Кэпсээ
Войти Регистрация

Биэстээх Бочо

Главная / Кэпсээн арааһа / Биэстээх Бочо

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
28.02.2023 12:03
   ХIX-с үйэ саҕаланыытыгар Покровскайга икки мэндиэмэннээх таҥара дьиэтин тутуутун саҕалаабыттар уонна 1821 сыллаахха бүтэрбиттэр. Истиэнэтигэр Өлүөнэ өрүс тэҥкэтигэр үүнэр наһаа бөдөҥ, суон тиит мастары кэрдибиттэр. Олору уунан уһааран аҕалбыттар, онтулара ууну иһэн өссө ыараабыттар. Бэрэбинэлэр Покровскай аннынан, таҥара дьиэтэ тутуллар сирин туһунан тиксэн мунньулла сыппыттар. Ханнык да бэйэлээх ат эбэтэр оҕус кыайан соспот уонна сыарҕа да уйуо суох курдук бөдөҥ бэрэбинэлэр эбит. Аны туран, биэрэк туруору баҕайы өрө анньыы дьаардаах, көҥүстээх эбит. Онон көлө да сатаан сылдьар сирэ буолбатах эбит.        Тойоттор сүбэлэһэн баран, Биэстээх Бочооҕу көрдөһөн көрүөххэ диэн түмүккэ кэлбиттэр. Бочоох аккаастаабатах.    Биэстээх Бочоох XIX-с үйэ саҥатыгар аатыра сылдьыбыта. Арҕаа Хаҥалас улууһугар Хачыкаат нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Туох да баайа суох, онно-манна баайдарга үлэлээн айаҕын ииттинэн сылдьыбыт. Уҥуоҕунан орто киһиттэн үрдүк, кэтит сарыннаах, мөтөгөр түөстээх, суон сэтэлээх моойдоох, кырыылаах суон харылаах, аҕыйах саҥалаах, лэппэрдээбит, үскэл, толуу киһи эбитэ үһү. Кыстык балаҕанын Кыртас Баһа, сайылык дьиэтин Сыһыы Баһа диэн сирдэргэ туттан олорбут. Бу балаҕаннарын мастарын саннынан таһан туттубутун туһунан Хачыкаат кырдьаҕастара кэпсииллэрэ. Бочоох сөҕүмэр күүһүн туһунан араас кэпсээн элбэх. Саха норуодунай бэйиэтэ Иван Гоголев “Хара кыталык” диэн романыгар Биэстээх Бочоох туһунан кыра соҕустук ахтан киллэрбит этэ. Билигин Хачыкаат сэлиэнньэтигэр сытар ынах саҕа сымара таас баар. Ону Бочоох оонньообут тааһа дииллэр. Таас ыйааһынын олохтоохтор туонна аҥаарыгар холууллар. Бу тааһы кини өрүс кытыытыттан үөһэ таһааран бырахпыт.    Дьэ, били биэрэккэ тиксибит бэрэбинэлэри өрүс туруон иннинэ сааскы халаан уута ылбат гына үрдүк сиргэ таһаарар наада буолбут. Бэрэбинэлэр 10-нуу, 11-дии хаамыы уһуннаахтара үһү. Балары Бочоох, ортолоруттан көтөҕөн ыла-ыла, көҥүскэ өйөннөрө уурталаабыт уонна көҥүс үрдүгэр тахсан бэрэбинэлэр төбөлөрүттэн быалаан баран, ньылбырыта соһон, үөһэ тардан, таһаартаан испит. Аҕыйах күн үлэлээбит. Ууну испит бэрэбинэлэр төһө ыйааһыннаахтара биллибэт. Кини күүһүттэн бар дьоно, дьэ манна ордук дьулайбыттар. Тойотторо үлэтин иһин үрүҥ көмүс манньыат харчынан балайданы мөһөөччүккэ кутан биэрбиттэрэ үһү.    Хачыкаат биир баайа, Илин Хаҥалас Наахаратын киһитэ Дьөппөн Скрябин диэн баайы кытта уруурҕаһарыгар Бочооҕу күрэстэһэр бөҕөс киһи гынан илдьэ барбыт. Кулун тириитэ сонноох, сылгы тыһа этэрбэстээх киһини хамначчыттары кытта хара дьиэҕэ хоннорбуттар. Киэһэ утуйарыгар Бочоох, сылгы тыһа этэрбэһин куурдаары, былыргы саха балаҕанын өһүөтүн өндөтөн баран, баҕана төбөтүгэр кыбыта анньан кэбиспит.    Сарсыныгар улахан уруу буолуон иннинэ биир олус эмис, хаҥыл байтаһын биэни оҕуурдаабыттар. Ону хас да киһи кыайан быалаабакка өрө мөҕүһүннэрэ сырыттахтарына, Биэстээх Бочоох өчөһөн турар сылгыга көҕүлүгэр түһэн, мөҕүһүннэрэр кыах биэрбэккэ, хоолдьугун булгу эрийэн охторон түһэрбит. Кутуругуттан ылан, букатын таһаҕас оҥостубат курдук, ньылбы соһон астыыр сирдэригэр аҕалан биэрбит. Дьэ, бу эрэ кэнниттэн баай Бочооҕу кытта киһи курдук кэпсэппит. Айах тутан күндүлээбит. Аһыылларыгар түөлбэлээн олорууга баай тойоно Бочооҕу аттыгар илдьэ олорбут уонна эттээх баҕайы мүһэни туттаран кэбиспит. Бочоох мүһэни сулуйан этин сиэн баран, мүһэ уҥуоҕун уҥа илиитинэн тутан олоруохтаах. Ону кэлэн наахаралар бөҕөстөрө, оҕонньор тутан олордоҕуна, булгу эрийэн былдьаан ылыахтаах. Көр, онно наахаралар икки бөҕөстөрө хардары-таары солбуһа сылдьан төлө тардан эбэтэр булгу эрийэн ылаары мөхсөн көрбүттэр да, оҕонньор тутан олорбут мүһэтин хамсатан да көрбөтөхтөр. Онтон мүһэтин тобугар өйөөн олорон булгу туппут да, силиитин оборон кэбиспит.    Биирдэ Биэстээх Бочоох үс саастаах кунан оҕуһу муоһуттан ылан баран, хоолдьугун булгу эрийэн охторон түһэрбит уонна түөрт атаҕын түүрэ тутан, титиигин үрдүгэр бырахпыта үһү.    Бу улуу күүстээх Биэстээх Бочоох туһунан номох буолбут кэпсээн элбэх. Кини тустар идэнэн дьарыктамматах быһыылаах, ол туһунан норуокка ханнык да кэпсээн суох. (И.К.Сивцев “Аан дойду уонна Саха сирин былыргы күүстээхтэрэ” кинигэтиттэн).
kyym.ru сайтан