Кэпсээ
Войти Регистрация

Сардаана Осипова: өрүттүү суола

Главная / Кэпсээн арааһа / Сардаана Осипова: өрүттүү суола

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
08.11.2018 16:33
Ардах тохтообокко түһэр... Суол чоху көхсүн курдук халтараан буолан, кыра массыынаны талбыт уҥа-хаҥас быраҕар... Түүн 2 чааһы ааста. Бу кинилэр үбүлүөйү киэһэтин ыытан иһэллэр. Сардаана сииктэн тириппит түннүк тааһын сотто. Күһүҥҥү хараҥа киэһэҕэ эбии былыт сабардыы халыйан, ыас хараҥа... Үчүгэй да үбүлүөй буолла! Аһа-үөлэ, тэрээһинэ, дьоно-сэргэтэ да дьэллэмэ. Киниттэн эрэ арыый аҕа саастаах эр киһи: «Тыыннаах бэйэҕин көрөн үөрдүм», – диэн ытыһын тутан ааспытыттан, дьахтар ансаамбыла кэлэн хаартыскаҕа түһэргэ көрдөспүтүттэн, кырдьаҕас эмээхсин махтанан сүүһүттэн сыллаабытыттан сүрэҕэ үөрэн иһэр. Төһө да бу эйгэттэн өр кэм устата сүтэ сырыттар, өйдүүр-саныыр, билэр дьон бааллара айар куттаах киһини, ама, хайдах долгутуо суоҕай! Ырыаҕа этиллэринии, «Ырыам, мин ырыам – ыйар сырдык сулуһум, тапталым кыната, суолум-ииһим, айаным, инникигэ эрэлим». Чахчыта да оннук! Ырыалаах буоламмын эйгэбэр төнүннэҕим, дууһабын уоскуттаҕым, ырыалаах буоламмын дьон ортотугар сырыттаҕым, бу айаҥҥа туруннаҕым. Ырыам эрэ салҕаннар... Ырыам, мин ырыам... Сардаана айаннаан истэҕин ахсын олоҕун кэрчиктэрэ хараҕар биир-биир элэҥнээн аастылар... * * * Аһары да уҥа-таала таптаабатар, дьылҕатынан анаммыт кэрчик кэмигэр үктэммит эбит: орто дойдуга олох олоро кэлбит киһи ыал буолуохтаах, оҕо төрөтүөхтээх. Сэмэй уруу тэриллибитэ, бииргэ олорон барбыттара. Дьон тэҥинэн олоруохтарын, кэргэнэ холуочук, арыт итирик кэлэрэ чаастатыйбыта. Сардаана бэркиһээн истиэнэҕэ турар халандаарга киһитэ арыгылаабыт күнүн харанан төгүрүтэр буолбута. Онтуката ый бүтүүтэ биир эмэ эрэ күн таарыллыбакка, барыта хап-хара буолара. Иһэр киһилиин олох – эрдиитэ суох тыынан сүүрүк хоту үлүбээй устуу, ханна тиийэн түҥнэстэриҥ биллибэт. Биир күн балыыһаҕа киирбитэ. Түмүгэ – күн сирин көрдөрө илик кырачаана куоппута... Балыыһа палаататын түннүгүнэн таһырдьаны одуулуу сытан санаатаҕына, мантан ордук иэдээн, алдьархай суоҕун курдуга. Ол эрээри... икки кыыс эгил-тэгил төрүүр быатыттан ханна мүччүрүйүөҥүй... * * * ...Бу – Сардаана аҕыйах хонуктан бэттэх ийэ дьолун иккистээн биллэрбит кыысчаана. Аттыгар биирин эрэ ааспыт «улахан» кыыс утуйан буккуруур. Дьикти да буолар эбит! Бу икки эрэ сыл иһигэр олоҕуҥ маннык уларыйыа диэбиттэрэ буоллар, оччолорго итэҕэйиэ суоҕа эбитэ буолуо. Кыргыттарым сиэттиспитинэн тэҥҥэ улаатыахтара, икки өттүбэр ытарҕа курдук эйэҥэлэтэн илдьэ сылдьыам, дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүөм дии санаатаҕына, иһэ кычыгыланар. Кыра киһи аһара иҥсэлээхтик соппойон, чачайан ылбахтыыр. Кэргэнэ бу кэм устата кыратык эмэтик да уларыйбата... Түүн үөһэ буолла да, эмиэ дьиэтигэр суох, ханна сылдьара биллибэт. Үөрүүтэ арыгынан бэлиэтэнэр, хомойуута эмиэ онон суураллар. Икки оҕо түбүгэ, иһэр эрдиин эллэһии, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэл суоҕа быһа эмэн, Сардаана биллэрдик дьүдэйдэ. «Тууйулуннаҕа, хаайтардаҕа» диэн аралдьытар, «наадыйдаҕа» диэн аттыгар баар буолар, эчи, кимэ да суох эбит. Быр кур­дук ыал буолан олордоҕо дииллэрэ эбитэ дуу, дьүөгэлэрэ да биллибэт буоллулар. Ийэтэ, убайдара бэйэлэригэр анаммыт олохторун суолунан тус-туһунан бардахтара. Төрөппүт ийэ­тин кытта сол курдук өй­дөһө
илик. Өр кэмҥэ арахсыы, кэлэйии, хоргутуу ардыларын атыппыт курдук. Аҕаларын кытта сибээс сүппүтэ быданнаата. Дьон дьиэ кэргэнинэн түмсэн бырааһынньыктыыл­ларын, сынньаналла­рын көрөн ымсыыран да биэрэр этэ, оҕо сылдьан! Бэйэтэ биир улахан дьиэ кэр­гэн дьоно бу ар­ҕам-тарҕам сырыттахпыт диэн са­наарҕаатар да, биир бэйэтэ тугу да гынар кыаҕа суох буоллаҕа... Кыра киһи тотон, утуйан хаалла. Сардаана оҕо­тун сэрэнэн иэдэһит­тэн сыллаан, бигээн оронугар сы­тыарда, чочумча баҕар уһуктуо диэн кэтээн олоро түстэ. Түүҥҥү уотун умул­ларан сытта. Таһырдьа уу чуумпу, дьөрү, ыт да үрбэт. Сааскы ылааҥы күннэр тураллар. Эдэр киһи иэйиитэ эппэйэ тэбэр, уолугунан оонньуур эриэккэс кэмэ. Ыллыырын аҕынна даҕаны! «Таптал кыыма хаһан эрэ....» Сардаана ыллыыр ырыатын тылларын сибигинэйэн ылбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Таптал... Киһи аймах өрө туппут, хоһоон, ырыа гыммыт иэйиитэ таптал буоллаҕа. Таптал диэн баар буоллаххына, тоҕо дьолу бэлэхтээбэккин, этэллэрин курдук, халлааҥҥа көтүппэккин?! Хайа дьоллоохтор арыгы, кыыһырсыы, охсуһуу диэни билбэттэрэ буолуой? Тоҕо ийэ буолбут үөрүүм кэргэн буолбут дьолбунан ситэри сиппэтий... * * * ... Өлөр өлүү хаһан кэлэрин ыйыппат, ыраах гастрольга сырыттаҕына кинилэр дьиэ кэргэннэригэр соһуччу иэдээн кэлбитэ. Бокуонньугу дьаһайыыга ыаллара дьахталлар ылсыбыт этилэр. Сардаана куһаҕан сураҕы истэн ийэтин атаарыыга баттаһа кэлбитэ, ол эрээри көрбүтүттэн этин сааһынан тымныы сүүрээн ааспытын билигин даҕаны өйдүүр. Дьахталлар бокуонньук төбөтүн анныгар Сардаана кыра кыыһын сотторун сыттык гынан укпут этилэр... Кырачаан киһи мала оннук төннүбэт сиригэр барсыбыта. Арай Сардаана алдьархай хараҥа былыта кини үрдүнэн өр кэмҥэ кэлбитин сүрэҕинэн сэрэйбитэ... Эмиэ гастрольга сылдьар кэмэ этэ. Аҕалара оҕолорун көрсө кэлбит, таһырдьа оонньообут этилэр. Онтон тымныйан ыалдьыбыт оҕону балыыһаҕа киллэрэн, киниэхэ бэриллиэ суохтаах укуолу туруораннар, кырачаан бэрт кыһыылаахтык быстах дьылҕаламмыта... Орто дойду олоҕор араас да алдьархай, иэдээн буолар эрээри кини бу көрсүбүтүн өстөөҕөр да баҕарыа суох этэ. Сардаана ол кэмҥэ туох буолбутун илэй-балай өйдүүр. Сүрэх ыарыытын, тыын тиийбэт ыгым тымныыны, хаһан да сырдаабат хараҥаны, харах уута бүтэн тыыннааҕынан эрэ саллаҥнааһыны дууһата эрэ өйдүүр... Кылгас кэм иһигэр икки чугас киһини сүтэрии сүрэҕи кымыстыыра, сыппах быһахтыы аалара. Ол кэннэ киниэхэ ким баарый? Тиийэн сылааска сууланар төрөппүтэ, эдьиийэ суохтара, убайдара-бырааттара ыраах курдуктара, аһыытын ытана-сулана кэпсиир, кыһалҕатын үллэстэр дьүөгэлэрэ да аттыгар буолбатахтара. Улахан кыыһа баарын, кини туһугар кыһаллыахтааҕын туһунан дириҥник саныыр кыаҕа суоҕа. Арай, ити бобо тутар ыарыыны оччолорго мүлүрүтэр биир эрэ баара. Ол – арыгы... * * * Сардаана дэлби тоҥон уһугунна. Бастаан ханна сытарын өйдөөбөтө. Төбөтө, этэ-сиинэ ыалдьыбыты-ыан! Сүрэҕэ айаҕынан тахсыахтыы бип-битигирэс. Уу испит киһи! Дьахтар тардыһан турда, дьиэ иһэ борук-сорук. Ханна баарын, бэҕэһээ кимниин көрсүбүтүн өйдүү сатаата. Эмиэ арахпат төбө ыарыытын аһараары өрүү куодарыһар «дьүөгэтигэр» тиийбитэ, киһитэ да кинини эрэ кэтэспит курдук
сэргэхсийбитэ. Онно-манна эрийэн, наадалаахтарын булан, остуол тула олорон күө-дьаа буолан эрэллэрэ... Эбии дьон кэлитэлээбиттэрэ, бытыылка кураанахсыйан истэҕин ахсын син онтон-мантан көстөн, «бырааһынньык» салҕанан испитэ. Онтон икки киһи боруоктаспыттарыттан куотан, Сардаана билэр дьахтарыныын аһааһын аайы булсуһар атын атастарыгар кэлбиттэрэ... Сардаана түннүктэн тыгар сырдыгынан ыйдаҥардан остуол үрдүгэр уулаах иһити көрдөөтө. Онтон ыскаап түөһүгэр турар чаанньыгы булан, түгэҕэр хаалбыт ууну иҥсэтигэр тумсуттан ыйырбахтаата. Тымныы уу куолайын устун сүүрэн, хараҕа сырдаата. Суох, салгыы сатаан утуйуо суох. Сардаана уоту холбоото. Хата, бэҕэһээ оттор маһы киллэрэн кэбиспиттэр эбит. Оһоҕу оттуохха, дьиэ аһара тымныйбыт. Кумааҕыттан саһаҕаҕа сыстан уот умайда. Инчэҕэй мас буолан, сыыгынаан да буоллар, умайан, дьиэ иһэ иччилэннэ. Сардаана уоту одуулаата... Оҕо сылдьан оһох уотун чочумча көрөн олорорун сөбүлүүр этэ. Уот эмиэ мэник оҕо курдук бииртэн-бииргэ ыстанар, аһары мэниктээн сиргэ да түһэн ылар, онтон атыттары кытта булсан улаатан, кэҥээн тыас-уус таһаараллар, сылааһы биэрэллэр. Дьон эмиэ итинник, элбэх буолан тутуһан сылдьыахтаах этибит... Убайдарым ханна тиийдилэр буолла? Оҕом, Любушкам... Сардаана уһуутаан ылла, хараҕын уута таммах буолан холумтаҥҥа таммалаата. Ээ чэ! Ытыы олоруллуо дуо?! Баасканы туруоран тугу эмэ толкуйдуохха! Баран дьиэлээх хаһаайыны илгиэлээтэ. Анарааҥҥыта уһуктан, оһох оттуллубутуттан үөрэн күө-дьаа буолла. Сотору Розалара турда. Эмиэ саҥа күн саҕаланна. Сарсыҥҥыта, сыала суох, арыгы арыаллаах, түөрэккэй түөрэхтээх, түҥнэри көстүүлээх да буоллар, саҥа күн... * * * Сардаанаҕа урукку иэдээннээх олоҕун хартыыналара хараҕар көстөн аастылар. Үйэ аҥаара олорон кэлбит олоҕун 16 сылын ити дьайга анаабыт... Саныырга ыараханын, сааттааҕын иһин, кини ону тугунан да суурайбат, соппот, суох гыммат... Көнө суолга үктэнии биир күнүнэн табыллыбатаҕа, тургутан көрүүтэ элбэҕэ. Уол оҕоҕо күн сирин көрдөрөр, бүгүн ыал ийэтин аатын ылан олорор дьолугар, ыллыыр-туойар аналын салгыырга, дьай аһыттан арахсарга күүстээх санааны ылыммыт күнэ ураты этэ. Сыыһатын-халтытын бырастыы гынан кэмигэр көмөҕө илиилэрин ууммут дьонун кытта бүгүн да алтыһа, олоҕун киэргэтэ сылдьарыттан кэмэ суох үөрэр. Уруккунан хоруотуу сатыыр, аанньа ахтыбат дьон эмиэ суох буолбатахтар. Ааспыт сатамматах өттүн хатылаамыахха, тумнуохха, умнуохха, чугас дьону онтон харыстыахха, араҥаччылыахха! Ол буолар – кини бүгүҥҥү олоҕун сыала-соруга. Ити курдук күн-дьыл үлэнэн-хамнаһынан салаллан иһэр. Дьон истэрин, биһириирин тухары ырыаһыт айар-тутар. Кэм-кэрдии ыктаҕына, ыллыыр-туойар тохтоотоҕуна даҕаны кини олоҕо атынынан суолталаах. Уолчаанын атаҕар туруорар, кэргэнин кытта саха ыалын сиэринэн олорор, сиэннэрин көрөр-истэр түбүгэ үгүс. Тэрилтэтигэр да дьон сынньалаҥын тэрийиигэ былааннара үгүс. Оксана Жиркова.
kyym.ru сайтан