Кэпсээ
Войти Регистрация

Кииллийии

Главная / Кэпсээн арааһа / Кииллийии

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
07.09.2018 12:10
Сурт кэриэстээх, өтөх төҥүргэстээх Киһи барахсан сааһыран истэҕин аайы баччааҥҥа диэри олорон кэлбит кэмин эргитэ саныыр идэлээх. Арааһа, Дьылҕа хаан булгуччу отчуот көрдүүрүттэн буолуо. Оттон эмньик кулун курдук биэрэс тэбэ сылдьар сахха ол туһунан түһээн да баттаппаккын. Кырдьык, 83 саас диэн киһи мыыммат сааһа. «Сиргэ түспүт сэрэбиэйэ, окко түспүт оҥоһуута» диэн уос номоҕо баар. Ньукулай 1933 сыллаахха сааһыары кулун тутар ый тибиилээх-тиһиктээх күнүгэр муостата суох туруорбах балаҕаҥҥа, күөх от үрдүгэр үҥкүрүс гына түспүт уонна Орто дойдуга кэлбит киһи сиэринэн ытаан татыаккаламмыт үһү. Ити – дьоно аах улааппытын кэннэ кэпсээннэриттэн. Үрдүк кырдаллардаах бэс чагдаҕа Уолбут диэн сиргэ, аҕа ууһа былыргы үйэттэн тэнийбит-ууһаабыт түөлбэтигэр, оҕо сааһа ааспыта. Бу Бүлүү куоратыттан өрүс уҥуор уонтан тахса көс, нэһилиэк киинэ Балаҕаччыттан икки көстөөх сиргэ Баһылай оҕонньор, эбэтэ Өкүндүттэн төрүттээх Кэтириинэ эмээхсин сэттэ оҕону, ол иһигэр үс уолу, түөрт кыыһы иитэн-харайан, барыларын олохтоон уонна чугас урууларыныын уонча балаҕаннаах алааска төбүрүөннээн олорбуттара. Аллараа Уолбут киһи эрэ кэрэхсиэн курдук, ураты оттоох-мастаах дойду. Омуннаабыт курдук, үрдээн тахсар кумах кырдаллар сыыйа кэтирээн, томтойон күөлү иилии бараллар. Ити – Оруктаах, Мохсоҕоллоох, Кырдьаҕас Кырдала диэннэр. Түҥ былыргыттан үүммүт лиҥкир тииттэр аарыгыран аҕай халлааҥҥа харбаспыттара, иҥиэттэ-аҥаарыйа тураллара дьэ сүрдээх этэ. Чэмэличчи тыкпыт күһүҥҥү күн уотун сардаҥалара түһэн, күөх бэстэр барахсаттар көмүс дуйдаммыкка дылы, күлүмүрдээн көстөллөрө. Маннык айылҕалаах ытык сир туох эрэ кистэлэҥнээх, иэгэйэр икки атахтаах мээнэ таайбат таабырыннаах буолара чахчы. Ону Ньукулай таайа сатыыр да, баччааҥҥа диэри онто кыайтара илик. Кырдьаҕас Кырдалыгар хос эһэлэрэ, суон сурахтаах аатырбыт ойуун көмүс уҥуоҕа араҥастаммыт. Урут-уруккуттан хойуу ойуурдаах сир буолан, дьулаан да соҕус быһыылааҕа. Ньукулай мутугунан тамнааттанар улдьаа мэник сааһыгар бу эргин кэлэрин (оҕолору барыларын даҕаны) дьоно боболлор этэ. Ол барыта уол билиэх-көрүөх баҕатын өссө күүркэтэн, сүрдээн-кэптээн биэрэргэ дылыта. Борбуйун көтөҕөн, киһи-хара буолан да баран, туох эмэ ыар баттык санаа саба халыйан кэллэҕинэ, туох эмэ суостаах-суодаллаах түгэнэ үөскээн таҕыстаҕына, хос эһэтин көмүс уҥуоҕа хараллыбыт сиригэр кэлэн ким да истибэтигэр үҥэрэ-сүктэрэ, сүбэ көрдүүрэ. Оччоҕо өйө-санаата чэпчээбит, били, ытарчалыы ылбыт ыар санаата ыһыллан, этин-сиинин чэгиэн-чэбдик сүүрээн сайа охсубутун курдук буолан хаалара. Өтөхтөрүн таһыгар сир анныттан сыккыстыыр, хаһан да уолбат дьэп-дьэҥкир уулаах үрүччэлээхтэрэ. Ньукулай алта сааһыттан бу сыккыска аттарын уулатара, алааһыгар киирэн улахан дьон от кэбиһэллэригэр оҕус сиэтэрэ. Аҕата суох улааппыт уолчаан итини барытын ытык эбээһинэһин курдук ылынара. Оччотооҕу оҕолор бары даҕаны ити курдук түбүктээх-садьыктаах этилэр. Ол быыһыгар оҕо оҕо курдук оонньоон-көрүлээн, сырсыакалаһан, ардыгар ботуойдаһан ыллахтарына, табаарыстара кыайтарбыт абаккаларыгар, уолу «Лобоой-Лобоой!» диэн хос ааттыыллара. Ол тоҕо инньэ диир эбиттэрин лаппа бороохтуйан баран биирдэ билбитэ: аҕата Ньукулай Лобоой Уола диэн хос
ааттаах эбит. Сэттэ сааһыгар убайдара, чугас эргин булчут-балыксыт идэлэринэн биллибит эр бэртэрэ, Ньукулайы чокуур саанан ытарга, көлүччэ кытыытыгар тиргэ иитэргэ үөрэппиттэрэ. Кус оҕотун ураҕаһынан бултууру баҕас сайылык оҕото барыта да сатыыра. Аҕыс-тоҕус сааһыгар тыынан устарга, от охсорго, мунньарга үөрэммитэ. Ити курдук сайылык оҕотун сиэринэн улахан кыһалҕаны билбэккэ бороохтуйуо эбитэ буолуо – сэрии ааҥнаабатаҕа буоллар. Кырдьык, бу иннинэ сэниэ соҕустук олорбуттара – аҕыс ынах сүөһүлээх, икки аттаах, уонча табалаах этилэр. Ону баара, байыаннай нолуок диэн, туура тутан ылбыттара. Хата, убайдара аах сэриигэ барыахтарын аҕай иннинэ туох баар тэриллэрин, сааларын-саадахтарын Үөһээ Бүлүүгэ тиийэн, бурдукка мэнэйдэһэн, төһөөҥҥө-эмээҥҥэ диэри кыһалҕата суох олорбуттара. Номнуо туһа киһитэ буолбут Ньукулай ыаллара Маарыйа эмээхсиҥҥэ тахсан, ынах ыырыгар тымтык тутан абырыыра, ол көмөтүн иһин сороҕор күөрчэх сиэтэрэ, сороҕор үүттээх чэй иһэрдэрэ. Ол барыта быстыаҥка кэмҥэ аччык дьон үрүҥ тыыннарын өллөйдүүрэ. Сэрии буолбут сылыгар Мастаах 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Хата, холкуостара куортамнаһан, сүүрбэччэ оҕо буолан сууласпытынан олорбуттара. Кыра-улахан диэбэккэ, уочаратынан мас-муус булунан, төһө сатыылларынан ас астанан түбүгүрэллэрэ. Аны субуотаҕа икки көстөөх сиргэ – дьонноругар аныгыскы нэдиэлэҕэ сиир өйүөлэрин булуна сатыы ньороохтоһоллоро. Улахан кыргыттар хаамыыларын кыралар сүүрүү-хаамыы былаастаан ситэллэрэ, хаалымаары ол кыһалҕата буолара. Өйүө лэппиэскэлэрин биир нэдиэлэ устата кытаанах нуорманан, кэмнээн-кымаахтаһан үссэнэллэрэ. Аччык-сут кэм өр күүттэрбэтэҕэ – хоргуйуу саҕаламмыта. Ньукулай үс убайа – сэриигэ, ийэтэ ыарыһах, аҕата суох, ол үрдүнэн, төһө да көрдөһөн муҥнана сатаабытын иһин, интэринээккэ төрүт ылбаттар. Хата, «Свердлов» холкуос дьоно аһыныгас санаалаах, хоһуун-хоодуот буолан, оҕонньордуун-дьахтардыын балыктаан-бултаан, барыны-бары хаһаанан, онтуларын уоһунан үллэстэн, көмөлөсүһэн, биир да киһи хоргуйан өлбөтөҕө. Оттон Балаҕаччыга, Молотовка, Ждановка 50-тан тахса киһи дьэҥкэрэн суорума суолламмыта. 1943 сыллаахха холкуос киинигэр – Айдаҥҥа алын кылаастаах оскуола аспыттара. Онон сайылыктарын таһыгар – Быркылаах күөлгэ баар салҕааһыннаах балаҕаҥҥа биэс ыал буолан кыстаабыттара. Ньукулай бу дьиэттэн күөл уҥуор икки биэрэстэлээх сиргэ сатыы сылдьан үөрэнэр. Учуутал тиийбэтиттэн саҥардыытааҕыта 7 кылаастаах оскуоланы бүтэрбит уол үөрэтэрэ. Устар кыһыны быһа ол учууталлара баара-суоҕа үс кинигэни ааҕан иһитиннэрэр үлэлээҕэ, атын биридимиэти үөрэтэр диэн мэлигир этэ. Бука, сатыыра ол эрэ буолаахтыа. Ол түмүгэр кылаас оҕото барыта иккис сылын хаалбыта. Оччотооҕу оҕолор таҥас-сап өттүнэн сүрдээх мөлтөх этилэр: ыкса күһүҥҥээҥҥэ, уу тоҥуор диэри атах сыгынньах сылдьаллара. Үлэттэн-хараттан быыс эрэ буллаллар, хара тыаларыгар тахсан туһахтаан, күөллэригэр киирэн мундулаан-күөнэхтээн истэрин көппөтөллөрө. Ол саҕана оҕо үксэ даҕаны үөрэниэн баҕарбат курдуга. Үлэни кыайар буоллуҥ да, холкуоска үлэлээн айаххын иитин диэн бэлиитикэ баара. Кырдьыга, күнү быһа учууталтан дьарылла олоруохтааҕар айылҕа барахсаҥҥа сылдьан, балыгы-булду эккирэтэн иһи тоторортон ордук, ама, туох үчүгэй баар буолуой?! Айан аргыстаах, суол доҕордоох Сэрии бүтэн, икки улахан убайа кыргыһыы толоонуттан
этэҥҥэ эргиллэн, олох-дьаһах сыыйа көнөр аатыгар барбыта. Арай кыра убайа Ньукулай Пиэрибэй 1944 сыллаахха Украинаҕа өлбүтүн ийэлэриттэн кистээбиттэрэ. Мааппа эрэйдээх инньэ гынан уола өлбүтүн билбэккэ, «бу кэлиэ, ити кэлиэ» диэн күүтэ сылдьан күн сириттэн бараахтаабыта. Уол Мастаах оскуолатыгар 6-7-с кылааска үөрэнэ сылдьан физкультура уруогун олус сөбүлээбитэ. Оччотооҕу учууталлар бары даҕаны хайыһары, сүүрүүнү, араас бохуоту мэлдьи өрө туталлара. Оттон айылҕаттан бэриһиннэрбит Ньукулайга эгэ эрэ буоллаҕа. Хата, манна уол тэрийэр-салайар талаана арыллар. Табаарыһа Оппуонньалыын андаатардыыллар, онтуларын туттаран бурдук атыылаһаллар, эбиитин алаадьы астатан, мааны бириис оҥорон күрэхтэһиигэ бастаабыт оҕолорго туттараллар. Тустуу, сүүрүү арааһа, гиирэ көтөҕүүтэ – ол саҕанааҕы маассабай успуорт. Сэттис кылааһы хоп курдук бүтэрбит уолу Бүлүү училищетыгар туттарсан киир диэн сүбэлииллэр. Үөрэҕэр да сирдэрбэт, оттон успуорка – киэн туттар устудьуоннара. Буокса, хапсаҕай, гиирэни анньыы, сүүрүү, атах оонньуута, хайыһар... Буоксаҕа тириэньэрдэрэ Сэбиэскэй Сойуус чөмпүйэнээтигэр тиийэ киирсибит, Москубаҕа үрдүк үөрэҕи бүтэрбит Я.М. Аржанов эрчийэрэ. Талааннаах учуутал итинэн эрэ муҥурдамматаҕа: турникка, акробатикаҕа, саанан ытыыга, о.д.а. көрүҥнэргэ дьарыктаабыта. Бүлүү училищетыгар эт-хаан эрэ өттүнэн буолбакка, өй-санаа өттүнэн кытта күүскэ сайдыбыта. Хомсомуол тэрийэр үлэтэ – барыта кини үрдүнэн этэ. Успуорт бары көрүҥэр тыыппалааҕын да иһин, оройуон хамаандатыгар Ньукулайы булгуччу сүүрүүгэ анньан иһэллэрэ. Дьиҥэр, кини тустууга күүһүн холонуон баҕарара. Араас күрэхтэһиигэ өрөспүүбүлүкэ чулуу бөҕөстөрүн кытта билсибитэ. Василий Семёнов, Сергей Ли-Фу, Михаил Малардыров, Василий Ильин, Аян Попов, Владимир Ефремов тустууларыттан элбэххэ үөрэммитэ. Туох барыта күүппэтэх өттүгүттэн соһуччу кэлэр. Ньукулай училищены бүтэрээри аҕай сырыттаҕына, аармыйаҕа илдьэр буолан хаалаллар. Хайыа баарай, бэл, убайдара, нууччалыы отой да билбэт дьон, кыргыс хонуутуттан элбэх наҕараадалаах эргиллибиттэрэ, дьөрү бааһырбатахтара даҕаны. Ол эрээри 1953 сыллаахха амньыыстыйаҕа түбэспит элбэх хаайыылааҕы (бары даҕаны соҕуруу дойду урдустара этилэр) кытта борохуотунан бииргэ айаннаабыттара куһаҕан содуллана сыспыта. Онно, чахчы, ойуун хос эһэтэ көмөлөспүтэ быһыылааҕа. Хаайыыттан тахсыбыт көкөттөр тугу барытын былдьаан-талаан, охсон-тэбэн борохуоту биир гына айбардаабыттара. Аармыйаҕа барар уолаттары салайар 5-6 эписиэр баара куттанан, кутуйах иинин кэҥэтэр аатыгар сылдьаллара. Оттон тыа сэмэй уолаттара, маҥнай утаа бодоруһа илик буолан, түмсүүлэрэ суоҕа. Ону туһанан, урдустар кынчаалларын кылбаҥнатан, хабахха тыыннараары гыммыттара. Ньукулайдаах, балачча тэтиэнэх уолаттар, биир күн сүбэлэһэн баран, өрө туран кэбиспиттэрэ. Саайка өҥнөөх баһылыктара, куолуларынан, киэбирэн-хаабыран кэлбиттэрин көрүөх бэтэрээ өттүгэр дөйүтэлээн түһэртээбиттэрэ. Ол урдустар быһахтарын да ылар кыахтара суох тас уорҕаларынан барбыттара. Кыайтаран эрэллэрин билбит сорох хаайыылаах «аармыйаҕа баран иһэр призывникпын» диэн кубулдьуйбута тута биллибитэ – саха уолаттара баттахтара килэччи кырыллыылааҕа, оттон урдустар баттахтаах этилэр... Олустаабыт көкөттөрү өрүскэ элитэлээбиттэрэ, өргөстөрө мүлүрүйбүт өҥнөөхтөрү туспа хаайталаабыттара. Дьолго, уолаттартан ким да улаханнык эмсэҕэлээбэтэҕэ. Кэмниэ кэнэҕэс баччааҥҥа диэри күөх оту тосту үктээбэккэ дьылыйан сылдьыбыт эписиэрдэр баалларын дьэ биллэрбиттэрэ. Ити
кэнниттэн төһөлөөх уһаарыллыыны ааспыта буолуой Ньукулай Волков?! Аны бэйэтэ ытык кырдьаҕас аатыран, олоҕун суолун тэлэн кэлбитин анаарар кэмэ үүннэҕэ. Чэ, ол – биир туспа устуоруйа. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан