Кэпсээ
Войти Регистрация

Бастакы хомуур саллаата – Күүстээх Хабыкка

Главная / Кэпсээн арааһа / Бастакы хомуур саллаата – Күүстээх Хабыкка

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
30.08.2018 16:59
Ньурба Дьиикимдэтигэр Тэппэҥэ Сөдүөт диэн киһи түөрт уоллааҕа: Федор, Дмитрий, Гаврил уонна Егор. Уолаттар төрдүөн эт тутан, ситэн-хотон, талбыт курдук бөдөҥ уҥуохтаах, лиһигирэс бухатыыр дьон буолбуттара. Ордук аатырбыттара – орто уол Гаврил Васильевич Федотов-Күүстээх Хабыкка. Кини быһа көрүүгэ сүрдээх мөдөөн, көнтөрүк – хампы тутар хатан иҥиир, быһа тутар быччыҥ күүстээх курдуга. Кини ыһыахтарга аҥаардас мадьыктаһан эрэ тустар идэлээҕин көрдөрдөр даҕаны, иннин-кэннин кэтэнэр, таптаан туттар аҕыйах албастаах, сөбүн көрөн көмүскэнэр ньымалардаах буолан, төрөөбүт ийэ буоругар биирдэ даҕаны төкүнүйэн көрбөтөх. Уҥуоҕунан 1 м 93 см үрдүктээх, ыйааһына 120 киилэ буолара буолуо. Аан маҥнай сүүрбэтин ааһан баран Бэстээх нэһилиэгинээҕи Сахаар Ууһа диэн сиргэ буолбут ыһыахха саҥа күүһүмсүйэн эрэр Николай Ефремовы охторбута. Онтон бэттэх Күүстээх Хабыкка диэн аатынан оройуонугар киирэн тустар идэлэммитэ. Онно Малдьаҕар нэһилиэгин бөҕөһө Николай Мироновы, Акана ааттааҕа Игнатий Васильевы, Сунтаар күүстээҕэ Егор Павловы, Хорула тустууга, бэйэтин курдук улахан уҥуохтаах Халҕар уолун-Дмитрий Степановы кыайталаабыта. Арай, истэр былаһыгар, хол дойдутуттан холооннооҕун, I Дьаархан бэрдин Тиит Кууһуманы кытта көрсөн тэҥнэспиттэр. Күүстээх Хабыкка, эдэр сааһыгар өссө да тустумалыах киһи, Аҕа дойду сэриитэ саҕаланан, 1941 сыллааҕы бастакы хомуурга сэриигэ барбыта. Кыргыһыы толоонугар иккитэ бааһыран, Сахатын сиригэр 1942 сыллаахха “Хорсунун иһин” мэтээллээх эргиллибитэ. I Хаҥалас Ынахсыт сэлиэнньэтигэр олорбута, үс оҕолоох ыал аҕата этэ. Кадровай булчут. Кини бу орто дойдуга уһуннук, 80 сааһыгар диэри олорон баран, 1990 сыллаахха анараа дойдуга аттаммыта. Күүстээх Хабыкка биир номоххо киирбит сырыыта – сэриигэ бастакы хомуурга баран иһэн, Заярскайга нууччалары кытта хабырыйсыылара буолар. Нууччалар сахалары сэнээн, атаҕастаан, аһылыктарын былдьаан сииллэр эбит. Бүлүү эҥээрин үөрэхтээх уолаттарын салайыытынан, ордук бас-көс киһилэрэ Алексей Петрович Васильев-Күүстээх Мордьонноохоп этиитинэн, бу дьону үөрэтэ түһэн биэрэргэ, тосторун биэрэргэ диэн сүбэлэспиттэр. Бастакы эрээккэ бары ааттаах дьоннор турбуттар. Буучугурас Бөҕө, Мордьонноохоп илэ бэйэтинэн, Күүстээх Хабыкка, Кыайыы Баһылай, Николай Седалищев, Дьолтокуойап, Серафим Дяшлев уо.д.а. Сахалар биэс күн киирсэннэр кыайыылаах тахсыбыттар, киһини киһинэн баалкылаан сөхтөрбүттэр, таптылар даҕаны суулларан иһэллэр эбит. Тосторун ылбыт нууччалар дьэ өйдөммүттэр, ил-эйэ олохтоммут. Сэриигэ тиийэннэр, бары бииргэ атаакаҕа киирбиттэр уонна бары кэриэтэ өлөөхтөөбүттэр. Бастакы хомуурга барбыт норуоппут бастыҥ ыччаттара Москуба, Вязьма, Ржев анныгар кырыктаах сэрии толоонугар охтоннор, күн бүгүнүгэр диэри, 70 сыл тухары үгүстэрэ хараллыбакка, ааттара ааттаммакка сыталлар. Албан аат буолуохтун – бастакы хомуур саллааттарыгар! В.Петров-БОРДОҥ БОЛУОДЬАТА, Сунтаар улууһа, II Бордоҥ нэһилиэгэ.
kyym.ru сайтан