Кэпсээ
Войти Регистрация

Умнуллубат бастакы таптал

Главная / Кэпсээн арааһа / Умнуллубат бастакы таптал

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
26.11.2018 15:46
“Эдэр сылдьан киһи уһуну-киэҥи толкуйдаабат буолар эбит. Биир быстах санааттан олоххун таҥнары иэҕэн кэбиһиэххин сөп. Онон, эдэр киһи, бука диэн, куруук ырыҥалаан көрөр буол”, – диэн, сүбэлээн кэриэтэ олоҕун устуоруйатын кэпсээри олорон, Натааһа токуруйа барбыт тарбахтарынан итии чэйдээх чааскыны куура хаппыт уоһугар даҕайбыта. Ол күн биһиги уһун күнү быһа киһи олоҕо дьиктитик салаллыан сөбүн туһунан ыаһахтаспыппыт. Куттаан туран куотуу Мин оччолорго уон кылааһы бүтэрэн баран, биир саастыылаахтарым курдук сиэттиспитинэн сопхуоска тахсан, ынах кутуругун өрө манаан олоруохпун олох баҕарбат этим. Ийэм уордьаннаах биригэдьиир, отделение үлэтин баһылаан олорбут туруу үлэһит этэ. Олох кыра эрдэхпиттэн күҥҥэ үстүүтэ отуттан тахса ынаҕы ыыр этим. Ынах ыы олорон, утуйан да хаалбыт түгэннэрдээҕим. Куруук “улааттахпына, улахан куоракка баран олохсуйуом” диэн саныыр этим. Санаабар, куоракка дьэ дьиҥнээх, кыһалҕата суох олох оргуйар курдуга. Хантан инньэ диэн толкуйдуурум эбитэ буолла? Тэлэбиисэр да диэн суох, биирдэ эмэ киинэ көрдөрөр буоллахтарына, ынахтан ордон барбат буоларым. Арааһа, оччотооҕу аҕам сурутар “Огонёк” сурунаал ойуутуттан харахпар ойуулаан көрдөҕүм буолуо... Мин да кыыс оҕо кылааннааҕа буолан, улаатар сааспар бостуук уолу кытары сөбүлэһэн, оонньуу кэриэтэ сылдьыбыппыт. Биирдэ бугул кэннигэр олорон сүүспүттэн сахалыы сырылаччы сыллаан ылбытыгар кыыһыраан... Бу санаатахха, ол бостуугум олоҕум биир саамай ыраас, умнуллубат таптала эбит. Ситии-хотуу ачыстаатын ылан баран, ыра санаабын толорон улахан куоракка үөрэнэ барардыы быһаарынным. Маныаха ийэм: “Бу үлүгэр үлэ баарыгар тугун эмиэ үөрэҕэй-тайматай! Биэс сыллаах былааны түөрт сыл иһигэр толоруохтаахпыт!” – диэн кыккыраччы аккаастаан кэбиспитэ. Аҕам көнөтө бэрт буолан, туох да диэн саҥарбатаҕа. Ол кэпсэтии кэнниттэн ийэм эппитин этэ турбута. Мин хотонтон тахсыбат дьылҕабын ылынар кыаҕым суоҕа. Инньэ гынан күрүүргэ санаммытым. Ол туһунан ким да билбэтэ. Арай бостуук уолбар эппитим да, хараҕа ууланан баран туох да диэн саҥа таһаарбатаҕа. Дьиэлээхтэрим бары утуйбуттарын кэннэ сэмээр чымадааммын хомуннум. Ийэбэр тутуллуом диэн куттанан, атаҕым төбөтүгэр сылдьан бэринним. Биэс чаас саҕана куораттыыр аартыкка тахсан, суол тута таҕыстым. Дьиэбэр, саатар, саппыыска сыыһын хаалларбатым. Өһөспүтүм оннук буоллаҕа. Арай кэннибиттэн аҕам сырсан кэллэ уонна элбэҕи саҥарбакка харчы туттарда. “Дьылҕаҕын бэйэҥ быһаарар буоллаҕыҥ, сэрэнэн сылдьаар, сурукта суруйаар” диэн, мөҕүллүбүт оҕо курдук умса туттан туран атаарбыта. Ийэм ол кэннэ төһө эрэ кыыһырда... Чэ, оннук күрүүр былаастаах куоракка кэлэн баран, аэропуорка тиийэн Москубаҕа диэри билиэт ыллым. Хаһан да төрөөбүт ыырбыттан арахсыбатах киһи, суос-соҕотох аттаннаҕым ол. Дууһаны тутар Душанбеҕа Дойдубут тэбэр сүрэҕэр тиийэн баран муммут кус оҕотун курдук сөҕүмэр улахан аэропуорка турдум. Ханна да барар сирбин билбэккэ туран, хата, сахалыы саҥаны иһиттим. Кэннибэр икки кыыс турар эбиттэр. Мин тыаҕа муммут киһи дьону көрсүбүтүгэр дылы, туох да сүрдээхтик үөрэн, эккирии түстүм. Тиийэн билистим. Бүлүү
эргиннээҕи кыргыттар эбит. “Биһиги Душанбеҕа закройщик идэтигэр үөрэнэ баран иһэбит” диэтилэр. Мин “ээ, мин эмиэ ол диэки баран иһэбин” диибин. Дьиҥэ, Душанбе диэн тылы саҥа истибитим, “закройщик” диэн тугун да билээхтээбэппин. Чэ, ол курдук билиэт булан, Душанбе диэн итиинэн илгийэр куоракка көттүбүт. 4 чаас курдук кыырай халлааҥҥа кырыйа көтөн баран, дьикти куоракка тигинэтэн тиийдибит. Аэропуортан тахсан баран ол үөрэхпит уопсайын ыйдара уулуссаҕа таҕыстыбыт. “Ынах маҥыраһан, киһи кэпсэтэн билсэр” дииллэринии, син булан тиийдибит. Уопсай диэки чугаһаан истэхпитинэ биир барыта бытык буолбут эдэрчи киһи сүүрэн кэлэн чымадааммын илдьэ баран хаалла. Мин, оннугу эрэ кэтэспэтэх киһи, айахпын эрэ атан хааллым. Ийэм оскуоланы бүтэрэрбэр тикпит солко ырбаахытын аһыйаммын, кыккыраччы ытаан бардым. Докумуоннарбын эҥин аһыммаппын, ырбаахыбын аһыйабын! Кыргыттарым уоскута сатаатылар да, син биир иэрийэ-иэрийэ ытыыбын. Арааһа, миигин кытта аргыстаспыттарыттан кэмсиннилэр быһыылаах. Ол олордохпутуна биир ньирэй курдук кыламаннаах, чоҕулуччу көрбүт харахтаах уол кэлэн, бэйэбит курдук олуттаҕастык нууччалыы “туох буолла?” диэн ыйытта. Баары-баарынан кэпсээн биэрдибит. Ол киэһэ Шохрух чымадааммын булан аҕалбыта уонна эбии харчы бэрсибитэ. Мин баһыыбалаан баран улаханнык кэпсэтэ сатаабатаҕым. Ол курдук, иистэнньэҥ үөрэҕэр киирэн, биир сылбыт биллибэккэ ааһан хаалла. Дьоммор ол тухары иккитэ эрэ суруйдум. Ийэм син биир кыыһырара тохтооботох, миигин таҥнарыахсыт курдук саныыр. Ыраах сылдьан ону истиэххэ куһаҕана сүрдээх этэ. Үөрэхпин бүтэрэн баран күүспүнэн көбүөр оҥорор баабырыкаҕа үлэлии хааллым. Кыргыттарым Саха сиригэр көппүт түүннэригэр сыттыгым илийиэр диэри ытаатым. Оннук өһөспөр үлэлии-үлэлии сырыттым. Дьоммор биирдэ эмэ биллэбин. Кэргэн тахсыы Таджикистаҥҥа кэлиэхпиттэн ыла бостуук уолбун санаабатах күнүм диэн суоҕа. Ол да буоллар дойдубар төннөр былааным суоҕа. Нуучча кыыһын кытары бодоруһан, баабырыка уопсайыгар бииргэ олорбуппут. Үлэлээн бүтэрбин чымадааммын булан аҕалбыт Шохруҕум күн аайы маныыр буолла уонна дьиэбэр диэри атааран биэрэр. “Эмиэ туоххун эрэ былдьыахтара” диэн сылтаҕырар. Оннук күн аайы көрсөн, сыһыаммыт атын буолан хаалла. Оһоҕостоммуппун билэн, дьонун кытта билсэ бардыбыт. Миигин, төһө да сөбүлээбэтэллэр, уол оҕону бэлэхтээммин, син чугаһаттылар. Утуу-субуу үс уолу төрөттүм. Улахан уолбутун илдьэ мин дьоммун кытары билсэ, дойдубун көрдөрө кэлэ сырыттыбыт. Сойуус кэмэ буолан буолуо, омук киһитин аҕаллыҥ эҥин диэн, ким да сүөргүлээбэтэҕэ. Кэмэ оннук буоллаҕа. Шохрух Саха сирин олус сөбүлээбитэ, улаханнык сөхпүтэ. Үлэлээх дьон быһыытынан сайылаан баран төттөрү Таджикистаҥҥа барбыппыт. Дойдубар сылдьан бостуук уолбун ээр-сэмээр ыйыталаһа сатаабытым да, куоракка көспүтэ диэн буолбута. Уларыйыы Биһиги син ыал курдук олорбуппут. Үлэ баар, дьиэ баар. Бэйэм да таджиктыы олоххо үөрэнэн хаалбытым, тылларын эҥин холкутук баһылаабытым. Ол гынан баран итэҕэллэрин ылымматаҕым. Кэргэним тылбын истэр этэ. Арай дьоно тымныы сыһыаннаахтара. Мин тэбис-тэҥҥэ аахсар айдааннаах буоламмын, чугаһыы да сатаабаттара. Уолаттарым тэбис-тэҥҥэ улаатан испиттэрэ. Улаханым оскуолаҕа бараары оҥостубута... Онтон биир
күн дойдубут үрэллэн хаалбыта. Кыраныыссаны сабан кэбиспиттэрэ. 1992 сыл алтынньытыгар сэриинэн кимэн киирбиттэрэ. Били, уу чуумпу олохпут ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии, тосту уларыйбыта. Саныахха олус ыарахан. Уулуссаҕа дьону ыт курдук ытан кэбиһэллэр этэ. Мин оҕолорбун быыһыыр санаалаах дойдубар күрүүргэ быһаарыммытым. Аны туран, харчыбыт суох, Арассыыйаттан харчы киирбэт. Нэһиилэ билиэт булан, икки улахаммын илдьэ дойдубутугар кэлбиппит. Кыра уолбун кэлин кэргэним илдьэ кэлиэх буолбута. Онно сөбүлэспиппэр билиҥҥээҥҥэ диэри бэйэбин буруйдуубун. Манна кэлбиппит кэннэ эбэлээх эһэтэ уолбун илдьэ Афганистаҥҥа күрээбиттэрэ диэн буолла. Муннум бүөтүттэн, кыра уолбуттан, ытыс соттон хаалбыт аньыым-харам хара өлүөхпэр диэри сыппах быһах курдук сүрэхпин аала сырыттаҕа... Көрсүһүү Саха сиригэр кэлэн баран нууччалыы да билбэт уолаттарым тыа оскуолатыгар үөрэнэ барбыттара. Начаас сахалыы саҥарбыттара. Төрөппүттэрим көмөтүнэн дьиэ туттан саҥалыы олоҕу саҕалаабыппыт. Мин бытовой кэмбинээккэ иистэнэбин. Биир үтүө күн били бостуукпун көрсүбүтүм. Ол көрсүһүү түгэнигэр иккиэн кыра оҕолуу кыбыстан, саҥата суох олорбуппут. Ол кэннэ хаһан да арахсыбатахпыт. Кыыс оҕоломмутум. Кэргэним барахсан илим үтэ сылдьан былаҕайга былдьанан, ол дойдуга барбыта... Мин кыыспын илдьэ куоракка көһөн кэлбитим. Билигин сиэммин көрөн олоробун... Уолаттарым улаатан, үлэһит буолан баран бырааттарын көрдөөбүттэрэ. 2000 сыллардаахха кыра уолум аҕатын кытары үлэлии диэн Дьокуускайга кэлбиттэрэ. Мин ол көрсүһүүгэ долгуйан, уҥан түспүтүм. Уолум номнуо улахан киһи, миигин улаханнык көрбөтөх буолан, атыҥыраан, соччо чугаһаспатаҕа. Шохрух анараа иккистээн ыал буолбут, улаханнык уларыйбыт. Сэбиэскэй киһи уонна билиҥҥи кэм киһитэ уларыйар буолар эбит. Шохрух манна наркотик атыылаан элбэх сылга түбэспитэ. Кыра уолбун “миграция бэрээдэгин кэстэ” диэн депортациялаан кэбиспиттэрэ... Бу олорон саныыбын ээ, оччолорго өсөһөн, кыыһыран-тымтан турбакка, дойдубар тута кэлбитим буоллар, бостуукпун кытары уһуннук, дьоллоохтук олоруом хаалбыт... Ол эрээри олоҕум туоһулара – оҕолорум, ааспыт сыыһабын туора сотоллор... Натааһа кэпсээниттэн Дмитрий ИВАНОВ суруйда.
kyym.ru сайтан