Кэпсээ
Войти
Регистрация
Соргулаах суол (Сэһэнтэн быһа тардыы)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Соргулаах суол (Сэһэнтэн быһа тардыы)
K
edersaas.ru
Категорията суох
30.11.2021 18:00
Ньукулай Бөтүрүөбүс сэбиэт буҕаалтыра. Үөрэҕин бүтэрэн кэлиэҕиттэн суоту-учуоту оҥорон, ону өрө тутан сылдьар киһи. Дэлэҕэ суотчут Ньукулай диэхтэрэ дуо. Мас суотун өрүү кыбына сылдьар идэлээх. Алаапыйа эмээхсин иккис мааны уола. Ньукулай нэһилиэк хаһаайыстыбатын үбүн-аһын суоттуур-ааҕар. Отутун лаппа ааһыар диэри кэргэн ылбакка үлэттэн атыны билбэт. Эдэр сылдьан куйаабыл курдук уһун синньигэс уол анал үлэлиир паапкатын, суотун кыбынан хонтуораҕа барарын эмээхсин оҕонньорунаан батыһа көрөн хаалаллара үһү. Үөрэхтээх Ньукулай оҕонньордоох эмээхсин сүрэхтэрин чопчута. Эмээхсин эрэйдээх нэһилиэккэ хас ананан кэлбит быраас, биэлсэр, учуутал кыргыттары барыларын кийиит курдук көрөн ас астаан, эдэрчи эрдэҕинэ иистэнэр сааһыгар ону-маны тигэн кыргыттар уопсайдарыгар кимтэн кииннээхтэрин сураһа кэһиилээх тиийэрэ үһү. Онтон кыргыттар тустарынан истэн баран бэйэтин үрдүк үөрэхтээх уолун туһунан кэпсиир идэлээх эбит. Ол эрээри нөтүөстэнэн хаамар Ньукулай суотчут кыргыттарга кыһаммакка үлэлээбитин курдук үлэлиир сылдьыбыт. Кини ордук сүөһү биригэдьиирэ Хабырылла Никиитистиин тапсара, бу олус холку, киэҥ көҕүстээх сааһыран эрэр киһи оччолорго саҥа отутугар баран эрэр киһиэхэ сүбэ-соргу буолара. Биригэдьиир уопсай хотоннорго сылдьан сүөһү-ынах туругун, сүөһү эбии аһылыгын, эдэр үлэһиттэр кыһалҕаларын быһаарар этэ. Ол сыл нэһилиэккэ Дуня диэн бэтэринээр кыыс үлэҕэ ананан кэлбитэ. Ньукулай уолу бу кыыска сыбааттыы сатааччылар элбэхтэр этэ. Алаапыйа эмээхсин иһигэр эрэҥкэдийэ саныыра. Баахыла, ардыгар көбүөрдээх лэппиэскэ оҥорон эдэр кыыска кэһиилэнэрэ. Кыһыары күһүн, маҥнайгы хаар туртайа түһэн баран иккистээн ириэрэн, онтон хат тоҥорон суол килэгир муус буолта. Идэһэ өтөрүнэн өлүө суох диэн эт ирэн хараарар кутталыттан дьон сүөһүлэрин сүүскэ биэрбэккэ олорбуттара. Оттон тымныы күн ахсын хам ылан испитэ. Сайыҥҥы от звенотугар үлэлээбит оҕолор хамнастара дьэ, ааҕыллан, былаан таһынан туолан бастыҥ үлэһиттэри чиэстээһин үөрүүтэ өктөөп бырааһынььыгар буолуохтааҕа. Кыракый эргэ кулуубу киэргэтэн, нэһилиэк ыччата, ону сэргэ, звеноҕа үлэлээбит бастыҥ отчут оҕолор эмиэ бырааһынньыкка сылдьар чиэстэммиттэрэ. Ньукулай уол итинник бырааһынньыктарга сылдьыбат этэ. Биригэдьиир Хабырылла Никиитис күргүөмнээх үлэ үөрүүтүн үллэстэ кулуупка биир бастакынан тиийбитэ. Ньукулайы ыҥыра сатаабытын уол мас хайытардаахпын диэн куотуммута. «дьиҥэ, маннык тэрээһиннэргэ сырыттаххына олоххун оҥосторуҥ биллэр суол» — диэн тахсаары туран Хабырылла Никиитис уолу хомуруйбута. Алаапыйалаах Сөдүөт улахан уоллара Никииппэр алтыс оҕото түөртээх кыыс ааспыт сайын ууга былдьанан, звеноҕа салгыы оттоспокко нэһилиэккэ киирбитэ. Ааспыт сайыҥҥы улахан аһыы нэһилиэк иһин улаханнык аймаабыта. Звено отчуттара оҕолор аны ууга былдьаныахтара диэн кээмэйдээн кэтээн туран сөтүөлэтэр буолаллара. Ньукулай соҕотох убайын мурун бүөтэ кыыһа ууга былдьаныаҕыттан оҕо-уруу тэнитиэх баҕата улам ыраатан. Уостан испитэ. Онтон да сылтаан буолуо, кини элбэх дьон үмүөрүһэр сирин урут да сөбүлээбэт бэйэтэ, букатын тэйэ туттар буолбута. Кини үлэтин кэннэ Лэгэнтэйдээххэ таарыйбыта. Сайын устата звеноҕа үлэлээбит Настялаах шура, онтон да атын оҕолор олбуортан тахсан эрэллэрэ. Оҕолоор, аҕаҕыт баар дуо?- Ньукулай Настялаах Шураҕа туһаайан ыйытта. Баар, — диэн баран оҕолор халыҥ суккун сонноро, куобах бэргэһэлэрэ элэс гынан хаалбыта. Тигинэччи оттуллубут сылаас киэҥ дьиэҕэ киирэн Ньукулай көхсүн этиттэ.онтон дорооболосто. Онуоха Лэгэнтэй кэргэнэ Мааса кыра оҕотун көтөхпүтүнэн хостон тахсан кэллэ. Оттон Лэгэнтэй оҕолоро бастыҥ отчут буолбуттарыттан үөрэн санаата кэлэн олороро. Уһун киэҥ остуолга таас иһиккэ өрөһөлөммүт алаадьы, муҥха ыһаарыламмыт собото, эттээх соркуой, быһата, бырааһынньык остуолугар түбэспититтэн Ньукулай кыратык кыбыстан ылла. Онуоха дьиэлээхтэр эдэр киһини остуолга ыҥыран чэй кутан кэпсэппитинэн-ипсэппитинэн барбыттара. Ньукулай туох наадаҕа кэлбитин да умнан, итии киллэринэн сэлэһэ олордоҕуна, Лэгэнтэй буостап ыскааптан биир иһит кыһылы таһааран биирдии үрүүмкэлэргэ кутуталаата: Бу уол үөрүүлээх күҥҥэ түбэстэ, онон эдэр киһиэхэ толору дьолун туһугар толору кутуохха, — дии-дии үрүүмкэни утары уунна. Ньукулай бу иннинэ хаһан да амсайбатах аһа буолан долгуйан, ону сэргэ маннык маанытык көрсүбүт дьэллэм ыалы хомотумаары аккаастыан саараата. Аһыы олорон Лэгэнтэй кэргэнинээн Маасалыын сүбэ-соргу бөҕө буоллулар. Ол сүбэ барыта Ньукулай тус олоҕун тула этэ. Буолумуна, отутун лаппа ааспыт киһи кинилэр харахтарыгар бириэмэни сүтэрэн эрэ сылдьар курдуга. Дьэ, Ньукулай, киһи олоҕо диэн кылгас да эбит. Бу биһиги Маасалыын олох бэҕэһээ эрэ дьиэбит акылаатын түһэрэн эрэр курдук этибит. Көр, ити оҕолорбут хороччу улаатан звеноҕа үлэлэһэн хамнас аахсар буоллулар. Аны аҕыйах сылынан ыал да буоллахтарына соһуйуохпут суоҕа. Күн-дьыл оннук түргэн. Бу кырабыт номнуо үһэ. Кыргыттар икки-үс сылынан үөрэххэ туттарса бардахтарына биһиги, оҕонньордоох эмээхсин бээбит эрэ хаалымаары бу мурун бүөтэ уолламмыппыт, — диэн ырааҕынан эргитэн Ньукулай уолу саҥа кэлбит бэтэринээр кыыска сыбааттыы олорбута. Онуоха Мааса чааскыга сылабаартан чэй кута олорон: Оттон кыыскыт актыыбынай бөҕө, кулуупка кииртэ буолуо, — диэбитэ. Кулуупка ити о5олор эрдэлээтилэр, кэнсиэрдэригэр бэлэмнэнэллэр. Ньукулай, ыл кыыһы кытта аргыстаһан кулуупка киир. Дьиэтэ да мантан чугас.Кириһээн бокуонньук эмээхсинигэр дьукаахтаһан олорор. Куула тыанан пуочтаны ааһа бардахха, төрдүс дьиэ, — диэн ыйан биэрэ олордо. Ньукулай ирэ-хоро кэпсэтэн, махтанан, холуочуйбут санаатыгар хорсун санаата баһыйан бэтэринээр Дунялыын билсэрдии оҥостон бэргэһэтин, үтүлүгүн кэтэн тахсан барбыта. Таһырдьа тахсан тымныы салгыны эҕирийэн, киэҥник хардыылаан куула диэки хаампыта. «Олох суолун оҥостуу эр киһиттэн тутулуктаах» диэн Лэгэнтэй эппитэ-тыыммыта Ньукулай түүлээх