Кэпсээ
Войти
Регистрация
Любушкалыын бииргэ буолуом
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Любушкалыын бииргэ буолуом
K
edersaas.ru
Категорията суох
16.12.2021 18:00
Биллэр биричиинэнэн бу киһи ханна олорорун суруйбаппын. Ааҕааччылар баалыахтара суоҕа дии саныыбын. 2018 сыл күһүн аҕам барахсан инсуллаан кинини арыаллаан улуус киинигэр балыыһаҕа киирбиппит. Аҕабын кытары биир ый сыппыппыт. Эмтиир дьайыы организмыгар үчүгэйдик киирэн сотору атаҕар турбута, саҥарбат эрэ этэ. Балыыһаҕа араас дьон киирэн эмтэнэн тахсара. Бары кэриэтэ араас көрүҥнээх инсульту киирэн эмтэнэллэрэ. Сүрэх да ыарыһахтар бааллара. Арай биир күн балаатаҕа саастаах нуучча киһитэ киирдэ. Кэпсэтэн билбиппит, урут микроинсуллаабыт киһи эбит этэ. Онон былааннаммыт эмтэниитин ыла киирбитин эппитэ. Саахыматтаары биһигини ыйыппыта да, сатаан оонньообот буолан дуобаттыыр эрэ этибит. Ол эрэн, онтон астыммакка атын балаатаҕа саахыматтыыр дьону булан сүтэн хаалара. Биирдэ мин киниттэн хантан сылдьарын, тугу үлэлээбитин ыйыталаспытым. Дьэ, онно айаҕа аһыллан балаата дьонугар олоҕун кэпсээбитэ. — Мин кэргэммин кытта 1985 сыллаахха романтиканы сырсан манна үлэлии кэлбиппит. Мин авиатехник буолан авиапорка үлэлээбитим. Кэргэним Любушка (кэргэнин оннук эрэ ааттыыра) повар буолан, авиапорт остолобуойугар үлэлээбитэ. Бу дойдуну олус сөбүлээбиппит. Үрдүк хамнаһын эрэ буолбакка, дьонун-сэргэтин, айылҕатын, булдун-алдын барытын. Уоппускабар, өрөбүл күннэрбэр Бүлүү уонна Марха өрүстэргэ мотуорканан баран балыктыырбыт. Кыһын, саас муус аннынан күөгүлүүрүм. Бэйэм Волга өрүскэ үөскээбит буолан, кини балыга хайдаҕын билэбин. Бүлүү балыга ураты минньигэс, аҥардас хатыыһа, тугунога киһи айаҕар ууллар. Икки оҕобут манна төрөөбүтэ. Оскуоланы бүтэрээт, соҕуруу барбыттарынан уонна кэлбэтэхтэрэ. Уолум Химки куоракка, кыыһым Сочига олороллор. Хомойуох иһин, кэргэним өлбүтэ биэс сыл буолла. Манна Бүлүү өрүс кумаҕар көмүллэ сытар.Үс сыллааҕыта кыыһым ыҥырара бэрдин иһин дьиэбин атыылаан баран Сочига көспүтүм. Төһө да сиэннэрдээҕим, климата үчүгэйин иһин онно тэһийбэт этим. Аны түүлбэр кэргэним көстөрө. Миигин соҕотохтуу быраҕан бардыҥ, чуҥкуйабын эйигинэ суох диирин иһин уонна Бүлүүбүн ахтан кыыспын кытта этиһэн баран көһөн кэлбитим. Сочига биир сыл нэһиилэ тулуйан олорбутум. Оо, манна кэлэммин дууһалыын сынньанным. Өрүспүн, балыктыырбын олус ахтыбыт эбиппин. Биэнсийэбин мунньубут буолан манна кыра чааһынай дьиэ атыылаһан олоробун. Любушкам түүлбэр киирэр, куруук үөрэн-көтөн көстөн ааһар. Билигин да бииргэ үлэлээбит, бултаспыт доҕотторум бааллар, онон алтыһар дьонноохпун. Онон хаһан эрэ өллөхпүнэ даҕаны манна Любушкалыын бииргэ сытыаҕым, — диэн кэпсээн, биһигини уйадытан буолуо, балаата иһэ чуумпура иһийэн ылбыта. edersaas.ru саайтка анаан Үөһээ Бүлүүттэн Виктор Васильев. Мария Васильева хаартыската, СИА.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан