Кэпсээ
Войти
Регистрация
Буур тайаҕы – сүүскэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Буур тайаҕы – сүүскэ
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
09.09.2021 15:41
Биир күһүн “Сэмэнэп” кэнниттэн үһүө буолан үүтээммит турар үрэҕэр атынан куобахтыы таҕыстыбыт. “Баҕар, тайахха хаамыахпыт” диэн, икки ыппын уонна бойобуой харабыыммын илдьэ бардым. Айылҕа барахсан налыйан-наскыйан, иһийэн аҕай турар кэмэ. Көрүөххэ үчүгэйиэн! Аны үөн-көйүүр суох, салгына ырааһын, онон толору түөспүнэн тыынабын. Өйүө аспытын, саа сэбин, утуйар таҥаспытын аттарга ындан иһэбит. Ыттарбыт кэннибитигэр-иннибитигэр, ойоҕоспутунан сырсыы бөҕөтө. Улахан ытым Тыҥырах үрэххэ тахсарын билэн, үөрбүтэ сүрдээх. Үүтээммитигэр хонукпутугар эрэ тиийэрбитин билэр буолан, холку соҕустук айаннаан иһэбит. Туохха ыксыахпытый, айылҕаҕа, көҥүлгэ тахсыбыт дьон! Сир ортотугар кэлэн сынньанныбыт. Сиэри-туому тутуһан, уот оттон Байанайы арыылаах алаадьынан күндүлээтибит. Тиэрмэстээх итии чэйи кытта өйүөбүтүн тото-хана аһаатыбыт. Уоппутун умуруоран, бөхпүтүн хомуйан салгыы айаннаатыбыт. Биир чараас соҕус сиһи туораан истэхпитинэ, арай иннибитигэр, суол ортотугар, Тыҥырах сытара көһүннэ. Чугаһаан кэлбиппит, ыппыт биир куобаҕы аҕалан сытыарар эбит. Биһиги күө-дьаа буолан: “Хата, киэһэ куобах миинэ иһэр дьон буоллубут”, – диэн улаханнык астынныбыт. Оччолорго куобах эстэн эрэр кэмэ. Куобахчыттар күнү быһа хааман үстүү-биэстии эрэ куобаҕы өлөрөр буолбут кэмнэрэ этэ. Сиспитин туораан, тумуһу эргийэ көтөрбүтүн кытта, үүтээммит көһүннэ. Кэлбиччэ, аттары баайан, малы-салы, таҥаһы-сабы киллэрдибит. Үүтээҥҥэ дьон сылдьыбыт гынан баран туох да ыһыллыбатах. Иһит сууйуллубут, бөх хомуллубут. Ону көрөн, аар тайҕа суруллубатах сокуонун саха урааҥхайдар билигин да тутуһаллар эбит диэн үөрэ санаатым. Бэлэмнэммит маһынан тимир оһоҕу бырылаччы оттон кэбистибит. Оһохпут таһыгыраччы умайар тыаһын истибэтэх да ырааппыт эбит. Куобахпытын сүлэн, уу баһан таһааран, миин уонна чэй оргуттубут. Ити икки ардыгар хараҥара быһыытыйда. Чүмэчи уматылынна. Уоппутун аһатан баран, остуолга олорон, күөс буһуор диэри, ону-маны лабаҥхаластыбыт. Сотору буолаат, үүтээн сылыйда, ас да буста. Сарсын хайа хайысханан барарбытын быһаарыстыбыт. Куобах соччо-бачча суох эбит. Онон кыылга хаамыахха диэн буолла. Дьэ, бэрт! Сарсыныгар аһаан баран, сып-сап хомунан айаннаатыбыт. Икки кыттыгаһым – кэккэлэһэ сытар үрэҕинэн, мин бэтэрээ үрэҕинэн бардыбыт. Күнүскэ диэри туох да биллибэтэ. Халлаан хараҥаран барда. Арай тэйиччи ыттарым саҥалара оргуйа түстэ. Аппын ол диэки тиҥилэхтээн кэбистим. Миигиттэн син тэйиччи ыттарым биир бууру үрэххэ көтүтэн киллэрдилэр. Ону күөйэ сүүрдүм. Тайах ыттары кытта сүүрэрин быыһыгар охсуһа иһэр. Нөҥүө тыаҕа чугаһаттылар. Кыһыыбыттан, билэр-билбэт “нуучча тылын” харыстаабакка түһэрдим. Аппыттан ойон түһэн, талахха баайаат, кыыл кэнниттэн ытан саайдым. Тайаҕым арай умса хоруйа түстэ. Мин атым үрдүгэр түһэн, ойутан тиийдим. Кыылым сытар. Сылгыһыт буолан, акка сыстаҕаспын. Тыын ылан табахтаатым. Ол кэннэ быһахпын хостоон астыы сырыттахпына, дьонум тиийэн кэллилэр. Үөрүү бөҕөтө буоллулар. Халлаан лаппа хараҥаран барда. Буулдьа кэннинэн киирэн ойоҕоһунан дуу, түөһүнэн дуу диэн сэрэйэбин. Иһин хайытан, ороон таһаардыбыт. Онтубут ып-ыраас, буулдьа суола ханан да суох. Кыылбытын астаан баран хааллардыбыт. Быысаһыттан үрүҥ иһин ылан үүтээммитигэр илдьэ бардыбыт. Сарсыныгар кыылбытын ыла сылдьан чинчийии буолла. Арай, киһи соһуйуох, буулдьа суола сүүһүгэр сылдьар. “Эс, хайдах-хайдаҕый?” – диэн буолла. “Арааһа, ыттары кытта охсуһан кэннин диэки хайыһар кэмигэр сүүскэ түһэрбиккин быһыылаах”, – диэн кыттыгастарым тойоннообуттара. Петр ЕГОРОВ, Чурапчы улууһа. Ааптар хаартыската. Кырдьаҕас булда биһиэхэ тиксибитэ Бу түбэлтэ өрдөөҕүтэ буолбута, инньэ гынан кыра сыыһа-халты баар буолуон сөп. Онон бултаспыт, билэр дьонум уонна күндү ааҕааччылар, баалаабаккытыгар көрдөһөбүн. 1984 сыл этэ. Сэбиэскэй былаас баһылаан-көһүлээн олорор бүтэһик кэмнэрэ. "Бары күүһү – окко”, “Сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар”, о.д.а. күүстээх ыҥырыылар, былакааттар сир аайы ыйанан, дьону-сэргэни сайыҥҥы кылгас күннэри былдьаһа үлэҕэ көҕүлүүллэрэ. Биһиги, Бөтүҥ нэһилиэгин “Победа” сопхуос илии-көлө отчуттара, дэриэбинэттэн 8 көстөөх “Ииннээйи” үрэҕэр атырдьах ыйын саҥатыгар окко тахсыбыппыт. Звенобутугар үксэ эдэр, соторутааҕыта Алтан СПТУ-тун бүтэрэн аны күһүн Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр ытык иэстэрин төлүү барыахтаах уолаттар. Оннук хомуллан, уопсайа 12 киһи буолан үрэхпитигэр таҕыстыбыт. Биһигини кытта уоппускатыгар сылдьар оройуон борокуруора, кэлин бэрэсидьиэн дьаһалтатыгар үлэлээбит Игнатий Софронович Устинов көмөлөһө тахсыспыта. Оччолорго суол-иис мөлтөх. Онон дьон-сэргэ мээнэ тиийбэт сирэ буолан “Ииннэйи” барахсан булда-аһа дэлэй. Сопхуос салалтата “котловой” диэн ааттанар тайах билиэтинэн хааччыйда. Инньэ гынан үөрэ-көтө, эрэх-турах үлэбитин саҕалаатыбыт. Ол курдук оттуу, үлэлии-хамсыы, тиритэ-хорута сырыттахпытына, номнуо атырдьах ыйын 18 күнэ үүннэ. Сарсыарда ойон тураат, чэйдээн, ходуһабытыгар бардыбыт. Бас Күөлэ диэн отуубутуттан 3 биэрэстэлээх сиргэ кэбиһиэхтээхпит. Сырылатан, эмиэ бэртээхэй күн үүммүт. Үөн-көйүүр уостан, киһи ырыанан сылдьар кэмнэрэ. Ходуһабытыгар киирэн үөрүйэхпитинэн оппутун кэбиспитинэн бардыбыт. Тырахтарыыспыт ДТ тыраахтарынан түүрдэлиирэ быыһынан үөрүйэхтик салайар. Үлэ үлүскэнигэр күнүскү аһылык чугаһаабытын билбэккэ да хааллыбыт. Эмискэ биир уолбут: “Хайа, ол Бааска туохха ыксаан иһэрий?” – диэн саҥа аллайбытыгар мустарааччыбыт умса түһэ-түһэ биһиги диэки сүүрэн иһэр эбит. Бары тохтоон хааллыбыт. Уолбут атыттан түһэн: “Манна тайахтаах эһэ иһэллэр”, – диэн аҕылаабыт аҕай. Онуоха түргэн саҥалаах Миисэ Барыыһап: “Эн ыҥыртаатыҥ дуо?” – диэн күллэртээтэ. Өр-өтөр буолбата, аарыма буур тэйиччинэн атаралаан ааста. Кэнниттэн аар тайҕа аарыма кырдьаҕаһа, соруктаах аҕайдык эккирэтэн ааһа турдулар. Биһиги соһуйан, дьиктиргээн көрөн эрэ хааллыбыт. Тохтообучча, күнүскүлээн, кыратык сынньана түһэн баран үлэбитигэр эмиэ туруннубут. Үлэ үөһүгэр көрбүппүт умнуллан да барда. Арай түөртүүр саҕана иккис оппутун туруоран эрдэхпитинэ, түсчүппүт: “Эмиэ иһэллэр!” – диэн хаһыытыы түстэ. Тута сэргэхсийии буолла. Устиновпыт бойобуой харабыыннаах. Саатын ылаат, 70-ча миэтэрэлээх сиринэн ааһан иһэр тайаҕы биэстэ ытан субурутта. Тайахпыт кыратык бүдүрүйэн ылаат, ыстана турда. Кырдьаҕаспыт кэнниттэн “саппай” уопсан иһэр. Оннук эккирэтиспитинэн күөлгэ түстүлэр. Биһиги дьэ өй ылан: “Күөлү төгүрүйүҥ, тайаҕы таһаарымаҥ!” – диэн хамаанда буола түстүбүт. Аны туран, хайабыт да саата суох. Отууга саалары аҕалтара ыыттыбыт. Хаалбыттар ким атырдьахтаах, ким мас туппутунан күөлү эргийэ сүүрдүбүт. Мин биир уостаах доруоп ботуруоннаах тырахтарыыспыт саатын ылаат, эмиэ ыстанным. Ол быыһыгар Игнатий Софроновичпытын мөҕүттэбит. Борокуруор “кырдьаҕаһы олох ытымаҥ” диэн сэрэтии бөҕөтө. Тайахтаах кырдьаҕаспыт күөлгэ устан мөлбөһө сылдьаллар. Мин туһаайыыбар кэлбиттэригэр тайаҕы куттаан, ытан саайдым. Онно эрэ эһэбит соһуйан, эргиллэ биэрээт, төттөрү устан тыатын диэки түһэ турда. Тайахпыт бааһырбыт эбит. Күөл ортотугар чычаас сири булан, турунан кэбистэ. Биһиги күөл тула туран хаһыытыыбыт, далбаатыыбыт. Сотору кэминэн сааларбытын уонна ыттарбытын аҕаллылар. Ыттар киирэн үрбүттэригэр тайахпыт хамсаан кытыыга таласта. Ону биир уолбут биирдэ эрэ ытан кэбистэ. Дьэ, үөрүү-көтүү үлүскэнэ буолла! Тайахпытын тыраахтарга состорон, отуубутугар илдьэн астаабыппыт. Билигин син элбэх тайах оллоонугар олорбутум да, ити бултаабыт тайахпыт курдук эмис тайаҕы, көрө иликпин. Атырдьах ыйыгар тайах саамай уойар, ситэр кэмэ буолан, тайах олус эмис, улахан этэ. Аҕам Василий Самсонович ахтыытыттан суруйдум. Михаил Чупров, Амма улууһа. Ааптар уруһуйа.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан