Кэпсээ
Войти Регистрация

Ырыа кырдал (футуристическай кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Ырыа кырдал (футуристическай кэпсээн)

K
kyym.ru сайтан Айымньы
20.01.2022 13:02
2070-с cыллар... хаһааҥҥыта эрэ аар саарга аатырбыт, суон сурахтаммыт, эҥсилгэннээх Эҥсиэли, эркээйилээх Эркээни мааны балыстара улуу Туймаада былыргы үйэлэр анарааҥҥы сахтарыгар тунааран, нэлэһийэн сытар кэрэ көстүүлээҕин туһунан ааспыт кэм быыстарын биһиэхэ сэгэтэн биэрбит чулуу суруйааччыларбыт сүдү айымньыларыттан билэбит. Оттон бу сүүрбэ биирис үйэ иккис аҥарыгар, ааттаах-суоллаах хочобутугар таас дьиэлэринэн дьэндэйбит, сүүнэ тутууларынан арыалламмыт Дьокуускай куораппыт ыраахтан быыллыйан-туманныран, били күөх улахан сэбирдэҕи биллибэт үөннэр быһыта сиэбиттэригэр майгынныах айылаахтык көстөн тураахтыыр. Урааҥхай саха барахсан үгүс омуктуун силбэһэн, хас да араас тылы силбээн, тылларын-өстөрүн харааччы булкуйан кээспит дьонноох-сэргэлээх. Бары даҕаны нуучча-саха икки ардынан дьүһүннээхтэр, сорохторугар Азия хара омуктарын курдук хойуу хаас, хара арылхай харах баар. Ол эрэн, саха сирин төрүт олохтоохторун хааннара баһыйан, үгүстэрэ ыйаастыгас харахтаахтар, халыҥ иэдэстээхтэр. Аныгы муоданан сирдэтэн, эр дьон дьикти матырыйаалтан ыбылы ыла сылдьар чараас сибиитэрэлээхтэр, ынах ньылҕарыччы салаабытыныы тугунан эрэ сыбанан, сытан хаалбыт бүрүчүөскэлээхтэр. Дьахтар аймах хачыгырас ураты матырыйаалтан оҥоһуллубут орто уһуннаах дьууппалаахтар, эдэр кыргыттар эмиэ тугунан эрэ сыбаммыт курдук ньылхаархай, ханньары кырыллыбыт араас уһуннаах баттахтаахтар. Бу аныгы урааҥхай сыдьааннарын ураты дьоҕурдара, хатыламмат талааннара Аан Дойдуну биир гына биллибиттэрэ. «Саха уола Аан дойдутааҕы ырыа күрэҕэр бастыҥынан ааттанна», “Саха дьахтара киинэ уһулуутугар бастыҥ премия ылла», “Сахалартан аан бастакы космоһы баһылаабыт эдэр киһи баар буолла”, «Саха оҕонньоро сүүнэ уруһуйу оҥорон Гиннес рекордугар киирдэ» диэн ааттаах уонна да атын ыстатыйалары история чахчыларын хаһыстахха, булуохха сөп эбит. Уулусса муннуктарыгар чап-чараас, икки өттүнэн көстөр сүүнэ экраннар салгыҥҥа ыйанан тураллар. Онно хас биирдии киһи бактерияны, ыарыыны тарҕатар вирустары өлөрөр бэссэстибэнэн баттаҕын соттуохтааҕын, микробтары суох гынар матырыйаалтан оҥоһуллубут таҥаһы кэтиэхтээҕин туһунан уопсай быраабыла сотору-сотору кэпсэнэр. Хас биирдии киһиэхэ урукку суотабай төлөпүөннэри уонна телевизордары солбуйбут, чап-чараас, сиэркилэ курдук эрээри, алдьаммат аналлаах оччугуй тэрил баар уонна барыны барытын билэр, иилинэ сылдьар чаһылаахтар. Онно тугу барытын оҥоруохха сөп эбит, сорох дьиэтиттэн олорон үлэтин ити мониторыгар толорон, тута үрдүкү турар хотуннарыгар-тойонноругар ыытар. Маны таһынан, дьиэлэргэ, уулуссаларга, тэрилтэлэргэ онон-манан ыйанан турар маҥан экраҥҥа тэрилгин кытта ситим нөҥүө силбэһиннэрэн тута сонуннары, киинэлэри, дьон устууларын көрөллөр. Бэл, биир программатынан ити чаһыларын үрдүнэн, салгыҥҥа илэ курдук голограмма дэнэр проекцияны көрдөрүөххэ сөп. Оннооҕор, итинниги туһанан саамай бастыҥ ойууну, үлэ былаанын оҥорууга онлайн-күрэхтэр буолаллар эбит.        Бу сүүрбэ биирис үйэ иккис аҥаарыгар, полиция үлэтин чэпчэтэн, буола турар быһыыны-майгыны устар, көтө сылдьар оччугуй тимир тэриллэр үөдүйэннэр, буруйу оҥоруу лаппа аччаабыт. Быһата, хас биирдии киһи тугунан тыынара, ханна барбыта-кэлбитэ ырылхайдык биллэр кэмэ үөдүйбүт диэтэхпитинэ, сыыспаппыт буолуо. Сайдыы суола түргэнник кимэн киирэн, киин сиргэ уурбут-туппут курдук, сорох сиринэн икки этээһинэн субуллар уулуссалардаах. Онно синньии уһаабыт икки этээстээх оптуобустардаах, күн эбэтэр электричество көмөтүнэн барар кыра дьоҕус массыыналардаах. Бырадабыастаах маҕаһыыннар аччаан, атыы-эргиэн сиригэр барыны-барытын билэр, синньигэс өстүөкүлэ курдук улахан «андроид-монитордар” тураллар. Ол экраннары, арай, кэмиттэн-кэмигэр туһааннаах үлэһиттэр кэлэн, көрөллөр-истэллэр, хонтуруоллууллар. От-мас аҕыйаабыт диэҕи, көбүс-көнөтүк, бэйэ үүннэрбит ото-маһа син баар буолбут. Хас биирдии олохтоох чап-чараас, дьэҥкир, илэ тыыннаах курдук ойуулаах, тус бэйэни туоһулуур пааспардаах, онно "штрих-код” диэни баттаатахха, киһи илэ олорор сирэйэ 180 кыраадыс эргийэр эбит... Аны ыраах-чугас сытар улуустар, нэһилиэктэр тустарынан сэһэргии түһүөххэ. Мин тапталлаах илин эҥэрим сирин ирбэт тоҥо дэлби ирбит, хамсаабыт, онон-манан быстан-ойдон дьүөдьэлэр үөдүйбүттэр, сорох уһаайбалар ууга баран, дьиэлэри анньыы атахтар үрдүлэригэр тутар буолбуттар. Оттон, хас эмэ сыл оттуур ходуһа буолан турбут чугас алаастарбыт көнө суоллаах, сырдык дьиибэ матырыйаалтан тутуллубут дьиэлэрдээх, аччыгый уһаайбаларынан туолбуттар. Урукку курдук киэҥ-куоҥ тэлгэһэ суоҕун кэриэтэ. Онно эмиэ сайдыы балысханнык киирэн, сүүнэ фабрикалар, собуоттар тутуллан үлэлии тураллар. Иһэр ууну собуокка дэлби ыраастаан, хас биирдии дьиэҕэ турбанан ыыталлар. Оттон үөдүйбүт дьүөдьэлэри эмиэ чэбдигирдэн биэрэр, сытыппат туһугар үлэлиир намчы аппараттар баар буолбуттар. Ынах-сүөһү, сылгы лаппа аҕыйаабыт диэхпин улахан фермалар, хата, сүрдээх табыгастаахтык тутан, төрөтөн-ууһатан, ардыгар бэйэ олордуллубут отунан, эбии аһылыгынан аһатан-сиэтэн иитэллэр. Хор, син-биир үөһэттэн түһэр илгэлээх сөҥүү түһүүтэ билигин даҕаны элбэҕи быһаарар. Сайын ахсын, тыытыллыбатах ходуһаларга эбии уоҕурдуу куппуттарын кэннэ, ардах түһэн аастаҕына, күөх от бытыгыраан үүнэрин аныгылыы сирэйдээх-харахтаах сахам дьонун сыдьааннара, күн күүһүнэн барар техниканы туһанан, билигин даҕаны от оттууллар эбит... ***** Чэ, үүммүт аныгы үйэ туһунан уһуну-киэҥи кэпсээн бүтүүм. Арай, бу кэмҥэ биир аһаҕас эттээх, айдарыылаах кыыс оҕо баар эбит. Кини 2063 cыллаахха күн сирин бэрт ыксалынан, илин эҥээр улуустарыттан биирдэстэригэр күн сирин көрбүт. Кыыс сырдык сэбэрэлээх, сандаарыччы көрбүт күөх ыйаастыгас харахтааҕын иһин Сандаара диэн ааттаабыттар. Дьэ-дьэ, оннук, сахалыы ааттар сүтүөхтэрэ диэтэххит дуо? Суох, бэл, били харааччы тылларын булкуйбут ыччаттар хата кимнээҕэр, илдьэ сылдьар чараас, дьэҥкир тэриллэриттэн киһилии ыйыттахтарына эрэ кэрэх, умнулла быһыытыйбыт тыл-өс барыта иннилэригэр баар буола түһэр. Ол курдук, оҕо төрөөбүтэ үһүс күнүгэр ийэтэ куруук илдьэ сылдьар, барыны-барытын билэр имигэс мониторуттан: «Сырдык сирэйдээх-харахтаах кыыс оҕону сахалыы ким диэн ааттыахха сөбүй?» - диэн ыйыппыт. Онуоха киэҥ билиилээх аппарата: «Сандаара диэн ааттыаххын сөп. Сандаара диэн «сандаар” диэн туохтууртан тахсар. Ол аата «распространять яркий свет, сиять» диэн”, - диэн быһаарбыт. ****** ...ол кэнниттэн 16 сыл ааспыт. Сандаара дьонун кытта улуус киинигэр олорор. Кини онус кылааһы туйгуннук бүтэрэн, билигин ханнык үөрэххэ барыахтааҕын, эбэтэр салҕыы оскуолатыгар 12-с кылааска диэри үөрэниэхтээҕин быһаарынар эппиэтинэстээх кэмэ тирээн кэллэ. Биир күн, кыыс таһырдьа үөлээннээхтэрин кытта хойукка диэри тардылынна. – Хаһан кэлэҕиҥ? – диэн ийэтэ Сандаараҕа мониторунан илдьит ыытта. – Оодьэ, ийээ, сотору кэлиэм, өссө сылдьа түһүөм... – дии-дии кыыспыт от күөх өҥнөөх дьиибэ утаҕы хантатан кээстэ. Кини дьүөгэлэрин кытта үһүө буолан аатырбыт-сураҕырбыт, хас да үүнээйиттэн булкуллан оҥоһуллубут, уоскутунар утахтарын амсайа турдулар. Кинилэр бэйэ-бэйэлэрин онус кылаастарын бүтэрбиттэринэн эҕэрдэлии таарыйа, көҥүл ылбыт саастара үүнэн, төлө барбыттыы, күлэ-сала, көччүйэ сылдьар киэһэлэрэ. Кыргыттар көнө суол устун кылгас хобулуктаах түүппүлэлэрин тоһугураппытынан, иннин хоту хаама турдулар. Орто уһуннаах хачыгырас матырыйаалтан тигиллибит дьууппалара дьиибэтик аалсан тыаһыыр. Оттон, сырдык чачархай дьүһүннээх, билиҥҥигэ эппиэттэһэр ньылхаархай, ханньары кырыллыбыт баттахтара тэйиччиттэн тунааран көстөр. Нэһилиэк кытыы оройуонугар, хаһааҥҥыта эрэ кэрэ алаас халдьаайытын үрдүгэр кэлэн, иннилэригэр нэлэйбит, икки этээстээх, ураһа курдук быһыылаах дьиэлэри одуулуу-одуулуу утахтарын салҕыы хантатан истилэр... ...эмискэччи Сандаараны уун-утары көрбүтүнэн, хантан да баар буола түспүтэ биллибэт, маҥан баттахтаах, былыргылыы таҥастаах аарыма кырдьаҕас оҕонньор бэттэх хааман кэллэ... сүр ыараханнык ынчыктаан эрэр курдук дириҥник тыынна уонна: «Туһата суох сылдьарыҥ бүтэр кэмэ кэллэ!» - диэн иччилээхтик, сөҥнүк саҥарда. Бачча үлүгэрдээх көстүүттэн, киһи куйахатын күүрэр этииттэн кыыспыт ис иһиттэн кыталык кыыл курдук кыланна, суордуу саҥа таһаараат уҥан таралыйа түстэ!.. дьүөгэлэрэ Сандаара хаһыытыттан соһуйан, туора ыстаннылар, туохтан сылтаан итинник буолбутун билбэккэ, сирэй-сирэйдэрин ыйыталаспыттыы көрүстүлэр. Оттон сиргэ охтон түспүт кыыстарыгар сүүрэн тиийдилэр уонна тута суһал көмөнү ыҥырдылар. Кинилэр хаһыыларын истэн, буола турар быһыыны-майгыны үөһэ көтөн, уста сылдьар тэрил чугаһаан кэллэ, тула эргийэ сылдьан камератыгар уһулла. Бэрт соторунан суһал көмө массыыната элэҥнэтэн кэллэ. ****** ...ити кэнниттэн үс күн ааста. Быраастар кыыс туох буолбутун кыайан быһаарбатахтара, арай, тугу эрэ сыыһа көрөн, хараҕа балыйтаран куттаммыт, уолуйбут диэн эрэ кэбиспиттэрэ уонна дьиэтигэр утаарбыттара. Оттон, Сандаара буоллаҕына дьонугар кэлээтин түүн, туох эрэ дьикти тойугун туойан, энэлгэн матыыбын таһааран, араас кыыл-көтөр саҥатын курдук дэлби уһуутаан, дьиэлээхтэри утуппата... – Кыыспыт сүгүн олордоруттан ааһан эрэр, Дьокуускайга киин балыыһаҕа неврологическайга ыытыахха баара эбит... – Ыытыахха. Арааһа, психиатрическайга киллэрэллэрэ буолуо дуу? – Бу "монитор хотуна” этэринэн, ньиэрбэтэ буолуох курдук... бырыһыана суох ааҕыллыбыт уурунуу «электроиммытын” (саҥа термин – электроннай харчы) туһанан, чааһынай неврологияҕа киллэриэх... Ити курдук Сандаара бу күннэргэ ханна сылдьан эмтэниэх, көрдөрүнүөх, чөлүгэр түһүөх дьылҕата быһаарыллан хаалла... Кыыс Дьокуускай куоракка маҥнайгы түүнүгэр эмиэ балыыһа үлэһиттэрин уонна атын ыарыһахтары даҕаны сүгүннээбэккэ үлүгүнэйэн, баттатан таҕыста. Быраастар ыксааннар, күүстээх уоскутар эми укуоллаабыттарын кэннэ уҕарыйа быһыытыйда, тугу эрэ ботугуруу-ботугуу, чуумпуран хаалла. Бу сытан Сандаара түүл көрдө... арай, кини кынталдьыйбыт кыталык кыыл буолан Дьокуускай үрдүнэн көтө сылдьар эбит. Киин сиргэ килбэҥнэспит дьиэлэри, онтон мыраан үрдүнэн сыыйыллыбыт тутуулары көтө ааһан баран, хара тыаҕа ойдомнук эриллэ үүммүт сүүнэ бэс анныгар кэлэн олордо. Куоҕаҥнас моонньута өссө уһаан ити аарыма мас төрдүгэр диэри тиийдэ. Бу кэмҥэ хара суор халлаан оройуттан көтөн түһээт, кынатынан сапсына-сапсына, биир халыҥ лабааҕа олордо, хас эмэ куорсуна туора-маары ыһылынна уонна били халдьаайыга көрбүт маҥан баттахтаах, үрүҥүнэн көрбүт оҕонньоругар кубулуйа түстэ. Кыталык буолбут кыыс диэки дьөспөччү көрдө уонна илдьэ сылдьар дүҥүрүн охсо-охсо, туойар-туойбат икки ардынан этэн-тыынан барда: «Аныгы үйэ кирбиитигэр, эһиги, хаалбыт Күн Айыы оҕолоро, урааҥхай бииһин салҕыахтаах ыччат дьоммут бу буолан дьүһүн кубулуйан, өйдүүн-санаалыын уларыйан-тэлэрийэн, ийэ тылгыт сүмэтин сүтэрэн, саха сорҕото буолан олороохтуугут. Эйиигин, сыдьааммын, мөҕөн-этэн көрүөхпүн, аныгы сахха субу маннык майгылаах дьон ортотугар улаатан кэлбитин эн буруйа суоххун көрө-истэ сылдьар буоламмын, элэ-была этиэхтээх сэмэлиир тылларбын уҕарыттым. Арай, сайдыы балысханнык барарын батыһан, удьуор утумун умнан, айылҕаттан айдарыылаахтары, аата ааттамматтаргытын умнан эрэҕит... эн – мин тыыннаах удьуорум буолаҕыҥ! Мин абым, мин күүһүм эйиэхэ иҥэрилиннэҕэ буолуохтун!» – диэт, утары тыалынан куһууран үрэн баран, төттөрү суор буолаат, кынатынан сапсынан, үөһэ халлааҥҥа көтөн таҕыста... Кыыс уһуктан кэллэ. Бүүс-бүтүннүү этэ-сиинэ көһүйбүт, төбөтө «дыҥ» курдук ыарахан ыйааһыннаммыт курдук... туран палататын иһин тулатын көрдө, аччыктаабыта бэрдиттэн тумбатыгар турар киһиэли истэ уонна сойбут ас тобоҕун сиэн мотуйан кэбистэ. Аттыгар ороҥҥо саастаах дьахтар утуйа сытар. Муус маҥан истиэнэ сүр баттыыр курдук. Эмискэ, аан арылла түстэ, иһирдьэ көбүс-көнө уҥуохтаах, ураты сырдыгынан сыдьаайбыттыы маҥан сирэйдээх эдэркээн уолан бэрдэ киирэн кэллэ, Сандаара диэки хайыһан да көрбөтө, киһи олорор диэн дорооболоспото даҕаны. Утары сытар дьахтар аттыгар тиийдэ, оргууй аҕай төбөтүттэн имэрийдэ уонна: «Мама, я за тобой пришел. Скоро вместе уйдем отсюда...» – диэтэ уонна хайдах киирбитэй да оннук тахсан барда. Соторунан, көрүдүөр устун атах тыастара иһилиннилэр, кимнээх эрэ отур-ботур кэпсэттилэр, онтон палатаҕа санитардар киирэн кэллилэр уонна бэрт ыксалынан сытар дьахтары наһыылкаҕа көһөрдүлэр. – Билигин манна ханнык эрэ уол киирэн тахсыбыта, – Сандаара бэйэтигэр болҕомтотун тарда сатаан саҥа таһаарда. – Мониторга барытын көрө олороллор, манна туора дьон киирэрэ бобуллар, онон, киирбэтэх буолуохтаах! – Итиннэ олорон баран “мама, мин эйиигин ыла кэллим” диэбитэ... – Сандаара чахчыны этэрин туоһулуу сатаата. Онуоха, ыарыһах дьахтар оргууй аҕай төбөтүн өндөттө уонна соһуйбуттуу кыыһы көрдө: «Мин барытын истэ сытабын ээ, миэхэ ким да кэлбэтэҕэ! Уонна... уонна соҕотох уолум уон сыл анараа өттүгэр... өлбүтэ... билигин, икки кыыстаахпын...» - дии-дии дьахтар бөтө бэрдэрдэ уонна сүрэҕин өттүнэн туппахтаата, күүскэ ынчыктаата уонна өйүн сүтэрэн кэбистэ. Дьэ ыксал буолла, мөлтөөбүт киһини өрүһүйээри быраастар кэллилэр, туох эрэ аппаратыгар холбоон баран тирилэппитинэн илдьэ таһаардылар... Аҕыйах хонугунан ити дьахтар күн сириттэн бараахтаабыта... ...Ити курдук, Сандаара үһүс хараҕа аһыллан, киһи көрбөтүн көрөр, истибэтин истэр буолан хаалбыта. Оскуолаҕа салҕыы үөрэнэ хаалбыта эрээри, кинини сүгүн үөрэтиэхтэрэ дуо? Түүнүн аата ааттаммат өбүгэлэрин саҥаларын истэн, күнүһүн үөрэҕин сорудахтара мунньуллан, ардыгар өлбүт дьон кутун-сүрүн көрөн, адьас эттиин-сиинниин сылайар-элэйэр буолбута... Бэрт сотору кэминэн кини доруобуйалара мөлтөөбүт дьону курдаттыы билэр буолан барбыта. Бэл, үөрэҕин быраҕан, дьоҥҥо сүбэһит-амаһыт буолбута, сүтүктээхтэргэ сүтүктэрин булара, өлбүттээхтэри уоскутара, кыамматарга сэниэ-күүс биэрэрэ, ыалдьыбыттары үтүөрдэрэ. Аһаҕас эттэниитин бэһис сылыгар кыыс иччилээхтик ыллыыр-туойар идэлэммитэ... кини кэрэ куолаһыттан сорох эмтэнэрэ, ыгылыйа кыыһырбыт, кыйахаммыт киһи уоскуйара... Ол сыл биир үтүө бэйэлээх, бүгүрү үлэһит, көнө майгылаах саха уолугар кэргэн тахсыбыта. Син ыал-ыал курдук ньир-бааччы олоруохтара эбит да, кыыс тоҕо эрэ адьас оһоҕостоммокко сылдьыбыта. Кэргэнэ кинини олус таптыыр буолан, туох да диэн сирэй-харах аспат этэ. Хата, бары-барыга өйүү сатыыра, күнү быһа дьоннуун алтыһан, сүбэ-ама биэрэн, сылайбыт-элэйбит кэргэнигэр минньигэс ас астаан биэрэрэ, оннооҕор таҥаһын-сабын бэрийэрэ... ****** Бу кэнниттэн өссө уон сыл ааспыта. Аныгы сайдыылаах үйэ бэйэтин киэбин биллэрэн барбыта. Киһи-аймах өссө даҕаны ийэ айылҕаны аһыммакка сирин кырсын хаһара, дэлби дьиэ-уот тутуллан баай тайҕа чарааһыран, салгыҥҥа, атмосфераҕа тахсыбыт салгын киртийэн, киһини ыараханнык тыыннарар уот-кураан сайын сатыылаабыта. Кыылы-сүөлү иитэр фермалар оттуур отторо сиртэн быкпакка, иһэр уу буолуохтаах сүүнэ Өлүөнэ өрүс, хаарыан үрэхтэр, күөллэр уулара уолан сут дьыл саҕаламмыта. Хас да сүөһү, дьиэ кыыллара-көтөрдөрө өлөн-сүтэн, аччыктаан иэдэйбит дьон элбээбитэ... төһө даҕаны аныгы технологиянан ону-маны тобула сатааталлар, киһи көмөтүнэн, тыбыырбыт курдук сымыйа ардахтар үөдүйбүтэ буолаат, сүтэн хаалаллара. Сандаара бу маны барытын көрө-билэ сылдьан, олус уйадыйан, тугу гыныаҕын билбэккэ-тобулбакка, биир күн ыраах тыаҕа атах балай барбыта... хаарыан кэрдиллибит бырасыака устун хаамыталаабыта, уулара уолан бараммыт, күөҕүнэн эрэ көрбүт уу оннуларын санаарҕыы, сонньуйа көрбүтэ-истибитэ... син хаама түһэн баран өссө да тыытыллыбакка турар алаастартан биирдэстэригэр тахсан кэлбитэ. Эриэккэс көстүүлээх кырдалы дабайбыта уонна ыраахха диэри күөлэһийэр алаас ыраас хонуутун одуулаабыта... Син турбахтыы түһэн баран, күүс-сэниэ киирэн кэлбит курдук буола түспүтэ уонна аал уот оттунан, илдьэ сылдьар алаадьытынан айах туппута. Онтон, кэргэнэ булан-талан киниэхэ бэлэхтээбит дүҥүрүн түүннээх күнү супту охсо-охсо, аал уотун аһата-аһата, алҕыы-алҕыы Үрдүк Айыылартан өҥ дьыллар кэлиэхтэрин, үтүө күннэр үүнүөхтэрин туһугар көрдөспүтэ-ааттаспыта. Ытаан-ыллаан, иэйэн-куойан сэниэтэ эстиэр диэри омолуйбута, кылыһахтаах куолаһынан иччилээхтик ыллаабыта-туойбута... ыраахха диэритин дүҥүрүн тыаһа дуораанныйан, ырыатын-тойугун матыыба чугдааран иһиллибитэ... маны барытын көтө сылдьар оччугуй устар тэриллэр устубуттара. Бүтэр уһугар Сандаара киһи эрэ буоллар сэниэтэ эстибитэ, абын-хомуһунун бараан, уҥан түспүтэ. Кини, өйүн сүтэрэн сыттаҕына, арай, халлааҥҥа эрэһэ былыттар бырдьыгынаан тахсыбыттара. Онтон улам холбоһон, лүҥкүрбүт хара былыт буолан, ыанньыйан барбыттара. Соторунан чаҕылхан курбуулаабыта, этиҥ этэн лиһигирэппитэ. Илгэлээх ардах ыаҕастаах уунан кутан барбыта уонна үс күнү быһа тохтообокко курулаабыта. Сандаара ыллыырын, кыырарын устубут тэриллэр тута туохтан эрэ сылтаан алдьанан хаалбыттара, сиргэ сууллан түспүттэрэ. ...Сандаараны дьоно ардах анныгар охтон сытарын массыынанан кэлэн ылан, өйөөн-убаан олордон, дьиэтигэр илдьэ барбыттара... Үс хоноот, ардах астаатын кытта, айылҕа, тулалыыр эйгэ барахсан сыыйа тиллэн, тупсан-киэркэйэн барбыта. Куура хаппыт толооннорго күөх сирэм чэлгийбитэ, иччитэхсийбит алаастарга ырыата ылламматах чыычаах ырыата дьиэрэйбитэ. Дьүдьэйбит дьүөдьэлэр толору ууланан бычалыспыттара, күөллэр-өрүстэр балыгынан туолбуттара. Арҕааттан илин, хотуттан соҕуруу хайа да диэки көр – бүтүннүү күөх көбүөрүнэн бүрүллүбүтэ, киһи олорор сиригэр, куораттарга, нэһилиэктэргэ, бэл, үгүс от тахсыа суох сир кырсыгар күөх от, сибэкки бычыгыраабыттара... Мантан ылата дьон-сэргэ ийэ айылҕа күүһүгэр, айылҕаттан айдарыылаах дьон дьикти аптаах эйгэлээхтэригэр олус итэҕэйэн, ийэ тыл, сахалыы ырыа-тойук сүдү күүһүгэр, сир-дойду иччилэригэр, Үрдүкү Айыыларга ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар буолбуттара. Оттон Сандаараҕа айылҕаттан айдарыылаах, ийэ сиртэн этитиилээх Айылҕа Удаҕан диэн дьоһун ааты иҥэрбиттэрэ. Кини ырыа ыллаабыт оннун Ырыа Кырдал диэн ааттаабыттара... бэл, удаҕан өлбүтүн кэнниттэн, ити үөһэттэн илгэни көрдөспүт-ааттаспыт, иэйбит-туойбут сиригэр киниэхэ анаан үйэ-саас тухары пааматынньык туруорбуттара... Ираида Коркина-Чугдаара, Балаҕан ыйа, 2019 c.
kyym.ru сайтан