Кэпсээ
Войти
Регистрация
КЭПСЭЭН: Форзацка суруллубут Ондолу Бэкэнэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ КЭПСЭЭН: Форзацка суруллубут Ондолу Бэкэнэ
K
edersaas.ru
Категорията суох
28.11.2021 18:00
Максим Ксенофонтов саҥа кэпсээнин ааҕыҥ уонна сэргээҥ. Бордоҥ нэһилиэгин олохтоох Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Семёнович Ксенофонтов быыллаах чардаак иһигэр сааһылаан уурбут дьааһыктаах кинигэлэрин быыстарыттан былыргы, өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи, бороҥ тастаах Оноре де Бальзак кинигэтин булан ылбыта. Сэрэнэн, кинигэни имэрийэн ылбыта. Хараҕар ол урут ааспыт күһүҥҥү күн көстөн кэлбитэ. …Сэмэн уолун Уйбаанчыгы кытта Мохулу эбэ тыатын кэриитинэн куобахтыы сылдьыбыттара. Көтөҕө тохтон, тыа иһэ ыраахха диэри сэндэҥэрэн көстөрө. — Тээтэ-э, Куралай Бэргэн диэн кимий? – Уйбаан мааҕын аҕата ботугуруурун истибитин санаан, кулун тириитэ бэргэһэтин кэтэҕэр анньан баран, сиигирбит сүүһүн уҥа харытынан соттубута уонна аҕатын диэки ып-ырааһынан көрөн баран ыйыппыта. Сэмэн субуйааҥкы саатын хаҥас санныгар көһөрбүтэ, уолун уҥа илиитинэн санныттан кууспута: — Дьэ, ол Байанайдартан биирдэстэрэ. — Хастарый, кинилэр? – Уйбаанчык тохтоон, этэрбэһин оһун өрө тардыммыта. — Элбэхтэр, доҕор, дьэ. Тыа Байанайа, Уу Байанайа диэннэр бааллар. Тыа Байанайдарын улахан убайдара Байанай Тойон, атыннык кинини Баай Барылаах дииллэр, кыырыл баттахтаах, кугас сэпсэйбит бытыктаах. Илин диэки олорор диэн кэпсиирэ, урут, аҕам. Киис саҕынньахтаах, быыһык бэргэһэлээх үһү. Баай Барылаах икки уоллаах. Чуукаартан кэлэ сылдьан, Кинээс Кирилэ кырдьаҕас: «Байанай Боотур уолаттара Иэрэгэй Туутчут уонна Мэрили Мэргэн олус кыаналлар-хотуналлар», — диэн кэпсээбиттээх. Оттон мин аҕам ол уолаттары Уоралай Чууччут, Бэрили Бэргэн диэн ааттыыра. Баай Барылаах хара тыа кыылын-сүөлүн, көтөрүн-сүүрэрин барытын көрө-истэ сылдьар. Байанайдар уопсайа уон иккилэр, — аҕата иҥнэри түспүт тииккэ туораан кэлбитэ, — бээ, манна олорон атаҕы сынньатыахха. — Тыый! Төгүрүк сыл уон икки ыйдааҕар дылы! – уолчаан аҕатын кэпсээнин сэргээн, саҥа аллайбыта. — Оннук. Саа бастыҥа эмиэ уон иккилээх халыыптаах. Суукка аҥаарыгар уон икки чаас баар, онон чаһы уон икки сыыппаралаах. Киристиэс уон икки опуосталлаах этэ. Киһи уон икки паара ойоҕос уҥуохтаах диэн Стрижевскэй сыылынай кэпсиирэ үһү. Тойон эрбэхтэн ураты түөрт тарбах үстүү сүһүөхтээхтэр, онон эмиэ уон икки буолаллар, — аҕата сөпсөспүтэ. — Учууталбыт «Уон икки устуул» диэн кинигэ туһунан быгыһын кэпсээбитэ, — Уйбаанчык, санаан кэлэн, эппитэ. Олорон эрэн Сэмэн уолун санныттан тиит саһарбыт иннэлэрин тэбээбитэ уонна салгыы кэпсээбитэ: — Дьэ, буот, уон икки диэн мээнэ ахсаан буолбатах эбит. Ол иһин Байанайдар уон икки эбиттэр. Баай Барылаах икки кыра бырааттара — Суойун Эркини кытары Долбун Соххор — өһүргэстэр, тэппини көрбөттөр. Холобур, булчут үүтээнигэр хаҥас атаҕынан урут үктэнэн киирдэҕинэ, сүгэтин «киргил», саатын «көҥдөй» диир оннугар сирэйинэн ааттаатаҕына, тыаҕа сылдьан харыс тылы туттубатаҕына, булду салытан, тэйитэн кэбиһэллэр. Булт салыйыа диэн кыыска, дьахтарга тайах быарын, сүрэҕин сиэппэт үгэс баар. Ону тутуспатахха, Суойуннаах Долбун аныгыскыга лөкөйгүн «кымньыылаан», эрдэттэн кыйдаан кэбиһэллэр. Алып Самнаҕай диэн баар, таба миҥэлээх, тоҥус булчутун курдук таҥастаах Байанай. Кыылы бааһырдан, хойобул гынан баран эккирэтэр буоллахха, Алып Самнаҕайы анаан ааттаан туран, алҕаан-силээн баран суоллаатахха, булкун ыраатыннарбаккын, ситэн, «кыталыктатан» ылаҕын. Алып Самнаҕай бэрт үөрүнньэҥ, ол сиэринэн эмиэ кыраттан да үөрэр, санаата көтөҕүллэр булчуту сөпсүүр. Байанайдар биир инилэрэ Куралай Бэргэн диэн. Кини биитин Кустук Бэргэн курдук, улахан, кураахтаах мас саалаах, оноҕосторо кустук өҥнөөх куорсуннаахтар, дьэрэкээн туос саадаҕын көхсүгэр кэтэ сылдьар. Куралай Бэргэн саннын байаатынан охсуллар ыас хара баттахтаах, сытыы, чолбон харахтаах. Дьэ, арай, үөр хаас сыһыыга, күөлтэн тэйиччи, түһэн олороллоругар түбэһэ түһэҕин. Дулҕа быыһынан, отунан, талаҕынан хаххаланан, үөмэн киирэҕин. Ол эрэн, «табыам, хаһы даҕаны хаалларыам» диэн эрэлиҥ суох. Оччоҕо сыыллан иһэн тохтуугун, тыын ылаҕын. Онтон: «Куралай Бэргэн тойон убайым, сииккэ сиэллэримэ, халтайга хаамтарыма, кыҥыырбар, дьөлө кынчайарбар кыһаллан кулу, аҥаабыллыырбар атаҕым анныттан алтыырбыныы ыйан кулу! Солко ньуолах түүнэн угуттанан, сырҕаан, сытырҕаан тур!» — диэн ботугуруугун уонна таҥаскыттан биир кымаах түүнү туура тардан ылан, уҥа ытыскар ууран баран, үрэн кэбиһэҕин. Бүттэ! Уонна аа-дьуо сыылан киирэн, хоһулаан-хоһулаан баран, хаһы да тиэрэ тэптэрэн кэбиһэҕин. Уоллаах аҕа хааһы бултуур «кэбирэҕиттэн» күлсэн ылбыттара. Сэмэн салгыы кэпсээбитэ: — Бараахы Сүүрүк, Кураҕаччы Сүүрүк диэн Байанайдары эһэҥ – аҕам Силиппиэн – алгыырыгар утуу-субуу ааттаталааччы. Кинилэр тустарынан ыйыталаспатах эбиппин. Тыга Бытырыыс, Элип Хандаҕай, Чочу Кылыыһыт, Ондолу Бэкэнэ, Кустук Тарбах диэн Байанайдары, уоккун аһатан баран, алгыыргар: «Тойон Убайдарым, саҥа биэрэр, эрбэх тыаһын иһитиннэрэр буолуҥ», — диэн көрдөһүллэр. Ити, билигин, буораахтаах, симилиэс буулдьалаах тэрилинэн бултуурбут аанньа, былыр мас саанан ыталлара. Ох саанан ытарга эрбэх тыаһа «ньир» гына түһэрэ. Ол иһин алгыырга эрбэх тыаһын иһитиннэрэргэ көрдөһөллөр. — Байанайдар бары эр дьон дуу? – Уйбаанчык аҕата тохтоон ылбытыгар ыйыта охсубута. — Икки балыстаахтар. Биир балтылара Кыртас Хайа Саҕа Сырайдаах Маҥан Чаҥый Ытык Субайдаан диэн хотун. Киниттэн, тоҕо эрэ, бултууру харгыстыыр диэн, тыаһыттар толлоллор. «Эдьиийбит, бултуурбутун буомчулаама, алтыырбытын атахтаама, аһаан-сырҕаан тур», — диэн көрдөһөллөр. Маны таһынан, сэттэ дьэрэкээн хайа, аҕыс мас хайа, тоҕус туруук хайа иччилэрэ булду моһуоктуохтарын сөп. Ол хайалар иччилэрин сиэннэрэ от-мас анныгар, тохтубут сэбирдэх быыһыгар сылдьан, эмиэ бадьыыстыахтарын син. Онон, билээйи киһи, Байанайдары алгыырыгар, кутаа тула сири үрүҥ аһынан ыһыахтаан, ол «аппаасынай» иччилэри эмиэ амаҕаччылыыр. «Байанайдар биир кыыстара – Тэллэх Тэлиэримэ – булт кэтэһэр булчутугар дьэрэкээн түүлү үмүөрэр», — диэн Модьу Мургун кэпсээбиттээх. Тэллэх Тэлиэримэни эбитэ дуу, биирдэ Тоттоойустуун, соҕуруу — Сунтаарынан Аанньаах быыһыгар — киистии бара сырыттахпытына биир оннооҕу түүлээхчит: «Дьылыс Кыыс» диэн ааттаан турардаах… — Сэмэн тохтоон ылбыта, ол соҕуруу «булууһуттуу» бара сылдьыбытын санаабыта. — Аҕаа, итиччэ элбэх ааты хайдах барытын өйгөр тута сылдьаҕыный? – уола бэркэ дьиибэргээбиттии ыйыппыта. — Биирдэ истибиппин «түүлээх холбукабар» хатыам кэрэх, умнааччым суох, һэ-һэ-һэ! Хайа, уонна сотору-сотору алгыы, ааттаталыы сылдьан, хайаан умнуомуй? – Сэмэн астыммыттыы хоруйдаабыта уонна сөмүйэтинэн сүүһүн тоҥсуйбута. …Куобахчыттар дьиэлэригэр киэһэлик сэттэ табысхаан «булуулаах» кэлбиттэрэ. Ийэлэрэ чугуун, ньолбуһах «кус иһитигэр» бэрт минньигэстик буһарбыт куобаҕын сии олорон Уйбаанчык аҕатыттан истибит Байанайдарын туһунан ийэтигэр кэпсээбитэ. Аһылык кэнниттэн, иһит сууйан баран, көмүлүөк уотун сырдыгар кыһайан, кинилэргэ хантан эрэ кэлэн хаалбыт, 1891 сыллаахха Петербурга тахсыбыт, уруккулуу, кытаатыннарар бэлиэлэрдээх суруллубут тиэкистээх, Бальзак кэпсээннэрин хомуурунньугун форзаһыгар, бэркэ кичэйэн, харандааһынан Байанайдар ааттарын суруйан бооччойбута. …Иван Семенович кинигэни сэрэнэн хонноҕун анныгар кыбынан, чардаактан түспүтэ. Дьиэтээҕи кинигэ долбуууругар, бастыҥ миэстэҕэ, Бальзак оннун булбута. Максим Ксенофонтов
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан