Кэпсээ
Войти
Регистрация
Куттаммыт!
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Куттаммыт!
K
edersaas.ru
Категорията суох
29.11.2021 20:15
Елена Прокопьева кэпсээнин ааҕыҥ. Куруусчут уол туохтан куттаммытый? Бу түбэлтэ 80-с сыллардаахха Сэбиэскэй кэмҥэ буолбут. Биир тырахтарыыс тыаҕа мас тиэйэ тахсан баран хойутаабыт. Кэргэнэ кэтэһэ сатаан баран, “бээрэ, биир эмит тырахтарыыска эрийэрим дуу” диэн саныы олордоҕуна, ааны тоҥсуйбуттар. Киирбит киһи мааҕын сарсыарда кини кэргэнинээн барбыт куруусчута эбит. — Хайа, тоҕо хойутаатыгыт? Киһиҥ ханнаный? — диэбит дьиэлээх хаһаайка. Уол хайдах эрэ уйуһуйбут баҕайы көрүҥнээҕин уонна наһаа тоҥмутун көрөн чүөчэ итии миин кутан биэрбит. Киһитэ маннык диэн кэпсээбит: “Тыраахтарбыт улахан чөҥөчөккө иҥнэн, ыйанан хаалла. Мин тыраахтар көрдөһө кэллим, киһим онно хаалла. Эргэ өтөх аттынан ааһан иһэн куттанан өлө сыстым. Дьиэ тип-тилигирэс тыас, олох сүрэҕим хайда сыста, нэһиилэ кэллим!” — Ол ханна? — Оттон оҕолор сайыҥҥы лааҕырдара баар сирэ, аатын умнан кэбистим. — Эс , онно туох абааһыта кэлэн симиллибит үһү. «У страха глаза велики» диэччилэр. Чэ, ол абааһы хаалан эрдин. Аҕабыт иэдэйдэ буолуо, тоҥон. Таһырдьа ахсынньы аам -даам тымныыта дии. Мааҕын күнүс эбиэккэ кэлиэхпит диэн өйүө да ылбатаҕа. Тыраахтарда була охсуохха! — Оннук. Кимиэхэ эрийэбит. — Оппуонньаҕа эрийиэм. Бардаҕына кини улгумнук барыа, атыттар ыарахан соҕус буолааччылар. Оппуонньа, эппиттэрин курдук сөбүлэһэн, куруусчут уоллуун тыаҕа киһилэригэр тиийэн, тыраахтардарын чөҥөчөктөн арааран, дьэ “һуу!” гыммыттар. Били, өтөх анныгар кэлэн баран тыраахтары тохтоппуттар. — Тахсан көрүөххэ, туох абааһыта эбитэй, — диэбит тырахтарыыс уол. — Ээ мин тахсыбаппын, бэйэҕит барыҥ , — диэбит куруусчут уол, куттаммыта ааһа илигэ сирэйигэр-хараҕар көстө сылдьар эбит. — Чэ, аҕа саастаах киһи эн тахсан көр, — диэбит эдэр тырахтарыыс. Инньэ гынан били чүөчэбит кэргэнэ, саастаах тырахтарыыс , тоҥуу хаары кэһэн, сыыры өрө тахсыбыт. Арай дьиэҕэ чугаһыырын кытта, тыас бөҕө тип-тилигирэс буолбут! “Уол сымыйалаабатах эбит! Кырдьык, туох эрэ баар!” — диэн санаа “кылам” гынан ааспыт. — Ээ, бачча кэлэн баран , чуолкайын билиэххэ! — диэн баран тырахтарыыс аан аттынааҕы хаары атаҕынан тэбиэлээн баран, туох баар күүһүнэн ааны тэлэйэ баттаабыт! Арай дьиэ иһиттэн ат ойон тахсан, иннин хоту сүүрэ турбут! Киһибит, хата, кыл мүччү аһаран биэрбит. Бу тыраахтар чөҥөчөккө иҥнибэтэҕэ буоллар, ол сылгы эрэйдээх, төһө өр бараахтыай, өлбүт буолуо этэ. Елена Прокопьева. Хаартыскалар: ru.depositphotos.com, photo.99px.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан