Кэпсээ
Войти
Регистрация
САА БАРАХСАН
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ САА БАРАХСАН
K
edersaas.ru
Категорията суох
29.01.2022 18:30
Саа. Былыргы кэмтэн ыла саха олоҕун аргыһа, туттар сэбэ. Урут, киэргэл быһыытынан ыал аайы эркиҥҥэ ыйанан турар буолара. Билигин тимир сиэйпэлэргэ ууран турары ирдэнэр. 1990-ус сылларга биир американец туһунан “сир шаарын бэлисипиэтинэн эргийэ айаннаан кэллэ” диэн, Гиннес рекордун олохтообут курдук суруйуулар бэчээттэммиттэрэ. Онто баара, 1913 сыллаах “Вокруг света” сурунаалга Арассыыйа киһитэ, латыш, бэлисипиэтинэн сири эргийбитин туһунан суруйбуттар эбит. Ол киһи Саха сирин устун Беринг силбэһиитигэр баран иһэн, хоту, хайалар быыстарыгар, дьон бытанан олорор сирдэринэн айаннааан иһэн, бэлисипиэтин уруула алдьаммыт, улахан моһуок буолбут. Уруула суох бэлисипиэтинэн айанныыр букатын табыллыбат. Онон айана харгыстанар турукка киирбит. Хата, биир саха булчута (уус киһи эбит) бэйэтин саатын устубуолун иэҕэн, саҥа уруул оҥорон, иһэрдэн, сыһыаран биэрэн, бэлисипэдьиис сындалҕаннаах айанын салгыыр кыахтаммыт. Санаан да көрдөххө, булчукка саата саамай күндү тэрил буоллаҕа. Ону, бу булдунан ииттэн олорор киһи, билбэт, саҥа көрбүт айанньытын быыһаары, тимир көлөтүгэр тутаах (уруул) оҥорон биэрбит. Онон, саха доруоба, тимир миҥэ уруула буолан, аан дойдуну эргийэ айаннаабыт эбит. Уол оҕону уонча сааһыттан кыра, отут иккилээх субуйааҥкы саанан бултуурга үөрэтэн саҕаланар. Онтон, улааттаҕын аайы, саатын халыыба улаатан иһэр. Сүүрбэлээх, уон алталаах сааланар. Онтон, «сиһин этэ ситтэ, холун этэ хойунна» дии санаатахтарына, уон иккилээх сааны туттараллар. Уоннаах, аҕыстаах диэн улахан калибрдаах бөдөҥ сааларынан дьон мургуннара, кыанар-хотунар, кыахтаах өттүлэрэ тутталлар. Саамай кыра доруоп саа суруйар уруучука эрэ саҕа кээмэйдээх. Оннук тэрилинэн, биллэн турар, бултаммат. Сыал ытарга, көрүдьүөскэ диэн оҥороллор. Коллекционердарга эрэ баар. Саамай улахан калибрдаах “Даг Ганг» доруоп, киилэ аҥаара доруобунньугунан иитиллэр этэ. Буораҕын кээмэйэ даҕаны (биир ыстакаан) сөхтөрөр. Үс-түөрт миэтэрэ уһуннаах, олус ыарахан ыйааһыннаах буолан, оҥочоттон эбэтэр дурдаттан ытарга аналлаах баараҕай саа. Бу, ыстакаан айаҕын саҕа киэҥ устубуоллаах, аарыма доруобунан биир ытыынан балтараа сүүскэ тиийэ (!) куһу тэптэрэн ылаллара үһү. Билигин бу сааны туттар бобуулаах. 19-с үйэҕэ Европаҕа, Эмиэрикэҕэ оннук саанан көтөр кынаттаах бииһин ууһун лаппа аҕыйаппыттара. Куорсуннаах сэлээппэ муода эрдэҕинэ, куорсунун туһуттан бэрт үгүс көтөр бултанар этэ. Тэҥнээн көрдөххө, холобур, 12-лээх саа ботуруонугар 36 г доробуунньа киирэр. Магнум диэн, халыҥ тимирдээх доруопка аналлаах иитиигэ 45-50 г сибиньиэс иитии барар. Оттон 500 г (киилэ аҥаара) доробуунньанан сааны иитэр диэн, төһөтүн да иһин, элбэх. Биир куул (уон киилэ) доробуунньаны 20-тэ эрэ ытан кэбиһэллэр эбит. Саа туһунан кэпсэтии күөдьүйдэҕинэ, биирдэ ытан ким хас куһу эбэтэр хааһы таппытын сэһэргэһии тахсааччы. 1960-ус сылларга, мороду элбэҕэр, абаҕам (оччолорго Ньурба 1-Малдьаҕарын Ленин холкуоһун бэрэссэдээтэлэ) Степанов Николай Иванович биир ытыынан көтөн иhэр үөртэн 17 мородуну күөрэтэн түhэрбитин мэлдьи кэпсиир этэ. Ол ытыытынан нэhилиэк рекордун охсубут. “Халлаан көстүбэт, былыт курдук хойуу кус этэ” диэччи. Хомойуох иһин, ол көрдөрүүтэ биир эрэ сыл турбут. Эhиилигэр, Гоша Васильев диэн холкуостаах, тырахтарыыс киhи көтөн иhэр халыҥ үөртэн 19 мородуну “сууhаран”, абаҕам рекордун куоhарбыт. Ону абаҕам: “Арааhа, дүппүлүөттээбитэ буолуо ээ”, — диэн, биир ытыы булда буоларыгар саарбахтыыр этэ. Биирдэ, сүүрбэттэн тахса сыллааҕыта, Өлүөхүмэҕэ, Бүрүк үрэҕин устун кэргэммин илдьэ кустуу барбытым. Кини мин бултуур кэммэр сир астыыр былааннааҕа. Умсаахтаах диэн күөлгэ тиийбиппит, кус үөрэ бөҕө мустан, көтөр баһаара буолан, саҥа-иҥэ, маатырҕаһыы-мээтиргэһии бөҕөтө. Үөмэн киирэн, хоһулаан-хоһулаан баран ытан саайдым. Үс бөдөҥ кус ууга хаалла. Кустар көтөн лаһыгырастылар, кынат тыаһа лаһыгырыы, кыһыгырыы түстэ. Саһаран эрэр уһун от быыһыгар хаптас гынным. Биирдэ ыттым, онон аптамаат «бекас» доруоппар өссө да үс ботуруон баар. Хоп-хойуу үөрдээх кустар күөлү эргийэ көтөн, үрдүбэр кэллилэр. Күтүөм Иннокентий Федорович Данилов, сааһыт бэрдэ: «Хойуу да үөрдээх кустартан биири талан, кыҥаан ытар ордук», — диэн сүбэлээччи. Онон уонча көҕөн тииттэр үрдүлэринэн элээрэн иһэллэриттэн саамай улаханнарын талан, тумсун иннинэн кыҥаан баран, чыыбыспын тартым. Саам тыаһын кытта ытыллыбыт “главпатрон” хара пластик гильзата, буруолаабытынан, туора кыырайда. Кыҥаабыт куһум төбөтүн оройунан барда, ону кытта аттынааҕы көҕөн эмиэ таҥнары кулаачыктанна. Икки хаалбыт ботуруоммунан кыҥаабакка, көҕөттөр кэннилэриттэн көтөн иһэр халбалар уонна чыккымайдар халыҥ үөрдэрин ортолорун көрө-көрө ыттым. Кус бөҕө таммалаата. Онно үстэ ытан, биир үүккэ тоҕус куһу халбыйбытым. Сүүрэн тахсан, кустарбын хомуйбутум. Биир эрэ хойобуун этэ. Онтон сыгынньахтанан киирэн, ууттан кустарбын таһаарбытым. Кэргэммэр: «Сөп буолуо, уон икки кус баар, дьиэлиэххэ», — диэтим. «Па, судургутук да бултаатыҥ дии! Сааҥ аҕыйахта эрэ тыаһаата», — диэбитэ кэргэним астымматахтыы. Кини «күннүгүлүү ууну, бадарааны кэһэн, батарантаас тэбэниэр диэри ытыалаан кустуоҕа, ол кэмҥэ отоннуом» дии санаабыт быһыылааҕа. Ити рекорпун, түөртэ ытан 12 куһу таппыппын куоһара иликпин. Максим КСЕНОФОНТОВ. Хаартыска https://www.belpressa.ru/
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан