Кэпсээ
Войти Регистрация

Хаалбыта эрэ – аата

Главная / Кэпсээн арааһа / Хаалбыта эрэ – аата

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
16.08.2018 13:51
Үрдүк кырыыһалартан тоҥоруу муус таммаҕа чобурҕуу тохтубута быданнаата. Арааһа, тыаҕа-хонууга харалдьык тахсыбыта балай эмэ буоллаҕа. Ол да эрээри ааттыын хараҥаҕа харбаспыт түүн үүнүө эрэ кэрэх, сылыйан испит сааскы салгын бэрт түргэнник сөрүүдүйэн, дьагдьаппытынан барар үгэстээх. Оттон халтаҥ, онон-манан илдьирийэн хаалбыт таҥас дуомнаах, эбиитин туох көстөрүнэн эрэ үссэнэн ылаахтыыр, ардыгар бэл, биир ыстыылык килиэби айаҕар укпат күннээх-хонуктаах умнаһыт сордооххо туга кэлээхтиэй. Истэри-тастары тымныы, курас салгын күүлэйдиир... Арай баарда табыллан, кыраадыстаах утаҕы кыллырҕаттаҕына, тоҥмутун билбэт туруктанар... Силибиҥ, хата, уопсай дьиэ арыый да чуумпуран, дьон киирэрэ-тахсара тохтуур кэмин эндэппэккэ билэр. Улаханнык кэтэспит киэбинэн, ким эрэ тутан, саҕабыттан харбаан ылыа, тымныы таска элитиэ диэбиттии, бойлер хоһун диэки сылыпыс гынар. Тсс!! Манна кини туора кулгаахтан, иннинэн харахтаахтан кистэммит, бүөм, туһунан оргуллаах. Онтугар кими да ыҥырбат, аҕалбат. Элбэххэ дьон хараҕа хатанымтыа. Соҕотох буоллахха, кирийиэххэ сөп. Оргулун барахсан оронум дии санаахтыыр да, ханта-ан! Кир ийэтэ-аҕата иҥэ сатаан-сатаан баран, килэйэн хаалбыт суорҕан дуомнаах. Оттон тэллэҕэр анаан, өрдөөҕүтэ хайа эрэ эр киһи эргэ барааҥкытын бөх дьааһыгар бырахпыттарын булан, биир үтүө күн үөрэн-көтөн киирбитин көрүө этигит. Баай-талым эр бэрдэ биэстэ эстэр Benelli да ыллаҕына, итинник ыттайбата эрэбил. Оттон киниэхэ чахчы үөрүү этэ. Тоҥ-хаһаа таһырдьа кэнниттэн будьуруйбут түү сылааһа үчүгэйин эриэхсит! Силип бу сиргэ туох иһин, тоҕо олорорун толкуйдаан көрбөт буолбута ыраатта. Ол диэн, бу бүгүн тугунан дьарыктаныаҕын, хайа диэки салбаҥныаҕын долоҕойугар тохтоппот буолаахтаатаҕа. Хата атаҕа, бэйэтэ бэркэ диэн билэр суолун сөпкө тутан, Автовокзал оройуонугар тиэрдибитэ эрэ баар буолар. Онно бэйэтин курдуктар бааллар. Ардыгар бэйэлэрэ да нэһиилэ онтон-мантан умналаһа сырытталлар, тугу эмэни “дук” гынан үөрдэллэр. Кини да, “байанайа биэрдэҕинэ” бэрсиминэ ханна барыай. Кинилэр буоллаҕа – толкуйдуур толкуйдара, саныыр санаалара хантан харчы булан, куртаҕы албыннаан, харса суох курдьугунуурун амыраппыт эрэ киһи диэнинэн салайтаран сылдьааччылар. Ол буола сылдьан туора дьон туох дииригэр, сорохтор сэнээбиттии көрөллөрүттэн, кэрэ куолар сиргэммиттии мырдыҥныылларыгар, син хаа-дьаа да буоллар биир эмэ кырдьаҕас, киһи аһыммыттыы көрөрүгэр дьөрү диэн кымаардаабат, кииллийэн хаалбыт. Ол да буоллар кыаҕа суохтан былдьыыр, талыыр санаа баҕас, кэбис, киирбэт. Ол кэриэтэ Таҥара дьиэтигэр тиийэн саҥата суох ытыһын холботон турбута көнө. Саатар сүүс ааспыттан биир эмэ киһи ийэ санаата киирэн, тимир кэппиэйкэни таммалатан ааһар. Наадалаах аһыгар сөп буолары муста да, чугас маҕаһыын диэки дьөгдьөрүйэр. Ардыгар атастарын кытта таһаарыылаах күннэрин бэлиэтээн ампаалыктаһаллар. Бээ, манна араас дьон баар. Эдэрдэр да, эмэннэр да. Ити эдэрдэр баҕас эрдэ-сылла бу маннык ыт олоҕуттан куотунуохтара эбит да... Үрдүк үөрэҕи бүтэрбиттэр, сорох сорох учуонайтан таһыччы билиилээх эрээри, онтуларын туһаммакка сылдьан аһыы утахха ылларан, буорайбыттар эмиэ бааллар. – Айыы, айа, били илиэһэйдэр (полициялары этэр) тоҕута илгиэлээн
туруоралларыгар оҥкумалбын олох иэдэппиттэр ээ. Сэрэнэ туттар эҥин диэн өй суох дьоно. Ыт-кус курдук саныыллара оччо буолуо», — дии-дии, илиитин имэринэ-имэринэ Силип нухарыйан, устунан утуйбутунан барда... Арай төрөөбүт дьиэтигэр сылдьар эбит. Хайдах эрэ, санаатыгар, бу сиртэн тэйбэккэ, куруук онно сылдьыбыт, олорбут курдук. Ийэтэ, үгэһинэн, ырыа ыллыы-ыллыы киниэхэ маскараат таҥаһын тигэр. Оттон кини: "Астык, бэртээхэй пират буолсубун”, – дии саныы-саныы, күөх лууктаах, халыҥ арыылаах килиэби астына мотуйар. Дөрүн-дөрүн сибиинньэ этин кытары, ынах эттээн буһарыллыбыт бэрт минньигэс хортуоппуй ыһаарыта турарыттан улахан ньуосканан баһан, минньигэһиргэтэ сиир. Хайа, киһиҥ өссө олус туттумахтаһан кэбиһэн быһыылаах, кэҕэрдэн ылар эҥин. Дьиэ иһэ сып-сылаас... Онтон таһаҕас тиэйэр массыынанан айаннаан иһэр буолар хаалар. Дьиэтигэр ыксыыр да, суол халтараана бэрт. Чочумча буола-буола утары ааһар массыыналар уоттара сандаарыс гынан, хараҕа саатарыттан симириҥнээн ылар. Массыына илин өстүөкүлэтигэр иҥиннэриллибит дьоҕус, дьоҥкуо араамаҕа кэргэнин саамай табыллан түспүт хаартыската баар. Утуктуохча буоллаҕына, онтун көрөр. Сүрэҕэ минньигэстик нүөлүйэн ылар... Пахай. Хабыс-хараҥа, им балай сатыылаабыт. Онуоха эбии хараҕа тугу да көрбөт гына, тыый, дьөлтөччү иһэн хаалбыт дуу, хайдах-хайдах дуу? Көмө көрдөөн, хаһыытыы сатыыр да, айаҕыттан саҥа тахсыбат. Күөмэйэ хатан хаалбыт. Аһыыкатыын. Сэттэ көлөһүнэ аллыар диэри иннин диэки дьүккүйэ сатаахтыыр да, таах сибиэ, туһа суох... Онтон устар өрүс сүүрүгэр олорсубут баарса курдукка сытарын көрөр. Эмискэ баҕайы болоорхой, тымныынан хаарыйар уулаах чүөмэҕэ булумахтана сылдьар курдук буолар. Туох эрэ аллара диэки тардар. Хайа диэки харбаатаҕына, кытыы чугас буолуоҕун саатар билбэтэ сүр эбит. “Һуу-һуу! Быыһааҥ-быыһааҥ, быы...!” хаһыытыы сатыыр.... “Туй-сиэ! Эмиэ баттатан эрэбин”, – диэбитинэн, оргулун быыһыттан оронон туран, бэтэрээ диэки кэлэн, муостаҕа бычок баара дуу диэбиттии, илиитин иминэн хараҥа муостаны харбыалаһан көрөөхтөөтө да... Ким кэлэн табах тобоҕун барыахпыт үһү. Сантехниктар сыбыытыылларын саҕана, таба тайаныахха сөбө. Киирии хос лаампата алдьана илигинэ, син бүдүө-бадыа да буоллар сырдык омооно түһэр буолара. Билигин – им балай. Сөтөллөн хахсайан баран, оргулугар тиийэн олорунна. Киһи эрэ буоллар, ийэтин түүлүгэр көрөн эбитэ дуу, хатан хаалбыт иэдэһин устун биир кэччэгэй харах уутун таммаҕа, көстүбэтэрбин диэбиттии, субурус гынан ытыһын көхсүгэр түстэ. Ийэтэ өлөөхтөөбүтэ. Бэйэтэ аһыы ууга ылларан кэбиһэн, кэргэнэ атыҥҥа иирэн барбыта, саатар, оҕоломмотохторо. Ээ, ол оҕолонон да диэн, эмиэ биир дууһаны эрэйгэ тэбии буолуо эбитэ буолуо. Таҥнарыы хабархай амтанын, дууһа муунтуйуутун, үлэттэн тохтотуллуу хомолтотун арай аһыы утах абырыыр курдуга, оччолорго... Биирдэ эмиэ үгэһинэн, бэйэтин курдук иһээччилэрдиин куомуннаһан арыгылыы сылдьан, утуйан хаалбыта. Онтулара ол дьоно дь... охсуһан турбуттар. Биирдэрэ кырбаныыта улахан буолан, балыыһаҕа киллэрбиттэрэ да, сатаан быыһамматаҕа... Инньэ гынан кинини эмиэ суукка соһуох курдук буолан иһэн, хата, анараалар “утуйбута” диэн көрдөрүү биэрэн, дьыалаҕа эриллибэтэҕэ. Ол кэнниттэн дии, кэм үлэлээх-хамнастаах сиргэ
“дьол көрдөһө” айанныыра. Киниэнэ киниэнин курдук, кэлбитин утаатыгар докумуоннаах суумкатын – пааспарын, суоппардыыр быраабын барытын сойботон ылбыттара. Эгэ, аҕыйах мөһөөктөөҕүн хаалларыахтара дуо. Ийэтэ биэнсийэтиттэн бэрсэн ыытаахтаабыт үбэ этэ ол. Арааһа, билиҥҥи бэйэтин курдук дьон буолаахтыа эбитэ дуу? Бастаан утаа аймахтарынан сылдьан иһэн, сөбүлээбэттэрин иһин, сыыйа бэйэтин курдуктарга сыстан хаалбыта. Ол кэннэ аймахтар чугаһатан бэрт. Ийэтэ өлбүтүн алҕас биир дойдулааҕа быктаран ааспыта. Бу сиргэ кини – чороҥ соҕотох. Хаалбыта эрэ – аата. Ийэтин биэрбит аата – Силип. Ону да өллөҕүнэ, буорга саба тарыйалларыгар ааттаан-тойдоон дархаһыппат буолуохтаахтар. Көмтөхтөрүнэ – махтал! Р.Паабылап.
kyym.ru сайтан