Кэпсээ
Войти
Регистрация
УБААЙ БААСКА
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ УБААЙ БААСКА
K
edersaas.ru
Категорията суох
05.02.2022 19:00
Мин Бааска — Убаай Бааска, абыраабыт дуу, алдьаппыт дуу аата — Абааһы Бааска туһунан кылгас ахтыыбын биэриим дуу. Биһиги Бааскалыын иннэлээх сап курдук суксуруспут бэйэбит. Олох кыра эрдэхпититтэн куруук бииргэ сылдьааччыбыт. Чэ, кэпсиим биир түгэни. Apaaha 5-6 кылааска сылдьабыт быһыылаах этэ. Интэринээккэ олоробут. Биир киэһэ кэпсэтии быыһыгар эттим: “Хара буораҕы уматтахха, атомнай буомба курдук эстэр”, — диэн. Бааскам истэн эрэ кэбистэ, наадыйбат курдук. Саас, били хаһан эрэ оройугар үс дьураалаах хайыһардьыттар дуу, хаҥкыһыттар дуу кэтэр баайыы бэргэһэ баар этэ дии, миэхэ оннук бэргэһэ баар этэ. Ону Бааскам уларсан, чыаппары кэтэн кэбистэ. Күнүс уруоктар кэннилэриттэн Бааскалаах дьиэлэригэр бардыбыт. Киһим ампаартан хара буорах таһаарда, “эһэбит”, диэтэ. “Атомнай буомбаны эн эрэ көрүөҥ дуо”, — диэннээх. Миэхэ эмиэ көрөр баҕа баһаам буоллаҕа. Киһим ампаар үктэлигэр кутаары гыммытын, мин, уопуттаах киһи: “Хордуоҥкаҕа дуу, хаһыакка дуу кут, харааран хаалар эбит этэ”, — диэн бэйэм “аһыы” уоппуппуттан үллэһинним, киһим хордуон булан, хоточчу кутта. Дьиэттэн испиискэ ойутан таһаарда. “Атомнай буомбаны” эһии саҕаланна. Мин эһиэхпин баҕа баһаам даҕаны, дьиэлээх хаһаайын чугаһаппата. “Бэйэм” диэн буолла, испиискэ умата-умата быраҕар да, умулла турар. Туура, биһиги кыһалҕабытыгар баҕалаах “буомбабыт” эстэр аат диэн суох. Мин былдьаһан да, көрдөһөн да көрөбүн — мэлигир. Били, баайыы бэргэһэбинэн кытта “сантаастыы” сатыыбын да, киһим тимир. Атыыр аккаас, “бэйэм” эрэ диир. Бэйэмсэҕэ, күтүрэ киирбитэ сүр. Мин сүбэлээччи буоллум. Бүтэһик уһугар: “Кумааҕыта уматан бырах”, — диэн. “Буомба” эстэрин көрөр баҕа баһаам буоллаҕа. Киһим дьиэттэн хаһыат тутан тэлимнэтэн таһаарда. Хаһыат туох сонунун, “атомнай буомба” дэлби тэбэрин ааҕыахха диэтим, дьиҥинэн, аралдьытан баран, испиискэтин “сып” гыннаран, бэйэм эһиэхпин баҕа баһаам буоллаҕа. Киһим буолуммата, хаһыатын кум-хам тутан баран, уматта уонна буорах үрдүгэр бырахта. Биһиги сорбутугар, умайа сылдьар өттө үөһэ түбэһэн хаалла. Кэтэс да кэтэс. Баҕалаах “буомбабыт” эстэн бэрт. “Ээ, чэ, бардыбыт, эстибэт, сытыйбыт буораҕы кута-кута”, — диэтим. Бааскам: “Тохтоо, билигин”, — диэтэ да кумааҕытын эргичиҥнэтэн эрдэҕинэ, биирдэ бурҕас гынна. Киһим тиэрэ баран түстэ. Хаһыырбытынан Бааскабар ойон тиийдим. Көрбүтүм киһим быга сылдьар баттаҕа, хааһа, кыламана барыта мап- маҥан. “Хайдаххыный?” — диэтим. Бааскам ытыһынан үөһэттэн аллара тоҕо ньиккэрийэн түһэрдэ. Көрбүтүм, доҕоор, хаас да, кыламан да суох, биир мэлиһээй буолбут. Кылаабынайа “ньирэйин салаабыта” малайан, субу көстөр буолбут. Билбэт дьоҥҥо быһаарыым, “ньирэй салаабыт” диэн тугу этэрбин. Бааска сүүһүнэн баттаҕа өрө тура сылдьар этэ. Ону кыра сылдьан ньирэйгэ салаппытым диэччи уонна онтуттан улаатан иһэн аһары кыбыстар этэ. Бааскам: “Ээ, үчүгэйбин”, — диэтин кытта мин күлэн уҥа сыстым. “Тоҕо күлэҕин?” — диэбитигэр, “хортуоскаҕа эн хараххын олордон кээспиттэрин курдук”, диибин эбиитигэр: «Ньирэйиҥ салаабыта көстүбүт», — дии-дии күлүү бөҕө буоллум. Нэһиилэ тыын ылан баран, дьэ киһибин көннөрөр аакка түстүм. Баттаҕа маҥхайа сылдьарын кырыйааһын, саамай эрэйдээҕэ ол этэ. “Элбэх соҕуһунан кырыйыах” диэтэххэ, “сэкириэтим көстүө” диэн, олох буолуммат. Онон биирдии баттаҕынан кырыйан нэһиилэ бүтэрбитим. Хааһыгар, кыламаныгар миэхэ хара кырааска харандаас баар этэ. Аны санаатахха, ити хаас, кыламан кырааската эбит. Киһим сиэркилэҕэ көрүнэн турар, мин кырааскалыыбын. Оо, Бааска котоку онно сириксэнин, бириинчигин сөҕөн турабын, олох биирдии түүнэн уруһуйдаппыта. Аны хантан билбиппит буолла, хараҕын симтэрэн, кыламан үрдүнэн черточка тардан кыламаннаан турардаахпын. Интэринээккэ ким да билбэтэҕэ, ол эрээри хас сарсыарда аайы сууннубут да, батыһан тиийэн хаас уруһуйдуубун. Онон биһиги Бааскабыт кыргыттар да иннилэригэр кырааскаланан турардаах. Сөп диэ! Борис Анисимов — Бэриичээн
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан