Кэпсээ
Войти Регистрация

Ойуун холоруга

Главная / Кэпсээн арааһа / Ойуун холоруга

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
28.02.2023 12:13
   Уһун Сыһыыга олоро сылдьыбыт биир киһи ойуун уҥуоҕун чугаһыгар илимниир эбит. Онто биир кэм силлиэнэн силбиэтэнэн, холоругунан ытыйан, илимин окко сөрөөн, сүгүн балыктаппат.    Сороҕор, тыынан киирээтин кытта, эмискэ тыал түһэн, киллэрэ соруммакка, төттөрү утаарар. Балыксыт мэлдьи мэлийэриттэн наһаа кыһыйара, абарара үһү. Ол иһин биирдэ кырдьаҕас сытар сиһигэр  уот анньан кэбиһээт, тута куотан, тэскилээн сүүрэ турбут. Арай тыас-уус бөҕөлөөх холорук, ытыллан тахсан, мастары эрийбэхтиир. Киһи суол устун сүүр да сүүр буолан, Уһун Сыһыыга хас да өтөх баарыгар, биир үүт угар бүкээххэ киирэн хаалбыт. Холоруга, субу кэлэн, ааһа түһэн, балаҕаҥҥа киирэн ытыйан, тыаһаан-ууһаан тахсан, суолунан салгыы барбыт. Хатыҥ Сыһыыга куугунаан кэлэн, ыаллар кыра сээкэйдэрин бурайа түһэттээбит. Биир ыарахан дьахтар, дьиэтин таһыгар түбэһэн, ыһыллан көтүөккэлээбит ыаҕайаларын, чабычахтарын хомуйар түбүгэр түспүт. Ол сырыттаҕына, холорук хабан, сөрөөн охторбут. Итиэннэ били кэлбит суолунан төннөн куугунуу, сирилии, ытылла турбут. Дьахтар онно оҕо куотан, устунан өлөн хаалбыт. Били уоттаабыт киһи наар тыанан тумнан кэлбит. Кэргэнэ быстах симиэккэ былдьаппытын булан, кэмсиммитин, кэлэммитин иһин, хайыа баарай. Чаҕылҕан    1997 с. ха´ыакка Семен Захаров-Сиэллээх «Наатаратааҕы сэттэ ойуун уҥуоҕа (дьиҥнээх олохтон)» диэн бэрт дьикти ис хоһоонноох суруйуута бэчээттэммитэ. Онтон ааҕыаҕыҥ.    “Уолаттар... ол сылдьан, дьон-сэргэ ытыктыыр, сэрэнэр Баспай ойуун уҥуоҕун сарайын иһигэр киирэн, сааларын өйөннөрөн баран, кэпсэтэ, күлсэ туран табахтаабыттар, сарайы, кириэһи анньыталаан көрбүттэр, бөҕү-сыыһы мунньан, сарай иһигэр уот уматан, буруо таһааран көрбүттэр да, уоттара санаа хоту умайбатах. Ол кэнниттэн, ону-маны кэпсэтэ түһээт, сарай, кириэс баҕаналарыгар силлээн баран, кыра кумааҕылары сыһыартаан, сарай иһиттэн тахсан, отучча миэтэрэ сиртэн хастыыта да ытыалаабыттар. Сааларын тыаһа тимиринэн чугууну охсор курдук Дьуона кулгааҕар иһиллибит. Уолаттар, сырсан тиийэн, сыалларын көрөн, күлсэ-күлсэ сыыры таҥнары түһэн, алааһы туораан дьиэлээбиттэр. Ити түөртүүр ыам саҕана буолбут.    Икки атахтаах муодаргыан, соһуйуон курдук, уолаттар Көмүс Тумултан түһэн баран эрдэхтэринэ, тутатына 7 биэрэстэ ыраах Үрдүк Халдьаайы уһун, кэҥэс хонуутугар олорор Кузьминнар, Кулаковскайдар уһаайбаларын көрдө-көрбүтүнэн, хоту диэкиттэн сүҥкэн ыас хара былыт кыаһаан өрө көтөн, бокуойа суох үс сүллэр этиҥнээх чаҕылҕанынан үнтү сабаан түспүт да, биир сытыы чаҕылҕан уотунан олбуор иһиттэн аһаҕас сарай диэки баран эрэр ынахтаах торбоһу, дьиэ диэки сүүрэн эрэр эдэр дьахтары быһа охсон өлөртөөн кэбиспит. Ити бириэмэҕэ иккис чаҕылҕан уота, күлүм гына түһээт, түннүгүнэн аһаҕас дьиэҕэ субурус гыммыт да, түннүк холуодатыгар сытар куосканы, остуол таһыгар оонньуу турар уолу, көмүлүөк оһоххо хааһыны ытыйа турар кыыһы быһыта көтүтэлээн өлөртөөбүт. Ити бириэмэҕэ күүстээх ардах, тобурах хаар, ыаҕастаах ууну таҥнары туппут курдук түһээт, былыта киэҥ халлаан далайыгар тарҕанан, сүтэн-оһон хаалбыт”.   Араҥастаах удаҕан      Былыыр-былыр ханна эрэ ыраах Араҥастаах удаҕан диэн удаҕан дьахтар аатыран ахан олоорто үһү. Ол олорор дойдутугар урааннаах уһун кураан түспүт. Ол кэннэ бу дойду булда-аһа баранан, уута-маһа кууран, хатан хаалбыт. Үгүс дьон хоргуйан өлбүттэр. Арай, Араҥастаах удаҕаннаах эрэ кэмнэринэн олорбуттар. Ол эрээри Араҥастаах удаҕан оҕонньоро Бэрт Хара, эт хааннаах киһи, дьон өлөрүн көрөн олорон тулуйбатах. Хас күн аайы кэргэниттэн көрдөһөр буолбут.    — Эн диэтэх киһи ханна үчүгэй сир баарын билэриҥ буолуо. Оттон биһигини, бар дьону сирдээн иттэргин олус да бэрт буолуо этэ.    Маҥнай утаа удаҕан кыыһырар, ардыгар эппиэттээбэт да эбит. Ол эрээри кинини хоргуйан өлөөрү гыммыт дьон сүгүн олордоллоруттан ааспыттар. Хайа уонна бачча дьон өлөн эрдэҕинэ, кини эрэ соҕотохтуу байан-тайан олороро олус сүрэ бэрт курдук буолан барбыт. Онон иккиэйэҕин эрэ сир көрдүү барарга быһаарыммыт.    Араҥастаах Бэрт Хараҕа улахан салааска оҥороругар эппит. Бэйэтэ хас күн аайы көрүүлэнэр буолбут. Салааска оҥоһуллан бүппүтүгэр удаҕан эппит:    — Дьэ, доҕоор, мантан син чугас соҕус, хас да хайа нөҥүө, сүҥкэн диэн бултаах-алтаах, уолбат уулаах, охтубат мастаах дойду диэн чулуута, сир диэн симэһиннээҕэ баар эбит.    Оҥостон-түрбүнэн айаҥҥа туруммуттар. Өр да өр айаннаабыттар да, дойдулара кэлэн биэрбэтэх. Бэрт Хара олус сылайбыт, тулуйбат буолан барбыт. Субу-субу охтор, салааскалаах маһын соһуспат буолбут. Хата, соһон иһэр киһиэхэ харгыс буолбут. Тохтоон биир сиргэ сынньаммыттар. Араҥастаах, кэлэйбит киһи быһыытынан, тииһин быыһынан оргууй саҥарбыт:    — Эн, эр киһи эрээри, мөлтөҕүҥ сүрэ. Саатар аны түөрт хонугу тулуйбутуҥ буоллар, тиийиэхтээх сирбитигэр тиийиэ, олоруохтаах сирбитин булуо этибит.    Онтон тугу эрэ толкуйдаан, чочумча буолан баран, эппит:    — Чэ хаһан да хайыамый?! Мин эйигин салааскаҕа кэлгийиэм уонна бэйэм сыһан-соһон барыам. Ол эрээри манныгы сэрэтэбин. Эн миигин көрүө суохтааххын. Сыппытыҥ курдук сыт. Көрүөҥ да бэйэҥ бэйэҕиттэн кэмсиниэҥ.    Олус сылайбыт, аччыктаабыт, утаппыт, сэниэтэ эстибит киһи үөрүүнү кытта: «Ээх», — диэбит. Өр дуу, өтөр дуу айаннаабыттарын билбэккэ, сылаатыттан кытаанахтык утуйбут киһи туох эрэ нэксиэттэн сүҥкэнник диэн соһуйан, олуһун диэн уолуйан уһуктан кэлбит. Арай салааскатын тыаһа бииргэм куугунуур-сырылыыр уонна туох эрэ хардырҕаан тыынар эбит.    Бэрт Хара суорҕанын, хараҕа эрэ кылайан көстөр гына, арыйан көрбүтэ, арай халлааҥҥа былыттар уонна тиит чыпчааллара элэҥнэһэн ааһаллар эбит. Кини, бу туох ааттаах айанай диэн дьиктиргээн, көрүөн олус баҕарбыт. Ол эрээри, эмээхсинин тылын өйдөөн, тохтообут. Өр баҕайы сыппыт да, отой тулуйбатах. Ээ, чэ, хараҕым кырыытынан кылап гына көрөн ыллахпына, аата, туох буолар үһү дии санаан, суорҕанын арыйан көрбүтэ, арай эмээхсинэ эһэ буолан баран, сиэлии-көтүү аҥаардаах сыһан иһэр үһү.    Бэрт Хара дьиктиргээн, бэри диэн бэркиһээн, көрөр хараҕын эрэммэккэ, иккиһин, көрүөн олуһун баҕарбыт. Ол иһин өндөйөн көрбүт. Ол көрөөтүн кытта Араҥастаах удаҕан бэйэтигэр кубулуйа охсон хаалбыт. Кыыһырбыт. Кыыһырбыт омунугар, саҥарарын да баһын-атаҕын билбэккэ, этэн-тыынан киирэн барбыт:    — Оо, хара сордоох! Икки чааһы тулуйбутуҥ эбитэ буоллар, бу курдук айаннаан тиийиэ этибит! Аны хайдах буолабыт?! Эн ити да салаасканы кыайан тардар үһүгүөн! Туох буруйу оҥорбуккун өйдөөбөккө турдаҕыҥ, сыакаар! Мин туох баар аҕыс албаспын, тоҕус кубулҕаппын суох оҥорбут аанай-туонай абаккаҕын көрүөҥ этэ! – дии-дии, сири тиҥилэхтии-тиҥилэхтии, аҥаар уһугуттан быдьар тыллары быраҕаттыы-быраҕаттыы ытаан сыҥырҕаабыт. Ол гынан баран уора-кылына түргэн үлүгэрдик ааһан хаалбыт.    Бэрт Хара бэркэ сэрэнэн эргиллэн көрбүтэ, кырдьык да Араҥастаах удаҕан урукку уоттаах, уордаах хараҕа сымнаан, бэйэтэ нарын-намчы көрүҥнээх кыыс оҕо чулуута буолбут эбит. Хайыыр да сирдэрэ суох буолан, тохтообут сирдэрин эргиччи одуулаан көрө турбуттар. Хайдах эрэ бу дойдуга киһи тулуйуон-тэһийиэн сөп курдук санаабыттар уонна манна олохсуйарга быһаарыммыттар. Кэнэҕэс, дьиэ-уот туттан, иллээх ыал буолан, олоортор. Тоҕус оҕоломмуттар. Ол оҕолоро эмиэ тоҕустуу оҕоломмуттар. Ити курдук Өймөкөөн үөскээбит үһү.       «Сири-халлааны кыйа анааран» диэн Багдарыын Сүлбэ саҥа кинигэтиттэн.
kyym.ru сайтан