Кэпсээ
Войти
Регистрация
Омсо
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Омсо
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
28.02.2023 12:21
80-с сыллар... Биир улахан сопхуоска атыыр айдаан таҕыста. Түүн сүөһү пиэрмэтиттэн кимнээх эрэ икки тиҥэһэни уорбуттар. Бэҕэһээ аҕай хааллан турбут сүөһүлэр ууга тааһы бырахпыттыы мэлийбиттэр. Маннык түбэлтэ былырыын күһүн эмиэ буолбута. Онно үс сүөһү суох буолбута. “Силиэстийэ бара турар” диэн буолбута да, буруйдаахтары була иликтэр. «Төрүт» отделениетын управляющайа Бүөт Бөтүрүөбүс кэбиниэтигэр суһал мунньах тэрийэн, үлэһиттэриттэн ону-маны ыйыталаста. — Хайдах ким да тугу да көрбөтөҕөй, саатар массыына тыаһын истибэтэххит дуо? Милииссийэлэр этэллэринэн, сүөһүлэри аҕыйах хаамыыны сиэтэн илдьэн, массыынаҕа тиэйбиттэр үһү. Онон туох эрэ тыас-уус иһиллиэхтээх этэ буоллаҕа... Саатар милииссийэлэрбит былыр үйэҕэ арыллыахтаах дьыаланы уһата-кэҥэтэ сылдьаллар, – диэн улаханнык кыыһырбытын биллэрдэ. Бүөт Бөтүрүөбүс үйэтин тухары салайар үлэҕэ сылдьыбыт буолан бэрт дьоһуннаах, түс-бас көстүүлээх киһи. Кини ылсыбыт дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэн баран тэйэрин, эппит тылыгар турарын иһин улаханнык ытыктанар киһи, кини салайар «Төрүт» отделениета оройуоҥҥа биир бастыҥ үлэлээҕинэн аатырар. Тыа хаһаайыстыбатын араас салаатыгар отделение үрдүк ситиһиитэ – кини үтүөтэ. — Мин баҕар чугас дьиэлээх киһи истиэм эбитэ буолуо даҕаны, бөлүүн кустуу сылдьыбытым. Сарсыарда күн тахсыыта кэлбитим ыанньыксыттар номнуо сүтүктээбит этилэр... — Кириисэ, наадалаах кэмҥэ мэлдьи суох буолаҕын. Ааспыт сырыыга уоралларыгар эмиэ оройуон киинигэр баран хаалбыт этиҥ. — Ээ, онно төннөр суолум суох этэ, билэҕин дии... — Эйиэнэ буолан баран кэм буолан иһиэ. Тылыҥ эрэ бэрт. Дьыалатыгар кубус-кураанаххын. Ити эн быһаччы эппиэттиир эбээһинэһиҥ. Кириисэ сирэйгэ бэрдэрбиттии кытаран хаалан баран тугу эрэ хардарыах курдук буолан истэҕинэ, тойоно кини иннинэ: — Чэ, түксү, мунньахпыт эн биһиги сыһыаммытын быһаарсыыга кубулуйаары гынна. Табаарыстар, үлэһиттэртэн үчүгэйдик ыйыталаһыҥ, баҕар ким эрэ тугу эмэ истибитэ буолаарай? Пиэрмэ үлэһиттэрэ сөпсөһөөт, таһырдьа тахсар ааны былдьастылар. *** Бостуук Кириисэ, хатыҥыр эрээри уһун курбуу уҥуохтаах сүүрбэтин ааспыт уол, бу сопхуоска үлэлээбитэ биэс сыл буолла. Оскуоланы бүтэрээт ньирэй көрөөччүнэн киирбитэ, билигин бостуугунан үлэлиир. Бэйэтэ олус сүрэхтээх, толоругас, сэмэй буолан, дьон эппитин, соруйсубутун уталыппат үгэстээх. Барыга-бары сыстаҕас уолу бэлиэтии көрөн, отделение тойоно Бүөт Бөтүрүөбүс сотору үөрэххэ ыытыах буолбута. Үс оҕолоох аҥаардас ийэ улахан уола буолан, Кириисэ дьиэтигэр булааччы-талааччы оруолун эмиэ толорор. Кыһыннары-сайыннары тохтоло суох хотон, от, муус, мас, оҕуруот үлэтигэр барытыгар сылдьар. Ол быыһыгар, эр