Кэпсээ
Войти Регистрация

“Дугаар, үһү аҕалаар”

Главная / Кэпсээн арааһа / “Дугаар, үһү аҕалаар”

K
edersaas.ru Категорията суох
11.01.2022 17:55
Урут, биирдэ, сакааһынан кустаабыттааҕым. Күһүн, уонча сыллааҕыта, Лена өрүс Харыйалаах диэн арыытыгар, халлаан хараҥарар, сулус хойдор кэмигэр, моонньоҕоннуу киирдибит, үһүө буолан. Варламов Иннокентий Романович, үлэ уруогун учуутала, маһынан, муоһунан кыһан уһанар чулуу уус, маастар, Курчатов Валерий Семенович, улахан балыксыт киһи уонна мин буолан, дьэ, мотуорканан арыыга кэллибит, Первайтан (1-Нөөрүктээйи бөһүөлэгин кылгатан итинник ааттыыбыт). Харыйалаахха кэлбиппит. Кыыллаах Арыыттан уонча киһи, үксэ оҕо-дьахтар, кэлэн моонньоҕон үргүү сылдьаллар. Арыы хотугулуу өттүнэн үүнэн турар талахтар быыстарынан элэҥ-сэлэҥ көстөллөр, кэпсэтэр, күлсэр саҥаларын дуораана охсуллан ааһар. Первайтан моонньоҕоннооччу аҕыйах, биир эрэ мотуорка кытылга көстөр. Арыы киэҥ ходуһатыгар отчуттар от кээһэн кыдамалара кылбаҥныыр, бөлөрүүс тыраахтар бөтүгурүүр тыаһа иһиллэр. Ходуһа көлүкэлэригэр кустар хараарыҥнаһаллар, кылбаа маҥан хоптолор эргийэ көтөн дайаарыҥнаһаллар. Хочулуокка чэй өрүннүбүт. Арыылаах килиэбинэн уоппутун уонна арыыбытын күндүлээтибит, ботугураан алҕаатыбыт. Сып-сап утахпытын ханнараат,  моонньоҕонноон бардыбыт. Эбиэккэ дылы  мондьуруонай биэдэрэ аҥаардыытынан үргээтибит. Моонньоҕон элбэх. Харааччы буспут, угун таарыйдахха тохто турар. Хаптаҕас бөҕө тохтубакка, кытаран турар. Сорох дьыл итинник, угугар кыстааччы. Салапаан мөһөөччүккэ хаптаҕас үргээтим. Үөттэри быыһынан, саҥа, үргэммэтэх уктаах, хойуу астаах моонньоҕону булаары, син балайда хааман, кытылтан, оҥочобутун хаалларбыт сирбититтэн тэйдибит. Дулҕалаах, уулаах сири кыйа баран истэхпитинэ кынаттарын тыаһа өрө тирилээн, уонча көҕөн көтөн турда да, ходуһа күөлүн диэки кылбаҥныы турдулар. Күн сайыҥҥылыы ылааран, сылааһынан угуттуур. Хааман, тохтоло суох хамсанан, тиритии-хорутуу буолла. — Омурҕанныаҕыҥ, эбиэт буолла, — диэтэ Валерий. — Оннук. Война войной, — мин сөбүлэстим. — А обед вовремя, — Иннокентий иилэ хабан ылла. Оҥочобутугар төнүннүбүт. Кураанах, хаппыт мас хомуйан, кулуһун оттордуу тэриннибит. — Василич, куста ытан кэл эрэ, күөстэнэн аһыаҕы, — диэтэ Романыч. — Икки обургу кус сөп буолар ини? — диэн ыйыттым, батарантааспын курданан баран, саабыйарбын ылан, чохуолуттан хостоон, хомуйа туран. — Ээ, дугаар, үһү аҕалаар, көҕөттөрү. Биирдиини сиэхпит, — Валерий ону истэн, биири эбии сакаастаата. —  Сөп, оччоҕо үһү. Атын, миэлкэй куһу ыппат инибин? — диэтим дьээбэлэнэн. — Ээ, һуох, һуох, ытаайаҕын. Көҕөнү эрэ, — Валерий күлэ-күлэ эттэ, ачыкытын тааһа чаҕылыҥнаата. Үрүссээкпин кэтэн, икки айахтаах саабын сүгэн, көлүкэҕэ кус ыта бардым. Түргэнник хааман, арыт сиэлэн, биэрэстэ аҥардаах сири тулуппатым, уонча мүнүүтэнэн тиийэ оҕустум. Ходуһа улахан күөлүгэр чыккымайдары кытта үс-түөрт халба хараарыҥнаһаллар. Кыра көлүкэҕэ уонча көҕөн уста сылдьар. Көҕөттөргө үөмэн киирдим. Бөлүөхсэллэрин кэтэспэлээтим. Кыайан холбоспоттор. Ол иһин, утары-таары икки кус устан кэлбитин хоһулаан ыттым. Биирэ тута барда, тиэрэ эргийэн өрөҕөтө килбэйдэ. Иккиһэ дабыдаллатан, дайа сатыы-сатыы, окко киирээри, кытылы былдьаста. Атын көҕөттөр көтөн тигинэтэн хааллылар. Хойобуун куспун иккис уоспунан быһа биэрдим.  Көтөн барбыт кустарым, ырааҕынан эргийэн, төннөн, көлүкэни кыйа көтөн кэллилэр. Олортон биири халбыйдым (көтөн иһэр куһу ытары Өлүөхүмэҕэ «халбыйар» дииллэр). Куһум кулаачыктаммытынан, кытыыга түстэ. Баран ыллым.  Сыгынньахтанан, харбаан киирэн, ууга сытар кустарбын таһаардым. Дьэ, үс лис курдук көҕөннөөх, үөрэн-көтөн, дьоммор кэллим.  Биир хочулуокка чэй оргуйан, огдоонтон уһуллан, сойута ууруллан, буруолуу турар. Иккис, биэс лиитирэ истээх обургу хочулуокка, уу оргуйа турар. — Уолаттар, күөскүтүн эрдэттэн өрүнэн олороҕут дуу? — дьоммун дьээбэлиибин. — Саа үстэ тыаһаата. Онон үс кус баар диэн, бэлэм олоробут, — Варламов күлэр. Күлсэбит. Үрүсээкпиттэн кустары таһаардым. Дьонум үөрэ түстүлэр. Биирдиини ылан, үргээн туманнатан, эттээбэккэ эрэ, сыалайдыы, улахан хочулуокпутугар буһаран бидилиттибит. -Ок, бу хочулуокка араас эт бары буспута да, үс көҕөн биирдэ күөстэммитэ суоҕа,- диир Иннокентий Романович. Син, чаас аҥарын кэриҥэ оргуйбалаата. «Бустаҕа», — диэн хотордубут. Дьонум, арыый кыралары таллылар. Миэхэ саамай улахан көҕөнү хааллардылар. Ийэлэрэ бадахтаах. Арай, куһум этэ иҥиир курдук, кыбыс-кытаанах. Дьонум киэнэ эп-эмис, сымнаҕас быһыылаах, таах тырыта тыытан сиэн кэбистилэр. Мин нэһиилэ тиниктээн бүтэрдим. Онно саныыбын ээ: «Бэриэт түһэн, сымнаҕас эттээҕи, кыраны ыла охсубакка», —  диэн. Сири, уоту аһатан, бэйэбит эмиэ уоспутун уҥунуохтанан, астыныы бөҕө буоллубут. Сэһэн-сэппэн да дэлэйдэ. Моонньоҕоннуу сылдьар дьон быһыытынан, түргэн туттуулаах отонньуттар, өлгөм үүнүүлээх моонньоҕонноох сирдэр тустарынан кэпсэттибит. Эбиэттэн баран киэһээҥҥэ диэри иккилии биэдэрэ моонньоҕону үргээтибит. Иһиппит туолан, түксүлээтибит. Уусуҥҥа тушенкалаах хортуоппуй буһарынныбыт, огурсу, кыһыл помидор кырбастаан, улахан миискэҕэ салаат  оҥордубут. Аһыы олорон булт, балык туһунан сэһэргэстибит. Түүн муҥхалаан сыа балык (тугунуок) ыллыбыт. Өссө биир бөдөҥ сордоҥ, икки майаҕас кэллэ. Муҥха тахсыар диэри, сордоҥ биир майаҕаһы ытырбыт, хата, ыйыстыбатах. Онтон балаакка туруорунан, чэй оргутан, сордоҥ мииннэнэн, аһаан баран, утуйан ыллыбыт. Сарсыарда эрдэ дьиэбитигэр кэлбиппит. Дьэ, биирдэ итинник, моонньоҕоннуу сылдьан,  сакааһынан кустаан турардаахпын. Максим Ксенофонтов.
edersaas.ru сайтан