Кэпсээ
Войти Регистрация

«Быраатым аһаппыта»

Главная / Кэпсээн арааһа / «Быраатым аһаппыта»

K
edersaas.ru Категорията суох
26.01.2022 20:45
Арай туран биир саас, Алыһардаах күөлүгэр, куолуларынан, сээн төрдүн хаҥас өттүгэр бастыҥ миэстэҕэ Уйбаан Дьэпсиэйэбис оҕонньор өтөҕөр тахсан, сэһээккэлэрин сөргүтэн, мончууктарын бэрийэр. Көтөр соччо-бачча биллэ илик. Ырбыы да наһаа улахана суох. Сээн уҥуор Тээйээлэр түһүүлэнэн сыталлар. Хамандыырдара Долгунуоп Баһылай этэринии, «монгуоллар » диэн эдэр уолаттардыын хастар даҕаны. Ыраахтан көрдөххө, лээһэйбит, лааһайбыт, ханньайбыт, тэллэйбит уолаттар саа тута-тута моторуһаллара көстөр. Оҕонньор быһаччы Мортуоннар диэн ааттыыр дьоно хайа кэлиэхтэриттэн куһу сэллээбэккэ ытаннар, оҕонньордоох диэки ыыппаттар. Оҕонньор кыттыгаһа саха тылын учуутала Дьэкиим, дьэ, дьээбэ киһи. Кэпсээнэ-ипсээнэ, үгэтэ-хоһооно киэр инньэ. Таҥаһа-саба да ол сиэринэн. Тараҕай төбөтүгэр куоҕаһы бүтэйдии сүлэн кынаттыын киэпкэ хатаран бэргэһэ оҥостунан кэтэ сылдьар. Баатата ороно сылдьар чылыгырыайка сонун нууччалыы бирээдьинэ быанан бобо курдана сылдьар. Куска тахсыбыт ааттаах да, өйүө диэн мэлигир. Дьээбэтигэр, муус кэмпиэт бөҕө илдьэ тахсыбытын Уйбааныгар сыҥалыыр өлүү буолар. Былыргыта хара буоспаҕа өлбүт дьон уҥуохтарыгар тиийэн, алҕаатах буолан ботугуруу-ботугуруу, хас томтор ахсыытын аайы кэмпиэтиттэн уурар идэлээх сыллата. Киэһэтин халлаан хатыах сибикилэнэн, хотуттан тымныы тыал аҥыһыйар. Эрдэтээҕи бултаабыт икки моонньоҕоннорун  буһаран быргытан кээһэллэр. Астара буһуохча буолуута Ээйиктэн атынан ходуһа уутун күллүргэччи кэстэрэн, үксүтүн мэндэрилээн Уйбаан уола Сутаакы Сэргэй аҕатыгар  анды ытарга көмөлөһө кэлэр. Оҕонньор «уолум кэллэ ээ» диэн үөрбүтэ биллибэт. Эмиэ да сөп курдук, таас дьүлэй киһи тугу да истээри сэҥээриэй. Аппараатын тыаһа биир кэм чуһуурар мээтэ буоларын абааһы көрөн, соччо кэпсэппэт. Дьэкиим обургу үгэ-тамах курдук кэпсэппэхтиир, тулатынааҕы дугда дьонугар бэргэн-бэргэнник одуу-чинчи быспытыттан Сутаакы күлэн эрэ арсайар. Өр буолбат, оҕонньоттор обургулар күөстэрин хоторон, кустарын эр-биир, миннэрин ирээт-ирээт куттан, аһаан сапсырыйалар. Ол быыһыгар тараҕай төбөтүн суон моонньугар лыхатан олорон, Дьэкиим саҥаран сыыйар:»Дэриэбинэттэн кэлбит киһи, эрэбил, кус сиэн кэллэҕэ»,- диир. Дьүлэй истибитэ-истибэтэҕэ биллибэккэ: «Ээ»,- дии-дии аһыырын эрэ билэр. Сутаакы муҥнаах өһүргэнэн, хоччорхой лэппиэскэлээх  чэй иһэ охсоот, мончуук эҥин көннөстө сэһээккэҕэ киирэр. Дьэкиим обургу сээркээн сэһэн буоллаҕа: «Бу түүн көтөр кэлбэт: хатааһын буолла, дьэ, аат чаадай халлаана эбит!» — диэн, Уйбаанныын сылаас балааккаҕа, тото аһаан баран, маҥкырдаан утуйан хосхойон хаалаллар. Түүнүн ааттаах тымныы тыаллаах буолан көтөр букатын көппөтөх. Сутаакы өсөһөн олоро сатаан, ала кулуну төрөтө сыһар. Сарсыарда диэки санаатыгар ырбыыны кэрийэ барар. Халлааны билэн Алыһардаах арыччалара бары сылаас балааккаҕа утуйа сыталлар. Дьэ, ол сылдьан, биһиги киһибит ырбыы уһугуттан  көтөр тоҥсуйбут лаамы андытын булан, сутаакы киһи быһыытынан хомунан тахсар. Санаатыгар, аҕата аах бэҕэһээ миин иһэн сапсырыйалара көстөн, иҥсэтэ көбөн, куртаҕа курулуур. Тыа киһитин куолутунан, үөрүйэх аҕайдык үргээн, эттээн, хомолдоҕо түһэрэн, кулуһуҥҥа күөс туруорар. Миинэ буһан бычалыйыыта Дьэкиим обургу тыыллаҥнаан турар. Иҥсэрбиттии күөс диэки өҥөлдьүйэр. Сутаакы бэҕэһээҥҥини иэстэһэр санаанан иэдэс биэрэр. Дьэкиим  обургу онно бэрики кыһаммат: «Хайа, быраат, тугу гынаҕын?» -диэн буолар. Быраат дэппит киһи:»Ээ, күөс буһарынабын», — диэн баран, хойуу соҕустук миинин биримисиэллээн биэрэр. Хоргуннуун эҥинниин бычалыйан мин бэрдэ,  киһи таныытын кычыкылатар айылаах буолар. Дьэкиимэ ымсыырбытын соччо кистээбэт эристиин буолар:  «Хайа, итинтиҥ сөп буолбатаҕа буолуо дуо?» -диэн, куолутунан, сибигинэйэ былаан ыйытар. Көҥөнө олорор киһи туох диэй? «Ээ, астыйа түстүн», — диэн дааҕырҕаан кээһэр. Дьэкиим обургу, туох эрэ  үчүгэйи истибиттии, сэгэс гынар, киһитин диэки сыҕарыс гынар, хараҕын симэр уонна дьэ кэпсээн сыыйан барар. Сутаакы иһиллии-иһиллии кэтээн көрөр. Күнүскү манабылга киириэ диэн. Кус биллибэт. Киһитэ, дьэ, уутугар-хаарыгар киирэн, улуу өбүгэлэргэ тиийэн, одоной ойууннанан, кэпсээнигэр киирбит курдук буолар. Ити икки ардыгар күн уоттана охсор, түүнүн утуйбатах киһи уута кэлэн, сыҥааҕырдаан барар. Ону сэрэйбит курдук, Дьэкиимэ куолаһын намтатан, аа-дьуо бигиир кэриэтэ кэпсээн сыналытар… …Арай Сутаакы муҥнаах уһуктан кэлбитэ, ньуоскатын туппутунан уотун аттыгар утуйан тоҥхойо олорор эбит. Уота былыр үйэҕэ умуллан, үрүҥ күлүнэн көрө сытар. Хомолдото оллооҥҥо ыйанан турарын өҥөс гыммыта, андытын уҥуохтара эрэ кылыгыраһа сыталлар. Оҕонньотторо суохтар, балаакка аннынааҕы сэһээккэҕэ кэккэлэһэ кэтэхтэрэ лэкэһэллэрэ көстөр. Кыһыйан да төһөнү кыһыйыай, эмиэ астан маттаҕа. Кэлин итини ыйыттахха,  Дьэкиим обургу хараҕын симэн олорон:» Быраатым аһаппыта», -диэн сибигинэйэ былаан саҥаран баран күлэн мытырыйара,тараҕай төбөтүн имэринэрэ. Сутаакы ардьас гынан баран: «Илээттэр»- эрэ диэн кээһэрэ… Дьөгүөр Һэрэмээт Хаартыска  moyaokruga.ru ылылынна
edersaas.ru сайтан