Кэпсээ
Войти Регистрация

Нам улууһун үс үбүлүөйдээх чулуу дьонугар Марта-Мария анабыл хоһоонноро

Главная / Кэпсээн арааһа / Нам улууһун үс үбүлүөйдээх чулуу дьонугар Марта-Мария анабыл хоһоонноро

K
kyym.ru сайтан Айымньы
08.12.2021 10:34
Мохначевская Мария Петровна-Марта-Мария - Нам улууһун «Отуу уота» литературнай түмсүү уонна СӨ Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ, бэйиэт. Анабыл хоһооннор Илья Егорович Винокуровка Нам сирин Куһаҕан ыалыттан, Хотугу тиэргэнин буоруттан Тирэнэн олоххо тахсаҥҥын, Көҥүлгэ дабайан барбытыҥ.   Хотугу будулҕан муораҕа Тиийбитиҥ балыктыыр туонаҕа. Хараҥа норуотун туһугар Турбутуҥ охсуһуу суолугар.   Эн кыһыл бартыһаан буолбутуҥ, Өстөөҕү утары турбутуҥ. Тыыҥҥын да толук уураҥҥын, Сойуолуур суоллары буларыҥ.   Үөрэхтээх буолаҥҥын үүммүтүҥ, Салайар кэккэҕэ киирбитиҥ. Дьон норуот туһугар күнүс-түүн Сылайбат сындааһын эн этиҥ.   Ол сыллар будулҕан кэмнэрэ Олоҕу суоҕунан буруйдаан, Буруйа суох буруй суоһуттан Дьон көҥүл санаата кэхтэрэ.   Арай эн ол онтон толлубат Эр хоһуун хотойук буолаҥҥын, Аһыыр ас булаҥҥын анатан Норуотуҥ дьылҕатын быыһыырыҥ.   Норуотун өстөөҕө аатырбыт Омуоһап дьиэ кэргэн олоҕор, Москуба куоракка тиийэҥҥин Саҥата суох көмө уунарыҥ.   Тылбаас Илье Егоровичу Винокурову Ты родился в простой семье В далеком наслеге, в улусе Намском, Где провел годы отрочества, И на свободу крылья обрел.   Добравшись до северного моря, Познал тяжелую жизнь рыбака. Чтобы облегчить его трудную долю, Смело встал на его защиту.   И встал на партизанскую тропу Против врагов-стервятников. Вступая с ними в смертный бой, Готов был отдать свою жизнь.   И расширил свой кругозор, Стал наркомом во власти. Для своего народа день и ночь Трудился, не зная устали.   О, то было тяжелое время, Когда ловили врагов народа. Людей тяготило бремя Быть виновным без вины и суда.   Но это не стало преградой, Ты был отважным орлом. Ты спас свой народ От смертной участи голода.   Помогал, чем мог, Аммосову, Объявленному "врагом народа". Заезжал к его семье в Москву, Молча оставлял помощь на столе.   Ылдьааҕа анаан Хотойдуу санаалаах Ылдьаабыт Хоһууннук дайбытыҥ олоххор. Будулҕан ытыллар буурҕаһыт Майгынныыр олоҥхо олоҕор.   Саа-саадах тутаҥҥын норуоккун Түөскүнэн көмүскүү турбутуҥ, Көҥүлү күөмчүлүүр өстөөххүн Төннүбэт суолугар үүрбүтүҥ.   Ол кэмнээх ыарахан олоххо Хоодуоттук эрдинэр оҥочо Бааллырар долгуну быыһынан Устара эриирдээх суолунан.   Норуотуҥ туһугар киирсэҥҥин Хамсаабат буулаҕа санааҕын Тиһэҕэр тириэрдэн тэйэриҥ, Этэргин ситиһэр буоларыҥ.   Ылдьаабыт, хоһууннук ылсаҥҥын, Ыстаалын сирдьиккэ тыллааҥҥын, Ыксаабыт хотугу сахаҕын Ытарча өлүүттэн быыһаатыҥ.   Бу бүгүн ыччатыҥ Эйиэхэ Махталын бэлиэтин сүһүөҕэр Төбөтүн хоҥкутан туруоҕа, Сибэкки дьөрбөтүн ууруоҕа!   Тылбаас Илье Егоровичу Винокурову посвящается Ты, Илья, взлетел орлом Вольный, по жизненной стезе, Буревестником сквозь вихрь, Как было воспето в олонхо.   Ты шел с винтовкой в руках, Грудью - на защиту народа. Врагу дорогу закрыл навсегда, Что встал на пути к свободе.   В те тяжелые годы Плыл отважный челнок, Сквозь бурные волны реки, Минуя коварные пороги.   Ты стоял за народ свой горой, До конца доводил свое дело. Волей, непреклонной как кремень, Добивался нужных решений.   Убедил вождя Сталина, Как бедствует народ Саха В далекой сибирской глубинке - Тем и спас многих от голодной смерти.   И сегодня благодарные потомки Склоняют голову перед подвигом твоим, И в знак огромной благодарности Возлагают венок на добрую память! Н. М. Рыкунов 85 сааһыгар ананар Улуу Элиэнэ хочотугар, Устан ааһар долгунугар Уран тыллаах хоһоон айар Уруулаахтар муһуннубут.   Улуу бэйиэт Ньукулай, Убай тэҥэ санааммыт, Улаҕалаах хоһооннорун Уйадыйа аахтыбыт.   Устар уун сомоҕолуур Урсун кэс тыл олохтуур - Урут ааспыт кэмнэргэ Уйа-хайа доҕоро этэ.   Уунан сууйан суураллыбат Турукпутун өйдүүр-саныыр, Уйаҕастай дууһа ыллыыр, Умуннарбат, умулларбат.   Уотун оттон "отуу" тула Уккунньаҕын саҕан барбыт. Умнас анньан ойуур буола Уһаан, кэҥээн бардыбыт.   Убаастааммыт этиэххэ Уһулуччу киһиэхэ, Улуу суорун Ньукулайбыт Унаар уотун умайдын!   Умнубаппыт эйигин, Уруйдуубут эн ааккын. Уйгу-быйаҥ ходуһаҕын, Умсугутар иэйиигин. САРГЫҤҤА АХТЫЫ (Ю.В. Потапов-Саргын 80 сааһыгар анаан). Өлүөнэ, Алдан диэн өрүстэр Охсуллар дохсуннаах биэрэгэр Баар эбит кэрэ да сир Арбын, Ол онно төрөөбүт бу Саргын!   Айылҕа бу кэрэ уйгута Сүрдээҕин үс кутун туппута, Олоҕо тахсыылаах буолбута, Дьол- соргу таһымныы турбута.   Саргылаах сахатын тылыгар Ыччаты үөрэтэр туһугар Учуутал идэтин ылбыта- Талаанын дьэҥкэтик аспыта.   Көмүстүүр- айхаллыыр айымньы, Бииртэн биир суруллар айылгы Хоһооннуур кэрэнэн иэйбитэ, Кинигэ биһигэр киирбитэ.   Сүдү диэн суруйар идэҕэ Сүрэҕэ эппэҥнии иэйдэҕэ, Төрөөбүт Арбына ырыаҕа Тиэрпитэ көтөллөөх ыраҕа.   Таҥара табата Эн кыыһыҥ, Саргын кыыс уранныыр ыччатыҥ Эн тэлбит суолгунан дугуйдун, Кэриэс тыын туйаҕыҥ муостуйдун!   Эҥсиллэр сүүрүккэ бигэнэн, Элиэнэ эбэкэ тиһиллэн, Нам сирин кубалаах хоҥкуна- Үйэлээх ахтылҕан Саргыҥҥа!
kyym.ru сайтан