Кэпсээ
Войти
Регистрация
БАСТАКЫ КУОБАҔЫМ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ БАСТАКЫ КУОБАҔЫМ
K
edersaas.ru
Категорията суох
25.01.2022 18:00
Маҥнайгы куобахпын уон саастаахпар туһахтаан ылбытым. Дьэ, ол маннык этэ. Аҕам окко кыра эрдэхпиттэн илдьэ сылдьара. Сэлэҥдэҕэ үһүөн хоно сылдьан оттуурбут. Аҕам, аҕам доҕоро Халла оҕонньор уонна мин. Миигин «уҥуоҕа хааннырыа», «сүрэҕэр астарыа» диэн күүскэ үлэлэппэт этилэр. Оччолорго тыаҕа куобах олус хойуутук үөскээбитэ. Төрүөҕэ элбэҕэ. Онон аҕам биир-икки туһаҕы иитэрэ. Онтуттан күн аайы ылара. Сибиэһэй куобах этэ — туохха да бэриллибэт тотоойу ас. Туһаҕын мин көрөрүм. Биирдэ, аҕам туһаҕыттан чугас баар орохторго үс туһаҕы ииттим. Сарсыҥҥы күн буоларын тэһийбэккэ кэтэстим. Сарсыныгар, дьэ, көрө бардым. Аҕам туһаҕар биир куобах иҥнэн өлбүт. Онтон бэйэм туһахтарбын көрө бардым. Бастакы туһаҕым хамсаабыт, ол эрэн, туох да суох. Ол аата, таарыйан эрэ ааспыт. Иккис туһахха иҥнибит. Уонна бэйэтэ суох, туһах боробулуохатын быһан кэбиспит, барбыт. Суох. Хомойон, сүөм түһэн, үһүс, бүтэһик туһахпар чугаһаатым. Сүрэҕим тэбэрэ сүрдээх. Санаабар, куобах иҥнэн олорор буолуохтаах. Арай, чугаһаан кэлтим, туһаҕым суох курдук. Эмискэ оҕо ытаан бэбээрдэ. Мин соһуйан, ыллым да, төттөрү сүүрдүм. Дьонум киэһээҥҥи омурҕаннара, онон, аһаары бэлэмнэнэ хаалбыттара. Туһахпыт олох чугас отууттан, сүүсчэ эрэ хаамыы. Аҕылаан, куттанан кэлэн, өрө тыынан көбүөхтээн ыла-ыла, аҕабар ойуурга оҕо ытаабытын кэпсээтим. Төбөбүттэн имэрийээт: «Чэ, бардыбыт», — диэтэ. Тиийбиппит, били оҕом куобах буолан хаалла. Ол оннук этэ, бастакы куобахпын бултааһыным. Ол да буоллар, кэлин даҕаны, куобах туһахха иҥнэн, оҕолуу ытаатаҕына, бэбээрдэҕинэ, соччото суох балаһыанньаҕа киирэрим. Степан НИКИФОРОВ.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан