Кэпсээ
Войти Регистрация

ЫМЫЫ САНААЛАРГА УЙДАРАН ДЬОЛУ КҮҮТҮҮТТЭН ДЬОЛЛОНОН

Главная / Кэпсээн арааһа / ЫМЫЫ САНААЛАРГА УЙДАРАН ДЬОЛУ КҮҮТҮҮТТЭН ДЬОЛЛОНОН

K
edersaas.ru Категорията суох
06.01.2022 18:00
Дойдубут кыһына барахсан дьэ баарын биллэрдэ! Күн аайы аан туманынан аргыйар тымныыта, киһи сирэйин-хараҕын быһыта биэртэлиир чысхаана салгытан, сылатан да барда. Кэнники сыллар кыһыннара бары да сылыйан, сымнаан хааланнар дуу, маннык тымныыттан тэйбит курдукпут. Урут оҕо эрдэххэ, Ася Дьокуускайга устудьуоннуур сылларыгар, кырдьык, маннык тоһуттар тымныылар субуруччу түһэллэрэ, -40 буоллаҕына, хата «һуу» дииргэ дылылара. Ася утары үрэр чысхаан тыалтан сирэйин харыстаан, саал былаатын хараҕар диэри өрө таһааран баран, дьиэтин диэки түргэн хаамыынан дьулуруйан иһэр. Ленин болуоссатыгар улахан дьуолка турбутун өйдөөн көрөн, чочумча тохтоон ылла. Дьуолка тоҕо эрэ бүтүннүү халлаан күөҕэ өҥүнэн оонньуур эбит, ол фонугар араас уотунан-күөһүнэн чаҕылыйдаҕына тупсар, киэркэйэр эбит. Ол эрээри, урукку ­дьуолкаларга туоҕунан эрэ тиийбэт курдук. Саҥа дьыл субу кэллэ. Маҕаһыыннар, тэрилтэлэр Саҥа дьыллааҕы эйгэни оҥостон киэргэммиттэрэ, симэммиттэр ыраатта. Дьон-сэргэ эмиэ өрө көтөҕүллүү бөҕө, ким тугу атыыласпытын, хаһааммытын, уһун өрөбүллэргэ ханна барар, тугу таҥнар ­айдаана… Арай Ася быйыл хайдах эрэ хол­кутугар түһэн баран сылдьар. Урут дьүөгэлэрэ өрүкүнэтэн, син ураты сүргэтэ көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн кэлээччи. Дьинэ да баара, аны кэлэн кини олоҕор туох уларыйыай? Дьэ, урут чахчы да Саҥа дьылы ис-иһиттэн долгуйан, күүтэн көрсөөччү. Ол саҕа­нааҕы санаатынан, бу олоххо көрсүөхтээх, үрүҥ аттаах уоланын хайаан да Саҥа дьыл үүнэр түүнүгэр көрсүөхтээҕэ, нарын, кэрэ иэйиитэ уйдаран таптал вальсыгар эргийиэхтээҕэ. Саҥа дьыл түүнэ туох да уратыта суох ааһан да хааллаҕына, «аныгыскы Саҥа дьыл түүнэ эмиэ бэрт сотору эргийэн кэлиэ! Санааны түһэрэр сатаммат!» диэн тугу эрэ күүтэр, эрэнэр сырдык иэйиилэригэр куустаран, дьолу күүтэриттэн дьоллонон күннээҕи түбүгэр эргийэн ­барара. Билигин ийэтин кытта бырааһынньыктааҕы остуол тэринэн аһыы, тэлэбиисэр көрө түһэн баран утуйан хаалаллар. Таптал киниэхэ да баара, уолаттар сөбүлээн эрэйдэммит күннэрэ-дьыллара кэлэн ааспыттара… барыта табыллыбатаҕа. Онно төрүөт элбэх этэ. Үгүстэрин ийэтэ аан да бо­­руогун атыллаппатаҕа. Куһаҕан са­­наатыттан буолбатах, киниэхэ сибэкки кэриэтэ маанылаан тылыннарбыт кыысчааныгар тэҥнээх киһи көстүбэтэҕэ… кини, ийэ санаатыгар. «Арыгыһыт киһиэхэ тахсыаҥ кэриэтэ…», «Үөрэҕэ суоҕа көстөр, дьыбаан киэргэлигэр наскы сууйуоҥ кэриэтэ…» диэн буолан испитэ. Кэлин Ася сааһыран истэҕин аайы, куоракка дьиэлэммиттэрин кэнниттэн «Кып-кыра хамнастааҕы бэйэҥ иитиэҥ кэриэтэ…», «Бачча сааһыгар диэри дьиэтэ-уота суоҕу киллэриэҥ кэриэтэ» диэн ийэ ирдэбилэ өссө кэҥээбитэ, дириҥээбитэ. Онон итини барытын түмэн, «ол кэриэтэ соҕотох сылдьыбыт быдан ордук» диэн санааларыгар иҥнэн сырыттаҕа бу. Ася дьиэтин куукунатын түннүгэр ийэтэ оһоҕун таһыгар букунайарын көрө түстэ. «Кэллим, кэллим, ийэкээ, эн сааһыра барбыт кыыскын ким да уоран илдьэ барбата-а!», — диэн Ася бэйэтэ-бэйэтигэр ботугуруу-ботугуруу этээһигэр сүүрэн таҕыста. САҤА ДЬЫЛЛААҔЫ БЫРАЙЫАК Клавдия Михайловна эмиэ уту­йан биэрбэккэ эрэйдэнэ сытта. Сатана кыыһа, устудьуон эрдэҕинээҕи дьүөгэтэ Нина, биир үтүө күн тиийэн кэлэн санаатын-оноотун үлтү ытыйан кэбистэ. Эрдэттэн былааннанан, оҥостон кэлбит. Бастаан үгэстэринэн уруккуну-хо­­йуккуну күлэ-үөрэ ахтыһан, үгэстэринэн дьүөгэлэрин олоҕун-дьаһаҕын ахтыһа олорбуттара. — Клава, бу эн хайдах ончу ык­саабаккын. Кыыһыҥ ыал буолумаары гынна дии, — Нина ачыкытын аллара түһэрэ-түһэрэ дьүөгэтин бэркэ сэмэлээбиттии көрбүтэ. — Эс, аны кэлэн кимиэхэ барыай? Кини сааһыгар үчүгэй эр киһи ордубут үһү дуо? Ол кэриэтэ, — Клавдия илиитинэн салгыны сапсыйан кэбиспитэ. — Дьэ биһиги эйигин кытта бу боппуруоска кэпсэтиэх буолбуппут быданнаата. Клава, хайдах буолаҕыный, эн эмиэ бэйэҥ принциптэргиттэн сылтанан кэргэн тахсыбатаххар Асяҥ туох да буруйа суох. Кырдьыгынан кэпсэ­тиэххэ, кырдьан иһэбит, били этэллэригэр дылы, дьаарбаҥкаттан баран иһэбит. Эн оҕоҥ ыал буолар саастаах, буолаары буолан оҕолонор да кыахтаах. Сиэн минньигэһин билиэҥ этэ. Оҕоҥ доҕордоох, тулааһыннаах хаалара санааҕар да үчүгэй буоллаҕа, — Нина этээри-тыынаары кэлбитэ сирэ­йэ-хараҕа ончу атын оҥоһууламмытыгар көстөрө. — Хотуй, аны сотору өлөрөөрү оҥоһуннуҥ дуо? Ол дойдуга бу да ­буолларбын тиэтэйбэппин! — Дьэ бу киһи тыла! Клавушка, эн эмиэ үүнэр дьылга кэргэн тахсыахтааххын! Тохтоо иһит, саҥарыма. Куоракка киэҥ сиргэ олоробут. Туох кистэлэ кэлиэй, биһиги саастыыта огдообо буолан хаалбыт дьон элбэхтэр. Сирэн-талан барыма. Ыал аҕата, үчүгэй кэргэн буола сылдьыбыт дьоннор. Оһуохайга биһигини кытта биири да көтүппэккэ барсаҕын, итиэннэ ак­­каастанар тыллары истиэ суох­таахпыт. Ол кэмҥэ Асяҥ бэйэтин көҥүллүк сананнын, киниэхэ анаан суорумньу кулууптара, ностальжи киэһэлэрэ элбэхтэр. Ол туспа «сценари­йынан» барыаҕа, — Нина биир тыынынан түһэрэн баран, Клаватын олус соһуйбут сирэйиттэн-хараҕыттан күлэ саныы, сонньуйа да олорор быһыылааҕа. — Киһини күллэримэ, Нина Гаврильевна. Иккиэммитин тэҥинэн эргэ биэрэр былааҥҥын ити хаһан толкуйдаабыккыный? Дьэ, суох ини. Огдообо да буоллун, ол кини оҕолоро, уруулара, өссө сиэннэрэ… манна аҕалтараары гынаҕын дуо? Оччоҕо оҕом ханна барар? — Клавдия сибилигин ким эрэ, туора эр киһи киирэн кини дьиэтигэр хаһаайынныы сылдьарын хараҕар көрөн устуулуттан ойон турбутун билбэккэ хаалбыта. — Клава-а, Асяҥ кэргэн тахсар! Туох билиэй, баҕар, дьиэлээх-уоттаах киһи көстүө. Баҕар, иккиэн да кыыс оҕолоро, этэргэ дылы, материальнай өттүнэн толору хааччыллыылаах уолаттарга түбэһиэххит. Асяҕар мэһэйдэһимэ, иннэлээх сап курдук субуруһан бүтүҥ, итинтигитигэр кэскил суох. Асяҥ ыал буолуо, эн соҕотох хааларыҥ табыллыбат. Дьэ, тапталлаах театргар, кыыскын сос да сос буолар кэнсиэргэр, буолары буолбаты кэпсэтэ-ипсэтэ тоҥолохтон тутуһар, аргыый хаамсар оҕонньор олус наада. Куттаныма, Клава, эйигин, кыыспытын, түбэһиэх киһиэхэ биэрбэппит. Сымнаҕас майгылаах, түс-бас дьону көрө, үөрэтэ сылдьабыт. — Оҕом кимиэхэ барар? — Клавдия Михайловна, кырдьык, дьүөгэтин «сценарийыгар» сөбүлэһэн, Асятын хаалларан кэргэн баран эрэр курдук са­­наабыттыы, ыксыы-ыгылыйа түспүтүттэн бэйэтэ сонньуйбута. — Ол барыта биһиги Саҥа дьыллааҕы бырайыакпытыгар баар. Көр, бу бастакы хардыы бэлэм. «Саха сирэ» хаһыат «Саха ыала» сыһыарыытыгар «Аналлааҕым, ханнаҕыный?» рубрикаҕа 209-с нүөмэрдээх абоненынан оҕобутун суруйтардыбыт. Арааһа, табыллыы быатыгар 9 сыыппаралаах нүөмэр түбэстэ. — Эс хайдах, бэйэтиттэн ыйыппакка оҕом дьылҕатын быһаараҕыт? – Клавдия ыксаан куолаһа итирэстээн ылбыта. — Быһаарыы буолбатах, вариант. Иһит «куоракка олохтоох, үрдүк үөрэхтээх, идэлээх дьүөгэбит кыыһа ыал буоларыгар көмөлөһүөхпүтүн баҕарабыт. Сааһа 40, ис-киирбэх көрүҥнээх, үчүгэй хаһаайка. Ыал буоларга бигэ быһаарыныылаах, куһаҕан дьаллыга суох эр киһиттэн сурук күүтэбит. Телефоммут редакцияҕа» диэн. — Кэргэн ылыахтарын иннигэр бары бэртээхэйдэр, ол кэ­­риэтэ… — Клавдия дириҥник үөһэ тыыммытын билбэккэ да хаалбыта. — Чэ, үөһэ тыыныма. Дьэ уонна дьүөгээ, бу баҕа санаа талисманын бэйэлээх бэйэҥ буочаргынан, мин көрөн олордохпуна сибилигин толороргор көрдөһөбүн, — Нина бинсээгин сиэбиттэн туох эрэ кыра халандаарга майгылыыр лииһи ойутан таһаарбыта. — Тугуй бу? — Эһээ Дьылтан Саҥа дьыл талисмана. Итиннэ үс баҕа са­­нааҕын суруйаҕын. Бастакытынан, «оҕом Ася ыал буолуон баҕарабын». Иккиһинэн, «быйылгы оһуохай күннэрин көтүппэппин». Үсүһүнэн, бээрэ, туох диэххэ кэлэр 2009 сылы 4 буолан икки дьиэ кэргэнинэн көрсүөхпүтүн баҕарабын диигин. Уһун этиилэр. Ол эрээри бэйэҕэ өйдөнөр гына кылгатан сурунуохха сөп, — Нина «2009 сылга мин 3 баҕа са­­наам» диэн тыллардаах талисманы Клавдия иннигэр ууран биэрдэ. —Киһини ууга-уокка түһэрэн, тугу-тугу оҥорторон эрэҕин, — Клавдия хайыаҕай, оруобуна дьүөгэтэ эппитин курдук толорон барбыта. —Куттаныма, дьыалаҕа эриллэр кумааҕы буолбатах. Нина бырайыага итинэн бүппэтэҕэ. Аны үүнэр Саҥа дьылы көрсө дьиэлэригэр эр киһи эйгэтин киллэрэллэрэ наадатын туһунан биир чаастаах лекция ааҕан, барыта соһуччу буолбутуттан «мах» бэрдэрэн олорор дьүөгэтин тылыгар киллэрбитэ. Аны күн аайы Клавдия кини сорудахтарын хайдах толорон иһэрин төлөпүөнүнэн хонтуруоллааһын саҕаламмыта. өссө бырайыак атын кыттыылаахтара дьүөгэлэрэ Ольга, Зина эбии буолбуттара. Хайыаҕай, Клавдия Михайловна дьүөгэлэрэ атыылас диэбиттэрин барытын хомуйан аан хоско турар ыскаап аллараа тардарыгар кистэтэлээтэ. Онно бааллар бу дьиэҕэ хаһан да баар буола сылдьыбатах эр киһи таапачыкалара, 25-27 размердаах наскылар, икки саҥа соттор, тиис суунар щеткалар, эр киһиэхэ аналлаах туалетнай уулар. Аны пааранан сылдьар кыталыктар, чыычаахтар ойууламмыт хартыыналарын ыллардылар. Фэн-шуй үөрэҕинэн дьаһал үһү. Өссө саамай күлүүлээҕэ, Клавдия хас да күн атаҕа быстыар диэри көрдөөн «Любимому зятю от тещи» диэн суруктаах чааскыны булан аҕалан «коллекциятыгар» холбоото. Дьэ бырайыактаахтар көрөн астыныахтара, оттон Асяҕа хайдах быһаарарын билбэт. Өссө туалетнай тэриллэр бары ваннаҕа миэстэлэрин булан, хаһаайыннарын күүтүөх тустаахтар диэбиттэр. Киһи да сонньуйуох. Кырдьык, Клавдия кыыһын кэргэн биэрэртэн куттанар дьыалата. Бэйэтэ төгүрүк тулаайах хаалан оҕо дьиэтигэр улааппыта. Медицинскэй сиэстэрэ идэтин ылан, 20 сааһыттан арыгы эмтиир салааҕа идэтийэн үлэлээтэ. Ол тухары оо, арааһы көрдө ини, көрбөтө ини?! Кооперативка киирэн кыыһын үөрэттэрээри куоракка дьиэлэнэн да баран, наркологическай диспансерга үлэ булбута. Арыгы дьаатыгар ылларан кэргэттэрин эрэй­диир эр бэртэрэ хараҕар хаалбыттар, уонна уота-күөһэ суох харахтарынан «көмөлөһүҥ даа» диэбиттии ааттаһа көрөр дьахталлар барахсаттар муҥнарын эмиэ көрбөхтөөбүтэ аҕай. Кырдьар сааһыгар соҕотохсуйарын са­­наан, төрүүр дьиэҕэ быраҕыллыбыт Асятын маанылаан улаатыннаран баран, итинник итирикситтэргэ умса анньыан, оо, баҕарбатаҕа. Биирдэ арыгыга ылларбыта ­ырааппыт уолга кэргэн тахса сатаабыта. Ийэтигэр хомо­йон, ытаан муҥнаммыта, онно истибэккэ барбыта буоллар, дьэ ким билэр, үтүө дьылҕаланыа биллибэт этэ. Клавдия Михайловна улам халтаһата ыараан утуйан хаалла… ХААР ҮҤКҮҮТЭ КҮҮТЭР —Ийээ, хайа бу туохтаргыный? – арай Клавдия Михайловна куукунаттан кыыһа ыҥырарын истэн аан хоско тахсыбыта, Асята били «коллекцияны» арыйа баттаан көрө ахан турар эбит. Илиитигэр килиэккэ ойуулаах эр киһи таапачыкаларын туппут. — Ити эйиэнэ, ээ биһиэнэ…— Клавдия Михайловна ыксаан хаалан мух-мах баран ылла. — Өйдөөбөтүм. Хайдах миэнэ, биһиэнэ?! «Лю-би-мому зятю…». Ханнык өссө зять? — Уоскуй, быһаарыым. Өссө бу баар, — Клавдия Михайловна гардеробка ыйанан турар сонун сиэбиттэн өссө 3 баҕа санаа­лаах талисманын уонна кыыһыгар анаан, Ниналаах биэрбит ыҥырыы билиэттэрин саҥата суох уунна. —Ийээ, ыл манна олор уонна кэпсээ. Бу тугу-тугу суруйдуҥ, тугу-у да өйдөөбөппүн. Клавдия Михайловна дьүөгэтэ Нина Андреевна кэлэн барбытын, кинилэр бырайыактарын кэпсииригэр тиийдэ. «Саха ыалыгар» биллэрии туһунан эппэтэ, баҕар, соһуйбучча кыыһырыа. — Оо, дьэ, сюрприз­таах ­эдьиийдэр буолбуттар дии. Хойутаары гынным, үлэбэр сүүрдүм. Киэһэ налыччы кэпсэтиэхпит, — Ася ис хоһоонун ааҕа илик ыҥырыы билиэтин сиэбигэр анньан кэбистэ. Таһырдьа тахсыбыта хал­лаан тымныыта намыраабыт, налыйбыт, сылыйбыт ахан. Оо, өссө хаар түһэн кыыдайар. «Бэйи эрэ, туох диэн ыҥырыыный?! «Күндү Анисья Семеновна, ахсынньы 31 күнүгэр киэһэ 9 чаастан «Хаар үҥкүүтэ» ностальжи киэһэҕэ күүтэбит» диэбиттэр. Аадырыһа баар. Анисья ис-иһиттэн сы­­дьаайан, мичээрдээн кэллэ. Ийэтэ Нина Андреевналаах даачаларыгар Саҥа дьылы көрсөр үһү. Оттон кинини эмиэ Саҥа дьыл түүнүгэр хаар үҥкүүтэ күүтэр! Буоллун ээ, Ася үҥкүүлүө, баҕар, өр күүппүт доҕорун эрэллээх санныгар тайанан хаар ­кыырпаҕын курдук чэпчэкитик дайыа! Баҕар, саҥа көрсүбүт доҕоро ити ­дьиэлэригэр кэлбит таапычыкалар хаһаайыннарынан буолуо. Буоллун ээ, буоллун! Ася кистэлэҥ ыра санааларыттан хараҕын симэн ылла… Галина НЕЛЬБИСОВА
edersaas.ru сайтан