Кэпсээ
Войти Регистрация

Хоту улууска

Главная / Кэпсээн арааһа / Хоту улууска

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
30.11.2018 14:59
Бу кэпсээммэр дьону хос аймаабат туһуттан, кинилэр ааттарын-суолларын, быһылаан ханна буолбутун ыйбаппын. Хотугу улуус киинэ. Араадьыйа, тэлэбиисэр барыта буолаары турар бырааһынньыгы өрө күүрүүлээхтик биллэрэллэр. Улуус киинин олохтоохторо ону истэ-истэ, оскуолаҕа киириэхтээх оҕолорун таҥаһын-сабын, үөрэҕин тээбиринин бэрийэн түбүгүрэллэр, сүүрэллэр-көтөллөр. Өрө көтөҕүллүү, долгуйуу, үөрүү бөҕө. Оттон оҕолор үөрүүлээх линейкаҕа кими кытта туралларын, өр көрбөккө сылдьыбыт кэккэ доҕотторун кытта хайдах көрсөллөрүн төбөлөрүгэр оҥорон көрө-көрө үөрэллэр, манньыйаллар. Т. эмиэ, ийэтин көмөтүнэн, атын оҕолортон туох да итэҕэһэ суох таҥаһын-сабын ыраастанан, өтүүктэнэн дьиэтиттэн тахсыбыта. Уулуссаҕа репродуктор муусукатын тыаһа ньиргийэрэ. Т. дьиэтин чугаһыгар баар райком, райсовет дьиэлэрин аттынан, оҕолору көрө-көрө, бэрт сэргэхтик үөрэ-көтө хааман испитэ. Бу иһэн атаҕа туох эрэ чугуун “тэриэлкэтигэр” үктэммитэ да, оҕо соһуйан хаһыытыыр да, саҥа аллайар да кыаҕа суох, хараҥа хорооҥҥо ньимис гынан хаалбыта. Кини кэнниттэн испит оҕолор субу испит Т. эмискэ сүтэн хаалбытыттан дьиктиргээн субу сүүрэн кэлбиттэрэ – оҕо саҥата аллара ханна эрэ, тимир хороон (септик турбата) иһиттэн иһиллэрэ. Сүүрүү-көтүү, айдаан, сүпсүлгэн... Ол аайы бириэмэ бара турар. Сотору манна мустубут дьон райком I сэкирэтээрин түннүгүн анныгар, райсовет хонтуоратын иннигэр хаппаҕа сабыллыбакка хаалбыт септиккэ түспүт оҕо быыһанар кыаҕа суоҕун өйдөөбүттэрэ. Быһылаан буолбут сирин көрүү боротокуола, оҕо өлүгүн хостоон баран ыытыллыбыт суут эспэртиисэтэ барыта бу оҕо өлүүтэ ким дьалаҕайыттан тахсыбытын, манна ким быһаччы буруйдааҕын ыйа сылдьар курдуктара. Ол эрээри ким да райкому, райисполкому “бу барыта эһиги хаһаайыстыбаҕытын сатаан харайбатаххытыттан, лүүк аанын аһаҕас хаалларбыккытыттан буолла” диэн сирэй-харах анньыһа, силиэстийэлии барбатаҕа. Дьыала хааллаҕа ол. * * * Бу аймалҕан эмиэ хотугу улуус киинигэр буолбута. Е. диэн эдэр кыыс Дьокуускайга үөрэнэ сылдьан, “таптаабыт” киһититтэн оҕоломмут. Ону дьонуттан куттанан, кыбыстан, чып кистээн кэбиспит. Ол эрээри ону хайдах өрүү кистээн сылдьыаҥый... Салгыы кэтэхтэн үөрэнэргэ быһаарынан баран, оҕотун илдьэ дойдутугар төннөргө быһаарыммыт. Билиэтин ылбыт эрээри, дьонугар оҕолоох тиийэрин туһунан биллэрбэтэх. Кыыс көтүөхтээх күнүгэр, аэропортар сабыллан хааланнар, атын тастыҥ портарынан көтүтүү, төттөрү-таары мэскэйдэнии саҕаламмыт. Саҥа төрөөбүт оҕону көрө үөрүйэҕэ суох, онуоха эбии бэйэтэ үүтэ суох Е. оҕону аэропорт буфетыттан булбут үүтүнэн, ол суох буоллаҕына, уунан аһата сатыы сылдьыбыт. Кэмниэ кэнэҕэс, Дьокуускайтан төрөөбүт улууһугар көтөн истэҕинэ, оҕото ытаабат, суоскатын эмпэт буолан хаалбыт. Ол курдук хас да чааһы быһа көтөн тиийиэхтээх сиригэр тиийэн баран өйдөөн көрбүтэ – оҕото тыыммат. Бу иннинэ дьонугар “оҕолоохпун” диэн биллэрбэтэх муҥкук кыыс төрөппүттэрин дьиэтигэр өлбүт оҕолоох тиийэриттэн дьулайан, таҥаска сууламмыт оҕотун көтөхпүтүнэн бэрт өр уулуссаҕа төттөрү-таары хаама сылдьаахтаабыт. Төһө өр оннук сылдьыай... Тиһэҕэр, “тутуурун” чөмөх талах анныгар ууран, отунан-муоҕунан саба тарыйан кэбиспит. Дьиэтигэр соҕотоҕун кэлбитигэр, ким да тугу да сибикилээбэтэх, билбэтэх. Бэрт сотору Е-ни кытта сөмөлүөтүнэн бииргэ көтөн
кэлбит дьон кэпсээннэр (хоту улуус киинэ – кыра, дьон бары бэйэ-бэйэлэрин билсэллэр), кини дьыалатынан силиэстийэ уорганнара, борокуруор “дьарыктанан” барбыттар. “Кини дойдутугар оҕолоох көтөн кэлбитин киһи барыта көрбүтэ, ол оҕо ханна барда?” – диэн боппуруос турбут. Бэрт сотору оҕотун өлүгүн ханна кистээбитин булларан баран, Е-ни “оҕону соруйан өлөрүүгэ” буруйдаан хаайан кэбиспиттэрэ. Бу эппит дьыалаларым мин судьуйанан үлэлиир кэмнэрбэр буолбуттара. Холобур, райком, райисполком септигэр оҕо түһэн өлүүтүгэр туох да дьыала-куолу тэриллибэтэх эбит буоллаҕына, бу түбэлтэҕэ үлэ күөстүү оргуйбута. Е. буруйданар дьыалатын хас да күн устата бэрт элбэх туоһуну ыйытан, албакаат, борокуруор, о.д.а. интэриэстээх дьон этиилэрин ырытан көрбүппүт. Борокуруор Е. буруйа толору дакаастанарын, кини уопсастыбаҕа кутталлаах ыарахан буруйу оҥорбутун быһыытынан, уһун сыл бодьоххо хаайыыга ыытары туруорсубута. Суут мунньаҕа киэһэ хойукка диэри буолбута. Бириигэбэр ааҕылларыгар, саала тобус-толору этэ. Е. оҕону соруйан өлөрбөтөҕүн, саҥа төрөөбүт оҕо дьылҕата маннык хомолтолоохтук түмүктэнэригэр Е-ттэн тутулуга суох атын балаһыанньалар дьайбыттарын барытын учуоттаан, суут Е-ни буруйа суоҕунан ааҕан суут саалатыттан босхолуур уурааҕы ылыммыта. Мустубут дьон ону бары дохсун ытыс тыаһынан көрсүбүттэрэ. Үөрүү, ытаһыы-соҥоһуу, куустуһуу... Е. сонно хаайыыга барар ыар дьылҕаттан быыһанан, милииссийэлэр наручниктарыттан босхоломмута. “Сибилигин пааспарын, докумуоннарын биэрэн баран босхолуубут”, – диэн кинини милииссийэлэр батыһыннаран илдьэ барбыттара. Үлэлээн бүтэн бараары турдахпына, сууттаммыт кыыс аймахтара ытаспытынан саба сырсан кэлэн: “Борокуруор уонна милииссийэ начаалынньыга кыыспытын төттөрү хаайан кэбистилэр”, – диэн кэпсээтилэр. Туох кистэлэ кэлиэй, билигин санаатахха, суут субу босхолообут киһитин төттөрү киллэрэн хаайан кэбиһии диэн Арассыыйа суутун устуоруйатыгар хаһан да буолбатах баламат, ньүдьү-балай быһыы этэ. Тута ыксаллаах балаһыанньа бэрээдэгинэн Дьокуускайга биллэрбиппэр, үөһэттэн дьаһал биэрэннэр Е. ол түүн босхолонон дьиэтигэр барбыта. Бу маны барытын эттэххэ, суруйдахха дөбөҥ курдугун иһин, хайыы-үйэ суох буолбут оҕо “дьылҕатын” уонна эдэр ийэ кэлэр кэскилин быһаарар олус уустук уонна ыарахан күннэр-дьыллар этилэр. Билигин ити Оҕо көмүскэлин күнэ диэн баар, ону сэргэ оҕо ийэтэ эмиэ көмүскэллээҕин умнуллуо суохтаах диэн бу суруйдум. Юрий Игнатьев, СӨ үтүөлээх юриһа, РФ бочуоттаах судьуйата.
kyym.ru сайтан