холбукатыгар кытаанахтык иҥмитэ. Ол иһэн иһигэр «Оксиэ, ньии, булан билсэ-көрсө барбыт күнүм баар ээ » диэн иһигэр ону-маны саныы испитэ. Ол эрээри хайаатар да билсэргэ уонна кулууп айаҕар диэри дуняны атаарар соруктаах испитэ. Аны арыгы иһэн баран кулуупка киирдэҕинэ дьон-сэргэ сүөргүлүө, үлэтиттэн да ууратыахтарын сөптөөҕө. Хайа, Хабырылла Никиитис ону көрдөҕүнэ кэлэйэн бүтэр буоллаҕа. Кини саҕа Ньукулайга үтүөнү баҕарар, ыал оҥоро сатыыр да аҕыйах. Арай ити Лэгэнтэйдээх Мааса сөпкө да этэллэр. Олох оҥостор кэм кэллэ. Саас ыраатта. Кинилэр соргулаах суолу тутус диэбит алгыс тыллара уол кулгааҕар иһиллэргэ дылы. Балачча хааман куула диэки кэлиитэ остуолба лаампалара улам тэйэн, ыас хараҥаҕа чигдигэ хааман испитэ. Барыаран турар пуочта дьиэтин ааста. Кини үрэх диэки олорор буолан куула эҥээрдэр дьиэлэрин үчүгэйдик билбэт. Оҕо сылдьан биирдэ-иккитэ кэлэн оонньоон барбыттааҕа. Кэлин үлэһит буолуоҕуттан арай пуочтаҕа сылдьар. Билигин суруйсар, билсэр киһитэ суох, онон пуочтаҕа да дэҥҥэ көстөр. Кини Дунялыын айах атан да кэпсэтэ илик. Биирдэ эмит уулуссаҕа, хонтуораҕа көрүстэхтэринэ сэмэй кыыс хаһан да уолу утары көрбөт. Иннэ гынан икки муҥкук дьон сатаан билсибэккэ ардылара атан испитэ. Дьэ, бүгүн бу соргулаах суол аартыгар турар. Киһи буолар дуу, кии буолар дуу… тымныы салгыны эҕирийэн баран салгыы хаампыта. Лэгэнтэйдээх үтүө да ыал. Үтүө дьон оҕолоро үтүө буолаллара чахчы. Эмиэ төрөппүттэрин курдук туруу үлэһит дьон. Бүгүн дьон чиэстэнэр-бочуоттанар күнүгэр арай кини арыгы иһэн баран эдэр кыыстыын билсиһэ иһэр. Эчи хобдоҕун дуу. Тоҕо илэ өйдөөх сылдьан хорсун санаа киирбэтэ буолла. Бу аата бэйэни албыннаныы дэнэрэ дуу. Эрдэтинэ төннөрүм дуу… лэгэнтэйдээх ыйбыт төрдүс дьиэлэрин таһыгар кэлэн саараан турда. Бээрэ, төрдүс дьиэ…Кириһээн бокуонньук олбуора мантан хайата буолла диэн икки кэкэлэһэ соҕус турар дьиэлэргэ мунаахсыйан турда. Кэккэлэһэ турар икки дьиэттэн бирин турбатын кыыма ыһыахтанан олорор. Хаҥас түннүгэ уоттаах. «Дуня кулуупка барар санаата суох буолла5а дуу», дьэ туох диир муҥум буоллаҕай… аны дойдулаах киһи эрээри муммута буолан кубулуннахпына куһаҕаны санаан кэлбит дии асныа диэн кэлбитин кэмсинэ саныы турда. Онтон олбуор калиткатын аһан хаара күрдьүллүбэтэх, эргэ лаабыска өрөһөлөнө кыстаммыт кыраламматах муустарга хараҕа иҥнэн ылла. Барахсан, итиччэ ыарахан эр киһи үлэтин хантан кыайыай, үлэтиттэн да соло булбат буоллаҕа диэн иһигэр дуняны аһына санаата да тэрээһэ аанын эрэһиинэ тутааҕын бобо тутан ааны аспыта. Балачча саараан турбута. Онтон ааны тэллэйэ баттаан биирдэ дьиэҕэ баар буола түспүтэ. Эмискэ сып-сылаас дьиэҕэ биирдэ баар буолбутуттан сирэйэ итийэн ылбыта. Оһох таһыгар Дуня буолбакка, билбэт кыһаан дьахтара күөһүн булкуйа турара. Таҥас сабыылаах хостон эрбэй-сэрбэй икки оҕо былтас гынаат, таһыттан киирбит туора киһиттэн куттанан хоско төттөрү түспүттэрэ. Киирбит киһиттэн соһуйбут дьахтар өрө көрөн турбута. Саҥата-иҥэтэ суох киһи кыбыстан сири кымыстыаҕын эбэтэр төттөрү таһырдьаны былдьаһыаҕын хата, олус кэпсэтинньэҥ дьахтар «Кимҥиний, мунан киирдиҥ дуо? Биһиги аҕабыт өлүөҕүттэн дьон-сэргэ үктэммэт дьонобут» диэн эмиэ да эҕэлээхтик ол эрээри эйэҕэстик ыйыппытыгар, эдэр дьахтар чаҕылыҥнаабыт харахтарынан уол диэки истиҥник көрбүтүттэн эбитэ дуу, Ньукулай эрдийэн аат харата дорооболосто. Хаста да булкуйан киирдим, Дуня диэн бэтэринээр кыыска кэлбитим диэри гынан баран тоҕо эрэ саҥарбатаҕа. Бай, мууспут бүппүт, бу оҕолортон соло булан киллэрбэтэхпин, — диэн дьахтар аһыннарыах соҕустук саҥаран хаҥас муннукка турар быһаҕас түспүт муус бааҕын диэки көрөн ылбыта. Өс киирбэх Ньукулай икки оҕолоох соҕотох дьахтары аһынан көмөлөспөккө тахсан барыаҕын саараабыта.—Ити лаабыска кыстанан сытартан дуо?, — диэн муус ханна сытарын киирэн иһэн көрбүт эрээри, кэпсэтиини өйөөн көҥүллэтэрдии ыйыппыта. дьахтар көмөттөн аккаастамматаҕа. Онон Ньукулай төрүт да бюилбэт ыалыгар аны муус киллэрэн мадьалыппыта. Олох диэлээх киһилии муустары көйөн, ордугун биэдэрэлэргэ кутан оһох таһыгар чугаһаппыта. Онтон өссө туох көмө наада диэбиттии дьахтар кэҥэс харахтарын утары көрбүтэ. Арай, арай мас хайытыаҥ буолаарай, ол эрээри. Хараҥата бэрт. Биһиги эҥээр остуолбаҕа лаампа ыйаммат буолан хараҥа ээ, манна, дьиэ таһа… Ньукулай уһун хойуу кыламаннардаах кыһаан дьахтартан толло кыбыстан умса көрдө. Саҥата суох аан чанчыгар өйөнөн турар сүгэни ылан таһырдьа тахсыбыта. Дьэ, дьикти, төрүт да билбэт ыалыгар кэлэн бу мас хайытан баччыгынатан эрэр. Оттон Дуня? Дуняҕа буолбакка, тоҕо атын олбуорга киирдэҕэй. Ити санаатын куоттара сатаан, бэйэтин бэйэтэ аралдьытан көтөх муҥунан маһы киллэрэн оһох ининээҕи холумтаҥҥа дьаарыстаата. Тыый, тоҕо бэрдэй, эдэр киһи абыраатыҥ… бачча көмөлөспүт киһи итиитэ киллэрэн аас, чээйдээ, — диэн баран олоппос ылан биэрдэ. Ньукулай тас таҥаһын устан чээйдиирдии оҥостон олорунан кэбистэ. Уу кырбас түөртээх-үстээх уоллаах кыыс оҕолору көрөн ааспыт сайын ууга былдьаммыт балтын санаан уйадыйыах киһини, хата, оҕолор эмиэ бэрт ыалдьытымсах дьон, оонньуурдарын, эргэ да буоллар ойуулаах кинигэлэрин аҕалан үҥүлүттүлэр. Төрүт билбэт ыалыгар муус, мас киллэрэн баран аны олоппоско күөс буһарын күүтэн олордоҕо үһү. Кэмниэ-кэнэҕэс дьиэлээх дьахтар Мотя бачча көмөлөспүт эр бэрдигэр итии үүттээх чэйи. Сылаас миин кутан остуолга ыҥырбыта. Төрүт харахтаабатах дьахтарын, икки оҕону кытта аны ыал аҕатын курдук бас-көс миэстэҕэ олорбутуттан иһигэр төһө да кыбыста санаатар, тоҕо эрэ бу итиинэн илгийэр иэримэ дьиэттэн тахсарга ыксаабата. Туох эрэ көстүбэт күүс салайарын курдук итии чэйи сыпсырыйан, миин иһэн били мааҕыан хааман иһэн тоҥмута-хаппыта барыта ааһан хаалбыкка дылы буолбута. Ким диэн буолаҕын, мин Мотя диэммин. Биһиги аҕабыт, кэргэним Өндөрөй диэн этэ, мончуорунан үлэлээбитэ. Билэриҥ буолуо… биир дойдулаахтар…Мин бу нэһилиэккэ кийииппин. Хоту улууһуттан кэлбитим. Аҕабыт суох буолуоҕуттан аны бу сири дойду оҥостон олохсуйан олоробун. Дойдубар аймах дьонум суох. Манна оҕо саадыгар үлэлиибин, — диэн оргууй наллаан кэпсии олорбута. Ньукулай бу лыҥкынас куоластаах дьахтар саҥата ырыа курдук дьиэрэйэн тахсарын истэ олорон, кини бэйэтин туһунан итинник сатаан кэпсиэн дуу кэпсээмиэн дуу саарбахтыы-саарбахтыы аатын эппитэ. Кини кэпсиирэ да суох курдук этэ. Туох диэҕэй, бачча сааспар дылы төрөппүттэрбин кытта олоробун диэ дуо? Арай буҕаалтырынан олохтоох дьаһалтаҕа үлэлиирин этиэн сөбө да, тоҕо эрэ саҥарбата. Онтон тохтуу түһэн баран: Туох эмит көмө наада буоллаҕына кэлиэхпин сөп, — диэн хантан ылбыт хорсун санаата эбитэ буолла, буолаары буолан иккистээн кэлэр туһунан тыллана олороруттан иһигэр кыбыста саныы-саныы саҥарбытын кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Онуоха Мотя уол этиитин олус сэргии иһиттэ. Онтон оҕолоругар туһаайан: «Оҕолоор, убай Коля биһиэхэ кэлэрэ үчүгэй дуо?», — диэн дьээбэлээх харахтарынан көрө-көрө ыйыппытыгар, оҕолор мииннэрин иһэ олорон олус үөрбүттүү: Убаай, өссө кэлээр, — дэстилэр. Убай дэппит киһи чэйин, миинин иһэн баран махтанан тахссан барбыта. Дьиэттэн тахсарыгар кини төрдүс дьиэтэ хайатыгар кыһаммакка, Дуня эрэ туһунан санаан аһарбакка, киэҥник атыллаан, ис-иһиттэн санаата кэлэн дьиэтин диэки нөтүөстэнэ турбута. Сарсыныгар кини үлэтин кэнниттэн ыксаан-бохсоон дьиэтигэр кэлэн аат-харата чэйдээт уулуссаҕа дьон көстүбэт буолбутун кэннэ Хабырылла Никиитискэ бардым диэн тахсан барбыта. Ити күнтэн кини күн ахсын үлэтин кэнниттэн куула тыа диэки үктээн кэбиһэр идэлэммитэ. Ийэлээх аҕата дьиктиргээн: «Аата, Хабырыллалыын хонтуораҕа бииргэ үлэлиигит, онно сөп буолбакка уһун киэһэлэргин ыалга атаарарыҥ хайа, саастаах дьоҥҥо мэһэй-таһай буолбаккын дуо?», — диэн биирдэ ийэтэ өйдөөмүнэ ыйыппыта. Алаапыйалаах Сөдүөт улахан уоллара Никииппэр суол нөҥүө олорор буолан чугастыы ылса-бэрсэ олороллоро. Уоллара суоҕуна оҕонньордоох эмээхсин чуҥкуйаллара. Арай сиэннэрэ оҕолор киирэн эбиэттээн, ардыгар туохха эмит илии-атах буолан сэргэхситэллэрэ. Онтон киэһэтин уоллара Ньукулай кэлэн нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын кэпсээн сэргэхситэрэ. Биир үтүө күн Ньукулай үлэтигэр хонтуораҕа олордоҕуна Лэгэйнтэй кэлбитэ. Биригэдьиир Хабырылла Никиитистиин кэпсэтэн баран Ньукулай хоһугар киирбитэ. Ньукулай Лэгэнтэй киирбитигэр хайдах эрэ буруйдаммыттыы көрбүтэ уонна дорооболоһоору илиитин ууммутунан аат-харата остуолуттан турбута. Дьэ, Ньукулай, күһүөрү кыһын бырааппын алҕаан аҕай ыыппытым, — диэн саҥарбытынан киирбитэ. — Кыыспытыттан Дуняттан илии соттон хааллыбыт. Кыыспыт сылгыһыт Дьөгүөрдүүн үчүгэй буолбуттар, кэргэн тахсан эрэ үһү, — диэн сонунугар Ньукулай улаханнык кыһаммата. – Нохоо, чэ, кистии-саба сылдьыма, Өндөрөй бокуонньук ойоҕор Муочаҕа сылдьар үһүгүн дии. Пуочта үлэһитэ билэн-көрөн кэпсиирэ чахчы дуо?- диэн Ньукулай хас да ый устата кистии сылдьыбыт дьыалата арыллан эрэриттэн мух-мах барбыта.Онтон аат-харата эр ылан: Со5отох дьахтар маһа-мууһа кыайтарбат, — диэн быһа баттаан, туохтан эрэ суос бэринэрдии саҥарда. Чэ, оччотугар, ама дуу, 37-лээх эр киһи ити дьыаланы кыайан ыпсарбакка сылдьаҕын дуо? Сып-сап саахсаланан кэбис. Дьон да тыла оччотугар иҥиэ суоҕа. Муоча бэйэҕиттэн аҕыйах сыл балыс буолуо, — диэн утары көрдө Лэгэнтэй. Чахчыта, Ньукулай бу дьахтарга кутун туттаран кинини атахтара буолбакка, көстүбэт кынаттар көтүтэн куулаҕа илдьэр курдуктара. Бу кинини өйөөн, кини олоҕун оҥоро сатыыр Лэгэнтэйи Ньукулай ис сүрэҕиттэн аһынна, махтана санаата. Сөп, Лэгэнтэй, ити туһунан Мотялыын кэпсэтиэм. Кырдьыгын эттэххэ, ийэлээх аҕам утарсыахтара диэн толлобун…диэн саныы сылдьыбыт ис санаатын сүрүн кыһалҕатын биир өйүүр киһи көстүбүтүгэр олус аһаҕастык этэн кэбистэ. Онуоха Лэгэнтэй: Ийэлээх а5а5ын кытта кэпсэт, ама, Муоча иһэр-аһыыр куһаҕан дьахтар буолбатах. Эрэ өлбөтөҕө буоллар куула биир сис ыала буолуох дьон этилэрэ, — диэбитэ. Уол ити тыллары наһаа үөрэ истибитэ, Лэгэнтэй чэрдээх ытыһын бобо тутаат таһараа хоско ыстаммыта. Олох оҥостор соргулаах суол кыраттан да тутулуктаах эбээт… Дьон тыла диэн дьон тыла. Баарга да саҥараллар, суохха да саҥарыахтарын сөп. Бүгүн хайаатар даҕаны ийэлээх аҕатын кытта кэпсэтиэн, дьыаланы быһаарыан наада. Хайа муҥун уон үстээх уол курдук куотуна сылдьыай. Лэгэнтэй эппит тыллара киниэхэ быһаарыныы ылынарыгар көстүбэт күүһү эбэр курдуктара. Үлэ чааһа бүтүүтэ Ньукулай дьиэтигэр кэлбитэ. Ийэлээх аҕата кинини кэтэһэн аһаабакка. Күөстэрин хоторбокко олороллоро. Аҕата Сөдүөт оҕонньор эргэ туут хайыһарын бэрийэ олороро. Кини кыһынын куобахха туһахтыыр идэлээҕэ. Оттон ийэтэ Алаапыйа кээнчэ абырахтыы олороро.Уоллара киирбитигэр эмээхсин оҕотун диэки бэрт сымнаҕастык көрөн баран, кээнчэтин туора уураат күөһүн хотороору турбута. Оҕонньор илиитин тэбэнэн баран: — Хайа, Ньукуус, бүгүн арыый эрдэлээтиҥ дуу? Туох солун-нуомас?, — диэн сонун истээри ыйыта тоһуйбута. — Ээ, туох солун кэлиэй, эһиэхэ? Ким сырытта, кэллэ-барда, Никииппэрдээх этэҥҥэлэр дуо?, — диэн утары ыйыппыта. Уола туохтан эрэ долгуйбутун, саалаҕа төттөрү-таары илиитин мускуйа-мускуйа хаамарын ама, ийэ киһи сэрэйбэт буолуо дуо? Кини иһигэр уола олоҕун, дьылҕатын быһаарар сонуну кэпсээри оҥостубутун бүтэйдии сэрэйбитэ. Күөһүн хотон, иһитин тардан, оҕонньордоох уолун остуолга ыҥырбыта. Кинилэр куруук маннык холкутук чээйдииллэр. Оҕонньор чээйдии олорон хамсатын соппойор идэлээх. Ол аата кини кэпсэтиини уһатаары, остуолга уһуннук чээйдиир былааннаҕын көрдөрөрө. Бу сырыыга уоллара уларыйбытын көрөн дьоно тугу да саҥарбакка кэтэһэн олордулар. Ньукулай миинин иһэн, чэйин сыпсырыйан иһэ-иһэ ырааҕынан эргитэн кэпсэтиитин саҕалаабыта: Хабырылла Никиитис, Лэгэнтэй кырдьаҕас, эһиги бары мин олохпун оҥостон ыал буолуохпун баҕараҕыт…Онон бачча сааспар дьэ ити санааҕа өйүм-санаам ситэн ыал буолаары гынабын, — диэн лоп-бааччы саҥара олордо. Уола итинник боччумуран олорон сааһылаан саҥарбытын аҕата оҕонньор иһигэр астына, киэн тутта санаата. Уола мунньахтарга эмиэ арааһа маннык ылыннарыылаахтык, дьоһуннаахтык тыл этэр буолуон сөп. Саҥара үөрүйэҕэ көстөр диэн оҕонньор төгүрүк сирэйэ мылайан уолун одуулаан хамсатын соппойо олордо. Оттон Алаапыйа, чараас ньаассын баттаҕын чанчыктарын имэринэн баран уһуннук да күүппүт үөрүүлээх сонуну дьэ истэн, үөрүүтүттэн кыараҕас харахтара, төгүрүк маҥан сирэйигэр төрүт да сүтэн хааллылар. Уоһа ибигирээн бүлүүһэлээх чэйин сыпсырыйбыта буолла. Ийээ, аҕаа, арай кэргэн ылар киһим урут кэргэннэнэ сылдьыбыт буоллун?, — диэн бачча үөрбүт дьону аны хомотуом диэн ыйыта олордо. Эмээхсин соһуйан бүлүүһэлээх чэйин туора уурда, оҕонньор хамсатын хостоон тутан олордо. Бай, Дуунньабыт урут кэргэннэнэ сылдьыбыт дуо? Оттон олох оҕо көрүҥнээх дии, — диэн уола киниэхэ ким туһунан кэпсээри олорорун сэрэйбэккэ, эмээхсин нэһилиэккэ баар биир эдэр үлэһити бэтэринээр Дуняны ахтан ылла. Суох ийээ, Дуня буолбатах… Бай, оччотугар кимий?, — эмээхсин соһуйан уолун утары көрдө. Мунааран балачча саҥата суох олордо, онтон тохтуу түһэн баран саҥарда. – биһиги нэһилиэккэ уонна оннук эдэр дьахтар суохха дылы, Арай Никиитин Миисэ арахсыбыт иһээччи ойоҕо Нина уонна хас да оҕолоох огдообо Муоча бааллар, онтон атыны билбэппин, — диэтэ. Ийээ, дьэ, таайдыҥ, ити дьахталлартан биирдэстэрэ….диэн баран саҥата суох умса көрдө. Оҕонньордоох эмээхсин хайдах буолуохтарын билбэтилэр. Оҕонньор көхсүн этитэн баран остуолтан тайанан нэһиилэ турда, оргууй саала диэки хаамта. Эмээхсин олорбут сиригэр тоһоҕолонон олордо. Ньукулай ийэтин утары көрдө, бу утары көрүү эрдэ сылла хайыҥ охсунан, утарар да буоллаххытына кэргэн кэпсэтэбин диэн кытаанах бигэ мүлчүрүйбэт санааны туоһулуур этэ. Эмээхсин ах баран олоро түһэн баран: Аата, биһиэхэ түбэһиэх биһиэхэ түбэһиэх буоллаҕа…, — аа-дьуо остуолтан тайанан туран быыс сабыылаах кыракый хоһун диэки хаамта. Хоһугар киирэн көхсүн этиттэ. Арааһа сытта быһыылаах. Ийэлээх аҕаны хомотуу, эрэли толорбот буолуу диэн бу буоллаҕа…Үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэр сылларыгар устудьуон кыыс арааһа элбэҕэ. Тоҕо эрэ онно Ньукулай санаатын уурбакка, үөрэҕинэн эрэ муҥурданан сылдьыбыта. Биир эмит кыыс сэргэхтик көрдөҕүнэ кыбыстан сири кымыстыыра. Сыл-хонук ааһан испитэ. Саастыылаахтара ыал буолуталаан барбыттара. Арай кини үөрэҕин бүтэрээт төрөөбүт түөлбэтигэр ананан үлэлии кэлиэҕиттэн харыс сири халбарыйбакка үлэтэ-дьиэтэ буолан бу сырыттаҕа. Ити Мотялыын билсэр дьылҕата тарпыта эбитэ дуу…Тоҕо да кини Дуня дьиэтин бутуйан атын ыалга кииртэ буолуой? Дьылҕа тардылыга баар дииллэр. Ама дуу… остуолга таастыйан олоро түһэн баран ийэтин хоһугар киирдэ. Дьиэ иһигэр сүрүн быһаарыыны үксүн эмээхсин ылынар. Онон аҕатынааҕар ийэтин кытта быһаарыстар дьыала барыта да табыллар. Аҕата төрүкү сымнаҕас киһи, Алаапыйа дьаһайбытынан сылдьар. Онон аҕатын туһугар санаата холку этэ. Ийэтэ эмээхсин истиэнэ диэки хайыһан көхсүнэн буолан оронугар сытара. Ийээ, ийээ, эһигини эрэ хомотор санаам суоҕа. Мин дьиҥэ Лэгэнтэй сүбэтинэн Дунялыын билсэ диэн барбытым, били, отчуттары чиэстиир өктөөп киэһэтигэр… Дуня дьиэтин ыйдаран тиийэн баран булкуйан атын дьиэҕэ, Мотялаахха киирэн хаалтым… Булкуйан киирбитиҥ дуо, дьикти эбит…эмээхсин уолун саҥатын болҕойон истэ сытан оргууй саҥарда. – баҕар оччотугар дьылҕан тарпыта эбитэ дуу… Ийээ, тоҕо эрэ мин ол күнтэн Мотяҕа көмөлөһүөх, дурда-хахха буолуох баҕам баһыйбыта, арааһа көрөөт тута сөбүлээбитим буолуо…Ньукулай буруйдаммыттыы ийэтин оронун таһыгар талах олоппоско олордо. Ньукулай кыра сааһыттан ийэтин кытта маннык аһаҕастык кэпсэтээччи. Бу сыллар усталара ийэтэ уолугар наар кэргэн ыл даа диэн кэпсэтиини саҕалыыр эбит буоллаҕына, бу сырыыга ти тиэмэни уоллара бэйэтэ саҕалаабыта. «Аата, уоллара сүүрбэлэээх уол огдообо саастаах дьахтары ойох ылаары айдаарар буоллаҕа. Түөрт уон сааһыгар барбыт уоллара олоҕун оҥосторо туох куһаҕаннаах буолуой, олоҕу билиэ, амсайыа этэ…тоҕо да мин ону хааххайдастахпыный. Муоча кэргэнэ өлбөтөҕө буоллар биир тарбахха баттанар ыал буолуох этилэрэ. Иһэрэ-аһыыра эмиэ иһиллибэт. Чаҕылыҥнаан сэргэх кыыс этэ, ол эрээри күүлэйдээн аатын-суолун ыыпыта эмиэ да суохха дылы“ диэн эмээхсин өйүгэр барытын сыымайдыы сытта. Ньукуус, олоххун оҥосторгор аҕан биһиги утары этэр кыахпыт суох. Бачча сааскар диэри олох олорбут, үрүҥү-хараны араарар буолбут киһигин. Икки уу кырбас оҕолору иитиэм, атарахсытыам суоҕа диир буоллаххына. Кэргэн кэпсэт, — диэн саҥарбыта. Ити тыллар Ньукулайга алгыс курдук иһиллибиттэрэ. Ийэтин аастыйбыт баттаҕын оргууй сыллаан ылбыта уонна олус үөрбүт, чэпчээбит көрүҥнээх киһи хостон тахсыбыта. Оттон эмээхсин ааспыт сайынтан санаа аалыыта, сүрэх бааһа оҥостубут ыар таһаҕаһын санаан ньимийэн сыппыта. Оҕолордоох дьахтар туох куһаҕаннаах буолуой, оҕолор барахсаттар… аата, кини ааспыт сайын ууга былдьаммыт сиэнин саҕа саастаахтар. Киһи кураанахсыйар, дууһата муунтуйар эбит. Аны Ньаппарай алааһыгар сайылаан бэрт. Сиэммин былдьаабыт көҥүһү көрүөхпүн баҕарбаппын.ити Алаапыйа эмээхсин сүрэҕин бааһа этэ. Ол итии куйаас күн икки сиэн оҕотун кытта Алаапыйа соҕотох хаалбыта. Улахан сиэннэрэ окко барсыбыттара. Оттон кийиитэ Зина сэттис оҕотун быыһанаары балыыһаҕа киирбит этэ. Эмээхсин дьиэтээҕи үлэтин үмүрүтэ сылдьан биэстээх уолун кытта түөртээх кыыһын олбуорга хааллартаан илиитинэн таҥас сууйа сылдьыбыта. Таҥастарын ыгар, куурда ыйыыр кэмигэр оҕолор сыыры таҥаны түһэн оонньуу сылдьыбыттар. Онтон, онтон туох буолбутун өйдөөбөт, арай сиэнэ уол хатан хаһыытыттан көҥүскэ сүүрэн наҥнарыйан киирбитэ, кыысчаана кытылга умса түһэн сытар этэ. Эмээхсин эрэйдээх ол ынырык күн барыах-кэлиэх сирин булбакка аймаммыта. Уола Ньукуус кэлэн турарын эрэ өйдүүр. Куһаҕан сурах нэһилиэк иһин тилийэ көппүтэ… оо, Алаапыйа төһөлөөх буруйданар этэй, ол күн сиэннэрин көрө хаалан баран болҕомто уурбатаҕын сааһын тухары санаа аалыыта оҥостор муҥа буоллаҕа. Ол да иһин Муоча оҕолорун утары тугу саҥарыай. Оҕо барахсан ыраас. Кини туох да буруйа суох. Таптаһар дьону утаран дьон дьылҕатын уларыта сатыыр туох аанньа буолуой, эмээхсин оҕото ыал буолар дьоһун сураҕын бастаан утаа соһуйа истэн баран, барытын ырыҥалаан көрөн баран дьэ, уоскуйбута… Ульяна ЗАХАРОВА.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан