - диэтим. Дьиикэйдэр син киһи эрэ буоллар барытын төннөрбүттэрэ. Ол эрээри эргиллэн саныы-саныыбын итинник дьон баалларыттан сөрү диэн сөҕөбүн уонна бэри диэн бэркиһиибин эрэ. - Горбатого только могила исправит! - диэн нууччалар өс хоһоонноро чахчы сөпкө этэр быһыылаах... Урааҥхай Саха
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан