Кэпсээ
Войти Регистрация

Бааттаах түүл

Главная / Кэпсээн арааһа / Бааттаах түүл

K
edersaas.ru Категорията суох
01.12.2021 19:00
Үрэх бастарын өҥөйтөөбүт, тайҕа бастарын тайаммыт, эргэнэ хара тыаны эҥээрдэспит, сорсуннаах булчуттар, бултуйуох буоллахтарына Баай Байанай түүллэригэр дьахтар буолан илдьит ыытарын, булт диэн баран муннукка ытаабыт эр бэртэрэ бары да билэн эрдэххит. Мин бу кэпсээммэр биир оннук байанайдаах дьикти түүлүм туһунан кэпсии түһүүм дуу. Дьэ арай хас да сыллааҕыта уоппускабын балаҕан ыйыттан ылан күһүн аайы сүүрбэттэн тахса сыл бииргэ бултаабыт атаспынаан Дьөгүөрдүүн бултуу тахсаары тэринэн бардым. Күн аайы төлөпүөнүнэн туох наадатын, бу сырыыга хас буолан тахсарбытын, тайах, таба, улар билиэтин булааһына, сүүрүүтэ көтүүтэ, чэ быһата түбүк элбэх. Бу сырыыга үс эрэ буолар үһүбүт, Дьөгүөр уолугар Елипашка уоппуска биэрбэтэхтэр, онон тахсыспат буолбут. Хата, Аликпыт уоппускатын ылбыт, арай атын кыайан туппатах, онон бэйэтин бөлөрүүһүнэн тахсар буолбут, Дьөгүөр атын туппута ырааппыт, онон миигин аккын тута оҕус, аҕыйах  күн баайа түһэн баран Кыһылга тиийээр, биһиги онно баар буолуохпут диэн буолла. Кинилэр Хорулаттан эрдэ хоҥнуох буоллулар, мин Маартан Хорулаҕа дылы 7  көһү, онтон тийиэхтээх сирбитигэр дылы уонтан тахса көһү, барыта холбоон сүүрбэттэн тахса көһү аара үс,түөрт хонук айаннаан тийиэхтээхпин. Куруук оннук айанныыбын, аара үрэхтэр туорааһыннара эрэ мэһэйдээбэтэр, син болдьоммут кэмҥэ тийээччибин. Дьэ, дьонум хоҥнубуттара биир хоммутун кэннэ силигим ситэн, атым да баайыыта син ситэн хоҥуннум. Киэһээ Хорулаҕа тиийэн  хонон баран, анараа өттүн аара икки хонон, үһүс күнүгэр Борундуоҕа баар үүтээммитигэр тиийэн хоннум, онтон сарсыныгар Кыһылга бардым, икки аҥаар көһү баҕас  судуххайдык айаннаан Кыһылга эбиэт саҕана тийдим. Арай үүтээҥҥэ чугаһаан иһэн атым бэйэтэ да ахсым ат туохтан  эрэ сиргэнэн эмискэ туора ыстанан, чуут аппыттан охто сыстым. Аппын тэһиинин тардан тохтотон баран аппыттан түһэн саабын илиибэр ылан тулабын көрүннүм, аны туох эрэ кыыл баара буолуо диэн. Онтон аппын мииммэккэ сиэтэн бардым, үүтээн да биэрэстэ эрэ аҥаара хаалла, арай атым син биир таныытын тардырҕатар, суолу сыттаан көрө-көрө туора ыстана сатыыр, ол иһин суолу сирийэн көөртүм, тыраахтыр суолун устун онон манан тайах түүтэ ыһыллыбыт эбит. Ол аата сэрэйдэххэ Алик тыраахтарынан кэлэн иһэн дьиэҕэ туоруур суол төрдүгэр тайаҕы көрсө түһэн уол оҕото түҥнэри ытан түһэрэн баран дьиэ таһынааҕы лаабыска состорон илпит эбит диэн тойонноотум. Дьэ бэрт, дьиэҕэ тиийэн сыалаах мыычас сиир буолбуппун диэн үөрдүм. Дьиэҕэ чугаһаан баран лаабыска туораан көрөн аастым, лаабыс үрдэ сабыллыбыт, ол быыһынан тайах муоһа быга сытар. Дьэ бэрт, дьонум кэлээт да бултуйбуттар диэн, үөрэ-көтө дьиэҕэ тиийдим. Аппын баайаат дьиэҕэ киирдим, дьонум суохтар, остуолга улахан миискэҕэ бөдөҥ баҕайы эмис бэйэлээх буспут соболор сыталлар, оһох үөһэ сылаас чэй турар, бэлэм аһы  аһаан бардым. Оо, Кыһыл күөл собото барахсан эмиһэ, бөдөҥө, минньигэһэ, тото- хана аһаан баран, бээ, дьонум кэлиэхтэригэр дылы ыт уонна киһи күөһүн буһарыахха диэн буолла. Күөлтэн уу баһан таһааран баран тугу буһарабын диэн дьиэ таһыгар булуус курдук оҥкучахха тимирдиллэн турар буочуканы өҥөс гыммытым, биир  солуурга эмис баҕайы тайах этэ кырбастанан баран турар, биир солуурга бөдөҥ баҕайы собо. Ээ ыттарга собону, дьон аһылыгар сыалаах эти диэн, хостоон таһаарбытым. Арай тайаҕым этэ сыттаах баҕайы, аһыйбыт, хайдах хайдаҕый, бэҕэһээ, иллэрээ күн бултаммыт тоҕо аһыйыахтааҕый диэн мунаахсыйдарбын да, чэ оннооҕор буолуох сыттаах эт минньигэс буолааччы, бу айылаах эмис эти, ыкка буһарыам дуо диэн, киһи күөһүгэр буһараары сууйа турдахпына оруобуна Алик тиийэн кэллэ.  “Хайа, кэлбиккин дуу “, —диэн үөрүү-көтүү буолла.  Сатыы чугас эргин мас көтөрө  көрө бара сырыттым диэтэ, уол оҕото икки улардаах.Дьөгүөр атынан разведкаҕа барбыт, эмиэ эрдэ кэлиэм, киһибит бүгүн кэлэрэ буолуо, дьоро киэһэ буолуохтаах диэбит. Онтон Алик хайа бу эти киһи күөһүгэр буһараары тураҕын, пахай ыт күөһүгэр кут диэтэ, мин соһуйан: “Хайа, доо,ол ыттар хаһааҥҥыттан бу  айылаах эмис тайах этинэн аһыыр буолтарай, оттон ханнын, таҥкыччаҕын ханна гынныгыт диэбиппэр, киһим иһин бөрө сиэтэ ини, ити суолга өлө сытар  тайаҕы булбутум, туохтан өлбүтэ биллибэт, баас-үүт соччо суох курдук, арай иһин бөрө хостоон сиэбит быһыылаах, ону, хата, ыттарга буһаран сиэтээри состорон аҕалтым, быраас киһи лаабыска баран чинчийэн көр эрэ, аны дьааспаттан дуу, туохтан дуу өлтө буолаарай, оччоҕо уматар эрэ буоллахпыт”, — диэтэ. Улардарбытын үргээн үргэҥнэтэн баран киһим күөспүтүн буһара хаалла. Мин тайах туохтан өлүөн сөбүн чинчийэ лаабыска бардым, эти оччоҕо ыттарга да буһарыма, баҕар, кырдьык куһаҕан буолуо, диэтим. Баран лаабыс үрдүн аһан чинчийэн көрбүтүм туох да киһи уорбалыах баас-үүт суох, арай икки ойоҕоһо уонна муоһун салаата соторутааҕыта тостубут, онон арааһа атын атыырдыын харсан хотторон баран кэлэн ыарыыланан нэһиилэ сыттаҕына бөрө кэлэн ситэри иһин хостоон өлөрбүт буолуон сөп эбит диэн түмүккэ кэллим. Ыалдьан өлбүтэ буоллар, ып-ырыган буолуо этэ диэн. Кэлэн Аликтан муоһа эн буларгар тостубут этэ дуу, баҕар, состорон истэххэ тостубута дуу, диэбиппэр ээ муоһа эрдэ тостон салыбырыы сылдьар этэ диэтэ. Онон чуоккай харсан хотторбутун бөрө   ситэри сиэбит эбит диэн быһаардыбыт, кырдьык, кэлин аҕыйах хонон баран бастакы хаарга соҕотох бөрө лаабыска кэлэн барбыт этэ. Онон “оо, хаарыан эти” диэтэрбит да, хайыахпытый  ыттарга буһардыбыт. Ол сырыттахпытына Дьөгүөрбүт тиийэн кэллэ, көрсүһүү үөрүүтэ-көтүүтэ. Дьиэҕэ киирэн ,чэ ыһыккын хостоо, сиргин-уоккун аһат, диэн буолла. Дьиэ оһоҕун тигинэччи оттон баран, иһирдьэ-таһырдьа уоттарбын, сирбин аһаттым, ботугураан төһө сатыырбынан алҕаатым, дьэ уонна көрсүһүүнү бэлиэтээн олоро түһэн баран, мин аппын өттөөн кэлиэм диэбиппэр Дьөгүөр ээ мин атым эмиэ сойон  сөп буоллаҕа, чугас сырыттым тириппэтэ, диэн бассаары гыммытын Алик эдэр киһи мин  өттүөм, эн күөһү хоторо тураар, уларбыт күөһэ сөп буолла, кэлэн налыччы аһаныллыа диэн буолла. Аттары өттүү бараары туран ыттар күөстэрин эмиэ сөп буолуо диэн, ыттар тиийбэттэрин курдук үөһээ сааллан турар көхөҕө сойута ыйаан кээстибит. Дьэ, аттарбытын өттөөн кэлэн баран улар барахсан көп этин сии-сии, минньигэс миинин бурулаччы иһэ-иһэ, күө дьаа, хойукка дылы сэһэн сэппэн бөҕө буоллубут. “Ньиэгир дьахтара” Дьэ арай биир күн мин дьиэҕэ дьуһуурунайдаатым, сарсын Дьөгүөр биһги барыахтаахпыт. Алик дьиэҕэ хаалыахтаах, арай ол түүн утуйа сыттахпына  үүтээммит ааныгар нэһиилэ батан, модьуо да модьу, эмис да эмис хап хара ньиэгир дьахтара киирэн кэллэ, өйдөөн көөртүм били аатырар ырыаһыт Челентано “Укрощение строптивого” диэн киинэтигэр баар эстэрээппэ дьахтара эбит. Алик биһи уһун наараҕа атахтаһан сытабын, мин остуол улаҕатынан, Алик аан таһыгар, Дьөгүөр остуол биир өттүгэр үс киһи сытар нааратыгар уолаттара хайалара да кэлсибэтэх буолан соҕотоҕун утуйар. Арай ньиэгирим дьахтара аан таһыгар сытар, эдэр, сахаҕа бөдөҥ садаҥ уолга кыһаммакка мин  хоойбор киирэрдии кэллэ. Мин испэр куттана санаатым, айыбыан, бу айылаах бөдөҥ, модьу дьахтар бу синньигэс баҕайы наараҕа миигин таах хампы баттыыһы диэн. Ол эрэн эр киһи хаана эмиэ оонньуур, бачча бэйэтинэн хоойбор киирбит, өссө ньиэгир дьахтарыттан аккаастаннамый. Арай дьахтарым хоойбор киирээри гынар да, били остуол икки наара ыккардыгар буута да баппат, буолумуна, оннооҕор мин кыра киһи нэһиилэ батан киирэбин. Дьахтарым оннук   буута да баппакка миэхэ кыайан киирбэтэ. Онтон Дьөгүөрү көрө биэрдэ, уонна ылла даа киэҥ оронноох киһиэхэ Дьөгүөр хоонньугар дьылыс гынан хаалла. Сарсыҥҥыттан икки киһи атынан сиргэ сылдьабыт, биир киһи дьиэҕэ хаалан үүтээн үлэтин барытын толорор. Онон сиргэ барбыт дьон киэһээ барыта бэлэмҥэ кэлэр, бэрт баҕайы. Тайахтар суоллара син баар да, ыттарбыт кыайан тохтото иликтэр, мас көтөрө да сэдэх, онон эбэбит барахсан соботунан сытабыт, арай ыттарбыт эрэ, били, өлбүт тайах  этинэн күөстэнэллэр. Ону Аликпыт бу ыттар бэлэм эти эмсэхтэнэ сылдьар буолан, сүрэҕэлдьээн тайахха барбаттар быһыылаах, биир-икки күн күөс буһарбакка аччыктатыахха баар этэ, оччоҕо истэрэ хапсыйдаҕына барыахтара этэ диэн күлэр. Ити Дьөгүөр тугу эмэ сөбүлээбэтэҕин бэлиэтэ, ол аата мин сүрэҕэлдьээбэккэ аттан түһэн, дьиэҕэ киирэн, сиргэ саҥа баран, иһэн төннүбүт киһи сиэринэн сиэркилэҕэ сирэйбин көрүнүөхтээх этим. Сорох булчуттарга итинник бит-билгэ баар, тутуһааччы тутуһар, сорох суох. Баттах үрэхпитин туораан саҥа баран истэххэ улахан салаа кэлэр, урут ол салааны буочукалаах үрүйэ диир этибит, онтон ити салааттан Дьөгүөрдүүн бу иннинээҕи сыл тыатааҕыны бултуохпутуттан, үчүгэй салаа, үчүгэй үрүйэ диэххэ дэспиппит. Ол тыатааҕыны бултааһыммыт бэйэтэ туспа кэпсээн, чэ ону, туспа суруйуоҕум. Сарсыарда тураат да Алик идэтинэн: “Хайа, ким тугу түһээтэ, чүөчэни түһээбэтигит дуо? — диэн дьээбэрбитин Дьөгүөр биһиги бэйэтин күллүбүт. Онтон аһыы олорон син түүлбүн — ньиэгирим дьахтарын кэпсээтим, өссө тупсаран биэрдим. Онтон Дьөгүөр биһиги сып-сап аттарбытын ыҥыырдаан сиргэ бардыбыт. Дьөгүөр миигин хаамыылаах аттаах киһи инникилээн баран хаамтарбалаа эрэ, бу ат эмиэ сүрэҕэлдьии иһэр диэн атын мөҥүтүннэ. Хата мин баҕа санаам хоту, боллохтортон үрүйэбин утары өттүнэн бардыбыт, Дьөгүөр былырыын тыатааҕыны бултаабыт сирбитин көрөн ааһыахха, баҕар, арҕахтааҕа  буолуо диэтэ. Онтубут, кырдьык,  бултаабыт сирбит чугаһыгар арҕах хастыбыт эбит. Кырдьаҕас кыстыыр дьиэтигэр киирээри аҕай сырыттаҕына ыттарбыт обургулар булан биһиэхэ бултаппыттар эбит, чэ ол туһунан остуоруйа. Арҕахтаах сиртэн  барбалаабыппыт кэннэ ыттарбыт сыт ылан элэс гынан хааллылар, биһиги эрэх-турах иһиллии-иһиллии аа-дьуо хаамтаран истэхпитинэ, ыттарбыт үрдүлэр. Син тэйиччи, иһиллии түһээн, үрэллэрэ күүһүрээтин кытта, аттарбытын тиҥилэхтээн үрэр сирдэригэр ойуттубут, чугаһаан баран бытааран, сэрэнэн хаамтаран, барбалыы түһээт,  саабытын да илиибитигэр ыла иликпитинэ тайахпыт субу чугаспытынан оту-маһы барчалаан күлүкүлдьүйэн баран эрэрин көрөн эрэ хааллыбыт. “Тууй-сиэ, тоҕо кыһыытай, ыппакка да хааллыбыт диэбиппэр Дьөгүөрүм ытыллыбакка барбыта үчүгэй, улахан атыыр, сотору ыттар охсуһуннаран тохтотуохтара диэтэ. Кырдьык, сотору эмиэ үрдүлэр. Оттон мин атым тайаҕы көрөн сиргэнэн холоруктаан өр соҕус кыайан мииннэрбэккэ дьаабылана сырытта. Дьөгүөрүм көтүтэ турда, нэһиилэ аппын миинэн хоҥнон эрдэхпинэ киһим  саата утуу-субуу үстэ тыаһаат, уонна ыттар саҥалара ньим баран хаалл. Испэр “Баар, Байанай биэрдэ” дии санаат ол диэки ыстаннардым. Арай үрдүк баҕайы ыарҕалаах сиргэ тиийдим, киһим  көстүбэт, хайдах-хайдаҕый. “Ама, Дьөгүөр сыыстаҕай”, — дии санаатым. Дьөгүөр сыыһааччыта суох, оннооҕор көтөн иһэр улары карабинынан түһэрээччи. Салгыы ойутан эрдэхпинэ киһим  үөгүлээтэ: “Хайа, бу ханна ойуттуоҥ”, — диэн. Баай Байанай маанылаах кыыла Өйдөөн көрбүтүм киһим ыарҕа быыһыттан төбөтө эрэ көстөн олорор. Тиийбитим тайаҕын үөһэ үөрэн бөҕө олорор эбит. Аппыттан түһэн киһибэр эҕэрдэлээн илиибин биэрэн баран көрбүтүм, аарыма атыыр лөгөй бэрийэр бэрдэ эбит. Муоһа 15-16 таһаарыылаах, сэҥийэтигэр уһун соҕус бытыктаах, улахана, модьута сүрдээх. Баай Байанай барахсан маанылаах бастыҥ кыыла буоллаҕа. Астаабыппыт эмис да эмис, хаайса илик эбит, олорорунан  биир тутум тастаах, мыысаһа нэһиилэ тиэриллэр, дьэ, барахсан астык булт буоллаҕа. Чиэппэрдэтэлээн баран, Дьөгүөрүм төһө да 70-чата буоллар, санаата модьу, ыырдан мастаах сиргэ таһааран лаабыстыахха баар этэ диэбитэ. “Ээс, доҕор, тыраахтырдаах, эдэр кыахтаах уоллаах буолан баран, сарсын үһүөн кэлэн тыраахтырынан таһааран лаабыстыахпыт”, — диэбиппэр, хата сөбүлэстэ. Кэнники санаатахха, Дьөгүөргэ Байанайа барахсан, улуу булчукка кэриэс булдун улуу лөкөйү анаабыт эбит. Ол иһин түүлбэр киирбит, били, ньиэгир дьахтарым Дьөгүөр хоонньугар киирдэҕэ. Аны сабын умуннарар, аны атым сүгүн мииннэрбэккэ хойутатан, анаан-минээн Дьөгүөргэ бэйэтигэр эрэ ыттарбыт эбит дии саныыбын. Ити буочукалаах диэн ааттаммыта. Бу үрүйэ баһын диэки былыр эспэдииссийэлэр бырахпыт буочукалара турар, ол иһин оннук ааттаммыта. Дьөгүөрдүүн бу салааны батан, баһынан сиһи тыыран, онтон Баттах баһынан эргийэн төннөргө былааннаан бардыбыт. Салгыммыт да хайысхата оннук сөп түбэһэр. Мин испэр Боллохторго эрэ киирэн буккуллубатах киһи диэн баҕа санаалаахпын. Боллохтор диэн улаханнык саллар дойдум буоллаҕа. Ити сис ортотунан көһүнэн усталаах салҕанан бара турар сис ууларын аата, сүрдээх мунаах, бүтүннүү ооҕуй оҕус да батыллыах бадараан, уу дойду. Өрдөөҕүтэ оннооҕор сир тоҥмутун кэннэ, киистии сылдьан, киис сырсыытыгар ити Боллохторго киирэн аттыын-бэйэлиин бадарааҥҥа түһэн, ууга, бадарааҥҥа буккуллан нэһиилэ тахсыбыттаахпын. Арай Дьөгүөр кыһаммат, өссө сөбүлээн ити дойдунан сылдьар, булт тохтуур сирэ диэн, кырдьык боллохторго барда да эбэһээт бултуйан кэлээччи, миэстэтин билэрэ бэрт буолан, дьэ, сатаан сылдьар. Мин курдук ууга бадарааҥҥа буккуллубат. Дьэ, киэһээ Аликпыт үөрүү бөҕөнөн сыалаах эт, мыычас бөҕөтүн буһарда, эрдэ буһарбыт соботун, сарсын сиэниллиэ диэн таһааран көхөҕө ыйаан кэбистэ. Дьэ, эмиэ дьиҥнээх дьоро киэһэ буолла. Онтон ыла Алик өр бултуйбатахпытына, саатар, бу Эриэбэ кырдьыбыккын дуу, хайдах дуу, ньиэгириҥ дьахтарын түһээбэт буолан хааллыҥ диирэ. Тыаһыт Луохтуур. Хаартыска: fotopoisk.com.ua
edersaas.ru сайтан