Кэпсээ
Войти Регистрация

ХХ үйэ ураты дьылҕалаах дьахталлара

Главная / Кэпсээн арааһа / ХХ үйэ ураты дьылҕалаах дьахталлара

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
17.09.2018 15:13
Хас биирдии киһи дьылҕата хатыламмат. Тас көрүҥнэриттэн көрдөххө, дьоллоох, баай, кыахтаах дьон, бу орто дойдуга ананан кэлбит киһи сиэринэн, эмиэ олох очурун-чочурун көрсөллөр. Этэргэ дылы, «баайдар эмиэ ытыыллар»... Бу балаһаҕа билиһин­нэрэр дьахталларбыт олохторугар үгүс киһи ымсыырар, кинилэр талааннарыгар сүгүрүйэр. Ол эрээри, ХХ үйэ саамай биллэр бу 9 дьахтарын дьылҕата хатыласпат. Мэрилин Монро Кини дьиҥнээх аата – Норма Джин Бейкер. Оҕо эрдэҕинэ ийэтэ психиатрическай балыыһаҕа киирбитэ. Онон кыысчаан аймахтарынан, дьиэтэ суохтары көрөр-харайар дьиэлэринэн сылдьан улааппыта. Хаста даҕаны күүһүлүү сыспыттара. 16 сааһыгар Норманы хара күүстэринэн кэргэн биэрбиттэрэ. Биллиилээх Мэрилин Монро буолан баран, мөлүйүөнүнэн сүгү­рүйээччилэммитэ, баай дьон тапталга билинэллэрэ, ыал буоларга ыҥыраллара. Ол үрдүнэн кини олус соҕотохсуйара. «Эмиэрикэ секс-символыгар» аат, баай-дуол баҕа санаатын чыпчаала буолбатах этэ. Кини саамай улахан баҕата оҕолонуу этэ. Мэрилин Монрону бэйэтин оронугар илиитигэр төлөпүөн туруупкатын туппутунан өлө сытарын булбуттара. Аттыгар кураанах эмп хаата сытара... «Мэрилин Монро буолар туох үчүгэйдээҕий? Тоҕо мин көннөрү дьоллоох дьахтар буоларым кыаллыбатый? Тоҕо мин дьиэ кэргэним суоҕуй? Тоҕо ийэ буолар дьолго тиксибэппиний?» диэн талааннаах артыыс мэлдьи суланара. Анна Ахматова Анна билэр дьонуттан үгүс киһи эрэпириэссийэ сиэртибэтэ буолбута. Бастакы кэргэнин Николай Гумилеву ытан өлөрбүттэрэ, үһүс кэргэнэ лааҕырдарынан сылдьан олохтон туораабыта. Дьиктитэ диэн, лааҕыр олоҕо Анна төрөппүт уолун эмиэ хаарыйбыта. Уола хаайыыга сыппыт уонтан тахса сылын тухары хоһоонньут Иосиф Сталиҥҥа хаста эмэ сурук суруйбута эрээри, биир да хоруйу туппатаҕа... «Шекспир дыраамалара көрөргө эрэ үчүгэйдэр. Сыанаҕа көрдөрүллэр имэҥ, өлүү, дьиҥнээх олоххо тэҥнээтэххэ, оҕо оонньуутун курдуктар» диэн суруйбута улуу Анна Ахматова. Марина Цветаева Гражданскай сэрии кэнниттэн көһө сылдьарга күһэллибитэ. Кэргэнэ Сергей Эфрон сэбиэскэй бырабыыталыстыбаны кытта сибээһиттэн сылтаан хоһоонноро бэчээттэммэт буолбуттара. Хоһоонньут дьоно-сэргэтэ аччыктаан өлө сыспыттааҕа. Түмүгэр иккиэн дойдуларыгар көһөн кэлбиттэрэ. Дойдутугар Маринаны куһаҕан сурах көрсүбүтэ: кини эдьиийэ хаайыллыбыта хас да сыл буолбут этэ. Ити кэннэ сыылкаҕа аны Цветаева бэйэтин төрөппүт кыыһын утаарбыттара. Оттон Эфрону хомуньуустар ытан өлөрбүттэрэ. Марина Цветаева, 1941 сыллаахха уолун кытта эвакуацияланан баран, бэйэтигэр тиийиммитэ. «Ким даҕаны биһиги дьадаҥытык олорорбутун итэҕэйбэт. Мин суруйууларбынан эрэ килиэп оҥостор кыахтаахпын. Кэргэним ыарытыйар, онон сатаан үлэлээбэт. Кыыһым сэлээппэ баайар даҕаны, олус кыра харчыга атыылыыр. Уолум аҕыс эрэ саастаах. Биир тылынан, биһиги дьиэ кэргэн оргууй аҕай сылдьан, аччыктаан өлөн эрэбит...» – диэн Марина Цветаева суруйан хаалларбыта. Вивьен Ли Олоҕун тухары таптаабыт эр киһитэ Лоуренс Оливьены кытта олохторо чэпчэкитэ суоҕа. Кэргэнэ кинини куруук күнүүлүүрэ, бэл, биирдэ «Оскар» статуэткатын түннүгүнэн бырахпыта. Аатырбыт «Унесенные ветром» киинэҕэ уһуллуу кэннэ Вивьен доруобуйатынан улаханнык мөлтөөбүтэ. 1945 сыллаахха сэлликкэ ыалдьыбыта. Ыарыы түмүгэр буолуо, булкуллубут курдук буолбута: араастаан тыллаһара, ытаан да, күлэн да ылара. Кэлин кэргэнин билбэт буолбута, кырбыыра даҕаны.
Оливье маннык олохтон олус сылайбыта уонна атын дьахтарга барбыта. Кэргэнэ барбытын сэттис сылыгар Вивьен Ли сэлликтэн өлбүтэ. – «Унесенные ветром» киинэҕэ мин дьоруойум Скарлетт «ийэм, оҕото туохха кубулуйбутун билбэккэ, эрдэ өлбүтэ үчүгэй» диир. Ити этии миэхэ эмиэ сыһыаннаах, – диэбитэ улуу артыыска. Фрида Кало 6 сааһыгар полиомиелит ыарыыга ылларбыта, онтон сылтаан олоҕун тухары аҥаар атаҕа синньигэс этэ. 18 сааһыгар массыына саахалыгар түбэспитэ. Бүттэлээх сир да хаалбатаҕа, тостуу, тоҕо-хайа түһүү үтүмэн үгүһэ. Онон эдэркээн кыыс өр кэмҥэ орон-тэллэх киһитэ буолбута. Ити охсуулартан ийэ буолар кыаҕа суоҕа. Дууһа ыарыыта эт-сиин ыарыытыттан итэҕэһэ суох элбэҕэ. Кэргэнэ Диего Ривера куруук хас эмэ дьахтарданара. Бэл, Фрида бииргэ төрөөбүт балта кытта күтүөтүн хоонньугар хонон ааспыта. Кэргэнниилэр хас эмэ төгүл арахса сылдьыбыттара эрээри, хат холбоһо тураллара. Улуу худуоһунньук Фрида Кало тыҥа ыарыытыттан өлбүтэ. «Мин олохпор икки ыарахан түгэн баара. Бастакыта – саахал, иккиһэ – кэргэним. Иккиһэ быдан элбэх иэдээни аҕалбыта», – диэн Фрида этэрэ. Жаклин Кеннеди Суруналыыс, Эмиэрикэ бастакы ледитэ кэргэннии олоҕор дьоло суоҕа: Кеннеди аймах кинини тымныытык көрсүбүтэ, кэргэнэ наар атын дьахтарданара, өлбүт оҕону төрөппүтэ, иккис оҕото иккис хонугар өлбүтэ. Бэрэсидьиэн дьоллоох, эрэллээх кэргэнин, истиил иконатын оруолун оонньуур ыарахана биллэр. Жаклин дьиҥнээх майгытын кэргэнин Джон Кеннедини, кини көрөн олордоҕуна, ытан өлөрбүттэрин кэнниттэн көрдөрбүтэ. Хаан буолбут таҥаһын «кэргэммин хайдах курдук дьаабылаабыттарын көрүҥ» диэн, өр кэмҥэ устубатаҕа. Иккиһин кини Греция баайыгар Аристотель Онассиска кэргэн тахсыбыта. Хомойуох иһин, ол кэргэнин эмиэ көмпүтэ. Жаклин Кеннеди 90-с сылларга лимфома диэн ыарыыга ыалдьан өлбүтэ. «Үрүҥ дьиэҕэ олорон биир күн бэрэсидьиэн огдообото буолары ким кыайан өйдүөй? Мин саамай аһыйарым – оҕолор. Ити кэннэ киһи кинилэргэ хайдах дьоллоох оҕо сааһы хааччыйар?» – диэн муҥатыйара. Грейс Келли Бэйэтин кэмин чаҕылхай артыыската Ренье III диэн Монако кинээһин таптаан, хаарыан үлэтин, аатын-суолун бырахпыта. Биир үксүн кэргэнэ ону туруорсубута. Онон Грейс кэргэнин уонна оҕолорун көрөн дьиэҕэ олорбута. Хомойуох иһин, ол олоҕор дьолломмотоҕо. Ренье дьонтон тэйэ туттара, кэргэнин күлүү гынара, кинини дьон астынарыттан кыйаханара. Грейс амарах санааланыы аахсыйаларыгар, быыстапкаларга кыттарыттан киҥэ-наара холлоро. Оҕолоро аһара атаах уонна хаппырыыс этилэр. Хомойуох иһин, Грейс Келли массыынаны бэйэтэ ыытан иһэн инсуллаабыта. Ол кэнниттэн сарсыҥҥы күнүгэр балыыһаҕа өлбүтэ. «Манна, Монакоҕа, Ренье ойоҕо буолан олорон мин биир эрэ оруолга оонньуубун. Ол – кини принцессата», – диэн Грейс билинэрэ. Регина Збарская Кинини «сэбиэскэй Софи Лорен» диэн ааттыыллара. Үчүгэйкээн манекенщицаны ол кэм дьоно бары кэриэтэ таптыыллара, сүгүрүйэллэрэ. Збарская килбик этэ, ол да иһин дьон кини туһунан элбэҕи билбэтэ. Ыарахан буолбутугар кэргэнэ Лев Збарскай оҕотун түһэртэрэргэ күһэйбитэ. Сүтүктэн ыарыыны мүлүрүтээри, Регина араас эми иһэрэ. Онтон кэргэнэ эмискэ атын
дьахтарга көспүтэ. Манекенщица уйулҕатын туруга биллэрдик мөлтөөбүтэ, кэргэнин төннөрөөрү үлэтиттэн уурайбыта эрээри, киһитэ Эмиэрикэҕэ көспүтэ. Ону истэн, Регина тымырын быстан, балыыһаҕа киирбитэ. Өр эмтэнии кэнниттэн подиумҥа төннө сатаабыта да, табыллыбатаҕа. Регина эмп иһэн олохтон көҥүл өттүнэн туоруурга быһаарыммыта... «Мин бу дойдуга олус элбэх куһаҕаны оҥорбутум. Онтон сылтаан накаастанабын», – диэбитэ. Маргарита Назарова Тиигири икки атаҕар туруорар, уоту ортотунан ойутар кыахтаах, талааннаах дрессировщик уонна «Полосатый рейс» киинэ сүрүн дьоруойа Маргарита Назарова үлэтигэр кэргэниниин – Константин Константиновскайдыын – өрүү бииргэ сылдьаллара. Айылҕа саамай кутталлаах кыылын кытта чугастык алтыһыы куһаҕан түмүктэммитэ: Константиновскай, иитэр хахайа саба түһэн, өлбүтэ. Назарова кэргэнин олус суохтаабыта, сатаан үлэлиир кыаҕа суох буолан, циркэттэн барбыта. Соҕотох уоллара кыраныысса таһыгар олохсуйбута. Назарова киниттэн туох да көмөнү ылбакка, дьадаҥытык уонна соҕотоҕун олорон өлбүтэ. «Алтыспыт эр дьонум бары кэргэн тахсарга көрдөһөллөрө. Мин дьиэ кэргэммин быраҕымаары, наар аккаастанар этим», – диэн, Маргарита Назарова суруйан хаалларбыта.
kyym.ru сайтан