Кэпсээ
Войти Регистрация

Кыһалҕалаахтары кынчарыйымаҥ, кыһалыҥ!

Главная / Кэпсээн арааһа / Кыһалҕалаахтары кынчарыйымаҥ, кыһалыҥ!

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
18.12.2018 17:33
Кэнники сылларга кыаммат, ыарыһах, тулаайах дьоммутугар көмөлөһө сатыыбыт да, хайдах эрэ ситэтэ суох курдук. Мин бүгүн кэпсэппит дьоруойум Кока Самсонова — төрүөҕүттэн тэрилтэ дьиэтигэр иитиллибит, икки хараҕынан көрбөт, олох сырдыгын, үчүгэйин, үтүөтүн билбэтэх, эрэйи-муҥу эҥээрдэспит сааһыра барбыт дьахтар. Ол да буоллар кини санаатын түһэрбэт. Кыаммаппын диэбэт, киһиэхэ барытыгар көмөлөһө сатыыр үтүө санаалаах, элбэх кэпсээннээх, бэрт сэргэх киһи. Кырдьаҕастар киирэн эмтэнэр “гериатрическай” диэн ааттыыр балыыһаларыгар бүгүҥҥү дьоруойбун көрсө кэллим. Мин иннибэр кыра уҥуохтаах, сып-сырдык сирэйдээх-харахтаах сааһыра барбыт дьахтар олорор. Оччотооҕу Оҕо дьиэтигэр ааспыт кэмнэрин, бииргэ иитиллибит доҕотторун ахтан-санаан, сирэйэ-хараҕа сырдыгынан сыдьаайар, ис-иһиттэн үөрэн-көтөн истиҥник мичээрдиир. Туох эрэ хомолтолооҕу дуу, дьонтон атаҕастаммытын дуу санаан кэллэҕинэ, эмиэ да олох аһыытын-ньулуунун барытын билбит сирэйэ дьиппинийэ түһэр. Санаабар эбитэ дуу, хайдах эрэ хоргуппут харахтара миигин итэҕэйбэтэхтии тобулута “көрөр” курдуктар. Куочайга... Оҕо дьиэтигэр... Кока Петровна төрөппүт ийэтин билбэт. Ийэтэ кыаммат буолан, Өлүөхүмэҕэ баай ыалга үлэлээбит. Хат буолан хаалбытыгар, хаһаайыннара оҕолонорун көҥүллээбэтэхтэр. Ол иһин эбитэ дуу, саҥа төрөөбүт иринньэх оҕотун төрүүр дьиэҕэ хаалларарга күһэллибит. Төттөрү төлкөлөммүт диэбиккэ дылы, Кока быраҕыллан, сир-халлаан икки ардыгар суос-соҕотох хаалбыт. Үлэһиттэр кыыһы ханна да гынар кыахтара суох буолан, үс сааһыгар диэри балыыһаларыгар көрөн-истэн киһи-хара гыммыттар. Онтон Дьокуускайга Улахан Мархатааҕы Оҕо дьиэтигэр аҕалбыттар. Онно үс сааһыттан сэттэтигэр диэри сылдьыбыт. Ол кэннэ улаатыар диэри Ньурба Куочайыгар баар Оҕо дьиэтигэр иитиллибит. Кока төрүү иринньэх, онно эбии арахыыттаах буолан, сол курдук улааппатах. Кыра кыыһы уолаттар, кыргыттар бэйэлэрэ ньээҥкэлээбиттэр, Кеша Тарбаховтаах Коканы балтыларын курдук сүгэ сылдьыбыттар. Детдом оҕолоро оччоттон баччаҕа диэри куруук ураты истиҥ сыһыаннаах буолаллар. Төһө даҕаны бары атын-атын майгылаах-сигилилээх, өйдөөх-санаалаах, эппиккэ дылы, тус-туһунан хааннаах буоллаллар, убайдыы-бырааттыы курдук санаһаллар. Ханна да баар буолтарын иһин билсэ тураллар, өйдөһөллөр, өйөһөллөр. Олох ыар охсуутун ылбыт оҕолор майгылара-сигилилэрэ эмиэ кытаанах буолар, арыт кырыктаах да буолан туруон сөп. Уопсай тэрилтэҕэ иитиллибит хайа да оҕо маннык быһыыны-майгыны көрсөр. Кинилэр тыыннаах хаалар инниттэн охсуһа, көмүскэнэ үөрэнэн хааллахтара. Кока саастыылаахтарыттан төһө эмэ кыра буолан, быыкаатыттан оҕолортон, арыт улахан да дьонтон сэнэбили, атаҕастабылы, кырыктаах сыһыаны элбэхтик көрсүбүтэ. Биирдэ оҕолору кытта киһи уҥуоҕар “казаки-разбойники” оонньуу сылдьыбыттар. Эмискэ табаарыстара бары сүтэн хаалбыттар. Кока собус-соҕотоҕун дьаама иһигэр олорон хаалбыт. Көмөҕө ыҥыран хаһыытаан көрбүт да, быыһыах-абырыах айылаах биир да киһи кэлбэтэх. Бэйэтэ хатаастан тахсыаҕын, саатар, кырата бэрт буоллаҕа. Онно илиитин-атаҕын үлүтэн, чуут быһа сыспыттар. Боккуо эмээхсин кыыһы аһынан быстарбатах, бэйэтэ көрөн-харайан бэттэх аҕалбыт. Кока оҕо сылдьан төһө да атаҕастабылы көрүстэр, өс-саас туппат, кимиэхэ да кыыһыра санаабат. Билигин даҕаны иитээччитин Мария Филипповнаны истиҥник саныыр. Ол саҕана Кока Наташа диэн ааттаах эбит. Мария Филипповна сүүтүк саҕа кыысчааҥҥа ылларбыт, бэйэтин оҕотун курдук
харыстаан илдьэ сылдьыбыт. Өссө букатын иитэ ылаары гыммытын “сүрэҕиҥ куһаҕан” диэн көҥүллээбэтэхтэр. Ол саҕана сокуон кытаанаҕа. Оччолорго ити боппуруос сатаммыта буоллар, Кока билигин ийэлээх олоруо этэ. Мария Филипповна, Наташаны төһө да иитэ ылбатар, төрөппүт кыыһын курдук истиҥник, нарыннык сыһыаннаспыт. Бокуой буллар эрэ иистэнэргэ, быысыбайдыырга, баайарга үөрэппит. “Урут биһиэхэ политинформация диэн баара. Мария Филипповна аан дойдуга, биһиги дойдубутугар туох буола турарын илдьиритэн кэпсиир этэ. Төһө да уһуну-киэҥи толкуйдаабат мэник оҕолор буолларбыт, кини уруогун олус сэргээн истэр этибит. Киниттэн үөрэнэн билигин бэлиитикэҕэ быһаарсабын дии саныыбын”, — диэн кэпсиир Кока. Киһиҥ, хата, дойдуга туох буола турарын барытын араадьыйанан, тэлэбиисэринэн биһигиннээҕэр ордук истэ-билэ, ырыта, быһаарса сытар. Олох киэҥ аартыгар үктэнии Кока Оҕо дьиэтин кэннэ араас үлэҕэ үлэлээбит. Оччолорго көрөр. Оскуоланы бүтэрэн баран хомсомуоллар ыҥырыыларынан Күндээдэҕэ “Курган” холкуоска тахсан ыанньыксыттаабыт. Эдэр үлэһит сонно тута бастыҥ ыанньыксыттар кэккэлэригэр киирбит. Хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри хотонугар сылдьар эбит. Ол ынахтарын билигин даҕаны истиҥник саныыр ээ, хас биирдии ынаҕын аатын өйдүүр. Соннук хас биирдиилэригэр киһилии сыһыаннаһар. Ыанньыксыттаан баран, Пеледуйга тиийэн эмиэ үлэ үөһүгэр түспүт — оробуочайдаабыт. “Улахан дуоһунастарга олорботоҕум эрээри, үлэлээбит сирбэр хаһан да сирдэрбэтэҕим. Үтүө суобаһынан үлэлээбитим. Ону туоһулуур кырааматалар, махтал суруктар бааллар. Биллэн турар, ханнык баҕарар кэлэктиипкэ буоларын курдук, соччо ахсарбат дьон мэлдьи бааллара. Сорох-сорохтор уҥуохпунан кырам иһин, бэл, “акаары, урод” диэн үөҕэллэр этэ. Киһиттэн атын буоллаҕым, хайыаххыный, айылҕа оннук оҥордоҕо дии", — диэн кэпсээнин салгыыр. Хайатын наар хара үлэҕэ сылдьыай, Дьокуускайга кэлэн киинэмэхээнньик идэтин баһылыыр. 1974 сыллаахха Мииринэйдээҕи суол тэрилтэтигэр бу идэтинэн үлэлиир. Оҕо сааһын санаан эбитэ дуу, билиэтэ суох кыра оҕолору аһынан, босхо киллэртиир эбит. Дьылҕа ыар охсуута уонна им балай Кока Иркутскайга бара сылдьан суол саахалыгар түбэспит. Оччолорго баара-суоҕа сүүрбэлээх эрэ. Саахал онто да суох мөлтөх доруобуйалаах киһиэхэ чаҕылҕанныы сааллар! Пеледуйга төннөрүгэр баралыыстаан, суорҕан-тэллэх киһитэ буолар. Куҥ буолбут тулаайах киһини ким харайыай?! Акулина Козлова диэн үтүө санаалаах эмээхсин баар буолан, киһи-хара буолбут. Эмээхсин сайын кууруссалара, ыттара, куоскалара дьиэ иһигэр сылдьаллар эбит. Сир-халлаан икки ардыгар собус-соҕотох хаалбыт, төрүөҕүттэн ыар баттыгаска сылдьыбыт кыысчаан бу дьиэ кыылларын кытары “уопсай тыл” булар эбит. “Санаабар, миигин кытары кэпсэтэр, ис санаабын истэр курдуктар. Аҥаар өттүм аккаастаабыт буолан, кыайан хамсаммаппын, көннөрү муостаҕа сымыыт курдук төкүнүҥнүүбүн. Ол иһин эмээхситтэр “Сымыыт Кыыс” диэн ааттаабыттара. Кэлин ааппын бэйэм Кока (Куурусса) диэн уларытан биэрбитим”, — диэн оччотооҕу Наташа, билиҥҥи Кока кэпсиир. Эр санаалаах буолан эбитэ дуу, быраастар төһө да үчүгэйи эрэннэрбэтэхтэрин үрдүнэн, баччаҕа тиийэн кэлэр быатыгар, атаҕар син турбут. Өссө 1979 сыллаахха ыал буолбут. Киниэнэ буолан баран эмиэ киһиттэн атын. Талан ылбыт киһитэ –
эмиэ инбэлиит (төбөтүнэн мөлтөх). Ол сордооҕу киһи бары атаҕастыырын, бэл, бииргэ төрөөбүт убайа кырбыырын иһин, таптаан буолбакка, аһынан кэргэн тахсыбыт. Киһи-хара гынаары, дурда-хахха буолаары диэххэ сөп. Ийэ буолар дьолун билээри, бэйэтэ таҥаралыы сыспыт, тыыннаах ордубутугар баһыыба. Оҕотун быыһаабатахтар. Киһитин кытары соннук уон түөрт сыл олорбуттар. Кэргэнэ төрөөбүт дойдутугар Севастопольга букатыннаахтык барбыт, оттон Кока эмиэ соҕотоҕун хаалбыт. Кока Петровна собус-соҕотох доҕорун – тапталлаах ытын сүтэрэн баран, хараҕынан көрбөт буолбут. Сүтүгүн оннук ыарыылаахтык ылыммыт. Ол кэмҥэ төбөтүгэр искэн тахсан эпэрээссийэлэппит. Баҕар, онтон көрбөт буолбута буолуо. 2001 сыллаахха аҥаар хараҕынан көрбөт буолбут, онтон биэс сыл буолан баран иккис хараҕа аккаастаабыт. Ситинник им балай олоххо олорбута сэттэ сыл буолбут. Таптал... Ыал буолуу... Үс сыллааҕыта Ленскэйдээҕи инбэлииттэр интэринээттэригэр киирбит. Үйэтин тухары бэйэтэ нэһииччэ бөрөнөн сылдьыбыт киһи интэринээт “туруҥ-олоруҥ” диэн ыйыытын-кэрдиитин соччо ылымматах. Саатар, хоһугар бииргэ сытар дьукааҕын кытары сатаспатах. Биирдэ көрүдүөргэ олордоҕуна биир киһи чугаһаан: “Билсэбит дуо?” – диэн ыйыппыт. Көрбөт дьон киһи майгытын-сигилитин тута билэр дьоҕурдара күүстээх. Кока ол киһи илиитин тутан көрбүт уонна соччото суох киһи ыйыталаһарын курдат билэн, тугу даҕаны хоруйдаабатах, саҥата-иҥэтэ суох хоһун диэки бара турбут. “Киһи дууһатынан ылыммат буоллаҕына, хайдахтаах да киһини ылыммат ээ. Сүрэҕим сөбүлүү санаабатах буоллаҕа?!” — диир Кока. Оттон Александры кытары сонно кэпсэтээт, уопсай тыл булбуттар. Оҕо дьиэтигэр иитиллибит киһи саҥатыттан-иҥэтиттэн биллэрэ буолуо дии, Кока бэйэтэ да үөрүнньэҥ, элбэх кэпсээннээх, сэргэх киһи буолан, дьон болҕомтотун тардар. Александр эдэригэр иһэ-аһыы сылдьан илиититтэн-атаҕыттан маппыт. Онон инбэлиит, төгүрүк тулаайах буолан, эмиэ Оҕо дьиэтигэр иитиллибит. Кока талан ылбыт киһитэ төһө да аһыы утахха ыллара сырыттар, олох очуругар оҕустардар, киһи быһыытынан үчүгэйин, сэмэйин, дууһатынан сырдыгын, ырааһын курдат сэрэйэн билбит. Эмиэ илиитин иминэн сирдэппит. “Мин илиим хаһан даҕаны түһэн биэрбэтэҕэ”, — диир. Александр биир үтүө күн доҕоругар: “Мин эн хараҕыҥ буолуом, оттон эн мин илиим уонна атаҕым буол!” – диэн кэргэннэһэр туһунан этии киллэрбит. Бүгүһүн Ленскэйгэ саахсаламмыттар... Саатар, биир хос сыыһа... баҕалаах Кокалаах Александр ыал буоларын буолбуттар эрээри, бииргэ олорор дьол тосхойботох. Кэргэнниилэргэ биир хос сыыһа көстүбэтэх. Интэринээт дириэктэрэ: “Хос көһүннэҕинэ даҕаны бииргэ олордуом суоҕа!” – диэн, саба саҥаран кэбиспит. 13 хостоох, 30 миэстэлээх интэринээккэ сол курдук дьоллорун булбатахтар. Кока Петровна бэйэтэ туһунан олорор, оттон Александр — интэринээккэ. Хас субуота, өрөбүл аайы кэргэнин баран көрсөр, харайар. Дьиэтигэр аҕалыаҕын киһитэ онно кэлэр кыаҕа суох, инбэлиит кэлээскэтэ баппат кыараҕаһа! Икки тулаайах, инбэлиит бэйэ-бэйэлэригэр өйөбүл буолаары, хайдах эмэ олохторун чэпчэтээри сүрэхтэрин холбоон даҕаны, эмиэ дуоһунастаах тойот-хотут хаҕыс сыһыаныттан эрэй-муҥ бөҕөнү көрө сылдьаллар. Дьиҥэ, социальнай үлэһиттэр бачча олохторун оҥосто сатыыр дьоҥҥо өйөбүл, күүс-көмө эрэ буолуохтаахтар этэ буоллаҕа...
Ону биһиэнэ биһиэнин курдук, төттөрү. Кока Петровна бэйэтэ тэрилтэлэри кэрийэн быраабын аахса сатыыр да сырыы аайы муустаах ураҕаһынан үүрүллэр. Санаан көрүҥ, бэл, бу эйгэ үрдүк дуоһунастааҕа инбэлиит кыһалҕатын истэ да барбатах, кэбиниэтиттэн үлтү күргүйдээн үүрэн таһаарбыт! Хомойуох иһин, оннук тойоттордоохпут. Кока Петровна доруобуйата айгыраан, бэйэтин даҕаны кыайан хааччыммат, соҕотоҕун олорор кыаҕа суох. Санаан көрүҥ, икки хараҕа суох, ыарыһах киһи хайдах мас дьиэҕэ соҕотоҕун олоруой?! Социальнайдар бу дьон кыһалҕатын өйдөөн, Дьокуускайдааҕы инбэлииттэр дьиэлэригэр кэргэнниилэргэ, саатар, биир хос сыыһын биэрэллэрэ буоллар, эрэйдээхтэр төһөлөөх абыраныа этилэрий?! Кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэригэр, бэл, төрөппүт оҕолордоох, дьонноох-сэргэлээх, халыҥ аймахтаах дьон киирэн сыталлар. Оттон бу төгүрүк тулаайах кыаммат дьоҥҥо интэринээт иһигэр биир хос баҕалаах. “Тулаайахтар дьиэнэн-уотунан толору хааччыллыахтаахтар” диэн анал бырагыраама үлэлиир. Дьиҥэ, бүтүн кыбартыыраны биэриҥ диэбэттэр ээ, онон кыра хос сыыһа көстөрө кыаллар боппуруос ини. Чунуобунньуктар бэттэх хайыһыахтарын, киһилии сыһыаннаһыахтарын, кыра-кыаммат дьон кыһалҕатын өйдөөн көмөлөһүөхтэрин эрэ наада. Туйаара СИККИЭР. 13.06.2013 Кыым № 22
kyym.ru сайтан