Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кулааскыга кыттыбыта (Дьиҥнээх олохтон)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кулааскыга кыттыбыта (Дьиҥнээх олохтон)
K
edersaas.ru
Категорията суох
01.12.2021 18:00
— Дьэ, онон, аҕам эдэригэр бэйэтин лаппа кыанар-хотунар эр бэрдэ эбит, — Сэмэн кэпсээнин түмүктээбитэ. Мин таайым сэһэргиирин ухханыгар уйдаран, саҥата суох олорболообутум. Дьэ, ол кэрэхсэбиллээх кэпсээни күндү ааҕааччыларбар тиэрдэргэ сананным. Ийэм убайдарыттан биирдэстэрэ Семен Семеновы – Сиэдэрэй Сэмэни дьон-сэргэ норуот ырыаһытын, талааннаах оһуокайдьыт быһыытынан билэр. Маны таһынан таайым Сэмэн бэрт үгүс былыргы остуоруйалары, сэһэннэри, номохтору, үһүйээннэри билэрэ. Кини орто уҥуохтаах, киэҥ арылхай харахтаах, мэлдьи сылааһынан мичээрдии сылдьар этэ. Маанытык, чэбэрдик, ону ааһан, муодунайдык таҥнарын сөбүлүүрэ. Ааттыын даҕаны Сиэдэрэй буоллаҕа. Аҕатын, биһиги эһэбит, Василий Кононович Семенов туһунан таайым маннык кэпсээбитэ. — Аҕам олус элбэх урукку, былыргы сэһэни билэрэ. Анаан-минээн сэһэргэһэ кырдьаҕастар кэлэллэрэ. Ол кэпсэтэллэрин балаҕан иһигэр оонньообута буола сылдьан, сүрдээҕин сэргээн истэрим. Оҕолору: “Улахан дьон кэпсэтэрин истимэҥ”, — диэн чугаһаппат этилэр. Эҥинэ бэйэлээх кэрэ кыргыттар, дьахталлар, күүстээх, быһый дьоннор, былыргы боотурдар тустарынан кэпсэтэллэрэ. Инньэ, Дыгын саҕаттан саҕалаан, уон тохсус үйэҕэ олорон ааспыт дьоҥҥо тиийэ кэпсэтэллэрэ. Ол эрэн, биирдэ, аҕам бэйэтин эдэр эрдэҕинээҕи сырыытын туһунан кэпсээбитэ. Сэрии кэннэ, 1948 сыллаахха этэ. Харчы уларыйбыта. Уон солкуобай биир солкуобайга кубулуйбута. Онон, “харчы уларыйар” диэн, ким уурунуу харчы дуомнаах лааппыттан табаар, мал-сал ылбыта. Оччотооҕу холкуостаах хантан элбэх харчыланыай, суох буоллаҕа. Мин биэс солкуобайдаах кумааҕы харчыны ууруна сылдьыбытым. Онтум харчы реформатын кэннэ биэс уон кэппиэйкэ буолуохтааҕа. Ол “баайбынан” нэһилиэк лааппытыттан түөрт солкуобайга биир мыыла, уонна алта устуука чараас тэтэрээт атыыласпытым. Аҕабар биирдэ Туйтуһун оҕонньор кэлэ сылдьыбыта. Кинини кытта аҕам Тайҕа туһунан кэпсэппиттэрэ. Аҕам биирдэ, ыкса күһүн, Аанньаахха сүөһү туттара үүрэн илдьибит. Эттэххэ кэбэҕэс. Ньурбаттан Сунтаарынан чиэрэстээн Өлүөхүмэҕэ диэри субай сүөһүнү үүрэн илдьиэххэ диэтэххэ, ыраах айан. Онно илдьэн, атыылаан, эргинэн баран, бурдук тиэнэн кэлэллэр эбит. Аара, баран иһэн, Төгөөн диэн сир чугаһыгар сиэгэни бултаабыттар. Ата сиэгэн тириитин сытыттан, бастаан утаа, сиргэнэн бөҕө үһү. Аанньаахха тиийэн, сүөһүлэрин батаран, бурдук ылан, тиэнэн, төннөллөрө буолбут. Арай туран, туох эрэ бырааһынньык эбитэ дуу, Элиэнэ өрүс кытылыгар истиэҥкэнэн кулааскы охсуһуу тэриллибит. Икки өттүттэн уонтан тахсалыы эр дьон, сиппит-хоппут уолаттар киирсибиттэр. Саастарын көрөр эбиттэр, уон сэттэтиттэн биэс уонугар диэри саастаахтары кытыннараллар эбит. Бары кэриэтэ нууччалар үһү. Ыһыы-хаһыы, айдаан-куйдаан бөҕөтө буолбут. Ол киирсиигэ сирэйгэ уонна быарга охсор, кэнниттэн саба түһэр, атаҕынан тэбэр, охтубут киһини охсор көҥүллэммэт эбит. Ол оннугар утарсааччыны хатыйан охторуохха сөп эбит. Хайа хамаанда утарсааччыларын анал сурааһын нөҥүө үтүрүйэн таһаарыар дылы киирсэр эбиттэр. Кыайбыт хамаандаҕа атын хамаанда киирэр эбит. Кулааскы быыһыгар мас тардыһыыта, биир бииргэ киирсии буолар эбит. Арай туран, аҕам, оччолорго саас ортолоох киһи, бэйэтин боруобаланыан баҕарбыт. Биир бииргэ сутуругунан киирсиигэ тылламмыт. Оннук киирсэргэ ханна баҕарар охсор-тэбэр көҥүл эбит. Истиэҥкэнэн киирсэрдээҕэр лаппа хабыр күрэх эбит. Дьэ, дьон уксуу бөҕө буолбут. Бары кэриэтэ бөдөҥ сутуруксуту талаллар үһү. Аҕыйах киһи Ньурбаттан кэлбит киһиэхэ харчы туруорбут. Биир нуучча оҕонньоро чугаһаан кэлэн, Баһылайга уу сахалыы: “Дугаар, дабаай, кытаат. Эйиэхэ уксан, үппүн итэҕэйдим. Кулгаахха эбэтэр харахха охсоор. Мирзатулло хара күүһэ эрэ, элбэхтик кулааскылаһа илик. Аһаран-тойдоон биэрээр, таптарбат гына», — диэн сүбэлээбит. Аргыһа, Бойуот Ньукулааскы: “Баһылаай, таах кыттан эрэҕин ээ. Утарсааччыҥ саһаан үрдүктээх татаар уола. Сиирэ буолуо”, — диэбит. Ким урут охсорун манньыат быраҕан таллараллар эбит. Баһылай “өрүөлү” талбыт. Арай, “эриэскэ” түһэн, татаар уола урут охсор буолбут. Охсуһар түһүлгэҕэ тахсан туран көрдөҕүнэ, утарсааччыта ыйдаҥатааҕы тиит күлүгүнүү, бэрийэн, туох да ааттаах бөдөҥ уолан дыгдаллан турар эбит. Киһитэ кинини үөһэттэн аллара сэнээбиттии көрбүт, ымас гыммыт. Онтон, күрдьэх саҕа уҥа ытыһын сутуруктуу суулуу тутан баран, бэрт киэҥник далайа түһээт, таллан таас оройун кыҥаабытынан, үөһэттэн аллара охсон кууһуннарбыт. Баһылай, оччолооҕу көрөн туран, таптарыа баара дуо, аһаран биэрбит уонна баабыр кыыл түүрүллэ түһээт ойорунуу, өрө ыстанаат, киһитин хаҥас кулгааҕыгар уоптарбыт. Утарсааччыта тиэрэ баран түспүт. Турбатах, дөйүөрэн сыппыт. Кыайыыны Баһылайга биэрбиттэр, манньатын үс мөһөөгү уу харчынан туттарбыттар. Ол харчытыгар Баһылай дьонугар, чугастааҕы ыалларыгар кэһии ылан кэлбит. Ити кэннэ кини сутуругунан киирсиигэ кыттыбатаҕа үһү. Оттон аара бултаабыт сиэгэнин тириититтэн сэлиэчик тиктэн, сүүрбэччэ сыл кэппит. Манна диэн эттэххэ, билигин сиэгэн тириититтэн тигиллибит кылгас саҥыйах кырата балтараа сүүс тыһыынча солкуобай сыаналаах. Сылааһы олус тутарын, бөҕөтүн, сэдэҕин иһин итинник сыаналанар. Куонаанап Баһылай Сэмэнэп кыра, оҕо эрдэҕиттэн Хабаанньа диэн таптал ааттаах этэ. Букатын баччырыгар бэриллибит аат эбит. Былыр “хабаан” диэн “хабан ылар” диэнтэн, туһаҕы уонна чааркааны уопсайынан ааттыыллар эбит. Ону сэргэ “хабаан” диэн Марха эргин түбэлэргэ илим хотоҕоһун, лоппунуогун этэллэрэ үһү. Аҕата Куонаан уолун, даллаахтыы олорорун көрөн: “Хабаанньаҕа дылы өрө тэйэ олордоҕуон!” — диэн таптаан ымманыйаҕыттан, ити аат иҥэн хаалбыт. Хабаанньа Баһылай улаатан, сааһын сиппитигэр, дьоно сыбааттаан, бэйэтиттэн кыранан аҕа саастаах кыыстыын холбообуттар. Уоллаах кыыс баара-суоҕа үс күн көхсүлэринэн тиэрэ хайыһан хоммуттар уонна… арахсыбыттар. Баһылай ону: “Сыта хайдах эрэ этэ”, — диэн кэлин быһаарбыта. Дьэ, ол сыт туһунан араастаан быһаарыахха сөп. Эдэрдэри хоонньоһуннарарга анал уурулла сытар тэллэх бэлэмнэнэр. Ол түүлээх тэллэх сүөгэйинэн сотуллан харалла сыппыт буолан, ураты сыттаах буолар. Ол, өҥсүйбүт сүөгэй сытын, баҕар, уол сүрэҕэ ылымматах буолуон сөп. Былыр гигиена тэрилэ, ол-бу томпуон, быракылаакка диэн суох кэмигэр, баҕар, кыыс “кырааската” кэлэ сылдьар кэмэ буолуоҕун эмиэ сөп. Ол сытын Баһылай сөпсөөбөтөх буолуоҕун эмиэ сөп. Хас биирдии киһи сыта тус-туһунан. Доруобуйа туругуттан, хаанын бөлөҕүттэн, этиргэниттэн-хатыҥырыттан ол тутулуктаах. Онон, бука, кыыс этин сытын, атын группа хааннаах буолан, атыҥыраабыт буолуон сөп (ол кыыс, манна диэн эттэххэ, кэлин атын уолга эргэ баран, оҕолонон-урууланан, сиэн-тайма буолан, сирдээҕи олоҕун ситэри олорбута). Дьэ, онтон, Баһылай улуус киинигэр киирэ сылдьан, ыһыахха сылдьан билсэн, биир олус мааны кыыһы сөбүлүү көрөн билсэр. Күһүн ийэтин, нэһилиэк чаччыыната хотуну кытары, ол кыыһын дойдутугар, “кыыс көрө” Чаппандалыыллар. Ити Малдьаҕартан төһө эмэ ыраах сытар нэһилиэк. Арай, ыйдаран тиийбиттэрэ, бэрт кыһалҕалаахтык олорор ыал бадахтаах, буор сыбаҕа тохто турар быыкаа балаҕан турар эбит. — Бу быстыбыт-ойдубут ыал кыыһын ойох ылаары гынаҕын дуо? – ийэтэ уолун ат үрдүгэр олорон дьаҕырыйбыт. — Оттон олус мааны кыыс ээ. Бэркэ испэр киллэрэ көрбүтүм, — диэн Хабаанньа хоруйдаабыт, ыҥыырын хоҥсуоччутун имэрийэ-имэрийэ. Ийэтэ букатын сөбүлээбэтэх куолаһынан: — Киирэн, чаайдаат, төннүөхпүт. Бэйэлэрэ тыл көтөҕөр түгэннэригэр, саатар, хомуруйан баран төннүөм, — диэбит, мас-таас курдук. Баһылай ийэтин майгытын билэр буолан, бэркиһээн, кыбыстан, ыалга киирбэккэ эрэ төннөллөрүгэр эппит… Онтон сотору кэминэн Баһылай Чуукаартан Күүстээх Кирилэ кыыһын Мотуону сүгүннэрэн аҕалбыт. Мотуруона бөдөҥ, күүстээх, ис киирбэх мичээринэн сыдьаайа сылдьар кыыс эбит. Ыал мааны кыыһа, кийиит буолан кэлээт, дьиэ үлэтигэр, хотоҥҥо тэҥҥэ ылсыбытынан барбыт. Дьиэтигэр олорон оннук үлэлээн көрбөтөх буолан, бастаан утаа олус сылайар, онуоха эбии дьонун наһаа ахтар эбит. Онон Мотуруона, биир күн, түөрт көстөөх сиргэ, дьонугар, күрээн хаалар. Баһылай, дьонун сүбэтинэн, баран, ааттаан, амаҕаччылаан төттөрү илдьэ кэлэр. Уолланаллар. Ньукулай диэн ааттыыллар. Элбэх оҕолоноллор. Сорох оҕолоро “төннүбүттэр”. Оҕолор бары Сэмэнэптэр. Арай, нэһилиэктэригэр улахан уолларын Семенов Николай Васильевич толору түөскэтэ, амыдайа баар эбит. Ол киһи иҥэн-батан сылдьыбат киһи эбит. Субу-субу араас дьыалаҕа эриллэн, кини аатыгар ол-бу кумааҕы: ыстараап, бэбиэскэ, сурук кэлэр эбит. Ону нэһилиэк Сэбиэтин сэкэрэтээрэ бутуйан, арыт, Хабаанньа уола Ньукулайга аҕалар эбит. Онтон, айаҕалыы сатаан, бэрэссэдээтэл Өрө Тэбэр Соппуруон: «Доҕоор, Баһылай, салгыы маннык сатаныа суох. Уолгун наар ити Ньукулай Сэмиэнэптиин бутуйа сылдьыыһылар. Уолуҥ араспаанньатын уларыттаран кэбис. Эһэтин Куонаан аатынан Куонаанап диэн суруйтар», — диэбит. Баһылай ити сүбэни ылынан, улахан уолун Кононов диэн араспаанньанан суруйтарбыт. Дьоно-сэргэтэ: «Куонаанап Ньукулай, Куонаан Ньукулай», — диэн ааттыыр буолбута. Николай Васильевич Кононов айылҕаттан айдарыылаах булчут буолбута. Сэрии сылларыгар, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, күндү түүлээҕи бултаан, судаарыстыбаҕа туттаран, Бочуот Грамотатынан бэлиэтэммитэ. Кэлин, каадырабай булчут буолан баран, былаанын өрүү аһара толороро. Таһаарыылаах үлэтин иһин американскай бинтиэпкэнэн наҕараадаламмыта. «Баайыҥ» туһалаата дуо? Биир дьыл, бултуу сылдьан, Куонаанап Ньукулай хотой оҕотун булбут. Дьиэтигэр аҕалан, эмтээбит- томтообут, көрбүт-харайбыт, аһаппыт-сиэппит. Көтөрө иччи оҥостон, Ньукулайы ыраахтан билэр буолбут. Бултууругар батыһа көтөн, барсар буолбут. Арыт, тайаҕы көрөн, үөһэнэн элиэтии сылдьан, чардырҕаан саҥаран, иччитигэр биллэрэр буолбут. Ньукулай, мэлдьи да байанайдаах булчут, бултуйара өссө элбээбит. Булдуттан олорор түөлбэтин – Нөөлбүктэтин – ыалларыгар кимнээҕи да матарбакка бэрсэр идэлээх эбит. Хотойо ситэн-хотон, көтөр мааныта буолбут. Сороҕор куобаҕы, саһылы бултаан аҕалан, дьиэттэн чугас турар тиит төрдүгэр кэһии гынан ууран баран, бэйэтэ алын мутукка дабдаллан олорор буолар эбит. Күһүн биргинэх халыҥ үөрүн батыһан соҕуруу көппүт. Ол аата, ол кустары аара сииригэр «ыһык» оҥостубут. Сылаас сиргэ тиийиэҕигэр дылы биир-биир тутан сиэн, үссэнэр эбит. Ол оннугар атын көтөрү, кыылы биргинэҕин үөрүгэр чугаһаппат үһү. Онон кустар да көмүскэллээх курдук, үөр лаппа улахан аҥаара этэҥҥэ Кытат сирин булара үһү. Эһиилигэр, саас, сылгы чыычааҕа кэлэр кэмигэр, биир ылааҥы сарсыарда, таһырдьа ыттар үрбүттэр, ону сэргэ тойон кыыл чаҥыргыыр саҥата иһиллибит. Ньукулай тахсан көрбүтэ, тиит төргүү мутугар былырыыҥҥы атаһа – хотой – кэлэн олорор эбит. Эмиэ бииргэ алтыһан сылдьыбыттар, бултаабыттар. Арыт Ньукулай илимнээн, кынаттаах табаарыһын сибиэһэй собонон күндүлүүр эбит. Дьиктитэ диэн, «кыыла» аһыырын киһиэхэ көрдөрбөт буола сатыыр эбит. Балыгын кэриигэ таһааран сиирэ үһү. Ону кэлин тахсан көрдөҕүнэ, сүрдээх ыраастык сиэн баран, кырылас уҥуоҕун эрэ хаалларбыт буолар эбит. Аны туран, ол уҥуоҕун биир сиргэ чөмөхтөөн, сааһылаан уурар эбит. Бэрт чэбэр көтөр үһү. Хабаанньа Баһылай уола бултаан кэллэҕинэ : — Хайа, били «баайыҥ» туһалаата дуо? – диэн ыйытар эбит. «Хотой», «көтөр» диэн ааттаабата үһү. Онуоха уола ханан сылдьыбыттарын, тугу бултаабыттарын отур-ботур аҕатыгар кэпсээн биэрэр эбит. Ол хотой хас да сыл устата кэлэн, этэҥҥэ сайылаабыт, Ньукулайдыын бултаспыт. Онтон кэлбэт буолбут. Баҕар, атын хотойу көрсөн, сир уларыппыта дуу.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан