Кэпсээ
Войти Регистрация

Суолга

Главная / Кэпсээн арааһа / Суолга

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
15.11.2018 16:22
Сарсыарда борук-сорук. Ойон тураат, суумкабын хомуйа охсобун. Кэһиибин кэргэним бэҕэһээ бэлэмнээн кэбиспитэ, маладьыаһыҥ баара. Бүгүн ийэм төрөөбүт күнэ, бу күн сыл аайы аҕабар тиийэбин. Бэҕэһээ өйдөтөн эрийэ сылдьыбыта. Ону бэйэм да өйдүүбүн. Ол гынан баран, сыл аайы бу күн хайдах эрэ хараастабын, өйүм-санаам булкуллар. Тоҕотун өйдөөбөппүн. Ийэм тыыннааҕар ситэ кыһамматахпыттан дуу, эбэтэр иккиэннэригэр туох эрэ хомолто санаалааҕым эбитэ дуу – кыайан быһаара иликпин. Чэ, уруккуну-хойуккуну ырыта туруом дуо, бара охсуохха, суол да ыраах. Таһырдьа тыаллаах, өссө хаар түһэр. Суол көстүүтэ “нулевой”, куораттан таҕыстахха, тупсар ини. Эбии сапыраапкаланан баран, сүрүн суолбар киирэбин, массыына адьас аҕыйах. Балачча айаннаан иһэн көрбүтүм, суол кытыытыгар киһи “куоластыы” турар эбит. Ааһа көтүтүөхчэ буолан иһэн, санаам буолбакка, туормаһы баттаатым. Куоластааччы киһим хаарын тэбэнэ-тэбэнэ массыынаҕа киирэн олорбута, дьахтар буолан биэрдэ. Испэр соччо сөбүлээбэтим эрээри, хайыамый. “Дьахтары аара суолга олордор – моһуокка буолар” диэҥҥэ сөбүлэһэбин, аҥаардас саҥаларыттан да сылайыахха сөп. Хата, адьас саҥата суох аргыс түбэстэ, олордубуппар “баһыыба” да диэбэтэ. Ол курдук туох да саҥата суох син айанныы түһэн баран, интэриэһиргээн, аргыһым диэки көрдүм. Сааһа биллибэт көрүҥнээх, умса туттан олорор, чочуонай мунна эрэ көстөр. – Эн хайдах ити суолга баар буоллуҥ, чугаһынан дьон олорор сирдэрэ суохха дылы дии? – ыйытабын. Дьахтарым оргууй мин диэки хайыста уонна өйдөөбөтөхтүү өр көрөн олордо. Онтон соһуйбут дуу, куттаммыт дуу курдук, кэннинэн чинэрийдэ. Онуоха бэйэм да соһуйдум: – Тыый, туох буоллуҥ? Дьахтар сирэйин сотунна уонна: – Бырастыы гын, алҕаһаатым, – диэтэ. Испэр “дьэ, ити баар, дьахтар аймахтан киһи тугу күүтэрин хаһан да билбэт” диэн кыыһырыахча буоллум. Ону аргыһым өйдөөтө быһыылаах: – Кыыһырыма, олус сылайан итинник быһыыланным, – былаатын көннөрө-көннөрө эттэ. Эйэҕэс, сымнаабыт куолаһы истэн, аргыспар хайыспытым, адьас атын киһи олорор курдук, эмиэ соһуйдум. “Кырасаабысса эбит дии”. Чочумча айанныы түһэн баран, арай “бу дьахтары ханна эрэ көрбүтүм” дии санаатым. Ол гынан баран ханна, хаһан көрбүппүн кыайан тобулбатым, ыйыталаһарга сананным: – Эн хайа диэки айан­наатыҥ? – хойутаан да буоллар, ыйыттым. Мин баран иһэр куоратым буолан биэрдэ. Аһа-а, ол иһин да, кинини урут онно көрбүт эбиппин. – Онно кимнээххэ баран иһэҕин? Дьахтарым сөбүлээ­бэ­тэхтик “таах бэйэм” диэтэ уонна киэр хайыста. “Чэ, оччоҕо саҥата да суох айанныахха” дии санаан, мин эмиэ хам бардым. Суол кытыытынааҕы кафе аттыгар массыыналар, эриэйсэбэй оптуобустар тоҕуоруспуттар. – Тохтоон чэй иһэбит дуо? – диэн ыйыппыппар, хата, аргыһым улгумнук “сөп” диэн хоруйдаата уонна оптуобус араспысаанньатын аттыгар тохтоото. Кафе аанын аһан: – Киирдибит, – диибин. Дьахтар биллэрии ааҕа туран: – Сөп, Витя, билигин... – диэтэ. Мин өссө ордук соһуйдум: – Витя даа, ханнык Витя? Арай, дьахтарым сирэйэ
кубарыс гына түстэ уонна бэйэтэ сүүрүү былаастан оптуобус диэки түһүннэ. Кафеҕа киирэн, оптуобус барбыт суолун диэки өөр-өр көрөн олордум. Ол кини эбит – били кыыс. Ыраатта. Оскуоланы бүтэрэр сайыммытыгар бииргэ үөрэнэр оҕолор­бун кытта күргүөмүнэн кулууптан дьиэбит диэки баран иһэрбит. Мин сарсыҥҥытыгар Дьокуускайга үөрэх туттарса барыахтааҕым, онон үөрүү-көтүү элбэх этэ. Ол гынан баран, дьиэбэр соччо барыахпын баҕарбат этим. Ийэлээх аҕам кэлиҥҥи кэмҥэ, хайдах эрэ, тоҥуй баҕайы сыһыаннаммыттара, быһыыта, кыыһырсыбыттар этэ. Атаарсан-атаарсан, тиһэҕэр соҕотох хаалан, атаҕым бэйэтэ бөһүөлэк кытыытыгар турар, ытыктыыр улахан маспытыгар таһаарбыта. Биһиги бары манна мустарбытын сөбүлээччибит. Ол түүн эмиэ маспыт анныгар “парочка” турара. Дьээбэлэнэн дуу, хайдах, тарбахтарбын айахпар уган иһиирээччи буоллум. “Парочкаларым” соһуйан, тэйсэ түстүлэр, онуоха мин улахан баҕайытык күллүм. Эр киһи эргиллэ биэрээт, мастар быыстарынан ойуурга түһэн хаалла. Кыыс бөһүөлэк диэки бара турда. Харахтарыттан уу таммалыырын көрөн хааллым. Испэр “кырасыабай да кыыс...” дии санаатым. Дьиэбэр тиийэн, та­һырдьааҥҥы сайыҥ­ҥы чулааҥҥа сыттым. Уум олох кэлбэт, иһим түгэҕэр туох эрэ тымныы муус киирэн хаалбыт курдук. Сарсыарда аҕам ха­йыы-үйэ барбыт этэ, от­тон ийэм хоһуттан тах­сыбатаҕа. Мин кыра чымадааммын хомунан, куорат диэки айанныы турбутум. Ол кыыс ити аргыс дьахтарым этэ. Ол кини бааһырбыт кыыл оҕотун курдук куолаһа “Витя-я-я!!!” диэн эр киһи кэнниттэн хаһыытаабыта. Эр киһини эмиэ билбитим, ол – мин аҕам этэ. Дойдубар эбиэт диэки тиийдим. Саҥаһым Оля үөрэ-көтө көрүстэ: – Аҕаҥ сотору кэлиэ, эбиэттиэхпит. Мин суунабын, суумкабыттан малбын хостуубун. “Аҕам кэллэҕинэ туох диибин? Туох диэхпиний, билигин кэлэн? Кини ол кэмҥэ быһаарыныыны бэйэтэ ылыммыта. Ол быһаарыныыта киниэхэ туохха турбутун таҥара бэйэтэ билэр. Мин аҕабар судьуйа буолбатахпын. Аан аһыллар. – Оо, оҕом кэлбит дуу? – аҕам чэрдээх илиитэ мин ытыспын ыга тутар. – Дорообо, аҕаа! – аҕабын санныттан кууһабын. Били, былыр испэр олохсуйбут мууһум уулларга дылы буолла. Ардах анныгар Сарсыардаттан ардах курулаччы түһэ турар. Елена Ивановна санаата алдьанан, остуол аттыгар бүк түһэн олорор. “Хаарыан уоппускам таах хаалла, бэйэтэ да кылгас этэ, аҕыйах хонук. Тоҕо туох барыта табыллыбата бэрдэй” диэн иһигэр мөҕүттэр. Уулусса устун күүгэннирэ-күүгэннирэ үрүччэлэр сүүрэллэр, ардах өтөрүнэн тохтуур санаата суох. Быйыл Елена Ивановна тэрилтэтигэр “реструктуризация” диэн ааттаан элбэх үлэһити уураттылар. Онон кини сүрүннүүр исписэлиис буолан, отделын үлэтин үксүн бэйэтэ сүктэ. Киэһэ тардыллар, сороҕор үлэтин дьиэтигэр соһон аҕалар идэлэннэ. Дьиэтин дьоно тыаҕа муммут оҕолор курдук сылдьаллар. Оскуолаттан үҥсүү киирэр буолла, “уолуҥ поведениета мөлтөөтө” диэн, “кыыһыҥ дьиэтээҕи заданиены толорбото” диэн. Кэргэнигэр: “Эн баран быһаарыс”, – диэбитигэр, киһитэ: “Мин эмиэ үлэлииргэ дылыбын”, – диэн кыыһыран кэбистэ. Бэҕэһээ сарсыарда хойутуу турда, ыксаллаах үлэтин бүтэрээри, түүн хойукка диэри олорбута. Куукунаҕа тахсыбыта – остуол толору кирдээх иһит, оннооҕор араакабына
туолбут. Елена Ивановна иһигэр туох эрэ быһа барбыт курдук буолла. Олоппоско олоро биэрдэ, хараҕын уута сарт түстэ. Үлэтигэр тиийээт, уоппуска көрдөөн сайабылыанньа суруйа оҕуста. Тойоно “ол тоҕо?” диэн иһэн, сирэйин-хараҕын көрөөт, саҥата суох “Бирикээскэ” диэн илии баттаан кэбистэ. Ол киэһэ Елена Ивановна төрөөбүт дьиэтигэр, эдьиийигэр баар буола оҕуста. Эдьиийэ Даша соһуйда да буоллар, ыйыталаһа-токкоолоһо барбата. Таһырдьаттан плащ сонуттан ууну тэбии-тэбии, таас бааҥкаҕа үүт тутуурдаах эдьиийэ киирдэ: – Уо-ай, ардах бөҕө, эн тоҕо сытыйбыт куурусса курдук сохсоллон олордуҥ? Эһиэхэ, куорат дьонугар, халлаан хаһан да үтүө буолбат, сороҕор аһара итии, сороҕор тымныы, сороҕор инчэҕэй. Ардах диэн айылҕа бэлэҕэ буоллаҕа дии, от-мас барыта тиллиэ, отон-тэллэй үүнүө, сылы туоруур от оттонуо. Чэ, билигин оһох оттуом, алаадьы астыам, үүттээх чэй иһиэхпит, санааҥ көнүө, – дии-дии түбүгүрэн барда. – Лена, өйдүүгүөн? Кыра эрдэххинэ ардах анныгар сүүрэргин олус да сөбүлүүр этиҥ дии, ким да эйигин дьиэҕэ кыайан киллэрбэт этэ. Елена Ивановна бэрээндэ кирилиэ­һигэр таҕыста, ардах адьас истиэнэ курдук түһэр. Илиитин ол уу диэки уунна, сайыҥҥылыы сып-сылаас эбит. “Кырдьык даҕаны, туохтан мин кут­танным?” Хайдах баарынан, чараас былаачыйалаах, атах сыгынньах ардах анныгар инчэҕэй окко үктэннэ. Кыл түгэнинэн ардах сылаас уунан илбийэн кэбистэ. Эчи, үчүгэйиин! Били, оҕо эрдэҕинээҕи курдук үөрүү, дьол кинини ис-иһиттэн толордо, сүүрдүөх-көтүтүөх курдук буолла. Күлэ-күлэ, ууну фонтан курдук ыһа-ыһа, биир сиргэ эргичиҥнээтэ. Кирилиэстэн Даша: – Ленка, тымныйаары! Дьиэҕэ киирэ оҕус! – диэн хаһыытаата. Хойутуу Елена Ивановна төбөтүгэр соттордоох, сылаас баайкабай халааттах алаадьылаах чэй иһэ олорор. – Дьэ, бу көрүҥ! Хараҕыҥ кылабачыйан, имиҥ тэтэрэн, киһи курдук киһи буоллуҥ, – диир эдьиийэ, чэйигэр үүт кута-кута. – Даша, мин манна хаалыым, эйигин кытта олоруум, – балта хоруйдуур. – Ол эмиэ туохпутуй? Ол-бу буолума! Эн манна тугу гыныаххыный? – Хаһаайыстыба тэриниэхпит, – балта бэриммэт. – Хаһаайыстыба даа? Эн ынахха хайа өттүттэн чугаһыыргын да умуннуҥ ини, – Даша күлэр. – Чэ, ону-маны туойума, хата, утуй, – диир. Түүн үөһэ төлөпүөн тыаһа дыыгыныы түстэ. – Лена, бырастыы гын, тобуктуубун дуо? – кэргэнин куолаһа. – Эн тугуй, холуочуккун дуу? – Тоҕо сразу холуочук? Эн төннө оҕус, сарсын кэлбэтэххинэ, мин бэйэм эйигин ыла тиийиэм. – Сөп-сөп. Уонна эрийимэ, Дашаны уһугуннарыаҥ. – Ээ, арба, оҕолоруҥ манна дьиэни өрө тардыы, хомунуу бөҕө буоллулар. Сарсыарда халлааҥҥа биир да былыта суох чаҕылхай күн үүммүт. Елена Ивановна оронуттан ойон турда, сүүрэн тиийэн эдьиийин кууспахтыы-кууспахтыы кум-хам тутта. – Бу да кыыс, ыыт эрэ, – Даша күлэ-күлэ, балтын сирэйин-хараҕын көрөр, – барыта үчүгэй дуо? Сарсыардааҥҥы чэй кэнниттэн, Елена Ивановна хомунан барда. – Дьэ, бу сөп! Туох аатай? Үлэ диэн – үлэ. Оттон
дьиэ кэргэниҥ олоҕуҥ саамай күндү тутааҕа буоллаҕа. Мин эйиэхэ кэһии бэлэмниэм, – эдьиийэ үөрэ-көтө түстэ. – Даша, олоро түһүөх, эйиэхэ улахан махтал, – балта ытамньыйа сыста. – Биһиги сотору-сотору кэлэр буолуохпут, оттон эн кыһын биһиэхэ киирээр, оҕолор үөрүөхтэрэ. Елена Ивановна массыынаҕа олорон иһэн, ардах анныгар турбутун саныы-саныы, ис-иһиттэн үөрэр. Дьэ, чахчы, ардах барахсан дууһаны сайгыыр, ыраастыыр, чэпчэтэр күүстээх. В.Соломонова-ДОЛГУНА.
kyym.ru сайтан