Кэпсээ
Войти Регистрация

Кыайыы буолуо тоҕус эрэ хонук хаалбыта...

Главная / Кэпсээн арааһа / Кыайыы буолуо тоҕус эрэ хонук хаалбыта...

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
30.08.2018 17:00
Мин кэпсиир киһим Адамов Анисий Александрович – кэргэним аҕатын бииргэ төрөөбүт быраата. Анисий аармыйаҕа барбытын кэннэ, биир сыл буолан баран кэргэним төрөөбүт. Онон эбэбит, дьоммут эрэ кэпсээннэринэн билэбит. Анисий 1917 с. Амма оройуонун Алтан нэһилиэгэр төрөөбүт. “Сырдык-ыраас дьүһүннээх, саар тэгил уҥуохтаах, киппэ көрүҥнээх, чачархай баттахтаах, сүрдээх күлүүлээх-оонньуулаах сайаҕас майгылаах буолан, элбэх табаарыстардаах этэ” диэн кэпсиирэ эбэбит эмээхсин. Дьонун – аҕатын уонна маачаха ийэтин – ытыктыыра, таптыыра. Дэлэҕэ да маачаха ийэтэ хара өлүөр диэри “Анньыыһым да Анньыыһым!” диэн ытыа дуо? 1942 сыл сайын, окко киирии иннинэ, сааскы паар саҕана, Хара Мас диэн сиргэ Анисий сир хоруттара сырыттаҕына, Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыы бэбиэскэни наарыһынай уол аҕалан туттарбыта. Анисий соһуйбатаҕа, Ийэ дойдутун чиэһин көмүскүү барыахтааҕын билэрэ. Кини ыраахтан таптыы көрөр Мотя диэн кыыстааҕа. Бэбиэскэни тутаат, дэриэбинэҕэ ыстаммыта. Ол түүн дьонун кытта олоро түспүтэ уонна, эр санаатын ылынан, Мотяны ыҥыран хаһан да умнуллубат түүнү атаарбыттара. Тапталлаах Мотятыгар хамсалаах саппыйатын, бэйэтин оннугар көрө сылдьарыгар, үйэ-саас тухары ытыһыгар уурбута. Бараары туран ийэтиттэн: “Мотяны бэйэҕиттэн тэйитимэ”, – диэн көрдөспүтэ. Нөҥүө күнүгэр Алтан нэһилиэгин 7 холкуоһуттан 60 киһини сэриигэ атаарбыттара. Саппыйа сайылыкка диэри атааран, Мотя хамсалаах саппыйатын ытыһыгар бобо тутан, сүрэҕэр сыһыаран, эбэбит Дьэбдьиэй эмээхсинниин ытаһа, далбаатыы хаалбыттар. Анисий дьонугар, кыыһыгар быыстала суох сурук ыытара уонна хоруй сурук тутан үөрүү өрөгөйүн кууһара. Кини Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ 1944-1945 сс. Прибалтика уонна Белоруссия көҥүл олоҕун туһугар хорсуннук кыргыспыта, “Хорсун буойун” аатын сүкпүтэ. Анисий Адамов бойобуой суолун туһунан “Өстөөҕү үлтүрүтүүгэ” диэн фроннааҕы хаһыакка кини бааһыран госпитальга сытан суруйбут суругун капитан А.Тимофеев 1944 сыл балаҕан ыйын 12 күнүн нүөмэригэр бэчээттэппит: “Рядовой Анисий Адамов ыраах Саха сириттэн Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Кини гитлеровскай адьырҕалар оҥорбут ыар содулларын үчүгэйдик өйдүүрэ. Сэбиэскэй Прибалтиканы босхолуур иһин кыргыһыыга геройдуу охсуспута. Бинтиэпкэтинэн гитлеровецтар отделениеларын кыргыбыта, биири билиэн ылбыта. Ити кыргыһыыга кини ыараханнык бааһырбыта. Тапталлаах сахаларын, Асима Адамовы, байыастар госпитальга хараастан туран атаарбыттара. “Доҕотторуом, мин эргиллиэм, – диэбитэ Асима. – Эмтэниэм уонна ротабар төннүөм”. Асима – эмиэ биһиги ортобутугар. Дьиссипилиинэлээх уонна тулуурдаах Асима курдук саллааттар биһиэхэ холобур буолаллар. Ол курдук, кини бинтиэпкэтэ сиэркилэ курдук күлүмүрдүүр. Оборуоналанар, маскировкаланар тутууну ыытыыга ким хайа иннинэ бүтэр. Маннык саллааттарынан биһиги подразделениебыт киэн туттар. Капитан А.Тимофеев”. Анисийы бойобуой доҕотторо таптаан “Асима” диэн ааттыыллар эбит. Ол аата, чахчы да бэйэтин үчүгэй майгытынан, суобаһынан дириҥ итэҕэлгэ, убаастабылга киирдэҕэ. Үтүөрэн баран эмиэ фроҥҥа тиийбит уонна кыргыһыыга киирбит. Фроннааҕы хаһыат 1944 сыл алтынньы 16 күнүнээҕи нүөмэригэр Анисий мэтириэтэ уруһуйдаммыт уонна бу курдук суруллубут: “Рядовой А.Адамов Сэбиэскэй Прибалтиканы босхолооһуҥҥа албан аатырда. Кыргыһыы биир түгэнигэр өстөөх траншеятыгар бастакынан киирдэ
уонна үс гитлеровеһы тус бэйэтэ өлөрдө. Түөртэ ыараханнык бааһыран баран, бэһис төгүлүн кыргыһыы толоонугар сылдьан (киирэн) 1945 сыл муус устар 30 күнүгэр, Ийэ дойдутун иннигэр ытык иэһин толоро сылдьан, кыргыһыы хонуутугар геройдуу оҕунна”. Кыһыйыахпыт, абарыахпыт иһин, Кыайыы буолуо тоҕус эрэ хонук хаалбытын кэннэ.... “Кыһыл сулус” уордьанынан уонна “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Анисий ийэтэ, эбэбит Дьэбдьиэй, тапталлаах оҕото суох буолбутун туһунан биллэрии суругун тутан, дөйөн хаалбыта. Кини уола тыыннаах эргиллэригэр бигэ эрэллээх сылдьыбыта эбээт! Олох тохтуурга дылы гыммыта. Саҥата суох түүнү быһа дьиэ үрдүн көрөн утуйбакка сыппыта. Сарсыныгар кийиитэ буолуохтаах кыыһыныын муспут биир дьааһык суруктарын ампаартан таһааран, ытыы-ытыы уоттаан кэбиспиттэрэ. Аал уот кинилэри кытта тэҥҥэ аһыйан, кыһыйан-абаран уотунан уһуурбута, өргө диэри хара буруо букатыннаахтыы быраһаайдаһан тыала суох күн унаара турбута... Сыллар ааһан испиттэрэ да, аһыы ааспатаҕа, өссө дириҥииргэ дылыта. Дьэбдьиэй дьыссаакка таҥас сууйара, Мотя маҕаһыыҥҥа атыыһыттыыра. Күн аайы иккиэн бииргэ биһиэхэ эбиэттииллэрэ, бырааһынньыгы бииргэ ылаллара. Иккиэн куустуһан олорон ытаһаллара. Ол курдук мэлдьи... Кэм кэрдии аастар да, аһыылара өссө күүһүрэргэ дылыта. Иккиэн сааһыран, арахсыспат дьүөгэлии буолбуттара, биирдэрэ суоҕуна иккиһэ суохтуура... Ол сылдьан, Мотя эмискэ суох буолбута... Эбэбит аһыытыгар саҥатыттан маппыта, сытар эрэ идэлэммитэ, кэлин хараҕынан көрбөт буолбута. Уоллаах кыыһын (кийиитин) аһыйара өссө күүһүрбүтэ. Кэлин Белоруссияттан “Кыһыл сонордьуттар” ыыппыт суруктарын бэйэтин дьааһыгар хатыы сылдьара. Сөп буола-буола, хат-хат аахтаран истэрэ. “Убаастабыллаах Евдокия Дмитриевна! Белорусскай ССР Минскэй уобалаһын Краснай диэн дэриэбинэтин босхолооһуҥҥа Эн уолуҥ Анисим Александрович Адамов геройдар өлүүлэринэн өлбүтэ. 1966 сыл балаҕан ыйын маҥнайгы күннэригэр Краснай дэриэбинэтигэр Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын үйэтитэр пааматынньык туруоруллуоҕа. (Народный комиссариат Обороны Союза СССР Объединенный райвоенкомат Якутской АССР 12 сентября 1945 г.)”. Убайбыт көмүс уҥуоҕа БССР Молодеченскай уобалаһын Сит Уша диэн сиригэр көмүллэн сытар. Ону: “Ваш сын красноармеец Адамов Анисим Александрович, уроженец Амгинского района ЯАССР в бою за социалистическую Родину, верный воинской присяге, проявив геройство и мужество, погиб 30 апреля 1945 г. Похоронен в Сит Уша Молодеченской области. Райвоенком капитан Колодезников”, — диэн сурук туоһулуур. Улуу сэрии кыттыылаахтарын, тыыл бэтэрээннэрин мэлдьитин ытыктааҥ, кинилэргэ сүгүрүйүҥ! Төрөөбүт Ийэ дойдулара тутулуга суох буолуутун туруулаһан көмүскэспит Саха сирин хорсун кыргыттарын уонна уолаттарын геройдуу олохторо үүнэн иһэр эдэр көлүөнэлэргэ үтүө холобур буолуохтара! Прасковья Адамова-КҮН ЧҮҮЙЭ, СР Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
kyym.ru сайтан