Кэпсээ
Войти Регистрация

Саҥа дьыл бүппүтэ үчүгэйин...

Главная / Кэпсээн арааһа / Саҥа дьыл бүппүтэ үчүгэйин...

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
11.01.2019 12:29
Ксения Александровна оҕолорун утутан баран, тыаһа-ууһа суох көмпүүтэрин иннигэр олорон интэриниэтин арыйда. Оҕонньоро Бүөккэ мунна наһаа да улаханнык тыаһыыр буолбут. Саалаттан маныаха диэри дуорааннанан иһиллэр. Ити эмиэ ыарыы үһү, Бүөккэни ЛОР бырааска сырытыннарыахха баара... Бүгүн Эргэ саҥа дьыл диэн бырааһынньык түмүктэнэр. Дьиҥэр, бөлүүн аастаҕа дии. Бүгүн 14 чыыһыла ээ. Ксения Эргэ саҥа дьылы улахан бырааһынньык курдук аахпатар даҕаны, дьон-сэргэ өрүкүйбүтүгэр көҕүйсэн, оннук дэлэгэйдик да буолбатар, син салаат оҥостон, бэрэски, бискибиит оҕото буһарынан, эргэ дьылын атаарда. Интэриниэт тугу кэпсиир эбитий? Кэм даҕаны бырааһынньык быһылаана суох ааспатах. "Дьокуускайга Сэргэлээх шоссетын 7-с км уол оҕоҕо дьэллик ыттар саба түспүттэр". Бу алдьархайы. Кинилэр эмиэ бу шоссеҕа чааһынай дьиэҕэ олороллор буолбаат! Аҕалара үлэлии сылдьар кэмигэр оҕолор да, Ксения бэйэтэ да сатыы сылдьаллар. Бу эргин чааһынай сиэктэр буолан, дьэллик ыт туох да хара баһаам. Ону таһынан ДСК, Птицефабрика даачаларыттан үөрүнэн мусталлар. Хаһаайыннара ыттарын кыһынын кыбартыыраларыгар илдьэ көспөт буоллахтарына, тоҕо эмиэ ыттаналлар-таймаланаллар? Ыты киһи доҕоро дииллэр да, ким билэр... Ыт диэн ааттыын ыт. Ксения дэриэбинэҕэ олорор төрөппүттэрин ыттарыттан кытары куттанар. Үйэтигэр биир да ыты ииттибэтэҕэ. Оҕонньоро даҕаны ыкка эҥин соччо ымманыйбат киһи. Күн сарсын кини куорат дьаһалтатыгар эрийэн, бу быһылааны отчуоттатыаҕа. Онуоха баҕас чыын-хаан баар аҕай дьахтара. Кэм да "сарсын 48 кыраадыс тымныы буолар" диэн суруйбуттар. Ситэри 50 кыраадыс тымныы буолуоҕун. Бачча тымныыга оҕолору оскуолаҕа таскайдыахха наада. Саатар, бу сүллүүкүннэр баҕайылар хаһан киирэн абырыыллар, тымныы арыый сымныа этэ. "Сүлүүкүннэр тахсар кэмнэригэр тымныы бөҕө түһэр" диэн, уруут-урут киниэхэ эбэтэ эмээхсин кэпсиир буолара. Бу маҕаһыыннарга Саҥа дьылынан арааһынай чэпчэтии бөҕө буола турар эбит диэн суруйбуттар. Киһи кыһыйыах, Саҥа дьыл кэннэ, киһи харчыта бүтэн, сиэбэ чарааһаан сырыттаҕына оҥороллор. Быйылгы Саҥа дьылы баҕас кинилэр ыал дэлэгэйдик ыллылар. Өрүү буоларын курдук, тыаттан-куораттан бары аймахтара Ксениялаах киэҥ-куоҥ чааһынай дьиэлэригэр мустан бырааһынньыктаатылар. Аска-үөлгэ төһө барбытын ким ааҕан ситиэ баарай?! Ону таһынан аймахха-чаҕарга барытыгар, хас биирдии кэлбит ыалдьыкка оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ сыаналаах бэлэхтэри туттартаатылар. Оттон ыалдьыттар уонна аймахтар кинилэргэ иһит-хомуос, халандаар уонна тоҕо эрэ болокунуот бэлэхтээбиттэр. Иһитэ-хомуоһа тутайбыта буолуо диэн эрдэхтэрэ. "Арба, мин иһитэ-хомуоһа суохпар киһи бөҕөтүн мунньан аһата-сиэтэ олордоҕум буолуо" диэн, Ксения үгэргээн ылла. Бэйэ-бэйэҕэ сылга биирдэ сыаналаах бэлэҕи оҥорсуу улаханнаах эбит. Биирдэ баран ыллахха, аймахтара бары даҕаны кыанар, үлэлээх-үөрэхтээх интэлигиэн дьон эбээт. Оттон болокунуот туһунан санаатаҕына, кини санаата букатын алдьанар. Арай, уоскутунара диэн, оттон кинини "дьыалабыай киһи былаанын-тойун суруннун" диэбиттэрэ буолаахтыа... Аҥаардас сөлүүккэ 18 тыһыынчаны куттахтара үһү. Биир да аймах сөлүүт атыылаһан аҕалбатах. Эмиэ Ксениялаахха сэлээннэммиттэр. Кинилэргэ сылын аайы бэлэм аска кэлэн аһаан-сиэн, үөрэн-көтөн барар үчүгэй буоллаҕа. Ксения Саҥа дьыл күн аатын умнуор
диэри ас астаабытын санаата. Саатар, биир даҕаны дьахтар эрдэ кэлэн көмөлөспөтөҕө. Аһыыр саҕана биирдэ кутулла түстэхтэрэ үһү. Быраатын ойоҕо Даша ол күн массааска сылдьыбыт уонна икки чаас "от души" баанналаммыт үһү, өссө эбиитин ыбылы киэргэммит, оҥостубут. Оттон убайын ойоҕо Маша күнү быһа Саҥа дьыллыыр былаачыйа көрдөөн этэрбэһэ элэйбит аатырар. Сымыйата, эрин массыынатыгар олорсо сылдьан маҕаһыын кэрийбитэ улаханнаах эбит. Устудьуон балтылара Оля, үһүс сылын үгэс быһыытынан, "Елки 3" киинэҕэ барбыта уонна киэһэ алта саҕана биирдэ хоочугураан кэлбитэ. Оттон Ксения барахсан аһылык иннинэ соло булан ыраас таҥас да кэппэтэҕэ, баттаҕын да суумматаҕа. Аны туран, Ксения эрин эдьиийэ Вера ол күн сылайыар диэри үлэлээбит аҕай үһү. Кини хантан үлэлиэй, чааһынай маҕаһыыныгар бэрэдэбиэстэрэ үлэлээтилэр ини. Ол киэһэ Биэрэ ыбылы аһаан-аһаан баран, эмис иһин имэринэ-имэринэ: "Иһити кыргыттар бэйэҕит сууйар инигит" диэн, хаахынас куолаһынан дьаһайа-дьаһайа, тахтааҕа тараллан сыппыта. Киэргэмсэх кийииттэр уонна балта барахсан 12 чаас кэннэ, имнэнсэн баран, "Зодиакка" үҥкүүгэ ыстаммыттара. Аһаан-сиэн кимириппит элбэх чааскылардаах уонна бүлүүһэлэрдээх, ыскааптан дэҥҥэ оронор курустаал бакааллардаах, бүтүннүү окорочка сыата-арыыта буолбут духуопка лиистэрдээх кирдээх иһит-хомуос эгэлгэтэ Ксения иннигэр өрөһөлүү кыстаммыт курдук этэ... Бу Интэриниэккэ туристыыр фирма эгэлгэ эрэкэлээмэтэ бөҕө баар эбит. Айабыын, Саҥа дьыл саҕана кэлии-барыы бөҕө буолбут быһыылаах. Эһиил баҕас аймахтарга хамначчыттаабакка, билиэт атыылаһан, итии дойдуга көтөн хаалыллыа. Эммалаах курдук. Эммалаах тоҕо эрэ Саҥа дьылы наар атын дойдуга көрсөллөр. Оттон Ксения атын итии дойдуга ол "Саҥа дьыллара Саҥа дьыл курдук буолар үһү дуо?" диэн уорбалыы да, бэркэ саарбаҕалыы да саныыра. Быйылгы мучумаан кэнниттэн баҕас санаата уларыйда. Ол манныктан. Эммалыын Ксения бииргэ үлэлииллэр. Мааҕын сарсыарда Ксения үлэтигэр тиһийбитэ, күн уотугар молооруччу сагаардаабыт Эмма, ким-хайа иннинэ үлэтигэр эрдэлээн кэлэн, тула дьахталлары мунньан, кэһиитин сакалаат үллэрэн "Сир саарын хайдахтаах курдук эргийэн кэлбитин" ыһа-тоҕо кэпсээн үллэҥнэтэ олорор эбит. Тулатыгар мустубут кэллиэгэлэрэ сакалааты айахтарыгар тобус-толору хааланан олорон хаартыска көрөллөр, харахтара быччайа-быччайа омун-төлөн кытаанаҕа буолбуттар. Ксения киирэн кэлбитигэр кинини кэтэһэн арыйбакка олорбут "банановай виноларын" үллэрэр түбүккэ түстүлэр. Ок-сиэ, тоҕо бэрдэй! Хаартыскаларга, чахчы да, киһи эрэ ымсыырыах – Эмма оҕонньорунуун кокос үүтүн иһэ-иһэ шезлоҥҥа сагаардыы сыталлар; оттон бу – сулуону миинэн хатааһылыы сылдьаллар; оттон бу – күн киириитэ муора кытыытыгар сыллаһа тураллар. Ксения Бүөккэтиниин, ама, итинник сылдьыбат буоллахтарай, сылдьыа бөҕө эбиттэр. Бу олоххо Бүөккэбиниин муора кытылыгар туран сылласпыт киһии... “Эһиил хайаан да муораҕа Саҥа дьыллыы барар эбиппит!” диэн баран, Ксения хараҕын симэн, көмпүүтэрин кириэһилэтигэр тиэрэ түспүтэ. Бай, түүн икки чаас буолбут. Түргэнник утуйа охсуохха наада. Сарсын алтаҕа туран оҕолору оскуолаҕа ыытыахха наада. Саатар, оскуолалар баҕайылар оҕолору аҕыстан үөрэтэллэр. Аһымматтар даҕаны... Котокуларым ууларыгар аҥаарыйа-аҥаарыйа нэһиилэ уһуктаахтыыллар ээ... Дьиҥэр,
Ксения урут оннук санаабат буолара. Оҕо барыта аҕыстан үөрэнэрэ ирээт курдуга. Ону баара, үнүр тэлэбиисэргэ Познер биэриитигэр актриса Рената Литвинова интервьютун көрбүтэ. Олус кэрэ бэйэлээх Рената, төбөтүн кыҥначчы туттан олорон, бып-бытааннык маннык диэн кэпсээбитэ: – Мин оҕобун Ульянаны Францияҕа үөрэттэрэбин. Онно Арассыыйаҕа курдук сордооботтор. Оҕо сарсыарда үчүгэйдик, уутун ханан уһуктар. Онтон оскуолатыгар тиийэр. Педагогтар кинини кытта улахан киһи курдук кэпсэтэллэр. Мөхпөккө-эппэккэ үөрэтэллэр. Тугу өйдөөбүтүн, өйдөөбөтөҕүн барытын лаппыйан ыйыталлар. Мин ити кып-кыра оҕолору дакылаат эҥин аахтаран муҥнуулларын отой өйдөөбөппүн. Син биир барытын төрөппүттэрэ суруйан биэрэллэр... Оҕо бэйэтэ ону өйдөөбөт. Кини ону өйдүүр да кыаҕа суох буоллаҕа... Уой, Рената ити курдук элбэҕи-элбэҕи эппитэ. Хаарыаны, баай буолан баран, оҕолорбун бу тымныыга оскуолаҕа илдьибэккэ, учууталлар бэйэлэрэ кэлэн дьиэҕэ үөрэтэллэрэ буоллар... Биһиэнэ биһиэнин курдук, барыта уопсай, төрөппүт бэйэтин санаата диэн суох. Оҕолорбут кыра эрдэхтэриттэн саҕалаан кырдьыахтарыгар диэри судаарыстыба тутулугар бас бэринэн, дьылҕалара оннук салаллан олоруохтара буоллаҕа... Ксения Саҥа дьыл иннинэ кылаас төрөппүттэрин мунньаҕар сылдьыбыта. 27 оҕолоох көннөрү кылааска араас ыал оҕолоро үөрэнэллэр. Ким эрэ кинилэр курдук, кыанар-сэниэ төрөппүттэр, сорохторо отой да арыгыһыттар дуу? Биирдэ да мунньахха кэлбэттэр. Ксения Александровна Сашатын кытта бииргэ үөрэнэр Павлик ийэтэ Анна балыыһаҕа саньытааркалыыр. Саҥа дьылга оҕолор бэлэхтэригэр уопсай сүбэнэн 700 солк. кыттыһыаҕыҥ диэн буолбута. Анна мунньахха сылдьыбыта эрээри, харчынан кыттыспатаҕа. – Мин оҕобор бэйэм 250 солк. даҕаны бэлэх оҥоруом. Ол тоҕо ала-чуо 700 солк. буолуохтааҕый? Оттон оскуола Саҥа дьыла буолуон иннинээҕи күн, уолун дэриэбинэҕэ аймахтарыгар ыытан кэбиспит үһү. Арааһа, син киһи эрэ буоллар “атын оҕолор бэлэхтэрин көрөн оҕом хомойуо” диэтэҕэ. Арба, бу харыйаны хомуйан да кэбиспит киһи. Өрөбүллэргэ хомуйаары гынан баран, Эргэ саҥа дьыл буола илик диэн тыыппатахтара. Ксения дьуолкаттан оонньуурдарын хомуйан дьааһыкка кыстаата. Гирляндаларын туспа салапааҥҥа суулаата. Онтон этэрбэһин кэтэн, харыйатын хороччу туппутунан, таһырдьа таҕыста. Лесхозтартан аатыыласпыт дьуолката. 700 мөһөөх курдук сыаналаах этэ. “Иннэтэ таммалыы сытыйан, эһиил оҥоһуу харыйаны туруоруллуо”, – диэн баран, күрдьүккэ батары анньан кэбистэ. Алла Черемкина.
kyym.ru сайтан