киһи сиэринэн, уол бултуурун-алтыырын, балыктыырын сөбүлүүр. Кириисэ таһырдьа тахсан дьиэтин диэки аа-дьуо хааман иһэн, «Бүөт Бөтүрүөбүс тоҕо элбэх киһи ортотугар ала-чуо миигин сирэй-харах аста. Бостууктар хаспыт даҕаны дии?» диэн муннун анныгар ботугураата. Оскуоланы бүтэрдэҕин сыл, сайыҥҥы куйаас күн Кириисэ сүөһүлэрин маныы сылдьан, ыалдьыбыт ийэтин суһаллык оройуон киинигэр киллэрбитэ. Ол кэмҥэ, өлүү болдьохтоох, үөрүттэн быстыбыт икки сүөһү күөл кытыытыгар киирэн кутаҕа түһэн өлбүттэрэ. Кириисэни солбуйан хаалбыт, оскуолаҕа үөрэнэр мэник уолаттар, көҥүлгэ көччүйэллэрин, мэниктииллэрин омунугар төрүт да умнан кэбиһэн, сүөһүлэр былдьаналларын көрбөтөхтөр. Онон сүтүк киэһээҥҥи ыам эрэ кэмигэр биллибитэ, ону көрдүү сарсыныгар эрэ хоҥнубуттара. Сүөһүлэр өлүктэрэ көстүбүттэрин кэннэ, аахтаан баран, тыраахтарынан саһыл пиэрмэтигэр тиэйэн түҥкүнэппиттэрэ. Ол дьыала, биллэн турар, сыыр намыһахтыы Кириисэ уолу хаарыйбыта. Дьиҥинэн, кини ол кэмҥэ көҥүллэтэн барбыта төһө да эрдэттэн биллэрин үрдүнэн, үлтү дибдийэн, ыстарааптаан, сууттатыах буолан саанан сир-буор сирэйдээбиттэрэ. Онуоха уол ийэтэ ыалдьа-ыалдьа, Бүөт Бөтүрүөбүс үрдүк модьоҕотун атыллаан, ытыы-ытыы көрдөспүтэ, ааттаспыта. Бүөт Бөтүрүөбүс дьэбин уоһуйан олорон «чэ, бэйи, түксү, уолгун наһаа сууттаабаттар ини, эдэрэ да бэрт. Үлэлээн-хамсаан, киһи-хара буолан, эһигини иитиэ-харайыа этэ» диэн “уоскуппута”. Кырдьык, Кириисэни төһө да буруйдааталлар-сэмэлээтэллэр даҕаны, туох да быһаччы хаайар-ыгар дьаһал ылыллыбатаҕа. Бэл, ыстарааптаабатахтара даҕаны. Дьэ, онтон ылата, Кириисэ ийэтэ эрэйдээх Бүөт Бөтүрүөбүс тугунан да кэмнэммэт үтүөлээх диэн махтал санаалаах. Кириисэ ону-маны толкуйдуу истэҕинэ, кэнниттэн бэрт сэмэй куолас аатын ааттаан ыҥырда. Уол эргиллэн көрбүтэ, оскуоланы саҥардыы бүтэрбит ыанньыксыт Таанньыска кыыс эбит: — Үтүө күнүнэн, Кириисэ! Туохтан бу айылаах хомойдуҥ? — Дорообо, Таанньыска. Ээ бэйэм, бүгүн хайдах эрэ настарыанньам суох... Халлаан баттыыр быһыылаах. — Оо дьэ, Кириисэ наһаа да күлүүлээххин һи-һи-һиих... Ол хайдах, кырдьаҕас киһи курдук настарыанньаҥ халлаантан баттатарый? Миигин кыра оҕо диигин даҕаны, мин барытын билэбин ээ... — Тугу билэҕин? — Эн Бүөт Бөтүрүөбүс мунньаҕыттан иһэҕин. Онно кини эйигин мөхпүт үһү... Кириисэ саҥата суох өрө тыынаат, иннин диэки хардыылаан эрдэҕинэ, Таанньыска суолун күөйдэ: — Кириискэ, бүгүн бөһүөлэккэ үҥкүү буолар. Мин Биэрискэлээх Оппуонньалыын бараары сылдьабын. Эн биһигини кытта барыс ээ. Онно бардаххына настарыанньаҥ начаас өрө көтөҕүллүө этэ... — Билбэтим, көрүөм... Киэһэ сололоох буоллахпына, баҕар барсыам, – диэт дьиэтин диэки бара турда. Кыыс килбик ыҥырыыта табыллан эрэриттэн соһуйан, дьоллонон, киэҥ харахтарынан чыпчылыйа хаалла. *** Күһүҥҥү уу нуурал, сылаас соҕус хараан халлаан турар. Киэһэтин хабыс-хараҥа буолар. Тыас-уус барыта симэлийэр. Арай, ханна эрэ ыраах модьугу уһуутуура иһиллэргэ дылы. Уу чуумпуну киэҥ нэлэмэн сыһыы кытыытынан айаннаан иһэр матассыыкыл тарылыыр тыаһа аймаата. Ыраахтан саҥа-иҥэ, күлүү-салыы иһиллэр. Ол Таанньыска, Биэрискэ, Оппуонньа уонна Кириисэ буолан нэһилиэк ыччатын таансытыгар айаннаан иһэллэр. Мааҕын мөҕүллүбүтүттэн санаата алдьаммыт Кириисэ “санаатын көтөҕөөрү” бөһүөлэккэ барар сайылык суолунан айаннаан таҥкынатыһан иһэр. *** «Ыччуу-ычча» дии-дии Бүөт Бөтүрүөбүс оһоҕун иннигэр аргынньахтаан олордо. Кэргэнэ Огдооччуйа оһоххо алаадьылыы туран «хайа, Бүөтүр, уоруу дьыалата хайаста? Милииссийэлэр туох дииллэр?» диэн ыйыталаста. — Бүгүн кэлэн дьонтон ыйыталаһан көрдүлэр даҕаны, ким да тугу да истибэтэх курдук. Суолларыттан көрдөххө улахан массыына үһү, ол эрээри, улахан суолга тахсыбытын кэннэ сүтэрэн кэбиспиттэр. Огдооччуйа “оо-дьэ, былырыыҥҥы уоруу эмиэ арыллыах сибикитэ биллибэт. Туох айылаах ыраастык уораллар дуу, эбэтэр милииссийэлэрбит мөлтөхтөр дуу. Балай эмэ күргүйдүү-күргүйдүү чиккэҥэлэһэллэр да, дьыалатыгар мөлтөһүөр соҕустар быһыылаах... – диэн ыйытыыта Бүөтүргэ буолбакка, ордук оһоххо туһаайыллыбыт курдук иһилиннэ. Бүөт Бөтүрүөбүс саҥа буспут алаадьыны кытта итии чэй сыпсырыйа олорон, ойоҕор сарсын оройуоҥҥа киирэр наадалааҕын эттэ. Сопхуоска саҥа МТЗ тыраахтардары туруорса сылдьарын, баҕар, кэлэр сылга биэриэх курдуктарын сэһэргээтэ. Өссө да уһуннук кэпсэтэ-ипсэтэ олоруох дьону, үстээх сиэннэрэ Уйбаанчык кэлэн мэһэйдэһэн, утуйардыы оҥоһуннулар. *** Кыараҕас култуура дьиэтигэр муусука ньиргийэр, ыччат үҥкүүлээн эргийэр. Кириисэ уол үҥкүүлээн санаата арыый чэпчээн, сарсыардааҥҥы кэпсэтиини умна быһыытыйда. «Манна кэлбитим үчүгэй эбит, дьиэбэр муунтуйан олорордооҕор... Дьиҥинэн, кыра да аайы долгуйан. Улахан эбит, ол мунньахха сирэй-харах анньыллыбыт...” дии санаата. Бытаан үҥкүүгэ киниттэн арахпат Таанньысканы ыҥырда. Кыыс имэ тэтэрэн, сымнаҕас илиитин уол санныгар ууран, атын пааралары кытта саалаҕа симэлийдилэр. *** Эбиэт кэнниттэн силиэстийэ боппуруоһа бэрт түргэнник хамсаан барда. Бөһүөлэккэ “уоруйах тутуллубут үһү” диэн сурахтар тарҕаннылар. Милииссийэлэр аҕыйах хонуктааҕыта хаайыыттан күрээн баран ыаллыы бөһүөлэккэ саһа сылдьар киһини туппуттар. Доппуруос кэмигэр ынахтары уорбутун билиммит үһү. Ол эрээри, ынахтарын ханна гыммытын эппэтэх курдук дииллэр. Билигин уоруйаҕы оройуоҥҥа киллэрэн, доппуруостуу сылдьалларын туһунан сураҕы этэрбэс араадьыйата «Төрүт» сопхуоска түргэнник тиэрдибит. Бу үөрүүлээх сонуну истибит үгүс дьон, «хата, уоруйаҕы булбуттар» диэн чэпчээбиттии өрө тыыммыта. “Олохтоохтор бэйэлэрин истэриттэн тахсыбыт дьыала” диэбиттэриттэн сылтаан бэйэ-бэйэни уорбалаһыы, ким ханна сылдьыбытын ааҕа-суоттуу сатааһын бөҕө буола турбута. *** Түүн үҥкүүттэн төннөллөрүгэр Кириисэ матассыыкыла моһуогуран оҥосто хаалбыта. Аргыстара барар тиэхиньикэ көстүбүтүгэр олорсон арыый эрдэ дьиэлээбиттэрэ. Түүн ортото кыра эрдэҕиттэн нойосуус билэр суолунан фарата алдьаммыт матассыыкылынан Кириисэ сайылыгар баран истэ. Ол кэлэн иһэн, аара суолга УАЗ массыына утары кэлэн иһэн ойуурга туораан фарата чаҕылыҥнаабытын Кириисэ дьиктиргии көрдө. Манна Бүөт Бөтүрүөбүс киэниттэн ураты ханнык да УАЗ-ик суох буолуон сөп этэ. Суоппара уоппускаҕа сылдьар буолуохтаах. Баҕар, били сүөһүнү уорбут дьон Бүөт Бөтүрүөбүс массыынатын уоран баран эрэллэрэ буолуо. Кириисэ муодарҕаан сэмээр батыһан көрөргө быһаарынна. УАЗ массыына алааска киирэн, ойуур диэки өттүгэр тохтоото. Кириисэ матассыыкылын умуруоран баран чохчойон олорон кэтээтэ. Бүөт Бөтүрүөбүс бэйэтэ эбит. Бу түүннэри тугу гынар баҕайытай? Бүөт Бөтүрүөбүс массыынатыттан улахан бэйэлээх кууллары хостоон баран иһирик тыаҕа киирдэ, чочумча буолаат хараҥаҕа барыҥнаан кураанах тахсан массыынатын собуоттаат эрийэ тутта... Кириисэ тойоно сылдьыбыт суолун хайан иһирик тыаҕа киирдэ. Ити кэмҥэ им суһуктуйан барда, халлаан арыый сырдаата. Кириисэ тойоно сылдьыбыт сирин таһынан тугу да булбакка тэпсэҥнии түһэн баран төннөн иһэн улахан харыйа төрдүгэр өрөһөлөммүт мас анныгар туох эрэ аана көстөрүн булла. Булуус аана эбит. Уол бэркэ сэрэнэн манна киирэн, испиискэ уматтан кырата уонча куул ынах этэ үрүт-үөһэ сытарын аахта. *** Күнүс Бүөт Бөтүрүөбүс кэбиниэтигэр кумааҕыларын сыымайдыы олордоҕуна, эмискэ биир-биэс тыла суох Кириисэ көтөн түстэ. Уол сирэйэ-хараҕа турбутуттан тойон киһи соһуйан: — Хайа, нохоо, туох буоллуҥ? —“Туох буоллуҥ!” диэн мин эйигиттэн ыйытыам этэ... Бүөтүр Бөтүрүөбүс, миигин балыйар ынаҕыҥ этэ ханна баарын билэҕин дуо? “Уоһах” чараҥын кытыытынааҕы алаас куулатыгар баар булууһу билэр буолуохтааххын... Түүн эн онно сылдыбытыҥ дии, быһыыта. Мин ону милииссийэлэргэ биллэрэбин. Кыраҕа ымыттыбат мас-таас курдук дьүһүннээх Бүөт Бөтүрүөбүс сирэйэ маннык уларыйарын, мэктиэтигэр киһи аһыныах курдук дьүһүннэнэн хааларын Кириисэ аан бастаан көрдө. Өскөтүн Бөтүрүөбүс маннык дьүһүн кубулуйарын атын ким эрэ кэпсээбитэ буоллар кини итэҕэйиэ суох эбит. — Кириискэ, оҕом сыыһа, күн-ый буол! Аҕаҥ тэҥэ киһини аһын... *** Ол кэпсэтии тугунан бүппүтүн билбэппит. Бүөт Бөтүрүөбүс тутуллубатаҕа. Уопсайынан, кинини дьарыйар туох да дьаһал ылыллыбатаҕа. Ол күһүнүгэр Кириисэлээх Таанньыска ыал буолбуттара. Сыбаайбаларыгар Бүөт Бөтүрүөбүс Кириисэ аҕатын оннугар ытыктабыллаах дархан олбоххо олорон үөрбүтэ-көппүтэ, алгыс тыл бөҕөтүн эппитэ-тыыммыта. Сааһыгар эдэр дьон иккиэн отделение, сопхуос тэрээһининэн (онно эмиэ Бүөт Бөтүрүөбүс улаханнык сүүрбүтэ-көппүтэ) Дьокуускай куоракка үөрэнэ барбыттара. Олох уустук. Күн Чөмчүүк.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан