Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ыстапаан тиргэтэ (Кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ыстапаан тиргэтэ (Кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
20.03.2024 10:00
Икки күннээх ардах кэнниттэн, дьэ, халлаан ырааһыран күн да күн буолбут. Дьиэҕэ чуҥкуйан олорбут уолчаан мантан олуһун үөрдэ. Кини астына утуйан тураат, аһаабыта буолаат таһырдьа талаһар. Ардах, былыт күн санаата түһэр, онтон күннээх күн киниэхэ туохтан да күндү. Кини итинник таһырдьа тахсан туруутугар ньирэй көрөөччү Ыстапаан сыарҕалаах оҕуһун миинэн ааһан иһэр буолааччы. Ыстапаан кинини көрдөҕүнэ тохтоон :»Хайа, барсаҕын дуо?» — диэтэҕинэ улгумнук сөбүлэһэр. Оччоҕо Ыстапаан оҕуһуттан түһэр уонна уолчааны көтөҕөн ылан оҕус үрдүгэр олордон кэбиһэр. Бэйэтэ тугу киҥинэйэн ыллыыра дуу, кэпсиирэ дуу иһиллэр иһиллибэт саҥалаах оҕуһун сиэтэн киэҥ-киэҥник хардыылаан, ньирэйдэрин титииктэрин туһаайыытынан хаампытынан барар. Тоҕо эбитэ буолла, кини уолчааны сөбүлүүр. Баҕар биир ааттаахтарын иһин эбитэ дуу. Кэлин санаата өссө көнньүөрэн сылдьар. Кэргэнэ сотору оҕолонуохтаах. Уолчаан өтөх оҕото үгүс элбэх дьарыга суох буолан бу маннык барсарын куттаннар да аккаастаммат. Ордук оҕус үрдүгэр соҕотоҕун олортоҕуна бастааан утаа аһара куттанара. Ытаан түһэн сатыылыан баҕарталыыра да, утары саҥарар дьоҕура суох буолан, бу маннык барсаахтыыр. Толугуруу мөхсөр сүрэҕэ устунан уоскуйан бардаҕына уолчаан бэйэтигэр эрэлэ улаатара. Холкуос хотонноро турар үрдүк өтөҕүттэн аллара түһэн, Алаас атаҕын уолбатын нөҥүө арҕаа үрдүк сиргэ холкуос ньирэйдэрин титиигэ баара. Бүтэй элбэх буолара. Барыта сүллүгэс ааннардааҕа. Ол онно кэлэн тохтоотоҕуна уолчаан санаатыгар кыраман үрдүктэн сэрэнэн түһэрэ. Көмөлөспүт киһи диэн санаалааҕа да Ыстапаан аанын аспыта-саппыта түргэн буолара. Аан аһыллан киирээри дуу, тахсаары дуу гынар сүөһүлэри үүрэрэ. Дьэ, ол ону кыайара. Хата, эрдэттэн бэлэмнээбит талаҕа сытарын ылла да аантан сүөһүлэри үүртэлээбитинэн барара. Ол талаҕын кэлин наада буолуо диэн хайаан да ол сиригэр төттөрү уурара. Ордук кини уолбаны туорууртан куттанара. Эрдэттэн билэр буолан сыарҕаҕа олороро. Бу сырыыга оҕус арҕаһын тимир буочука көхсө солбуйара. Толору кутуллубут үүт дьалкыҥныы иһээччи. Оҕус бадарааҥҥа дириҥник тирэнэрэ. Эмискэ-эмискэ дьигис-дьигис гынан ыараабыт сыарҕатын соһоро. Бу сырыыга ардаан эбитэ дуу, уута өссө эбиллибит. Манна кус куруук баар буолар. Сорохтор төрүт да куттаммакка чугаһынан уста, хаамса сылдьар буолаллар. От бытыгырыыта, от мас көҕөрүүтэ уута ыраас буолара. Сайын ортотуттан уута уолан, ото үүнэн барар. Бу кэмнэргэ кустар айанныыр орохторо биллэн бараллар. Биир маннык айаҥҥа Ыстапаан бу сиргэ тохтоото. Буочука ойоҕоһуттан синньигэс мастары ылаттаан кыбынан кэбистэ. Саппыкытын уһата тардынна. Үөскэ киирэн барда. Үрдүк от быыһынан кус устан, тэпсэн суол оҥостубутугар тохтоон кырыылата биир маһы батары аста. Сиэбин хасыһан кылынан өрүллэн оҥоһуллубут туһахтары хостотолоото. Уолчаан саба түһэр кумаардартан, күлэмэнтэн Ыстапаан кытыыга бырахпыт дэйбииринэн сапсына-сапсына кинини дьиктиргээбиттии одуулаһар. Туһаҕа эриллэ турарыттан кыһайан дуу, эбэтэр кыймаҥнас кумаардартан эбитэ дуу Ыстапаан соһуччу саҥарталаан ылар. Аспыт маһын утары кыра маһы тоһутан аста. Оннук курдук күрүөлүү хас да маһы анньыталаата. Төрөл оту үргээн онон-манан өйөннөрө уурталаата. Дьэ, төгүрүк туһах бэлэм буолла, утары маһыгар быһаҕынан хайа анньыы оҥортугар туһаҕын тыалга охсуллан сууллубатын, сыыллыбатын диэн синньигэс отунан эрийэ охсон кыбытан кэбистэ. Бу сырыыга туһах төгүрүк иитэ эрэллээхтик иилилиннэ. Итинник сыралаһан синньигэс уолба уутугар үс туһаҕы ииттэ. Бу кэмҥэ оҕус саҥардыы оҥоһуллубут чурумчутугар туомтуу бааллыбыт өрүү ситии быатыттан тутан турар уолтан быатын ылан, чугаһаабыт титиигин диэки хаама турда. Уолчаан оҕуһу ойоҕолоон үүрүөм диэбитэ соруттарыыта да суох түргэтээбит хаамыылааҕын иһин ааһан иһэр сыарҕа кэлин ылаҕар олорунан кэбистэ. Титииккэ кэллилэр. Ньирэйдэр мэҕириһэ көрүстүлэр. Күн чаҕылыччы тыгар. Хас да күөрэгэйдэр солбуһа ыллыыларын сэргээн иһиллээтэ. Ньирэйдэр титииктэриттэн Алаас ытыска уурбуттуу барыта көстөр. Сайын ортото бу хатыламмат кэрэ көстүү. Өлгөмнүк үүммүт ото тыалга байҕал уутунуу долгунура хамсаан түллэҥниир. Өссө да абылатан көрө олоруоҕун эргэ хотон сэмнэх буолбут эркинин кытыытыгар хойуутук үүммүт хаптаҕас уктаах бөлкөйүн диэкиттэн моҕотой тэбэнэттик чыскыйара иһилиннэ. Уолчаан туран ол диэки баран истэҕинэ көп истээх моҕотой кутуругун хоротон баран сиргэ сытар мас үрдүнэн сүүрэн эрэр эбит. Хаптаҕас уруккутунааҕар минньийбит курдук буолбут. Хараара кытарбыт бөдөҥ отоннорун сии-сии эргийэ баран истэҕинэ тигээйилэр дыыгынас саҥалара иһилиннэ. Уол тиктэрэн, ыарыытын билэр буолан салгыы барбата. Төнүннэ. Ыстапаан ньирэйдэрин аһата сылдьара. Биир ньирэй утары сүүрэн кэлээт хорос гына тохтоото. Ыраас сырдык харахтарынан одуулаһар. Уолчаан кинини имэрийэ туран илиитин кини сырдык дьүһүннээх муннугар чугаһатан эрдэҕинэ, хап гына уобаат эмэн киирэн барда. Ыстапаан:» Эс топпотох дуу, онтон иһиҥ көппөйбүтэ сүрдээх дии, мэ, маны эмтэр ,»-диэт хара эрэһиинэ суоскалаах бытыылканы туттаран кэбистэ. Уолчаан бытыылкалаах үүтү эмтэрэ туран ньирэйин саба түһэр сахсырҕалары, кумаардары куттаан сапсыйа турда. Сотору аһаабыт ньирэйдэрин анал мэччийэр күрүөлэригэр киллэртээтилэр Оҕустарын сыарҕаларыгар көлүйэн дьиэлиирдии тэринэн айаннара саҕаланна. Өтөр гымматылар тиргэлэээх уолбаларыгар бу тиийэн кэллилэр. Ыстапаан:»Тукаам, ол кытыы чэҥкээйи мас көстүбэт, баран көр эрэ «-диэтэ. Уолчаан сүүрэн тиийбитэ биир кус иҥнибит. Кынатынан сапсыныы бөҕө. Уолчаан сүүрэн кэлбитигэр соһуйбучча үөс диэки бара сатаата да, туһах ыыппата. Сүүрэн тиийээт маһы хостуу тарта. Кус мөхсүү, сапсыныы бөҕөтө. Чэҥкээйи маһын ороот кытыы диэки соһуста. Омуннаахтык мөхсөр куһун көрө-көрө сосуһа иһэн кыра дулҕа курдукка иҥиннэ да умса баран түстэ. Эмискэ холкутаабыт туһах түллэс гынан кэҥии биэрбитигэр төбөтүн босхолообут кус илгистэн ылла. Туһах биир уһуга туора баран түстэ. Босхоломмут кус үөс диэки дайбытынан барда. Уол тугу гыныан билбэккэ тэпсэҥэлии турдаҕына Ыстапаан тиийэн кэллэ. “Тукаам, туоххун да өлөрбөтүҥ ини. Ити көҕөн бэйэтэ эбит. Сарсын иккиэн көрүөхпүт. Бардыбыт. Бириэмэ ырааппыт,»- диэн этэрин кытта тиэтэйэ-саарайа оҕустарыгар бардылар. Дьэ, итинник этэ уолчаан тиргэҕэ бастакы сырыыта. Күн син биир чаҕылхайдык тыгара. Алаас күннээҕи олоҕо уларыйбакка биир тэҥник устара Алаас уолбатыгар, Кэнэли күөлүгэр кус саҥата аччаабатах курдуга. Кыырай халлааҥҥа күөрэгэй кынатынан тэлибирии, саҥатынан ырыа тыла таһааран биир кэм дьүрүһүтэ турара үчүгэй да этэ. Хонуу араас сибэккилэрин сыттара уоскута дууһаны сылаанньыталлара. Алаас Уола Хаандыга бөһ.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан