Кэпсээ
Войти Регистрация

Үгүөрү бултуйуу

Главная / Кэпсээн арааһа / Үгүөрү бултуйуу

K
edersaas.ru Категорията суох
18.01.2022 19:30
Үгүөрү булду бултуур баҕа киһини туохха тиэрдибэтэҕэй? Арыт киһини кылгас санаалаан, киһи күлүөх, быһымах быһыыланар түгэннэригэр тиэрдитэлиир түбэлтэлэрэ эмиэ баар буолар. Биирдэ сааһын-үйэтин тухары балыгынан дьарыгырбыт киһиэхэ, үбүлүөйэ буолбутугар, үлэлиир коллективын дьоно саа бэлэхтээбиттэр. Ол киһи кыттыгаһынаан Майда үрэҕэр илимнэрин көрө бараары турдахтарына, арай субу хаастар көтөн халыкынаһан кэлбиттэр. Киһи саатын харбаан ылбыт да түбэһиэх туһаайан баран тардан кэбиспитэ: биир хаас сууллан түһэр. Хаастар кэккэлэрэ ыһыллар. Сорох үөһээ мэтэрийэр, сорох барбытын курдук барар, сорох туора халыйар. Киһи иккис уоһун таһаарарыгар, саатын умса сахсыйа ытар. Бу сырыыга биир да хаас табыллыбыта көстүбэт. Кыттыгаһа күлэн алларастыы: — Хайа, иккис уоскун тоҕо итинник ыттыҥ? – диир. -Ээ, ити доруоппун ыһан элбэх хааһы сууллараары, — диэн хардарбыт. Тахсан иһэр доруобу ыһарга төлөөх күүс, суот, түргэн туттуу төһө наада эбитэ буолла? Анал үөрэтээччилэр ааҕан таһааран эрдэхтэрэ. Ол эрэн, биир ытыынан элбэҕи бултуйбут дьон уос номоҕо буолан кэпсээҥҥэ сылдьаллар. Былыр, революция иннинэ, Чараҥтан (Петропавловскайтан) түөрт көстөөх сиргэ Хатарҕан үрэҕин баһыгар, Ороһу төрдө өтөҕөр Попов Николай Алексеевич диэн киһи олорбута. Кини саас кус хойуутук киирбит кэмигэр атынан Чараҥҥа киирэн испит. Бэйэтин кытта аҕыстаах Кэтириинискэй доруоп чокуур саалааҕа эбитэ үһү. Ол саатын тутааҕын кэннэ улахан иитиигэ киһи саннын күүскэ аспатын диэн, төһө эмэ халыҥ боолдьохтоох уонна санныга уурар сыттыктаах эбит. Арай өтөҕүттэн икки көстөөх сиргэ баар Элгээн диэн күөлү хахыйахтар быыстарынан көрбүтэ: уһун синньигэс күөл устатыгар кус бөҕө аһаан булумахтана, хараарыҥнаһа олороллор эбит. Атын хахыйахха баайан баран, сыыллан киирэн кустар үгүөрү соҕустук чөмөхтөһөллөрүн кэтэһэр. Биирдэ бөлүөхсэ түһэллэрин кытта чокуурун элбэрээҕин төлө тардан кэбиһэр. Буруо бурҕас гынар, саа тыаһа ньиргийэ түһэр да, Ньукулай саннын күүскэ баҕайы «астарар». Киһи ыарыыланан, туймааран таалан, сытар. Ыарыыта уталыйыыта туран көрбүтэ – кус бөҕө умса-тиэрэ түһэн аҕай сытар үһү. Мастанан-оттонон киирэн хомуйбута: 72 кус буолбут. Үксэ мороду уонна моонньоҕон эбит. Ону кытта, сорохтор кэпсииллэринэн, икки хаас баара эбитэ үһү. Төһөтө сатыылаабыта, табыллан барбыта биллибэт. Евсей Лугинов Хаартыска proza.ru ылылынна
edersaas.ru сайтан