Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биэтэс Билээхэп: Суус кумааҕыга сурук
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биэтэс Билээхэп: Суус кумааҕыга сурук
K
edersaas.ru
Категорията суох
18.12.2021 17:00
Саргылаах Саҥа Дьылбыт салаллан кэлэрэ аҕыйах хонук хаалла. Эдэрдиин-эмэнниин, кырачаанныын-улаханныын мөһүүрэнэн күлүмүрдүүр, чыпчылыҥныыр-мичилиҥниир, күлүм аллар харыйаттан, кытарбыт муруннаах, бөлүөхсүбүт саҥалаах Тымныы Оҕонньортон, тэтэркэй имнээх, тэбэнэттик тэһэ көрбүт сиэнэ кыыс Хаарчаанаттан туох эрэ дьиктини-дьээбэни кэтэһэр, үөрдэр-көтүтэр алыптаах, остуоруйа бырааһынньык! Уһуйааҥҥа улахаттар бөлөхтөрүгэр сылдьар, атыннык туттар-хаптар, номнуо ааҕар-суруйар, ахсааны да суоттуур, сымарпуонун талкыйарыттан соло буолбат, эдьийдэрин, убайдарын нуобуктарын, көмпүүтэрдэрин хаһан айдааны тардар тоспооруйбут сиэним, Ньуккуонайым, сарсын уһуйааныгар Саҥа Дьыллаары бэлэмнэнэр. Икки киэһээ дьиэбит иһэ биримээнэ атылыйыа дуу, мастарыскыай дуу курдук буола сырытта. Кыргыттар ийэлэрин кытта кырыйан, тигэн тирилэтии. Эр дьон эрбээн, иэҕэн, тоһоҕолоон-сурууптаан, кырааскалаан-уруһуйдаан үлэ бөҕө. Аныгы мультиктарга көрдөрөр киһи икки, кыыл икки ардынан, туох эрэ хаппыт диэн ааттыыр сүрдээх маскараат буолла. Сиэним кэтэн көрө-көрө астынар, омуктуу саҥарталаан, ыһыытаан-хаһыытаан ылар. Ньуккуонай бу киэһээ дуоспуруннанан олорон, мин көрдөхпүнэ, хортуон лоскуйугар тугу эрэ суруйан бооччойор. Кыҥнаҥныыр, сүүсчээнин тарбанар. Өөр баҕайы иһийэн, биир сири одуулаан олорор, тэһэ астарбыт курдук, салгыы суруйбутунан барар. Интэриэһиргээн тиийэн тугу суруксуттуурун туоһулаһан, кэтэҕиттэн имэрийэн, минньигэсчээн киһибин сыллаан ыллым. — Тымныы Оҕонньорго миэхэ Саҥа дьылга былансыатта бэлэхтээ диэн сурук суруйабын. Сарсын сарсыарда уһуйааммар харыйа анныгар ууруоҕум, — сиэним суругун уунар. Хортуоҥка диэн тутан көрөн баран, соһуйуу бөҕөнү соһуйдум: — Хайаа, Ньуккуонаай, ыраас кумааҕы суох үһү дуо, бу тоҕо суус кумааҕыга суруйдуҥ?—бэккиһээммин ыйыттым. — Ээ, Тымныы Оҕонньор былырыын холуочуйан баран сурукпунан мээһэтин соттубут этэ. Ол иһин ити анаан-минээн ньулуопка суус кумааҕыга суруйдум. Дьэ, эмиэ соттор эбит дуу, суох дуу, билиллиэ, — Ньуккуонайым күлэн чаҕаарыйа-чаҕаарыйа суус кумааҕытын бүк тутан, баатымантан кырыйан, килиэйдээн бэлэмнээбит кэмбиэригэр уган кэбистэ. Сиэнчээним оҕуруктаах өйүн-мэйиитин сөҕөн эрэ кэбистим. Биэтэс Билээхэп
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан