Кэпсээ
Войти
Регистрация
Оҕону булбут (кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Оҕону булбут (кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
17.03.2024 01:00
Харысхан бөх дьааһыгын аттыгар итирэн охтубут. Арай чугас ханна эрэ оҕо ытыыр. Бастаан дьон ааһар ини диэн кыһаммата. Эмиэ да дьааһык иһигэр оҕо ытыырга дылы. «Кэбис, эчи арах, көстүмэ» Харысхан сүрэх баастаах киһи быһыытынан, кулгааҕын бүөлэнэн түүрүллэн сытта. Санаатыгар эмиэ түлээгирэн ону-маны көрүөм диэн куттанна. Арыгыта ааста да араас абааһылар тиийэ көстөллөр, арыгы иһэн абырахтаннаҕына биирдэ сүтэллэр. Оҕо иэрийэ-иэрийэ ытыыр. Өйдөнөн кэлэн турда. Арай дьааһыгы өҥөйбүтэ, иһигэр оҕо ытыыр. “Оо, Айыым таҥарам, эчи көстүмэ дуу” диэн кириэс охсунна. Онтон өйдөөн көрбүтэ кырдьык дьааһык иһигэр оҕо сытар эбит. Харысхан көрбүтүн итэҕэйбэтэ. Түүл дуу илэ дуу? Тоҕо сүрэй! Кини урут истэр этэ, Арассыыйа соҕуруу куораттарыгар оҕону маннык быраҕалларын, эбэтэр дьонноох сиргэ олордон баран хаалалларын. Харысхан оҕону көтөҕөн таһаарда. Тимэҕин төлөрүтэн хоонньугар угунна. Уонна оннук кууспутунан уулусса устун хаамта. Оптуобуһунан айаннаата. Дьон сөхпүттүү көрөр. Дьиэтигэр кэлэн ааны арыйан киирдэ. Тугу гыныан билбэккэ, оҕону көтөхпүтүнэн мунааран турда. «Оҕо барахсаныы… Абаккам, ким маннык кэбилэммитин билэрим эбитэ буоллар, сирэйин таһыйыам этэ! Кимиэхэ эрэ оҕо баҕалаах, ким эрэ оҕону быраҕар!” — диэн саныы турда. Оҕо сылааска киирэн үөрэн сирэйэ мытырыйда. Күөх харахтарынан чоҕулуччу көрүтэлиир. «Оҕо барахсан хайдах дьылҕаланарын билбэккэ үөрээхтиир ээ» — Харысхан хараҕын уута субуруйан түһэн, оҕо иэдэһигэр таммалаата. Оҕо үөрэ сытан “дьик” гынна. Онтон бытыктаах уоһунан сыллаабытыгар соһуйан ытаан тэһи барда. Харысхан хайыан да билбэккэ оҕону көтөхпүтүнэн тэспэҥэлии турда. Ыкса ыалыгар таҕыста. — Көрүҥ эрэ бу, ким эрэ оҕотун бырахпыт. Ону булан ыллым… суо-суолтан буллум. — Ону хайыыбыт биһиги. Төрөппүттэрэ булуохтара буоллаҕа дии. — Суох булбаттар, бырахпыттар. — Полицияҕа тыллаа. Оҕо дьиэтигэр илдьэн биэр. Чэ бар таҕыс. Манна бэйэбит оҕобут утуйа сытар. — Аччыктаабыт быһыылаах. Саатар үүттэ суоската аҕалыҥ, — Харысхаҥҥа эргэ суоска уонна, бааҥкалаах үүт бороһуогун тобоҕун уонна оҕо эргэ сууларын эмиэ биэрдилэр. Харысхан онон эмискэ оҕолонон хаалла. Полицияҕа тыллыаҕын аны онно эмиэ эрийэ сылдьыахтара. Булан ыллым диэни итэҕэйэн бэртэр. Сарсын арай оҕо дьиэтигэр илдьэрэ эбитэ дуу. Харысхан кэргэнинээн холбоһон баран икки сыл оҕо күүппүттэрэ. «Хайа сэгээр, туох да биллибэт дуу?” — диэн сэмээр ыйытара. Ону Ларисата барахсан хомойбуттуу суох эрэ диирэ. “Бииргэ үөрэммит оҕолорум төрөөн-ууһаан ырааттылар, хайдах биһиэнэ сатамматый?” — диэн Харысхан кыралаан иһэр буолан барбыта. Лариса бэйэтэ да санаарҕыы сылдьар киһи ытаан сыттыгын илитэрэ. Онтон биирдэ «испэр туох эрэ биллэр, оҕолоох буолуохпут» диэн үөрдүбүтэ. Ол үөрүү уһаабатаҕа, Ларисата оҕолоноору олохтон туораабыта, оҕотун да өрүһүйбэтэхтэрэ. Ол аһыытыгар тэптэрэн, Харысхан бу сылдьаахтыыр. Аны соһуччу оҕолонон хаалла. Ама да таҥара киһини накаастаабытын иһин, бөхтөн булан оҕоломмут диэхтээн! Харысхан бороһуогунан үүт суурайбытын иһээт, хайдах дьылҕаланарын билбэккэ
