Кэпсээ
Войти
Регистрация
СУРУК (кэпсээн). Ааптар - САРДААНА
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ СУРУК (кэпсээн). Ааптар - САРДААНА
K
kyym.ru сайтан
Айымньы
30.12.2021 12:48
Томороон тымныы да күннэр. Улахан кыһалҕата суох киһи таһырдьа быкпатаҕа ордук. Түүнү быһа тыалыран хаары тибэн кэбистэ уонна билигин да уоскуйар санаата суох. Миитэрэй оһоҕун буккуйаат, табаҕын ылан олоппоһугар олордо. Бүгүн соҕотох оҕотун Кэтириис төрөөбүт күнэ, онтон аҕыйах хонугунан Саҥа Дьыл буолуо. Ийэтэ барахсан тыыннааҕа буоллар, ас астаан түбүгүрэ сылдьар буолуо этэ. Кэтириис уон ыйдааҕар сүрэҕинэн ыалдьан, күн сириттэн күрэммитэ. Ол кэмтэн ылата Миитэрэйдээх кыыһынаан иккиэйэх олороллор. Арааһа, кыыһа эрэ баар буолан тулуктаһан үлэлии-хамсыы сырыттаҕа. Бастаан, кыһыйбыт санаатыгар аһыы утах үрдүгэр түспүтэ. Түүннээх күнүһүн буккуйан, дьүһүн-бодо буорайан, дьиэ иһэ арыгы сытынан тунуйан, киһи аатыттан ааһан иһэн эмискэ өйдөнөн кэлбитэ... – Оҕом! – оҕотун хоһун өҥөйөн көрбүтэ, суорҕанын күүһан баран утуйа сытаахтыыра. Оо, онно олус да аһыммыта. – Мин ыһыктынан кэбистэхпинэ оҕом хайдах киһи буолар? Кэбис... – диэн санаан, ол күнтэн ыла айаҕар биир да хааппыла арыгыны иһэ илик. Олоҕун барытын оҕотугар анаабыта. Сааһын тухары оскуолаҕа суоппарынан үлэлии сылдьар, дэриэбинэ биир ытыктанар ыала буолан олорбуттара онус сылыгар барда. Кыыс улаатан ийэтигэр өссө күүскэ майгынныыр буолан иһэргэ дылы. Мичээрэ, эмискэ күлэн тоҕо барара, бэл, сөбүлүүр аһа кытары биир. Оһох уота Миитэрэй номнуо мырчыстан эрэр сирэйин сылыта сырдаппыта. Эдэригэр уол да уол этэ, кыыс бөҕө сүрэҕин долгуппута. Гитаратын ылан ыллаан бардаҕына, киһи эрэ сүрэҕэ ууллуох курдуга. Билигин ол гитара быыллыйан ыскаап үрдүгэр умнуллан, бөх курдук мал быыһыгар сытар. – Аҕаа, тугу толкуйдаатыҥ? Биир сири көрөн олорор буоллаххына – ол аата эн тугу эрэ толкуйдуу олороҕун, – дии-дии тула ойдо, чачыгырыы күлэн дьиэ иһин толордо. – Сыллыый, бүгүн төрөөбүт күҥҥүнэн тугу бэлэхтиирбин толкуйдуу олоробун. Тугу астыыбын? – табаҕын таптайар. – Мин сурук ыытыахпын наада, Моруос оҕонньорго, аҕаа, илдьэн биэриий почтаҕа? – күкээрэ маҥхайан эрэр аҕатын баттаҕын имэрийэн, көрдөһөрдүү өҥөйөр. Көнө майгылаах Миитэрэй үйэтигэр кими да албыннаабатаҕа, ол эрээри оҕотун суругун сылын аайы уоран ааҕара. "Күндү Моруос оҕонньор! Бу мин Кэтириис суруйдум. Эн миигин билэҕин, сыл аайы харыйам анныгар кэһиигин уурбут буолаҕын. Махтанабын! Ол эрээри, бу Саҥа Дьылга мин атыны баҕарабын. Аҕам дьоллоох буолуон, кэргэн ылыан баҕарабын. Баһаалыста, көмөлөс, эн аптааххын дии. Чэ пока!". Миитэрэй күүппэтэх тылларын ааҕан соһуйан ах барда. Кини сүрэҕэ билигин да муус, атын дьахталлар диэки аҥаар хараҕынан да көрбөт. Доҕотторо, аймахтара араас үчүгэйкээн кыргыттарга сыбааттыы, билиһиннэрэ сатаабыттара да, онтон туох да туһа тахсыбатаҕа. Дьиэ таһыттан минньигэс ас сыта тунуйан билиннэ. – Ама Кэтириис тугу буһардаҕай? – диэн ааны аһан киирбитэ, утары саһархай харахтаах кыыстыын ааҥҥа харсыһа түстүлэр. Хаһан да көрбөтөх дьахтара ас диэн маанытын тардан, хаһаайкалаан баран, дьиэлээри сонун кэтэ турар эбит. – Дорообо! Мин Анна Петровна диэммин, Кэтириис саҥа учууталабын, кылаас салайааччытынан ананан кэлбитим. Кини миигин көрдөһөн ыҥырбыта. Алы гыныҥ, соһуччу кэлбиппин быһылаах, сэрэппэтэхпин, – кыбыстан умса көрбүтүгэр, хойуу кыламана тэтэрбит иэдэһигэр саба түһэн, өссө киэркэйэн көһүннэ. Миитэрэй бэйэтэ да билбэтинэн сөбүлүү көрөн кэбистэ. Тугу эппиэттээбитин да өйдөөбөккө хаалла. Оннук эмиэ Кэтирииһинээн иккиэйэх хааллылар. Күн уһаан, толоон иһэ чалбах бөҕө буола охсубут. Миитэрэй бүгүн чугастыы сытар улууска оскуола директорын мунньахха илдьэн иһэр. Суол барыта бадараан, онон, айан бытаан буолла. – Дмитрий Иванович, биир чааһынан мунньах бүтэр, онтон эбиэттии барыахпыт. Арба бу, эһиэхэ, умна сыспыппын дии, – диэн баран сиэбиттэн кумааҕы хостоото. Тоҕо эрэ Миитэрэй сүрэҕэ ньүөлүйэн ылла. – Ама кини буолуо дуо?.. – диэн санаа охсуллан ылла. Күүппэтэх соһуччу сурук тыллара сирэйин сырдаттылар. Аҕыйах этии дууһатын дьолунан толордо... Массыына иһигэр таптал ырыата ньиргийдэ! САРДААНА
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан