Кэпсээ
Войти Регистрация

"ХААМААЙЫ" (кэпсээн). Ааптар – САРДААНА.

Главная / Кэпсээн арааһа / "ХААМААЙЫ" (кэпсээн). Ааптар – САРДААНА.

K
kyym.ru сайтан Айымньы
10.12.2021 14:22
Уһун кыһын кэннэ күүтүүлээх сандал саас өрөгөй күннэрэ тураллар. Тася кыыс тыа сириттэн сылдьар, Дьокуускайга маҥнайгы куурус устудьуона. Үөрэҕэр ситиһиилээх буолан стипендия ылар. Бүгүн дойдутугар айаннаары автовокзалга кэлэн олорор. Биир улахан суумката толору кыһыҥҥы таҥаһа уонна дьонугар ылбыт кыра кэһиитэ ыгыччы симиллибиттэр. Хайа да диэки көр - толору киһи, эҥин-араас сирэй-харах. Ким табахтыыр, ким хаһыат ааҕар, ким оҕото ытыырын уоскута сатыыр. Күн оройо буолан эрэр. Тася бүгүн эрдэ туран, хомунан, үс ый көрбөтөх ийэлээх, аҕатыгар, балтытыгар айаннаары өрө көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн сылдьар. Төгүрүк, сырдык сирэйэ күн уотугар өссө сырдаан көстөргө дылы. Куп-кугас суһуоҕа оргууй тыалга хамсаан, сирэйигэр саба түһэн ылар. Кулгааҕар иилиллибит хара дьүһүннээх наушнига "Сахалыы Виктория" долгунугар холбонон олорор. Арай Тася ырыа долгунугар уйдаран олордоҕуна, хаһан да харахтаан көрбөтөх эр киһитэ кэлэн аттытыгар олорунан кэбистэ. Сыт-сымар дьаабы, сирэйэ-хараҕа бүтүннүү баас буолбут. Кирдээх таҥаһа эргэрэн, тырыта баран ырааппыта көстөр. - Миигин истэҕин дуо? - Тася наушнигын араарбыта киһитэ киниэхэ туһаайан боппуруос биэрэ олорор эбит. - Истэбин, туох нааданый? - Проезка уон түөрт харчы көрдүү сылдьабын, ким да биэрбэт. Дьиэбэр барыам этэ тукаам, - Оо, бу илиигит хайа барбыт дии! Билигин аптекаттан зелёнка ылан аҕалыам, - Суох, суох! Миэхэ харчыта биэр, зеленкаланыма хайаама! - Хантан сылдьаҕыт, хайа диэкки олороҕут? - Ээ ыраах... - Такси ыҥыран ыытабын дуо? Аадырыскыт ким диэний? - Оо дьэ! Этэбин дии, харчыта биэр диэн, өйдөөбөтүй да! - Көмөлөһүөхпүн баҕарабын дии. - Миэхэ аны туох да көмөлөспөт. Төрөппүт ийэм дьиэбиттэн үүрбүтэ. Тиийдэхпинэ мөҕүллэн, үүрүллэн тахсабын. Туһата суох дууһа- диэн ааттыыр. Тоҕо төрөппүтүм буолла, ыт буол, кус буол, аны мин эйиэхэ кыһаммаппын, хайдах да сырыт! - диир. Онтон кэргэним икки оҕобун туппутунан арахсан барбыта. Оҕолорбун көрүһүннэрбэт. Кыбысталлар төрөппүт аҕаларыттан, алҕас уулуссаҕа көрсө түстэхтэринэ ырааҕынан куоталлар, билбэтэҕэ буолаллар. Мин да эккирэтиспэппин, тугу да уунарым суох буоллаҕа. Арай харчы эрэ көрдүөхпүн сөп. Урут син онно-манна үлэлии сатыыр этим да, билигин ончу баҕарбаппын. Күнүм этэҥҥэ ааста да, туох эмит ас көһүннэ да - бүттэ, онтон атын миэхэ туох да наадата суох. Бэйэм курдук дьону кытта булсан хата, бу тыыннаах сылдьабын. Икки илиилээхпин, икки атахтаахпын, мээнэ ыарытыйбаппын. Соҕотох эбитим буоллар былыр үйэҕэ өлбүт буолуом этэ. Һэ-һэ.. - Тоҕо күлэҕит? Киһи күлэрэ туох баарый? Былыр үйэҕэ диигит, ол аата маннык сылдьыбыккыт ыраатта дуо? - Ээ ким билэр, хайа дьаабыта буолла, бэйэм да билбэппин. Биһиэхэ бириэмэ да, чаһы да көрүллүбэт дьонобут. "Дьонобут"- да буолаахтаан, кимиэхэ да, туохха да наадата суох тыыннаах дууһаларбыт. Бүгүн баарбыт, сарсын суохпут. Элбэх киһи муна-тэнэ сылдьар маннык. Араас дьылҕалаахтар, кэпсээтэххэ бүгүн бүппэппит кэпсэтэн. - Онтон тоҕо көнө суолга турбаккыт? Үлэлээн-хамнаан, аһыы утаҕы тохтотон, бэйэ бодотун тардыныахха сөп буоллаҕа,- Тася киһитин сирэйин өҥөйөн көрбүтэ, хараҕа ууланан олорор эбит. Сибилигин күлэн ылбыт бэйэтэ өссө харааран-бороорон хаалбыкка дылы буолбут. Сыыҥын туора соттоот, салгыы саҥаран барда: - "Биһигинньэктэри" кытта маннык көрсүө кыыс толлубакка, куотан, сиргэнэн хаалбакка, кэпсэтэ олороруҥ үчүгэйин! Махтанабын! Урукку үтүө кэмнэрбин санаан ыллым. Хаһан эрэ, мин эмиэ эн курдук эдэр этим. Спортсмен, үҥкүүһүт бэрдэ, оскуола биир саамай чаҕылхай оҕото этим. Үгүс кыыс миигин долгуйа көрөрө. Оннук сылдьан куоракка устудьуоннуу киирбитим уонна бу буолан олоробун. Хайдах маннык олоххо кэлэн хаалбыппын бэйэм да билбэппин. Бастаан утаа пиибэ, табаах боруобалаабыппыт, мэниктээн, көччүргээн. Онтон ылларан барбыппыт. Атастарым үөрэхтэрин этэҥҥэ бүтэрэн, эдэр специалист буолан этэҥҥэ дойдулаабыттара. Онтон мин бүтэһик кууруска үөрэхпин дэлби көтүтэн, сыыйыллан хаалбытым. Дьоммор эппэккэ, кистии сылдьан арыгыга өссө күүскэ ылларбытым. Олоҕум бүтүннүү күүлэйи эрэ батыһыы буолан хаалбыта. Ол сылдьан биир кыыска оҕо оҥорон кэбиһэн бииргэ олорорго санаммыппыт. Загсата суох икки оҕону субуруччу төрөтөн, син дьон тэҥинэн олорон испиппит да, кэргэним миигин - Дьиэҕэ харчы куруук суох! Элбэх хамнастаах үлэтэ бул, эбэтэр арахсабыт,- диэн куттуур идэлэммитэ. Биир күн итирэн-кутуран, дьиэлээхпин диэн өйдөнөн кэлэн, дьиэбэр соһуллан тиийэн - кураанаҕы кууспутум. Дьонум көһөн баран хаалбыттар эбит. Сотору кэминэн куортаммын төлүүр күнүм эмиэ тирээн кэлбитэ. Сатаан төлөөбөккө тахсан бардаҕым дии. Онтон ыла бу, дьиэтэ-уота суох, таах ускул-тэскил сылдьабын. Быһаччы эттэххэ "хаамаайыбын". Аҕам өлбүтэ ыраатта, соҕотох ийэбин итирэн тиийэн, барахсаны үөҕэн, баттаҕыттан соһон, дэлби кэлэтэн, хомотон турардаахпын. Оо, ол күнү эргиттэрбиэн! Ийэм барахсаны, наһаа да аһынабын. Туох буруйун иһин оннук гыммытым буолла. Күҥҥэ көрдөрбүт бу соҕотох оҕото маннык дьаабылана сырыттаҕым. Өйбүнэн сыыһа гына сылдьарбын өйдүүбүн ээ, ол гынан баран - арыгыны эрэ баҕарабын. Хас күн аайы иһиэхпин баҕарабын. Истим да - сирдээҕи олох киэркэйэ түһэр, санаам көнньүөрэн, өрө тэйиэккэлиэх санааланабын. Миигин туох да долгуппат буолан хаалар. Бу билигин көрдүүр уон түөрт харчым эмиэ аһыы утахпар барыаҕа. Ити албыннаан проезка диибин. Дьон мээнэ харчы биэрбэт буолбут, уруккулара буолбатах, уларыйбыттар. - Онтон арай, бу сип-сибилигин, төттөрү эдэргитигэр түһэргит буоллар - тугу уларытыа этигитий? - Тася доргуччу, быһа түһэн соһуччу ыйытта. - Төттөрү диэ, элбэх буоллаҕа. Бэйэм талан ылбыт үөрэхпэр киириэм этэ, дьонум эппиттэринэн буолбатах. Ийэбэр харчы мээнэ ыытыма, кыһалҕаны биллэхпинэ бэйэм булан-талан киһи буолуом диэм этэ. Уонна дьиҥнээхтии таптыыр кыыһым сүрэҕин туһунар туруулаһыам этэ. Мин буоллаҕына кыбыста оонньуу сылдьан, куоттаран кэбиспитим. Билигин кини оол үрдүк дьиэҕэ дьоллоохтук ыал буолан олорор. Мин кистэлэҥ тапталбын таайбакка да, сэрэйбэккэ да сырыттаҕа...- эр киһи номнуо мырчыстан эрэр эдэрчи, кирдээх сирэйэ барыаран, чоҕулуҥнас кыра хараҕын уота оргууй уостан, утары турар үрдүк мэндиэмэннээх таас дьиэ хайа эрэ түннүгүн диэки одуулаан, олорон хаалла. САРДААНА
kyym.ru сайтан