оҕо утуйа сытаахтыыр. «Дьэ хайдах буолабын, бу оҕону ханна гынабын?” — диэн санаа Харысханы үүйэ-хаайа тутта. Харысхан түүнү быһа кыайан утуйбата. Сарсыарданан утуйан эрдэҕинэ оҕото ытаан уһугунна. Бороһуок үүтүн суурайан оҕоҕо иһэртэ. Холус соҕустук туттан түһэҕэр олордон чохчотон ииктэтэ сатаата да, тиэрэ кэдэрийэр. Оҕотун утутан баран таҥастарын сууйан куурда ыйаата. Сэсиэтин тахсан тоҥсуйда. — Ити, били, оҕоҕо туох баара дии..? — Туох? — Ииктээбэтин диэн подстилка дуу, туох дуу… — Наһаа көрүдьүөс киһигин дии, подстилкалаах ээ, памперс диэ. Оннук маҕаһыыҥҥа элбэх, тахсан ылан киир, — ыала дьахтар күлэр. — Оннуктаах буоллаххына, баһаалыста, иэһээн эриий. Оҕобун хаалларар киһим суох ээ, — Харысхан памперс биэрбиттэрин ылан киирдэ. Оннук хас да күн тутунна уонна киртийдэҕинэ сууйан баран балкоҥҥа таһааран ыйаталаан кэбиһэр. Ону ыала көрөн: — Итини сууйбаккын, тутуннуҥ да быраҕан иһэҕин. Саҥаны атыылас — күлэн мытырыйар. — Ээ сөп, сөп — диэн биһиги киһибит сөбүлэһэр. Харысхан уоппуската бүтэрэ чугаһаата, үлэтигэр тахсыан наада. Оҕотун дэриэбинэҕэ ийэтигэр ыытыаҕын, кырдьаҕас киһи кыайан көрүө суоҕа диэн мунаарар. Уһугулаан оҕо дьиэтигэр илдьэ диэн барбыта да, суолун аҥаарыттан төннөн кэллэ. Оҕото кинини көрөн үөрэн мичээрдиир. Санаата буолбакка төттөрү күккүрээн кэллилэр. «Оо дьэ нохойдоон, эйигин хайдах гынабын? Мин дьолбор дуу, сорбор дуу көстүбүт киһигин быһыылаах» — кыракый уолчааны өрүтэ көтөҕөн ууммахтыыр. Оҕо иһэ кычыкаланан күлэн чачыгырыыр. “Иккиэн да эрэй эҥэрдээхтэр түбэһэн хайдах дьон буолаахтыыбыт ээ» — диир, ороҥҥо сытыаран баран ыала биэрбит алдьаммыт оонньуурун үрдүгэр ыйаата. Оҕо илиитигэр баайбыта, даллаахтыырыгар эйэҥэлэтэн тыаһатар. Ол кэмҥэ Харысхан атаһыгар эрийэн балаһыанньатын кэпсээтэ, онуоха: “Билиҥҥи үйэҕэ оҕо көрөр ньээҥкэлэр эҥин диэннэр бааллар дии доҕор…” — диэн сүбэлээтэ. Онуоха өй ылан Харысхан биллэрии суруйда. Икки хонон баран биир оҕо көрөөччү дьахтар эрийдэ. Аадырыһын эппитигэр такси кэлэн тохтоото. Харысхан саастаах чүөчэ буолуо дии санаабыта, аан аһыллыбытыгар биир эдэр кырасаабысса турар. Итэҕэйбэтэр даҕаны киллэрэригэр тиийдэ. — Тыый, наһаа үчүгэй оҕо дии, красавчик — Валюша дэнээччи сытыы соҕус буолан биэрдэ, — Сааһа хаһый? — Билбэтим ээ. — Аата ким диэний? — Ньоко… Ньокойдоон диэн ыҥырабын. — Дьикти ааттаах эбит. — Ааттыы иликпин. Ити бэйэм таптаан ааттыыбын. — Ладно… — Эн эрдэ оҕо көрө сылдьыбытыҥ дуо? — Харысхан хайдах эрэ итэҕэйбэттии ыйытта. — Көрөн, аһа. — Сөп, — диэн Харысхан төһөнү төлүөхтээҕин ыйытан биллэ. — Нэдиэлэ курдук оҕону иитээччигэ көрдөрөн үлэлээтэ. Киэһэ үлэтиттэн кэллэҕинэ, Валюша дьиэлиир. Онтон сарсыарда кэлэр. Биир үтүө күн дьиэтигэр кэлэн ааны аһан киирбитэ оҕото да, Валюша даҕаны суохтар. Төлөпүөнүгэр эрийэ сатаата да хаппат сиргэ сылдьар. Харысхан уулуссаҕа тахсан көрдөтөлүү сатаата. Төттөрү киирэн истэҕинэ ыала дьахтар
ыйытта: — Туохтан айманан төттөрү-таары сүүрэккэлээтиҥ? — Ньээҥкэ кыыспын көрдүү сатаатым… — Ньээҥкэнэн саастаах чүөчэни булуоҥ этэ. Билиҥҥи үйэҕэ араас дьон баар, оҕо да сүтэрэ элбээтэ. Ити кыыс ханна эрэ кутуруга куйаардаҕа. Билигин хантан булаҕын? Киһи киһини да атыылаатаҕына сөхпөт кэмэ, — диэн Харысханы эбии санаатын түһэрдэ. Ол турдахтарына эмискэ Валюша оҕону көтөхпүтүнэн лиибинэн тахсан кэллэ. — Хайа бу ханна сырыттыгыт? Көрдүү сатаатым дии. — Биһиги күүлэйдээн кэллибиит, — Валюша хата кыһаммат, оҕону сыллаан «чоп” гыннарар. Ыала кыыһы кынчарыйа көрөөт, дьиэтигэр киирэн хаалла. — Биһиги маҕаһыыҥҥа сырыттыбыт, чэйдии түһэбит дуо? — Валюша иһит бэлэмнээтэ. Харысхан бу ис киирбэх кыыһы сөбүлээтэ. Кыыс үөрэҕэр кыайан туттарсыбакка гынан баран, кэтэхтэн үөрэнээри сылдьар эбит. Харчыга наадыйан бу оҕо көрө кэлбит. — Бу, оттон ийэҕит хаһан кэлэрий? — кыыс сэмээр ыйытта. — Чэ ыйытарыҥ да бэрт… Бу оҕону бырахпыттарын уулуссаттан булбутум. — Эс, ама дуу, оннук диэн баар үһү дуо. Бачча үчүгэй оҕону кып-кыра киһини бырахпыттар үһүө, — кыыс итэҕэйбэтэҕин иһин Харысхан олоҕун барытын кэпсээтэ. Валюша аһынан, хараастан хараҕын уута таҕыста. — Чэ аны эн кэпсээ. Эн ханна олороҕун? — Мин тыа сириттэн сылдьабын. — Билигин ханна олороҕун? — Хос куортамнаан олоробун. Ону төлөөрү бу эйиэхэ үлэлиибин. — Оттон манна да олоруоххун син буоллаҕа. Харчыҥ тиийбэт буоллаҕына. — Махтал. Толкуйданыаҕым. Харысхан кэнникинэн оҕоҕо убанан барда, үлэтиттэн ыксаан-кыараан кэлэр. Дьиэтигэр кинини дьон күүтэрэ тоҕо үчүгэйэй. Кыра уолчаан «оо, ол, па- па» диэн киниэхэ кэлиэхтии уунаҥныыр. Ньээҥкэтэ эмиэ киниэхэ истиҥник сыһыаннаһар: “Оҕобутун ким диэн ааттыыбыт?” — Валюша ыйытта. «Оҕобутун диэ?” — иккиэн күлүстүлэр уонна истиҥник көрсөн ыллылар. Харысхан кууспутун билбэккэ да хаалла. Кыыс утарыласпатаҕын иһин эр ылан уураан ылла. Дьикти итии сүүрээн иилии кууста. Үлүһүйэн барыаҕын кыыс оргууй түөһүттэн аста. Салгыы күлэ-үөрэ кэпсэтэн бардылар. Валюша сүүрбэ биэстээх эбит. Харысхан сотору отут биэһин туолуохтаах. Биир күн үлэтигэр сырыттаҕына Валюша эрийэр, ытамньыйар. — Аллоо, оҕолонон-урууланан бүттүбүт быһыылаах… — Ол аата хайдах? — Хайа эрэ дьон кэлэ сырыттылар. — Туох дииллэр? — Бу оҕону хантан ыллыгыт? — дииллэр. Полициялар быһыылаах. — Ону эн туох диэтиҥ? — Билбэппин, мин ньээҥкэбин эрэ, — диэтэҕим дии. Сарсын эмиэ кэлэ сылдьыах буоллулар. Харысхан дьиэтигэр кэллэ. — Кэлэргин өр да күүттүбүт — Валюша оҕону көтөҕө сылдьар. — Хайдах дьон быһыылааҕый? Полиция таҥастаахтар дуо? — Суох. Саастаах соҕус дьахтардаах эр киһи. Видеоҕа кистээн устубутум, — Валюша көрдөрдө. Харысхан видеону хаста даҕаны көрдө. Таҥастара-саптара мөлтөх. Эр киһи хараҕа көҕөрбүтэ харааран саҥа сүтэн эрэр курдук. — Полициялар буолбатах эбит. Бу дьон оҕолоро буолуо дуо? — Харысхан санааҕа ылларда.
— Кинилэр бырахпыттара эбитэ дуу, — Валюша оҕоҕо хааһы сиэтэ олорон этэр. Оҕо хата кыһаммат, хааһы сиэн уоһун ньоймоҥнотор, күлэн мытырыйар. Уонна көтөх диэн илиитин ууммутун, Харысхан көтөхтө. — Эх Ванька, Ванька, что нам с тобой делать аа? — уолчааны Ваня диэн ааттаабыттара. Ханна да сүрэхтэнэ даҕаны иликтэр буоллаҕа. Ульяна 45 сааһыгар сэттис оҕотун төрөөбүтэ. Киһитэ сүгүн үлэлээбэккэ арыгылыыр. Устунан дьахтар эмиэ иһэр идэлэммитэ. — Аллоо! Хайа бу ханна сүтэ сылдьаҕын? Күнү быһа эрийдим, тоҕо төлөпүөҥҥүн ылбаккын! Хамнаскын ыллыҥ дуо?! — Ульяна эригэр эрийбитэ. Устунан этиһэн барбыттара. Оҕолоргун бэйэҥ көр. Бу кыра уолу ыалга биэриэм! Эбэтэр бөххө таһааран быраҕыам! — дьахтар ытамньыйан ыла, ыла үөхсэн умайыктаммыта. — Бырах ээ, бырах. — Быраҕыа суоҕа диигин дуо?! — Хайдах да гын, — эр киһи улахаҥҥа уурбатахтыы саҥарбыта. Дьахтар оҕотун таһааран баран, санаата буолбакка төттөрү тахсыбыта. Тахсан көрбүтэ, биир хайа эрэ киһи оҕону көтөҕөн баран эрэрэ. Ульяна тохтотоору саҥа аллайбытын, истибэтэҕэ. Онуоха иккиһин ыҥырбакаа “хайыыр эбит» диэбиттии кэнниттэн чуҥнаан хааман испитэ. Оҕону илдьэ баран эрэр киһи холуочук быһыылааҕа, таҥаһа-саба мааны соҕус этэ. «Оҕобун уорда» диэн сантаастаан харчы көрдүөн баҕарбыта, ол эрээри, саҥата суох чуҥнаан айаннаан ханна олорорун билбитэ. Харысханнаах Валюша алта ый бииргэ олордулар. Биир үтүө күн иккиэн баар кэмнэригэр, били, дьахтардаах эр киһи киирдилэр. Кыра холуочуктар. Ульяна барытын кэпсээтэ, буруйун билиннэ. — Оччоҕо оҕоҕутун ылар буоллаххыт дии? — Харысхан кэһиэҕирбит куолаһынан ыйытта. — Оттон эһиги оҕото суох буоллаххытына, ситэри оҕону атыыласпаккыт дуо? — Ульяна үөннээх хараҕынан көрөн ылар. — Ээ, суох. Оҕону хайдах мал курдук! Бөххө быраҕаҕын, то атыылыыгын! Сүрэ бэрт дии! — Харысхан оннугар Валюша буолан турда, — төрөппүт оҕоҕутун илдьэ барар буоллаххыт дии! — диэтэ. Харысхан тугу да саҥарыан булбакка мээнэнэн көрөн турда. Ульяна Ваньканы харбаан ылан таҥыннаран киирэн барда. Оҕо атыҥыраан иэрийэ-иэрийэ ытаата. Көтөҕөн тахсан истэхтэринэ «паа, паа» диэн илиитин ууна сатыыр. Харысхан хайыан да билбэккэ турда, хараҕын уута таҕыста. Валюша ону көрөн эмиэ эппитин кэмсиннэ. Онтон хааман тиийэн, ааны бүөлүү турда. — Истиҥ эрэ… эһиги бу оҕоҕутун дьиэҕитигэр илдьэ бардыгыт дуо? — диэн ыйытта. — Ханна да гыныахпыт, бэйэбит билэбит! — Ваньканы сарылаппытынан илдьэ бара турдулар. — Чэ уоскуй Харысхан, сотору бэйэбит оҕолоох буолуохпут, — Валюша Харысхан төбөтүн имэрийэр. — Ол аата? — Оттон манна баар буоллаҕа, — Валюша Харысхан илиитин ылан иһигэр сыһыары тутта. — Эс, итиччэ түргэнник дуо? Кырдьык миэнэ дуо? — Харысхан тугу ыйытарыан билбэккэ үрүт үөһэ эттэ, — Ол аата хайдах? Мин оҕом дуо? — Итэҕэйбэккин дуо?! — Валюша өсөһөн, туран хоско киирдэ. “Сотору
бэйэбит оҕолоох буолуохпут …” Харысхан дьэ өйдөөн үөрдэ уонна доҕорун хомоппутуттан кэмсиннэ. — Валиккаа, чэ кыыһырыма дуу. Ити мин мээнэ соһуйбучча эттим. Бастакы кэргэммэр икки сылы быһа оҕо күүппүппүт. Ол иһин ити үөрүүбүттэн саҥа аллайдаҕым дии — кууһан ылан сыллаата-уураата. — Көр эрэ сэгээр, ити Ванька барахсан ытыы-ытыы миэхэ кэлэ сатаата дии. Ончу өйбүттэн тахсыбат, — Харысхан санаарҕаан куһаҕан буолан ылар. — Хайыахпытый, төрөппүттэрэ буоллаҕа эбээт. — Оннугун оннук эрээри, саарбах дьон курдук. Ханна да гыммакка дьиэлэригэр илдьэллэрэ эбитэ дуу. Ханна олороллоро эбитэ буолла. Кэннилэриттэн баран чуҥнаабыт киһи дуу. — Хата инньэ гын. Мин эмиэ көрбүт-харайбыт буоламмын убанным, — Харысхан Валюша эппитигэр таҥнан тахсан хайа диэки барбыттарын көрөөрү, төттөрү-таары сүүрэккэлээтэ. Валюша тыа сириттэн куоракка кэлбитэ. Дьонугар кэтэхтэн үөрэнэбин, быыспар ньээҥкэлээн харчы оҥостобун диирэ. Дьоно эмиэ элбэх оҕолоох буолан тиийиммэт-түгэммэт ыаллар. Ол да иһин кыыс үлэ булан үлэлии сатыыр. Харысхан оҕону булбутун итэҕэйбитэ. Сатамматах олоҕун кэпсээбитигэр олус аһыммыта. Онто устунан тапталга кубулуйбута, Харысхан кинини отой оҕо эбит диэн санаан сылдьыбыт. Валюша сүүрбэ биэс саастаах эрээри, көрүҥэ сүүрбэлээх курдук. Харысхан олоҕор дьол кыыма саҕыллан иһэн эмиэ сатаммата. Үнүр Ванькатын дьонун уулуссаҕа көрдөөн булбатаҕа. Валюша дьонугар 35 саастаах киһиэхэ кэргэн кэриэтэ тахсан олорорун кэпсээбэтэҕэ. Аҕатыттан куттанар этэ. Кэлин дэриэбинэлэригэр сурах кэлбитэ. «Кыыскыт ончу да үөрэҕин бырахпыт быһыылаах. Ханнык эрэ орто саастаах киһи оҕотун көрдөрө-көрдөрө эбиитин ойох оҥостор быһыылаах» — диэн эбэн-сабан кэпсээбиттэр. Валюшаны суһаллык кэлэ тарт диэн ыҥыран ыллылар. Мөҕөн-этэн дэлби ытаттылар. Төлөпүөнүттэн Харысхан нүөмэрин соттордулар. Валюша быйыл дембеллэнэн кэлбит быраата атастарын кытта холуочуйан баран куоракка Харысхан аадырыһын булан дэлби кырбаатылар. Харысхан ойоҕоһо тостон балыыһаҕа киирдэ. Валюшатыгар эрийэ сатаата да кыайан тиийбэтэ. Эмиэ оҕото да, ойоҕо даҕаны суох хаалан балыыһаҕа сытта. Валюша Харысхан балыыһаҕа киирбитин билбэт. Кини куттанара — Харысхан кинини албыннаата, дойдутугар баран сүттэ дии саныаҕа диэн. Кыыс санаарҕаан устунан ыран-дьүдьэйэн барда. Аһаабат да, кэпсэппэт даҕаны буолбут. Ийэтэ кыыһын аһыннар даҕаны хайыыр да кыаҕа суох. Ый курдук буолан баран, Валюша аҕата былдьаан баран кистээбит сим-каартатын ийэтэ булан биэрдэ. Сим-каартатын эргэ төлөпүөҥҥэ кэтэрдибитигэр элбэх иһитиннэрии кэллэ. Харысхан хаста даҕаны төлөпүөнүү сылдьыбыт. «Хайа сэгэрим, ханна сүттүҥ? Хаһан кэлэҕин ахтан иэдэйдим. Валиккаа, ол иһин даҕаны, эн эдэр буолаҥҥын атыны буллаҕыҥ эбээт. Эн миэхэ оҕо бэлэхтээри сылдьабын диэбитиҥ дии… Онтон олус да үөрдүм этэ. Дьоллоох эрэ буолуҥ” — маны ааҕан баран Валюша уйа-хайа суох ытаата. Иһигэр оҕото мөхсөр, иһэ хам тутан ыарыыланан сытта. Харысхан сатамматах олоҕуттан санаата оонньоон эмиэ аһыы утахха ылларда. Олоҕо күн курдук тыган сырдаан кэлэн иһэн эмиэ ыас хара былыт сабардаата. Төбөтүгэр сүллэр
этиҥ сааллан, ээл-дээл сырытта. “Иһит эрэ доҕоор, Сэргэй, сахалар: “Ыал ийэтинэн олорор” диэн сөпкө да эппиттэр эбит ээ. Эр киһини дьахтар тутар эбит. Мин кэргэттэрим баар эрдэхтэринэ ончу испэт этим. Иһэргэ төрүөт да суоҕа. Хайдах суох буоллулар да, эмиэ иһэн-аһаан бу олордохпут дии, — Харысхан үөлээннээҕин кытта дьиэтигэр иһэ олорон кэпсиир. — Оннук бөҕө буо-буоллаҕа, би-биир бэйэм курдук дьахтары аанньа ахтыбакка олордоҕуҥ дии. — Бэйи тохтоо доҕор. Мин эн курдук атаҕастыы иликпин. Тарбахпынан да таарыйбатаҕым, дөрү куоласпын да соноппутум суох. — Ол иһин баска та-таһаардаҕыҥ. Э-эдэр кыыска итэҕэйэн киирэн биэрэҕин. — Чэ кэбис Сэргэй. Сылайбыккын дьиэлээ, — Харысхан таһырдьа таһааран таксига уган атаарда. Дьиэтигэр киирэн олордоҕуна били кырбаабыт уолаттара киирэн кэллилэр. — Дорообо. — Дорообо да буоллун, эмиэ кырбаары кэллигит дуо? — Суох. Бырастыы көрдөһө кэллибит. — Киирэн олоруҥ. — Баһаалыста заяваҕын төттөрү ылыаҥ дуо? — Сайабылыанньа суруйа иликпин. — Быраастар син биир биэрбиттэр. Ону үҥсүбэппин диэн сайабылыанньа наада. — Ол тоҕо мин эһиги тускутугар кыһаллыахтаахпыный, ойоҕоһум тостон баран? — Оттон биһиги төлүө этибит буоллаҕа. — Суох, суох мин атыыламмаппын. Тахсыҥ барыҥ! — Биһиги сыыһа быһыыламмыппыт. Биһиэхэ эйигин Валя эдьиийбин албынныыр эҥин, оҕотун көрдөрөр, хайыыр диэн сурах тиийбитэ. — Бэйэтэ итинник кэпсээбитэ дуо? — Тоҕо бэйэтэ кэпсиэҕэй. Атын дьонтон биллэхпит дии. — Билбэккэ эрэ тоҕо сурах хоту киһиэхэ саба түһэҕит? — Оттон ол иһин буруйданан, кэпсэтэ кэллибит. Валя эдьиийбин кытта билсэ тураҕыт дуо? — Суох. Сүппүтэ ый буолла. Төлөпүөнүн да ылбат. Эдэри буллаҕа дии. — Ол иһин даҕаны… эн сыыһа саныыр эбиккин. Кини эйигин таптыыр. Эйигиттэн оҕолоноору сылдьар. Аҕам араартаабытын кэннэ ыран-дьүдьэйэн бүттэ, төлөпүөнүн тиийэ былдьаабыттара. — Оо, сэгэрим сыыһа ол иһин даҕаны — Харысхан хараастан хоһугар киирэн сытынан кэбистэ, — айуу-айа, чэ эһиги барыҥ, кэлин кэлэ сылдьаарыҥ, кэпсэтиэхпит, — диэбитигэр тахсан бардылар. Харысхан Валюшаҕа эрийдэ. — Дорообо. Ханна сүтэ сырыттыҥ? — Оо привет. Мин куоракка баарбын. — Куоракка баар эрээри биллибэккин эбит дуу? — Харысхан бырастыы гын. Көрүстэхпитинэ мин барытын кэпсиэҕим. — Ханна көрсөбүт? — Мин бу “родильнайга” баарбын ээ. — Онно туохха?… — Харысхан долгуйан мээнэ ыйыппытын өйдөөбөккө хаалла. — Туохха буолуой, эйиэхэ оҕо бэлэхтиэх буолбутум дии. Бэйэбит оҕолоох буолуохпут. — Бырастыы гын. Ити долгуйан мээнэ ыйыттым. Манна эйигин сүтэрэн-айманан кыратык ыһылла сырыттым ээ, — Харысхан сүтүгүн булан үөрдэ. Аадырыһын ыйытан сурунна. Сайыҥҥы күөх халлааҥа кураанах таҥалай былыттар усталлар. Өҥүрүк куйаас күҥҥэ үрдүк мэҥэ халлааҥҥа элиэ көтө сылдьан кулуннуу кистиир. Элиэнэ эбэ барахсан дьиримнии мэндээрэр, хоптолор көтөн кылбаҥнаһаллар. Өрүс хомотугар дьон бөҕө сөтүөлүү киирбит. Оҕолор сөтүөлээн тахсан кураанах,
итии кумахха сыталлар. Харысханнаах Валюша эмиэ сөтүөлээн таҕыстылар. Кинилэр үс ыйдаах уол оҕолоохтор, күннэрэ киниттэн тахсар. Харысхан уоппуска ылан Валюша дэриэбинэтигэр кэлбиттэрэ. Харысхан киниттэн ордук дьоллоох киһи суох курдук сананар, кырачаан уолчаана кинини көрөн төрөөбүт, үүт-үкчү бэйэтин оҕо эрдэҕинээҕитин курдук. Харысхан Валюша дьонугар оттосто. Кини дойдутунааҕар оттууллара чэпчэки эбит. Харысхан дойдутугар тиэхиньикэ мээнэ тиийбэт, дулҕалаах, бадарааннаах сир буолан илиинэн оттууллар, хотуурунан охсон баран илиинэн кыраабыллыыллар уонна наһыылканан таһан кэбиһэллэр. Манна тыраахтар косилкатынан оҕустараллар. Синтайга кыраабылы состорон мунньаллар, от кэбиһэр сыарҕалаах бөлөрүүс тыраахтарынан кэбиһэн от бөҕөнү аҕыйах күнүнэн кэбистилэр. “Манна оттуур ончу дөбөҥ эбит дии. Биһиэхэ барыта илии үлэтэ» — диэн Харысхан кэпсиир. Ону аҕа кынна сөбүлээбэтэ. Кини «биһиэхэ үчүгэй, эһиэхэ оннук» диэни сөбүлээбэт. Туохтан эрэ кыыһырбыт курдук тутта сылдьар, өһүргэс киһи. «Чэпчэки буолан, ханнык баҕар үлэ ыарахан ини. Тиэхиньикэҕэ сэлээркэ бөҕө барар. Ороскуот буоллаҕа дии! Саныахха эрэ дөбөҥ, барыта харчыга кэлэр! Эргэ тиэхиньикэ, иэс-кирэдьиит ыллахпыт дии” — Ааҕа кынна суланар курдук саҥарда. Ол курдук биир күн итирэн кэллэ. Харысханы гарааһыгар ыҥыран кэпсэттэ. Арыгы иһэрдэ сатаабытын Харысхан испэтэ. «Эн бу биһиэхэ күтүөт буолбутуҥ да, буолбатаҕыҥ даҕаны биллибэт! Кыыспытын ыйыппатыҥ даҕаны, уруу да тэрийэр санааҥ суох. Мин эйигин хантан билэбин… ба-баҕар ку-куорат илэчиискэтэ буолуоҥ!” — аҕа кынна итирэн устунан үөҕэн барда. — Оттон мин саҥа кэпсэтээри гыммытым этэ дии” — диэн Харысхан алы гына сатаата. Ону истибэккэ уолугуттан тутан илгиэлии сатыыр. — Киэр буол! — эбиитин үүрэн барда. Валюша дьиэттэн тахсан Харысханы көрдүү сатаата. Аҕата итирэн охтубут. — Аҕаа, Харысхан ханна баарый? — арыый да аматыйбытыгар ыйытта. — Дойду-лаатаҕа дии. Билбэппин, бардыын-бардын. — Аҕаа, хайдах буоллуҥ, үүрдүҥ дуо? Хайа диэки барбытай? — Валюша ыйыта сатаата уонна суолга тахсан тыа диэки көрүтэлээтэ, Харысханы ыҥырда да, көстүбэтэ. Харысхан үүрүллэн баран мээнэ ыллык устун барда. Айан суолугар курдары киирээри тыаҕа хайысхатын сүтэрдэ. Суола кэллэр кэлэн биэрбэтэ. Халлаан киэһэрдэр да, сайыҥҥы үрүҥ түүн буолан тохтообокко хаамта. Дьиҥэр, көннөрү сылдьа түһэн баран аҕа кынна оҕонньор утуйдаҕына дьиэҕэ киириэм диэн санаалааҕа. Билбэт дойдута буолан мунан сырытта. Саатар төлөпүөнэ сибээһи хаппат. Түүн сыгынах кэннигэр муох тэлгээн утуйа түһэн ылла. Сарсыарданан туран улахан суол манан буолуо диэн быһа холуйан хааман истэ. Саатар биир эмит киһини көрсөн суолу ыйдарбыт киһи диэн санаалаах. Ол баран иһэн, үрэх хара сыырыттан таҥнары үрэҕи көрбүтэ, аллара түөрт-биэс киһи көстөр. Көмүс дуу, алмаас дуу хостооччулар быһыылаах. Харысхан дьону көрбүччэ үөрэн кинилэргэ түстэ. Ханнык эрэ омуктар эбит. Икки нуучча баар. Хайдах эрэ атыҥыраабыттыы көрдүлэр. Бадаҕа көҥүлэ суох дьон быһыылаах. Хантан кэлбитин, ханналаан иһэрин тоһоҕолоон ыйыттылар. Муна сылдьарын
эппитин тоҕо эрэ итэҕэйбэт курдук тутталлар. Харысхан бу дьон тыллара-өстөрө хаайыылаахтар курдугун биллэ. Хатыылаах харахтартан чаҕыйан, бу дьоҥҥо киирэн биэрбитин кэмсиннэ. Валюша сарсыныгар Харысхан сүппүтүгэр аҕатын үөхтэ. Оҕонньор киһи эрэ буоллар буруйданан саҥарбата. Уолаттарыныын тыаны кэтэн көрдүү сатаатылар. “Куорат киһитэ муммут быһыылаах. Эһэ-бөрө сэмнэҕэ буолаахтаатаҕа” — диэн кистээн кэпсэтэллэрин истэн Валюша эбии иэдэйдэ. Харысхан көмүсчүттэртэн ыйдаран суолга таҕыста. Массыына куоластаан куоракка кэлистэ. Дьиэтигэр кэлэн суунан-тараанан чэйдээн баран бааҥҥа тиийэн уурумньу харчытын уһулла. Валюша аҕата Харысханы көрдүү сатаан баран үүрбүтүн кэмсиннэ. Киһи сүппүтүгэр кинини буруйдаан, сууттуохтара диэн салынна. “Баҕар, куораттаабыта буолуо дуу» диэн санаан арыый да уоскуйан отторун охсо бардылар. Бөлөрүүс тыраахтарга скоростной косилканан оҕустарар. Дулҕалаах сиргэ тиэрэ таттарбыттара, былааҕыта өҕүллэн, оту кыбытан сордорун сордуур. Косилка кэнниттэн кыра уол батыһа сылдьан быһаҕар кыбыппыт отун ыраастыыр. «Дьэ сордоох суха курдук сэп! Нохоо, төлөпүөннэһэ туруоҥ дуо, кэлэн ыраастаа! — үөгүлүүр. — Аҕаа, дьиэбитигэр бара охсобут үһү, эдьиий ыҥырар. — Тоҕо ол эмиэ ыҥыраллар, үлэ дьонун аралдьытан. — Билбэтим, суһал наада үһү — уол ыҥырбытыгар кыйаханыах буолан иһэн «суһал” диэнтэн мах бэрдэрдэ. “Били, күтүөтэ туох эмит буолла дуу? Баҕар, полиция кэлбитэ буолаайах” — диэн ытырыктата санаата. — Нохоо, матасыыкылгынан барыах, ээ, чэ тыраахтарынан барыам. Бу косилка былааҕыта өҕүллэн иэдэйдэ, кыбыта сылдьар, дьиэҕэ тиийэн хайдах эрэ көннөрбүт киһи. Дьэ сордоох сэп. — Бэйэҥ чөҥөчөккө тиэрэ таттарбытыҥ дии. — Хорум эрэ баранаак! Аны эн чобуорхайаары гынныҥ дуо! — мөҥүттэн баран косилкатын көтөхтөрөн баайда. Дьиэлэригэр айаннаан чугаһаан иһэн көрбүттэрэ урал массыына турар. — Аҕаа, Харысхан кэллэ, — Валюша үөрбүт аҕай. Аҕата ону истэн «һуу» диэтэ. Эмиэ да “абыраабыт дии, итини этээри үлэ дьонун ыҥыртыыр дуо?” сүтүктэрэ көстөн үөрбүтэ ааһа охсон, кыйаханыах санаата кэллэ. — Оҕонньоор дорообо. Били «сордоох сухаҕын” бырах, — Харысхан туох да буолбатаҕын курдук кэлэн илии тутуста. — Ту-тугу этэҕин? — Скоростной косилка эрэйбин эрэйдиир диэбитиҥ дии. Ол иһин мин эйиэхэ роторнай косилка аҕаллым. Олус сынньалаҥ. Оту төттөрү-таары ыраастаан эрэйдэммэккин. Биир кэм оттору-дулҕалары быһыта сыстаран бара тураҕын, тыраахтаргыттан түспэккин. — Иэхэйбиин, махтал. Оттон бу хантан харчыланныҥ? Сыаналаах сэп ээ доҕор. — Уурумньу баар буоллаҕа дии. — Э сөп. Биһиги сүтэрэн куттаныы бөҕө ээ, доҕор — оҕонньор чахчы үөрдэ. — Оттон эйиэхэ эмискэ сюрприз оҥороору. — Ээ сөп, махтал, хата, оруобуна от кэмигэр наадалаах. Ити биирим эргэрэн, алдьанан иэдэйдэ, хата, абыраммыппыт. Валюша туораттан көрөн үөрэн турда. Харысхан оҕотун ылан көтөҕөн күн диэки ууммахтаата. Оҕо иһэ кычыгаланан күлэн чачыгырыыр. “Оҕоттон ордук биһиэхэ туох дьоло баар буолуой” — Харысхан иһиллэрдик эттэ, Валюшатын эмиэ уураан ылла. Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан