Кэпсээ
Войти
Регистрация
БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: ИККИ ТЫМНЫЫ ОҔУСТААХПЫТ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ БИЭТЭС БИЛЭЭХЭП: ИККИ ТЫМНЫЫ ОҔУСТААХПЫТ
K
edersaas.ru
Категорията суох
27.01.2022 18:30
—Улуу Туймаада кырдьаҕас быта, убаайка Биэтэс, туманнаах Туйма үрэх толоонуттан Көстөкүүн бырааккыттан уруй буоллун! Күммүт сырдаата, халлааммыт сылыйда. Тымныы оҕуһун бастакы муоһа тостубут күнүнэн эҕэрдэ! – төлөпүөммүн кулгаахпар даҕайааппын, уонча сыл балыс, аҕамсыйа барбыт үөлээннээҕим, Күппээл Көстөкүүн кэм да үөс-батааска биэрбэккэ кутан-симэн, күппээллээн барда. Таҥара саҥаран баран бүтүмэ диэн айбыт туора харахтааҕа диэтэҕиҥ. – Хайдах эбитэ буолла, арыый эрдэ ини. Бастакыта тохсунньу бүтэһик күнүгэр туура ыстаныахтаах этэ буолбатах дуо? — диэн айахтатан, уокка арыы куппут курдук, киһибин бууса күөттээн биэрдим. — Па-ыы, убаайка, «былыргы киһи», олохтон хаалаахтаабыккын, — Көстөкүүнүм силэ төлөпүөн нөҥүө бырдаҥалыырга дылы. – Сүүрбэ биирис үйэҕэ олорорбутун хайдах өйдөөбөккүн, аныгы сайдыылаах сахалар буоллахпыт. Аны икки Муҥутуур тымныы оройо сирдээхпитин билбэккин дуо? Онон икки Тымныы оҕустаахпыт. Биирэ, ол эн этэр Оҕуһуҥ, Дьааҥы улахатыттан айаатыыр. Иккис Оҕус Өймөкөөн түгэҕиттэн мөҥүрүүр. Онон түөрт муос тостор, икки моонньоох бас быстар бэрээдэгэ олохтонон турар. Тымныыбыт намыраата, халлааммыт сылыйда. Былыргы оҕонньоттор этэллэринии урукку курдук тыынар салгыныҥ кулгааххар тыһырҕаабат, ииктээтэххинэ сиргэ тиийиэр диэри көрдөрбүтүнэн кыаһаанныра хороччу тоҥмот буолла дэһэбит. Хайыай, оҕустарбыт көрсүстэхтэрин аайы кыйаханан буугунаһан, күрдьүөттэһэн уохтарын-кылыннарын массыына көлүөһэтин тэстибит хаамыратын курдук мээнэнэн таһаара сылдьаллар. Инньэ гынан былыргы Оҕуспутугар быданынан тиийбэттэр. Бытархан тымныынан тыымматтар, сытыы дьыбарынан дьааһыйбаттар, силлиэнэн-буурҕанан силбиэтэммэттэр. Ааттара эрэ — Тымныы оҕуһа. Көстөкүүн күппээллиирэ таах да оруннаах курдук. Аныгы үйэҕэ араас барыта буолуон, уларыйыан сөп. Бу өйдөөтөххө, сахалар икки Тымныы Оҕонньордоох эбиппит ээ: эмиэ да Эһээ Дьыллаахпыт, эмиэ да Чысхааннаахпыт. Туохтарынан уратылаһаллара, арахсаллара эбитэ буолла, миигинньик түөһээҥки кыайан оройдоппот дьыалам буоллаҕа. Үөлээннээҕим Көстөкүүн биири баҕас сөпкө этэр: сүүрбэ биирис үйэҕэ олоробут. Хапытаал, ырыынак үйэтин сокуонунан туохха барытыгар урутаан түһүү, күөнтэһии, күрэс былдьаһыы баар буолуохтаах. Күүстээх, кыахтаах баһылыахтаах. Олоҕу инники хаамтарыахтаах. Биэтэс Билээхэп
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан