Кэпсээ
Войти Регистрация

Сааһыт Дьаакып

Главная / Кэпсээн арааһа / Сааһыт Дьаакып

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
24.09.2021 13:09
   «Хайа муҥун былыргыны хастахтарай?!» диэҕэ сорох киһи. Сахаҕа сурук-бичик тарҕаммыта сүүсчэкэ сыл буоллаҕа дии. Ол анараа өттүгэр өбүгэлэрбит олохторо үһүйээннэргэ, номохторго эрэ хааллаҕа. Олору сыыска түһэрбэккэ хомуйан, мунньан истэххэ, былыргы олох туһунан өйдөбүл тахсан кэлиэхтээх.        Былыр хайа саха киһитэ бултаабата баарай. Булчуттар истэригэр уһулуччу дьоҕурдаах, сорсуннаах, байанайдаах дьон бааллара чахчы. Дьэ, ол курдук, биһиги Маҥааспытыгар, уон тохсус үйэҕэ быһыылаах, ааттаах сааһыт Киччэччи Уола Дьаакып диэн киһи олорбута үһү. Куорумаан диэн улуу эбэ баар, устата икки аҥаар биэрэстэ, кэтитэ биэрэстэ кэриҥэ буолуо. Дьаакып онно олорор. Дьадаҥы киһи. Аттыгар Бэти Сатаабата диэн баай киһи олорор эбит. Куорумаан эбэни кини бас билэн олордоҕо. Биһиги дойду сирэ-уота мөлтөх, уу-бадараан буолан, оттонор ходуһа да аҕыйах, онон наһаа улахан баай үөскээбэтэх дойдута. Ол Сааба даҕаны, наай гыннар, аҕыйах уон ынах-сылгы баайдааҕа буолуо. Дьаакып, дьадаҥы киһи, хайыай, ол Саабаҕа эҥээрдэһэн, ону-маны үлэлээн биэрэн, уос-тиис салаһан, өссө хамначчыт да курдук сылдьыбыт. Кини хаһан да сыыспат ааттаах ытааччы. Ол да буоллар бас билэр саата суох. Онон, күһүн-саас Сааба саа-сэп тэрийэн бултатан, булдун үксүн бэйэтэ ылан, кыра сорҕотун сааһытыгар дук гынан сылдьыбыттар.    Биир саас Куорумаан эбэлэригэр тоҕус анды түһэн олорор үһү. Сааба сааһытын ыҥыртаран ылар уонна этэр: “Дьаакып, ол тоҕус анды түһэн олорор, итинтэн төһө кыалларынан элбэҕи ылыахтаахпыт, чэ, барыах!” — диир. Саалара буоллаҕына “биинтэ саа” диэн буулдьанан ытар, чокуурунан эстэр саа эбит. Күөллэрин ойуурунан эргийэн, андылар тыалаан эрэр сирдэринэн киирэллэр. Саһа сытан кэтээн, андылар итинэн кытыыга чугаһыахтаахтар диэн быһаараллар. Баай оҕонньор биир суон тиит төрдүгэр олорон хаалар, Дьаакып үөмэн бара турар. Сааскы күн саҥа киирэн эрэр эбит. Туох да сүрдээх тоҥоруу түүн буолбут, Сааба өр баҕайы олорон, тоҥон, титирээн барар. Андылар кытыыга тахсан, чычаас ууга аһаан, оонньоон ньамалаһа сылдьаллар. Өлүү болдьохтоох, андылар сылдьар сирдэригэр биир синньигэс титирик кытыыттан үөс диэки сытар эбит. Түүн ортото ааһыыта андылар утуйаары, били маска тахсан, кэккэлэһэ олороллор. Түһэ-түһэ тахсан, оонньоон-аһаан баран, үксүлэрэ маска тахсан олорбуттар. Биир тыһы анды сүгүн олорбокко, түһэр-тахсар мээрик буола сылдьыбыт. Дьаакып ону кэтэһэн сытар. Баай оҕонньор тоҥон ыксаан: “Бу киһи туох буолла, утуйда дуу?” диэн, хаста да туран хаһыытаары гына-гына, Дьаакып урут хаһан да сыыһа туттубатаҕын билэр буолан, тулуйа сатыы олорбут. Сарсыарданан үрүҥ күн барахсан көмүс сардаҥалара уҥуоргу кэрии тыа төбөтүн күлүмүрдүү сырдатан эрдэхтэринэ, били тоҕус андыбыт кэмниэ кэнэҕэс кэккэлэһэ олохторун булан олороотторун кытта, Дьаакып саата дьэ эстэн ньиргийэ түһэр! Нэһиилэ тулуйан олорбут баай сүүрэн киирэн көрбүтэ: тоҕус анды тохсуон мас икки өттүгэр ыһылла сыталлар. Алларааттан киһитин саҥата: “Тойонуом, мууспун тэпсэн босхолоо эрэ!” –
диир. Дьаакып тарбыйах соно, ыстаана чалбахха хам тоҥон, кыайан турбакка сытар үһү. Ити баҕас, арааһа, кэпсээн омуна, күүркэтиитэ буолуо ээ. Дьэ, ол курдук улуу сааһыт Киччэччи Дьаакыба биир буулдьанан тоҕус андыны ылбыта үһү.    Саа туһунан кэпсэппиччэ, манныгы кэпсиим. Былыр биһиги тимир уустарбыт бэйэлэрэ тимири уһааран ылан ити этиллэр “биинтэ” сааларын оҥороллоро үһү диэн кэпсииллэр этэ. Тимирдээх таастарын Түҥ өрүс кытылыттан ылан уһаараллар эбит. Сааларын соҕурууттан кэлбит нуучча саатын үтүгүннэрэн оҥорон эрдэхтэрэ. Ол эрээри, дьэ чахчы да, мындыр уус дьон эбиттэр. Кинилэргэ туох да собуот үстүрүмүөнэ, тэрилэ эҥинэ суох буоллаҕа дии. Ол ким диэн ааттаах-суоллаах уустарын билбэппин, баҕар, истибитим буолуо да, умнубуппун.    Аны туран, саа сэбэ – буорах, сибиниэс дэҥҥэ көстөр күндү мал буолар үһү. Холобур, тииҥи ыталларыгар буулдьалара тииҥи курдары ааспатын суоттаан буораҕын куталлар эбит. Онтуларын ороон ылан хат иитэллэр.    Биирдэ Арҕаа Маҥаас дьоно Көҕөрөөн уонна Ньыччах тииҥнии бараллар. Биир саалаахтар, буорахтара син баар эбит да, буулдьалара биир эрэ үһү. Хаһыс эрэ тииҥнэрин ыппыттара – буулдьалара курдары көтөн ааспыт. Ыппакка көрөн турбут Көҕөрөөн саҥата “ба-ба-баа!” эрэ диэн хаалбыт. Хайыахтарай, салгыы аны маһы кэрдэн тииҥнии бараллар. Ол аата, биир киһи тииҥи олорор маһын кэрдэн түһэрэр, иккис киһи ыстаммыт тииҥи илиитинэн хабан ылар. Онтон таҕыстаҕа буолуо, саха өһүн хоһооно: “Тииҥин охторторон баран, тииҥин хомуйар” – диэн. Наһаа модьу, чаллах тиити кэрдибэттэр ини, синньигэс мас түбэстэҕинэ кэрдэллэрэ буолуо.   Илья Прокопьев, Үөһээ Бүлүү.
kyym.ru сайтан