Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сыгаан таптала
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сыгаан таптала
K
edersaas.ru
Категорията суох
14.12.2021 20:15
Соторутааҕыта «Сахабулт» маҕаһыыныгар көрбөтөҕүм ырааппыт табаарыспын Миитэрэйи кытта ыы муннубутунан кэтиллэ түстүбүт. Чугас баар кафеҕа баран олоро түстүбүт. Миитэрэй иккистээн ыал буолбутун кэпсээтэ. Дима туһунан кэпсээммин ыраахтан саҕалыым. * * * Наташа Уманова Амбросьев Дималыын (Сыгаанныын) иккиэн бииргэ оскуоланы бүтэрбиттэрэ. «Оскуола-производство-ВУЗ» диэн дорҕоонноох ыҥырыынан сиэттэрэн, кылаастарыттан элбэх буолан сопхуоска үлэлии хаалбыттара. «Трактороведение» уруогун эксээмэнин ситиһиилээхтик туттарбыт уолаттар тырахтарыыстыыр буолбуттара. Атыттар куруусчуттуу, оробуочайдыы, сылгыhыттыы барбыттара. Кыргыттар пиэримэҕэ дайааркалыы, бороон көрө тахсыбыттара. Наташа дьүөгэлэрин Лизалаах Октяны кытта «Кэскил» МТФ-га ыанньыксыттыы киирбиттэрэ. Ити, «молочно-товарная ферма» диэни кылгатан этэллэрэ. Кырдьаҕас дайаарка Анастасия Егоровна настаабынньыктаах, үрүҥ илгэни үксэтэр, чэпчэкитэ суох идэҕэ сыстан барбыттара. Дима, атын уолаттар кэриэтэ, оскуоланы бүтэрэригэр трактороведение эксээмэнин ситиһиилээхтик туттаран, тыраахтары ыытарга быраап ылбыт буолан, эргэ, халлаан күөх кырааскалаах МТЗ-80, «Беларус», көлөнү тэһииннээбитэ. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр, Дима «а», Наташа «б» кылаас буолан, кыра уонна орто кылаастарга улаханнык алтыспаттар этэ. Арай, бүтэрэр сылларыгар доҕордоспуттара. Бастакы таптал килбик иэйиитэ эдэрдэр сүрэхтэригэр уйаламмыта. Дималаах Наташа үлэлэрин кэнниттэн саҥа, киэҥ кулуупка киинэҕэ кэлэн, кэнники эрээккэ, кытыыга, кэккэлэhэ олорор буолбуттара. Таптал туhунан хартыынаны көрдөхтөрүнэ, долгутуулаах түгэҥҥэ, уол кыыhы илиитин таарыйан, имэрийэн ылара. Оччоҕо Наташа хараҥаҕа имэ тэтэрэрэ, түөhүн иhигэр сылаас сүүрээн биллэрэ. Субуоталарга кулуупка буолар үҥкүүгэ кинилэр иккиэн бииргэ сылдьар буолбуттара. Диманы ахсыс кылаастан сөбүлээбит, кубаҕайыгар эбии пуудараланан өссө тунал ньуурдана сатыыр, баттаҕын бастакынан хиимкэлэтэн, сырдатан, «алта ыйдаах» куудараламмыт Таня Слепцова күнүү сымалалаах уотугар сиэтэн, букатын иэдэйбитэ. Кини Сыгаантан уонна Умаантан (Наташаны итинник ааттыыра) биир сыл балыс эрээри, эрдэ сиппит буолан, түөhэ мөтөйөн, самыыта ласпайан, хата, ордук саастаах курдук көстөрө. Таня санаатыгар, Дима Амбросьев киниэнэ эрэ буолуохтаах этэ. Таня икки сылы быhа уол болҕомтотун тардаары, иннигэр-кэннигэр түhэн биэрбитэ да, Сыгаан киниэхэ наадыйбат этэ. Биирдэ эмэ аҕыйах тылынан бырахсан кэпсэттэхтэринэ, «обоже»-та мичээрдээн ыллаҕына, Таня олус үөрэрэ. Санаатыгар, Дима кинини эмиэ чугастык саныыр курдуга. Онто ханна баар?! Оскуола кэнниттэн ити, Умааннар Натааhаларын кытта куодарыhар буолла дии… Хап-хара, будьурхай баттахтаах, кылгас эрээри хойуу кыламан тулалаабыт киэҥ харахтарыгар мичээр биллибит да буоллар, уоhун ньимиччи туттубут Дима хаартыскатын сыттыгын анныгар укта сытан, Таня «Сыгаанчыгын» туhунан арааhы бары эргитэ саныыра… Эhиилигэр Дима кылааhын уолаттарын кытта аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. Наташа халлаана кытта боругурбукка дылы буолбута: таптыыр уола суох икки сылы хайдах аhарарын сатаан санаабат этэ. Сулууспатын маҥнайгы сылыгар Сыгаан Наташатын суруктарынан кэм-кэрдии барарын ырыҥалыыра. Онтон, биирдэ, Таня Слепцоваттан сурук кэлэн, уолу аймаабыта. Таня дэриэбинэ сонунун суруйан баран, кэннигэр, Наташаны киинэ кэнниттэн Аспириин Баанньа атаарарын суруйбут этэ. Сарсыныгар Дима Наташаҕа сурук суруйбута, кэмбиэрин иһигэр Таня суругун холбуу уган ыыппыта. Нэдиэлэ буолан баран, Наташаттан харда кэлбитэ. Кыыс Аспириин биирдэ кинини, кырдьык, атаарбытын суруйбут этэ. Ол атаарарыгар Баанньа сотору Агашаны (Сэмэнчик эдьиийин) кытта ыал буолан, биэчэр тэрийэр былааннаахтарын кэпсээбит уонна Наташа Галялыын «Хайгыыр хара харахтааҕым» диэн ырыаны ыллыылларыгар көрдөспүт. Сыгаан кыыс суругун ааҕан баран, санныттан ыар сүгэһэри түһэрбиттии, үөһэ тыыммыта. Иккис сылыгар Дима суруга сэдэхсийэн барбытыгар, бастаан утаа, Наташа: «Сулууспатыттан ордубат ини», — дии санаабыта. Диэмбэллэнэрин чугаһыгар уолун суруга кэлбэт да буолбута. Сыгаан Дима сулууспатын иккис сылыгар байыаннай чаас связистката Зинаны кытары билсибитэ. Дима «фазан» буолбут кэмигэр кинилэр «улахан дьоннуу» таптаспыттара. Ханна эрэ, ыраах, дойдутугар хаалбыт Наташатын уобараһа өлбөөдүйбүтэ. Уол связист кыыска ыал буоларга тыл көтөхпүтэ. Зина тута сөбүлэспитэ. …Аармыйаттан Дима нуучча кыыһа кэргэннээх кэлбитэ… * * * Сыллар ааспыттара. Таня Слепцова Новосибирскайга үөрэнэ сылдьан тувинец уолу кытта холбоспута. Диплом ылан баран, кэргэнин дойдутугар, Кызылга, барсыбыта. Дойдутугар кэлэ сылдьан, эһиилигэр, Наташаны көрсөн, Амбросьевка олус майгынныыр уолга кэргэн тахсыбытын кэпсээбитэ. Наташа, бастаан утаа, Дима таҥнарбытыттан санаата улаханнык самнан, сыл кэриҥэ үлэтинэн эрэ олорбута. Ханна да сылдьыбат, барбат-кэлбэт буолбута. Мэктиэтигэр, хаҕа эрэ хаалан, иинэ хаппыт курдук буолбута. Эһиил сайыныгар, дьонун күһэйиитинэн, Дьокуускайга үөрэнэ барбыта. Сүрэҕин бааһа арыый чэрдийэн, кэм-кэрдии дууһатын түгэҕэр сөҥпүт ыар санаатын сайҕаан, арыый чэпчээн эрэр кэмэ этэ. Кини уолаттарга букатын итэҕэйбэт буолбута. Абитуралыы сылдьан, билсэ сатаабыт икки-хас уолу төрүт чугаһаппатаҕа. Финансовай техникумҥа кэбэҕэстик киирбитэ. Эбэтэ этэринэн, «кулгаахтыыр» идэтин ылбыта. Покровскайга улуус байаҥкамаатыгар булгаахтырынан ананан тахсыбыта. * * * Дима дойдутугар кэлэн, эдэр ыал утуу-субуу икки кыыстаммыттара. Сыгаан тыраахтарын уруулугар олорбута, кэргэнэ оҕо саадыгар ньээньэлээбитэ. 90-ус сыллар ортолоругар кыыс дойдутугар, Читаҕа, көспүттэрэ. Дима ол-бу быстах үлэҕэ сылдьыбыта. Харчылара туохха да тиийбэт этэ. Онон, кыһалҕаттан, Зина «чолнуоктаан» саҕалаабыта. Астра уонна Маша диэн урбаанньыттаан эрэр эдэрчи дьахталлардыын куомуннаһан, Кытайтан табаар киллэрэн атыылыыр буолбута. Чэпчэки сыаналаах таҥас, оҕо оонньуура хамаҕатык барара. Аҕыйах сыл биллибэккэ ааспыта. Зина дьүөгэлэрин кытта оборуоттарын улаатыннаран испиттэрэ. Онтон, биирдэ, алтынньы ортотугар Зина: «Таксинан сотору барыам», — диэн смс-таан баран, дьиэтигэр кэлбэтэҕэ. Сарсыныгар эмиэ биллибэтэҕэ. Суотабайа «абонент временно недоступен» диэн мэхэниичэскэй куолаһынан эриэ-дэхситик хардарара. Иккис күнүгэр Дима полицияҕа кэргэнэ сүппүтүн тыллыы барбыта. — Күүлэйдээн баран кэлиэ. 3 хонук кэнниттэн, көстүбэтэҕинэ, сайабылыанньа ылабыт, — диэбитэ дьуһуурунай, эдэр лейтенант уол. Астралаах Маша бодуруугалара ханна барыан сөбүн эмиэ билбэттэрэ. Зина көстүбэтэҕэ… Дима кэргэнин сүтэрэн, аһыы утаҕы амсайар буолан барбыта. Икки сыл буолан баран, дьиэтин атыылаан, кыргыттарын илдьэ Саха сиригэр эргийэн кэлбитэ. Дьокуускайга икки этээстээх арболиит дьиэҕэ үс хостоох кыбартыыра ылбыта. Бастаан утаа автодорга киирэн, тырахтарыыстаан, грейдеристээн көрбүтэ. Онтон ЖКХ-ҕа көспүтэ. Олохторо оннун-тойун булан барбыта. Кэм-кэрдии баран испитэ. Кыргыттара Оксана уонна Лира утуу-субуу оскуоланы бүтэрбиттэрэ. Эбэтэ: «Сиэнчэрим», — диэн таптаан ааттыыр улахан сиэнэ, Оксана, юридическайга киирбитэ. Нууччата ордук баһыйбыт, сырдык баттаҕа намчытык эриллэ сылдьар кыра кыыс, Лира Амбросьева, тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар бэтэринээргэ туттарсан киирбитэ. Кини идэ ылан, дьиэ кыылларын эмтиир чааһынай килииньикэ астар былааннаах этэ. * * * …Сайын, куйаас аҕырымнаан эрдэҕинэ, биир киэһэ, Наташа Уманова үлэтин кэнниттэн 15-ис оптуобуһунан дьиэлээн испитэ. Билиибин уулуссатыгар турар дьиэтигэр сыантыртан чаас аҥаарыттан арыый ордугунан тиийэрэ. Кини Покровскайтан былырыын куоракка киирбитэ. Уолун Славаны классическай гимназияҕа биэрбитэ. Биир тохтобулга икки саас ортолоох эр дьон киирэн, кэнники түннүк аттыгар турбуттара. Аныгыскы тохтобулга олортон биирдэстэрэ, оройо хаччаҕайданан эрэр, хара шортиктаах, от күөх, кэҥээн хаалбыт путбуолкалаах эрдьигэн, тахсыбыта. Хаалбыт киһи бастаан кылгас сиэхтээх сырдык соруочукатын түөһүн сиэбин хастыбыта, онтон эргэрэн, сырдаан, маҥхайан эрэр джиинсатын кэнники сиэбиттэн экраана сурааһыннаах мобиилатын таһаарбыта. Кимиэхэ эрэ эрийбитэ уонна күө-дьаа кэпсэтэн барбыта: «Даа, даа, мин, мин! Представляешь, автобуска баарбын! Массыынабын туура тутан ыллылар, гаишниктар… Оттон, кыраны амсайбытым… чэ, чэ, лаадына, лаадына, с кем не бывает? Чэ, сөп, даваай!» Наташа ити куолаһы тута билбитэ. Эргиллэн көрбүтэ, кини бастакы таптала – Дима турара. Амбросьев телефонун сиэбигэр уктан баран, иллэҥ олбоххо кэлэн олорбута. Уманова бастаан утаа оптуобустан түһүөҕүн баҕарбыта. Онтон, дьиппинийэн баран, кынтаччы туттан, таастыйбыттыы, суоппар түннүгэр иилиллибит хара чётка нэксиэҕэ биэтэҥниирин одуулаһа олорбута. Аныгыскы тохтобулга хас да киһи түһэн, солуоҥҥа дьон биллэ аҕыйаабыта. Динамиктан тохтобуллары биллэрэн, эдэр дьахтар эрчимнээх куолаһа нууччалыы-сахалыы чоргуйара. Уулусса быыла өрүкүйэрэ түннүгүнэн көстөрө. Быраан диэкинэн үөһэнэн үрүҥ былыттар тунаара усталлара. Эргииргэ, арай, кэннин диэки охтор тыас лүһүгүрээбитэ. Наташа эргиллэ биэрбитэ. Сыгаан охто сытара. Утуйан хаалан, тутуспакка, сууллан хаалбыт этэ. Тура сатаан үнүөхтээбитэ. — Помогите кто-нибудь человеку! – кондууктар кыыс улаханнык саҥа аллайбыта. Ким да оннуттан хамсаабатаҕа. Дима тура сатаан үнүөхтүүрэ. Наташа тулуйбатаҕа, туран, сулбу хааман тиийэн, окумалыттан ылан турарыгар көмөлөспүтэ. — Оо, махтал, махтал! – Миитэрэй доргуччу эппитэ уонна дьахтар сирэйин-хараҕын одууласпыта, — эйигин билэр курдукпун… — Дима, бу туох буола сылдьаҕын?! – Уманова кытаанахтык саҥарбыта, ытыстарын соттубута уонна аттыгар олорбута. — Ама дуу? Натааһаа, эн эбиккин дуу… — киһитэ мичээрдээн, маҥан тиистэрэ кэчигирээбитэ, сирэйэ ис киирбэх көрүҥнэммитэ… * * * Соһуччу көрсүһүүттэн ыла биир сыл ааспыта. Миитэрэйдээх Наталья холбоспуттара. Киһи сөҕүөх, оҕолоро тута уопсай тылы булан, саҥа ыал иирсээнэ суох олорон саҕалаабыттара. Максим Ксенофонтов Хаартыскалар: mk.ru, idealtrip.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан