Кэпсээ
Войти
Регистрация
ЭСПАНЬОЛА
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ЭСПАНЬОЛА
K
kyym.ru сайтан
Айымньы
24.01.2022 10:42
Кинилиин эмискэччи билсибитим. Ол дьикти кыыс кэрэ мөссүөнэ билигин да өйбүттэн арахпат... Кыһыҥҥы куорат, сылаас күн. Биир доҕорум күнү быһа телефоннаан таҕыста. Миигин доҕотторум бары билэллэр, үлэ кэмигэр телефоҥҥа аралдьыйбаппын. Киэһэ алта эрэ кэнниттэн. Ол кэмҥэ син биир бастакынан эмиэ ол доҕорум эрийдэ: – Биир билсэр кыыстаахпын. Бу иннинэ соҕотохтуу көрсүһэр этибит. Онтон бүгүн дьүөгэбин илдьэ кэлэбин диир. Доҕордоох көрсүс диир. Ону эйигин саныы биэрбитим. – Ол дьүөгэтинээн билсиһэбин да? – Көннөрү, сэргэхсий ээ. – Хаска дылы? – До утра... – О... Бастаан утаа ыарырҕаттым, ол эрэн сөбүлэстим. Саҥа билсиһии хаһан баҕар интэриэһинэй. Өссө буола-буола, анаан-минээн. Көрсүһүү чэрчитэ да сүр: ресторан, боулинг, сууккалаах квартира. Барыта бэлэмҥэ аһылыгар эрэ харчы кыттыһыахтаахпын. Хата бэрт эбит. Доҕорум билсэр кыыһа, сылы быһа соскойдоспут Настята дии санаабытым, рестораҥҥа тиийэн баран, буккуллан хаалбытым. Настя туһунан субуоннаатах аайы кэпсиир буолара, эрээри, дьэ кинилэр этиспиттэрэ-айдаарсыбыттара эрэ баар, мэлдьи ол эрэ туһунан лабаҥхалыыра. Настяны хаартыскатынан көрбүт буолан, син билэбин диэххэ сөбө дуу, онтон бу олорор кыргыттар ончу атыттар. Настя сүүс төгүл кыраһыабай. Хаартыскаҕа, биллэн турар. Балар даҕаны куһаҕаттара суохтар, бука, интэриниэккэ эмиэ уһулуччу кыраһыабай аватардаахтара буолуо... Чэ, кэм көрдөрүө. – Тоҕо хойутаатыҥ? – доҕорум чуҥкуйа быһыытыйбыттыы ыйытар. – Ээ, таксии... Кэлэн быстыбата – кыргыттар көхө ити тэйиччи турар диэн көрдөрө сатаатылар, мин соммун устуул кэтэҕэр ыйаатым. – Дьэ бу, билсиһэн кэбиһиҥ: Наташа, бу Вилюя, Сунтаар кыргыттара, онтон бу Ньургун – Талах курдаах Таатта уола... – Мьм, Таатта... Олоҥхоһуттар, суруйааччылар улууһуттан эбит дии, – диэтэ кыргыттартан биирдэстэрэ. Кыргыттары одуулаһа да барбатым, тута меню арыйа баттаан тугу сакаастыырбын ааҕа олордум, ол ыккардыгар дьонум тугу сии олороллор эбиттэрий диэн остуолу хараҕым кырыытынан көрүтэлиибин. Доҕорум мин туспунан кэпсиир, “отчаяннай”, сырыылаах-хотуулаах, эр бэрдэ эрэбиллээҕэ, оннук-маннык... дьиҥэр, оннук буолбатахпын ээ, ол биирдэ хаһан эрэ буолбуту күүркэтэн, доҕорум өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалбытынан ойуулуур быһыылаах, дьэ ол кэмнэри ахтан тахсар. Урут этэ. Чэ, ити аастын. Кини миигин үрдүктүк тутан кэпсээн бэйэтэ “мин маннык доҕоттордоохпун”, “мин маннык эйгэҕэ олоробун” диэн билиһиннэрэр быһыыта буоллаҕа, билсэр кыыһа ол аайы абылаттарара эбитэ дуу... Аһылык сакаастаан баран дьэ сэлэһиэхчэ кыргыттары көрүтэлээтим. Хайалара доҕорум кыыһа буоларын таайбатым. Наташа – кыра уҥуохтаах, чоҕулуччу көрбүт хап-хара харахтардаах, сып-сымнаҕас, үп-үрүҥ үрүмэ курдук нарын намчы тириилээх. Соччото суоҕа эрэ баттаҕа – итинник бүтүннүү түһэн чачараабыт баттах курдук төбөҕө сыста сылдьара кэрэ аҥардарга барсыбат дии саныыбын. Били, ньирэй ньалҕаарыччы салаан кэбиспитин курдук. Дьиҥэр, хайыаҥ баарай, кыһын буоллаҕа, бэргэһэ чаппаччы кэтэр түмүгэр баттахтарын итинник оҥоһуннахтара. Онтон ити кыыска сөбүлүү көрбүтүм – чоппуускалыы кыра мурунун, олуһун ону тарбахпынан тутуохпун, оҕолуу кнопка курдук баттаан “пип-пиип” диэхпин баҕарталаабытым, оннук угуйар хайдах эрэ кыра “миниатюрнай” муруннааҕа. Вилюя – аата да дьиктитин, тас да көстүүтэ оннук ураты. Мин хайдах эрэ маҥнайгы омос көрүүбэр, бу итальянскай интерьердаах ресторан ортотугар Вилюя омук кыыһын санатара. Дириҥ халтаһалаах. Европейка. Сырдык сэбэрэлээх буолбатах. Итальянка эбэтэр Испанка. Уонна оннук уһун суптугур муруннаах. Чахчы, испанка диэххэ сөбө, таҥаһа-саба онуоха олус барсара. Чараас, ис таҥаһа көстүөхчэ көстүбэт солко былааччыйалаах. Билэрдии солко диэхтиибин, баҕар атын матырыйаал буолуо. Былааччыйа да диэни атыннык өйдүүр, били атаҕы бүтүннүү бүөлүүр уһун диир буоллаххытына, атын – кылгас, барбах самыытын сабар. Онтон хараҕа – биир эмиэ дьикти. Хап-хара да буолбатах, күп-күөх да буолбатах, ресторан сырдык уотугар бэрт дьикти чөмчүүк таастыы килбэчийэрэ, уһун ыһыллаҕас баттаҕын күлүгэр чоҕулуччу харааран да ылара. Санаабар доҕорум, кыыс өттүгэр ордук кыраһаабыссалары, майгыларын аахсыбакка аҥардас тас көстүүтүттэн көрдүүрүн сэрэйдэххэ, Вилюя буолуо дии санаабытым. Онуоха кини куолаһын, хайдах эрэ омуктуу, ыллыахча испанскай акценыгар курдаттыы абылаппыт буоллаҕына көҥүлэ. Ол иһин Вилюяҕа улаханнык болҕомто уурбакка Наташаны ордук көрөрүм, уонна харахпынан сыаналыырдыы туттарым. Наташа ону тутатына сэрэйдэ: – Тоҕо дьаныардаахтык көрөҕүнүй? – диэн утары олорон дьээбэлээхтик ыйытта. – Аһаа дээ, тоҕо көрдүҥ? – доҕорум сыҥаах баттаста. – Көрүмүнэ... – күлүм мичийэбин. – Сэрэниий, – диэтэ Вилюя, – бу кыыһыҥ хатыылаах... – Крапива? – тута ыйыттым. – Хатааһыннаах – доҕорум өйдөттө. Онно эрэ өйдөөтүм. Бары күлэн тоҕо бардыбыт. Бытаан классическай музыка тыаһыы турара. Билиҥҥи үйэҕэ рестораннарга сэдэх көстүү. Скрипка. Аны тыаһын улаханын-кыратын алыһын таппыттар, музыканы дьүөрэлии бу кэпсэтиибит эмиэ туох да эрэйэ суох иһиллэр, хаһыытаһа олорбоппут. Ас туһунан кэпсэттибит. Мин ааттарын эрэ билэттээтим. Онтон атына улахан интэриэһинэйэ суох. Интэриэһинэйи бэйэлэрэ кэпсээччилэр, ыйытан, илии баттатан хоруйдатар туох да сөптөөх түмүгү аҕалбат. Силиэстийэлиир өттүгэр, кырдьыкпын этэбин, мөлтөхпүн. Кэпсииллэриттэн иһиттэххэ, Наташа ордук элбэхтик рестораҥҥа сылдьан ас арааһын амсайбыт, онтон Вилюя, бэйэтэ этэринии: “Дьонум ыыппыт бэрэскиилэрин микроволновкаҕа сылытан сиирим быдаһын ордук, туохха да атыҥҥа тэҥнэспэт” буолан, кини миэхэ ордук чугас эбит. Доҕорбуттан ыйыттылар, кини хоруйа бэлэм, онтон миэнэ... Мин сөбүлүүр аһым туох этэй? Кып-кыра тэлэбииһэр иннигэр, олбоххо доширак, майонез, суххай килиэп тураллар. Олбоҕум анныгар доширак хаҕа, биирдэ туттуллар кофе пакета, бүппүт майонез. Харахпар ити көстө оҕустаҕа дии. Эрээри, бу рестораҥҥа лазаньяны кыһыл винонан утаара олорон ону кэпсээн дьону соһутуом да, били сыл баһыгар-атаҕар биирдэ эмэ амсайар баҕалаах аспын эттим: пицца уонна суши. Дьиэҕэ аҕалан биэрэллэрин. Ол аһылыгы мин Хоттабыч курдук “трах-дибидох” диэтим да мэлдьи баар буоларын кэриэтэ омуннуран кэпсээтим, кыргыттар бука итэҕэйдэхтэрэ. Кэпсэтиибит ис-иһигэр киирдэр киирэн, бэйэ-бэйэбитигэр интэриэспит улаатта. Ханнык баҕар эр дьон маҥнай билсиһиигэ интэриэһинэй буолабыт быһыылаах, төһө да кэлин-кэлиҥҥинэн кинилэри сылаттарбыт. Мин курдук боростуой олохтоох киһи кинилэр күлсэ-салса кэпсэтэр икки ардыларыгар эмиэ син интэриэһи көбүппүтүм буолаахтаатаҕа. Кэпсэтиибит тэтимэ маннык буолара: бастаан көрдөххө – доҕорум уонна Наташа Вилюяны кытта көрсөннөр сонун үллэстэ олороллор (мин онно официаммын эбэтэр миэстэ суоҕуттан кыттыспыт туора клиеммын), онтон иһигэр киирдэххэ, мин ханнык эрэ эксээмэҥҥэ киирэн олорор курдукпун, доҕорум миэнэ продюсер, эбэтэр төрөппүт тэҥэ, Наташалаах Вилюя – эксээмэн тутааччылар. Онтон кэпсэтиибит да сайдар буоллаҕа, ол иһин ханнык эрэ кэмҥэ Наташалаах доҕорум, түспэдийбит пааралар биһиэхэ саҥа үөскээбит паараҕа сүбэлэрин-амаларын биэрэ олороллорун курдук. Көрсүһүү туох туһалааҕын, кэпсэтии ис тутулун быһаарсар киһи өйдөөтөҕө буолуо. Быһатын эттэххэ, Вилюяны малтаччы ылан сыбаан кэбиспиттэрэ. Биһиги иккиэн оннук айылаах утарылаһа да барбатахпыт. Остуол аннынан, көрбөттөрүгэр, уҥа илиибинэн хаҥас илиитин хаба тардан ылбытым, имэрийбитим уонна сиэппитим. Кини утарбатаҕа – ол этэ астык түгэн! Бастаан соһуйуохча миэхэ хайыспыта, мин кинини одуулаан олорорум, онтон “чахчы эн илииҥ дуо?” диэбиттии остуол аннын көрбүтэ, “ол эбит” диэбиттии үөрбүтэ, уонна хоруйдуур курдук ытыспын ыбылы туппута. Бүттэ. Барыта биир күлүм түгэн курдук көтө оҕуста. Ол тухары биир эрэ санаалааҕым. Иккиэн эрэ хааларбытын. Иккиэн эрэ. Боулиҥҥа да оонньообуппут, таһырдьа хаамсан сэргэхсийбиппит, уонна ол уларсыбыт квартирабытыгар тиийбиппит. Икки хостоох, сылаас, сырдык эркиннэрдээх үтүөкэн дьиэ. Уларсыллар сууккалаах квартира диэтэххэ, чахчы астык. Наташалаах доҕорум түргэнник хосторугар хорҕойбуттара, аатыгар эрэ куухуна остуолугар ас тардыллыбыта, ким да аһыан баҕарбат этэ, тус-туспа барыахтаахпыт биллэрэ. Вилюя тута дуушка сүүрдэ. Хоһу чинчийэбин. Алыһын миэнигэр майгынныыр кыра тэлэбииһэри холбуубун. ТНТ канаал. Дом-2. Хаһан да сэҥээрбэт бэйэм соруйан бу канаалга хааллардым. Вилюя хоско көтөн түстэ: – Тыый, абааһытын, араарыый... – тэлэбииһэри уһун тыҥырахтаах тарбаҕынан туһаайан кэбистэ. Бэйэтэ сумочкатын тумба үрдүгэр тиэрэ тутан оҥоһунна, сирэйин көрүннэ. Мин дууш. Үтүктээйи. Санаабар дуушка Вилюя сыта-сымара хаалбыт курдук, дьиҥэ суунар-тараанар сириэстибэлэрэ буолаахтаатаҕа. Эрээри, киниэнэ... Онтон салҕыы туох буолуоҕун дууһабын тарбыыр. “Чэпчэкитик ылын... буолуохтааҕын курдук”. Эрээри син биир ис-испиттэн туох эрэ үөнэ кыймаҥалыыр, өйүм-санаам сааһыламмакка киһи тугу да билбэт-көрбөт туругар киирэ сылдьабын. Дууш тымныы уута да көмөлөспөтө. Хоско төттөрү киирбитим, Вилюя тас таҥаһын сыбыдахтанан, чараас суорҕан анныгар төбөтө эрэ чөрөйөн олороро. Ыһыллыбыт баттаҕа куура илигэ, ону куурдаары илиитинэн ыһара, тэбиирэ. – Биири ыйытабын? – таабырын таайтарардыы ыйыта тоһуйда. – Дьэ эрэ. – Эн миигин тыыппаккын? – Ол аата? – Тыытыаххын баҕарбаппын. Бастакы күн. Түргэнник. Билэҕин ээ... – Тыытыам суоҕа. – Аттыбар сытаҕын? – Сытыаҕым. – Уонна тыыппаккын? – Эр киһибин, тылбар туруоҕум. – Түүн ортото “айылҕам анала оннук, кыыл буолан кубулуннум” диэбэкки-ин? – диэн соһутта. Өйбөр итинник да санаа суоҕа, төһө да хоонньоһуоҕу баҕардарбын да. – Диэбэппин. Честное слово. Клянусь смертью... своих собственных зубов! – Сыт аттыбар. Кэпсэтиэх. Онно сыппытым. Саҥата суох. Биир мүнүүтэ, икки мүнүүтэ. Биэс мүнүүтэ. Тыынарбытынан кэпсэтэр курдукпут. Өйдөөн көрбүтүм, Вилюя одуулаһан ахан сытар эбит. Суорҕаны бүтүннүү бүөлэнэн анныгар киллэрдим. – Маннык сытан сибигэнэһэн кэпсэтэбит да? – Аһа – диэтэ Вилюя, сибигинэйэн барда. Иккиэн мукуччу баран, бэйэ-бэйэбитин даҕайсыбытарбыт да, уун утары көрсөн сытабыт. Ол тухары ыаллыы хоско саҥа-иҥэ – тэлэбииһэрдэрэ, Наташа күлэн тоҕо барара, хаамсаллар, иһиирэллэр, сатаан ыллаабат эрээрилэр ыллыы да сатыыллар. – Мин эйигин омук кыыһа дии санаабытым... – Даа?... – Испанка. – Оо, даа... Миа синьора Эсмеральда... оччоҕо эн? Дон Кихот? – Суох ини. Иһэ муҥутаан Санчо Пансо. – Хахаха. Хата, хоһоонно ааҕыый... Ээ суох, тохтоо, мин туспунан хоһоонно айан этэ оҕус! – Мин хоһоон хоһуйбаппын ээ, сатаабаппын. – Буоллун! Оскуолаҕа сылдьан хоһоон суруйтарбатахтара да? – Суруйбутум. Мээчик-мээчик көтөн испит, Чалбахха баран түспүт, Вилюя онтон ытаабыт, кини – сандалейкалаах... – хахаха, суох, эн, Пушкин курдук, таптал туһунан. Баһаалыста... – Чахчы даҕаны, аатыҥ дьикти дии, Вилюя. – Э, аһа. Соһуйуоҥ, Бүлүү өрүс аатынан буолбатах ээ... – Оччоҕо? Менделеев таблицатын элеменынан дуо? Вилюрий диэн баара быһыылааҕа.. – Суох. –Велюр? Вилка? Юлюлю?... – Хахаха... Суох, мин улууспар, онно, Сунтаарга, Бүлүүчээн диэн наһаа кыраһыабай үрэх баар. Ол үрэх кытылыгар мин төрөппүттэрим билсибиттэрэ... – Уонна онно эйигин оҥорбуттара буолуо... – Бүт эрээ! – Хаадьылыыбын, Бырастыы, – эмиэ саҥата суох бардыбыт. Ол сытан өйбөр хоһоон тыллара көтөн түстүлэр., – тута айдым хоһоону. – Дьэ эрэ. – Сердце бьется робко, Тоска, печаль, унынье... Ты овладела мной, улыбкой, И так всегда, и ныне. – Уау, Пушкин сынньанар. – Суох, Фет сынньаннын – күлсэбит. – Тута айбатаххын быһыылаах. Хас кыыска ити хоһоону эппиккиний? – Таак-с. Бүгүн айбыппын учуоттаан туран, уонна бэйэм эр киһи буоларым быһыытынан биир эрэ кыыска эттим быһыылаах. – Сымыйаа... – Чахчы. Тоҕо инньэ дии саныыгыный? Мин ол – ловелас? – М-да. Барыта уурбут туппут курдук. Аһара көнө. – Хайдах буолуохтаахпыный? – Онтон, саатар, итириэхтээх этиҥ... – Сахалар диэ... – Суох, бырастыы, өһүргэнимэ, мин билсэр уолаттарым бары арыгы истэхтэринэ эрэ сытыырхайаллара... – Уолаттар... Элбэхтэр этэ да? – Атыннык, тиэрэ санаама. – Мм. Биири ыйытабын? – Аны эн да? Ыйыт. Өйдөө эрээри маҥнай эрэннэрбит тылгын... – Тоҕо биһиги манна сытабытый? Иккиэн биир хоско, утуйардыы оҥостон, биир ороҥҥо? Биэс чаас анараа өттүгэр эн миигин, мин эйигин билбэт этибит дии... – Чахчы, олус интэриэһинэй. Мин эйигин тыһыынчанан сылы быһа билсибит киһим курдуккун дии... – Чахчы. Хаһан эрэ уруут-урут билсиһэ сылдьыбыт дьон хоһуттан көрсүбүт тэҥэ. – Ээ, кырдьык даҕаны, сценарий суруйабыт да? – Вилюя суорҕаны баттаан олоруна биэрдэ. – Туох сценарийа? Ханна суруйабыт? – мин сыттыкпын орон баһыгар муннугулуу ууран, кэтэх тардыһардыы сытынным. – Холобур, биһигини. Эн уонна мин. Биэс чаас анараа өттүгэр билсибэтэхпит дии. Уонна бу... Оонньоон буоллун, уохтаах таптал кубулҕатыгар куустара сытар курдук. – Дьэ эрэ, киһи болҕомтотун тардар сюжет... – Эн, хайыаҥ эбитэ буолуой? – Бастаан утаа? Бастаан утаа, имэрийиэм, массажтыам этэ... – Мьм... Онтон? – Онтон кууһан ылан ууруом этэ, ороҥҥо сэмээр сытыаран... – Аһара түргэн. Оттомо суох. – Оччоҕо? – Кэпсэтиэ этибит. Эн маннык диэхтээххин: “Оо, богиня! Олорбутум хас сыл буолла, ол тухары бу эн курдук кыыһы харахтаан көрө илик этим, аны кэлэн көрөн бараммын харахпыттан маттым, тугу да атыны көрбөппүн!” – Пьеса буолар да? Драма? – Буоллун. Онтон мин: “Баһаалыста миигин, мин дууһабын минньигэс тылынан курбуулаама дуу...”, салҕыы эн “Чахчы, чахчы, чахчы!”, ойон тураҕын, уонна “Хайдах дакаастыыбын, тапталым туһугар туох “поступогун” оҥоробун?” диэн ыйытаҕын, ону мин: “Ити аһыллар түннүгү көрөҕүн? Ону ас уонна таһырдьа ыстан” диибин. Хахаха... – Ону мин ыстанаары сүүрэн тиийэбин, хаалтыспын устабын, уонна: “Эн тускар ыстанан бөҕө буоллаҕа дии” диэн ыстаныахча буолан истэхпинэ эн: “Тохтоо! Оонньоон эттим, кэл манна, сыт аттыбар, кэпсээ эн миэхэ сүрэҕиҥ тугу сипсийэрин...” диигин, - иккиэн күлэн тоҕо барабыт. – Аһара эпотажнай... Биһиги көрсүһүүбүт миллиард таптаһар дьонтон туох да уратыта суох ини... – Оннук. Эн да, мин да. Билсиһэр санаабыт суоҕа быһыылааҕа да? – Мин дьүөгэм уолун көрүөхпүн баҕарбытым. Наташа кэпсээ да кэпсээ буолара, интэриэһиргээбитим. Оннук айылаах уобарас мин харахпар көстүбэтэ. Мин санаабар, Наташа розовай ачыкыы кэтэ сылдьар быһыылаах. – Таптал. – М-һы. Мин эйигин ордук чорботон көрдүм дии. – Хайдах ол? – Онтон, оҥосто сатаабат, сыҥалана сатаабат, баары баарынан, суоҕу суоҕунан...– истэ олороммун испэр күлэбин, “суоҕу баар гына кэпсээбитим элбэх ини” – Билбэппиин, доҕорум да үчүгэй киһи.. – Ээ, бырастыы, өһүргэнимэ, мин куһаҕан киһи диэбэппин, просто мин өйүм-санаам атын, өйдөөрүүй, “о вкусах не спорят” – Өйдүүбүн. Дьүөгэҕин сиилиир дии санаама, көннөрү эттэххэ, доҕорум эмиэ таптаатаҕына хараҕа суох баҕаны да таптыах айылаах... – Онтон мин? Мин хайдахпыный? – Эн... – кини туһунан олус элбэҕи этиэххэ сөп этэ да, ол кэмҥэ өйбөр бу диэн туох да көтөн түспэтэҕэ, – эн кэпсэтэргэ аһаҕаскын, истиҥҥин, чугаскын, ол да иһин мин эйигин олуһун сөбүлээтим. – Даа... – Вилюя, бэйэтэ тыытыах айылаахтык көрбүтэ, хараҕа оонньообута. Кэтэх тардыстан сыттахпына, үөмэн кэлэн түөспэр төбөтүн уурбута, – көҥүллүүгүн? – Кэниэһинэ. Сүрэх иһиллиигин? – сүрэҕим тип-тилигир этэ. Эр киһи барыта өйдүүрэ буолуо, киһиэхэ түөһүгэр сыгынньах аҥардаах кэрэ аҥар төбөтүн сигээтэҕинэ дууһаҕа да чуустуба кутуллара, хааҥҥа да гормоннар төлө ыһыллалларын. Хонтуруол, туттунуу. Вилюя ол сытан, дьэ уоскуйан, утуйаары сылаарҕыыра. Мин оҕону төбөтүттэн имэрийэллэрин курдук атаахтата сыппытым, буолар-буолбаты кэпсэтэн, оннук утуйан хаалбыта. Бэйэм, кэлин, үөрэнэн утуйуохча буолан истэхпинэ сарсыарда буола охсубута, чаһыны да билбэтэхпин. Наташа тоҥсуйаат ааны аһан көрбүтэ кыыһа уол үрдүгэр сыгынньах аҥардаах ытта сытар буоллаҕа: “оо, ***ээт!” эрэ диэн хаалла, “Кобеллар уйалара!” диэн хаһыытыыра аан нөҥүө иһилиннэ: “Вилюя, тур, бардыбыт! Бара охсуохха! Такси сакаастаатым!”. Вилюя уһуктан “Туох буолла?” диэбитигэр Наташа эппитин хатылаатым, “Кобеллар уйалара” диэни көтүтэн тураммын, биллэн турар. Түргэн соҕустук били тумбаҕа ыспыт дьахтар көрүнэр тэриллэрин талакычытан хомуйда, эмиэ бэйэтин көрүннэ уонна оҥоһунна. Таҥаһын да саллаат курдук таҥынна, олус түргэн. Баран хаалыаҕын ойон туран “Вилюя!” диэтим, уонна кууспутунан уурастыбыт. Миигин утары көрөн кэбистэ, уонна сибигинэйэн кэриэтэ: “Дьиҥнээх эр киһи эбиккин. Көрсүөхпүт”, – диэтэ уонна ааны аһан тахса турда. Таҥнан-саптан куухунаҕа тиийиэхпэр дылы кыргыттар суоллара сойбут этэ. Доҕорум олбоххо умса туттан табаахтыы олороро. – Туох буолла... – Ээ, бырастыы. Үлүгүнэйэрим бэрт ээ. – Ону? – үлүгүнэйэриттэн кыыһырыстахтарай ама диэн саарбахтыыбын. – Түүлүм быыһыгар Настябын санаабыппын... – Ооо... облом, – уонна тугу да ыйыппатаҕым. Сүгүн-саҕын утуйбатахпыттан эбитэ дуу, санаарҕыырбын эрэ үөрүөхпүн эрэ билбэтэҕим, өйүм-санаам сол да көҥдөйө, доҕорбун эрэ аһыммытым. Хата, куухунаҕа бэҕэһээ сиэбэтэх аспыт тэлгэнэн сытарыттан аһыыр баҕа санаа өрө көтөҕүллэн, тото-хана үссэммитим эрэ. Дьиэлээбитим. Өрөбүллэр ааспыттарын кэнниттэн биирдэ өйдөөбүтүм – Вилюялыын аны хайдах даҕаны көрсөр кыах суох эбит. Доҕорум Наташалыын араҕыстахтара дии. Төһөтүн да ол түүн истиҥник кэпсэттэрбит, Вилюя Наташатыгар дьүөрэлэһэн миигинниин да ситимин быһардыы сананнаҕа... Эйэлэһиэхтэрэ дуо? Ол этэ кэлбит нэдиэлэ сүрүн ыйытыыта. Эйэлэһиэхтэрэ дуо? Түүл аайыттан ама таптаһар сүрэхтэр арахсан куоттахтарай... Эйэлэһиэхтэрэ дуо? Вилюя “көрсүөхпүт...” диирэ өйбүттэн тахсыбатаҕа. Киһи сыһыана атын дьонтон тутулуктааҕа олуһун хомоторо. Кэтэһэ сатаабытым. Хаста да, бээтиҥсэ тирээн эрэ кэллэр, доҕорбор субуоннаан сураһарым даҕаны, хас нэдиэлэ аайы ордук тэйистэр тэйсэн Наташалаах доҕорум туспа-туора дьон буолбуттара быданнаан барбыта. Вилюя син биир өйбүттэн тахсыбатаҕа. Ыксааммын бэйэм сибээстэһэр санааламмытым. Көрдүүргэ мэһэй суох этэ. Кини курдук сэдэх ааттаах кыыс Сахабыт сиригэр биллэр аҕыйах. О, “Привет! Биллиҥ да?” диэбиппэр: “Аа, буэнос диас, Санчо Пансо!” диэбититтэн олуһун да үөрбүтүм! Санаабар миигин сол да умнубакка, баҕар өссө кэтэһэ сылдьыбыт да буоллаҕына көҥүлэ эбит диэн ыра санаалар дууһабар томточчу кутуллубуттара. Эрээри, эрдэ этэ. Көрсүһүөх ахай буолбуппут. Хаста даҕаны көрсүһэ сатаабыппыт. Вилюя да бэйэтэ этэринэн, көрсүһүөхпүтүн олус баҕарара да, туох эрэ кистэлэҥ күүс мэһэйдиирин курдук – эмискэччи торумнаммыт күммүтүгэр эбэтэр киниэхэ, эбэтэр миэхэ туох эрэ түбэлтэтэ тахсан солото суох баран хааларбыт. Оннук үстэ-түөртэ сорунан туран көрсүһэ сатаабыппыт даҕаны, сатаммакка, ыра санаабыт умуллан, уостан, устунан суруйсарбыт, кэпсэтэрбит да тохтоон хаалбыта... Массыына ылыммытым. Баҕар, ол туһуттан буолуо, харчы сырсыытыгар сүүрэн-көтөн Вилюя туһунан соруйан умна сатаабытым да буолуо. Сүүрэр тимир көлөлөнөн баран, аны, өссө ордук солото суох барыллыбыта: онно-манна сылдьыахтаах сирдэрим күн-түүн элбээн барбыттара. Тус олох диэн, Вилюя диэн, барыта таһыччы умнуллубута. Арай биир киэһэ массыынам алдьанан, гарааһын булларан, сарсыныгар автобустанар буолбутум. Онно көрсүбүппүт. Мин кэннигэр тиийэн оруобуна кини утары сидиэнньэҕэ олорбутум. Көрбүтүм – хаһан эрэ ханна эрэ көрбүт кэрэ мөссүөн: дириҥ халтаһа, уһун суптугур мурун. Испанка. Эсмеральда. Наушникка ырыа истэ-истэ төлөппүөнүн хасыһа олороро. Бастаан тоҕо эрэ куотуох санаалар эмискэччи өтөн киирбиттэрэ, урут көрсүспэтэхпитигэр буруй суурадаһына дууһабын тарбыыра. “Тахсыбыт киһи дуу, суох дуу” диэн ыйааһыҥҥа бачаачайдана олордохпуна, Вилюя миигин бэлиэтии көрбүтэ. Муус тоҥуйдук көрөн олорбут бэйэтэ ньалҕаарыччы ууллан мичээрдээбитэ уонна наушнигын устан: – Ола! – Привет, привет! – мин дэлби долгуйбутум. – Дьэ көрсүһэр түгэннээх эбиппит дии... – Вилюя күллэ. – Дии. – Кэпсээ, туох сонун? Кэпсэттибит. Ханна баран иһэрбин быһаардым. Кини аара балыыһаҕа түһэр эбит. Тахсара бу кэлбитигэр нүөмэрбитин хос ылыстыбыт. Бүтэһигэр: – Өйдүүгүөн Ньургун, биһиги көрсүһүүбүт миллиард таптаһар сүрэхтэртэн туох да уратыта суох ини диэбиппит дии. Мин санаабар, ураты эбит. Миэхэҕэ. Дьылҕа син биир көрсүһүннэрдэ... Пока! – Өйдүүбүн. Пока! – эрэ диэн хааллым. Кинини сүтэрэ сылдьыбыппын дьэ өйдөөтүм. Кэнники кэмнэргэ кинини суохтаан акаары курдук олохпун умнардыы үлэ үөһүгэр түһэ сылдьыбыт курдукпун. Дьэ өйдөөбүтүм, истиҥ иэйии дьоҥҥо араастык уһуктарын, мин тоҕо киниэхэ абылаттарбыппын, тоҕо кинини кэтэспиппин бэйэм да билбэтэҕим, эппитэ кини – дьылҕа. Вилюя – мин Дьылҕам. Анатолий Кириллин-Tolicus
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан